Хаһан уонна ким?
Саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт, оһоҕун иннигэр олордо да олоҥхоһут диэн баар. Дьэ, биһиги, уус алданнар, чахчы, ити этиигэ сөрү-сөп түбэһэр үтүөкэн кырдьаҕастаахпыт. 2019 с. “Мүрү саһарҕата” олохтоох хаһыат кини туһунан сырдатан турар. Ол да буоллар, оҕуһу иитии ньыматын тарҕатар сыалтан, бу кырдьаҕас туһунан өссө сэһэргииргэ сананным.
Афанасий Петрович Бурцев Хоро нэһилиэгин Майаҕас олохтооҕо. 2019 с., ол эбэтэр бу айдааннаах ыарыы иннинээҕи сайын, Баатаҕай нэһилиэгэр ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар олоҥхолоон, ону таһынан уонча нэһилиэккэ сылдьан, аныгы үйэҕэ көлүүр оҕустаах оҕонньор былыргыга сырдык тыктарбыта. Оҕустаах оҕонньору дьон-сэргэ быһалыы Хоро оҕонньор диэн сүрэхтээбитэ. Былыр, кырдьык, өбүгэлэрбит оҕоттон, дьахтартан саҕалаан бары оҕуһу көлүйэри сатыыллара.
Билэрбит курдук, быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн үлэ киһитин уруйдуур үлэ-хамнас ыытыллыахтаах, уһуйааччы дьоҥҥо болҕомто ууруллуохтаах. Онон быйыл улууспар тахса сылдьан, Хоро оҕонньордуун көрүстүм. Онуоха кырдьаҕас маннык ыйытыылаах буолла: “Саха көлүүр оҕуһун туһунан дьоҥҥо хайдах билиһиннэриэххэ сөбүй?”.
Дьэ, итинтэн сэдиптээн, төрүт үгэспит туһунан сүбэлиэн, көрдөрүөн, үөрэтиэн баҕалаах кырдьаҕас санаатын сырдатары оруннааҕынан ааҕан, сэһэммин саҕалыыбын. Бу ньыманы билсиэҕиҥ, үйэтитиэҕиҥ уонна ыччакка хаалларыаҕыҥ.
Хоро оҕонньор бэйэтэ кырата суох уҥуохтаах, үлэһит улахан ытыстаах, уоттаах сытыы харахтаах, наһаа үөрүнньэҥ. Кини ыһыахха көлүүр оҕуһунан айанын төрүөтэ тугуй? Афанасий Петрович бэлиэтииринэн, уоттаах сэрии сылларыгар тыыл ыарахан үлэтэ үксүн мииниллэр оҕус көхсүгэр сүктэриллибит – бааһына оҥоруута, от-мас, муус тиэйиитэ, хотон бүппэт түбүгэ барыта.
* * *
– Афанасий Петрович, оҕус ханнык көрүҥнэрэ баарый?
– Саха киһитэ оҕуһу икки көрүҥҥэ арааран туһанара. Бастакыта – көлүүр оҕус оҥостон кыһын тымныыга от-мас тиэйии, сайын от үлэтигэр эрэллээх көмөлөһөөччү оҥостуу. Иккис көрүҥэ – ынаҕы буоһатар, ыччат сүөһүнү элбэтэр атыыр оҕус. Аныгы кэмҥэ тиэхиньикэ элбээн, оҕуспут умнууга хаалла.
– Дьэ, күн бүгүн оҕускун хайдах туһанаҕын уонна оҕуһу хас сааһыттан көлүнүөххэ сөбүй?
– Оҕуспун көлүүргэ туһанабын, муус, мас, от тиэнэбин. Билигин илдьэ сылдьар оҕуһум алта саастаах. Хайа баҕарар суола-ииһэ суох сиргэ холкутук илдьэ сылдьабын. Көлүнэргэ бастаан, икки-үс саастааҕар, ньирэй эрдэҕиттэн талан, көрөн ылан аһатаҕын, муннун үүттээн, чурумчуку кэтэрдэн кэбиһэҕин уонна аргыый сиэтэ сылдьан үөрэтэҕин. Үөрэммитин кэнниттэн биирдэ сыарҕаҕа көлүйэҕин. Мин сыһытан, сиэтии ньыматынан хаамтарабын. Бастаан муоһуттан да баайыахха сөп. Онтон дьэ үс сааһыттан көлүйэбин, ол аата көлүүр оҕус буоларыгар бэлэмнээн барыы. Дьэ, итинник бэлэмнээһин кэнниттэн бастаан кураанах сыарҕаҕа көлүйэҕин. Онтон сыыйа муус таһыытыгар, от тиэйиитигэр, дьиэ ис-тас үлэтигэр туттан бараҕын.
– Дьэ, аны бастакы айаныҥ туһунан сэһэргээ эрэ...
– 2019 с. Харачаас диэн сэттэ саастаах оҕуспунан бэйэм улууһум уонча нэһилиэгэр барытыгар биирдии хоно сытан олоҥхолоон, оһуохайдаан, ыалдьыттаан кэлбитим. Ол айаммар хас нэһилиэк аайы киирэр ааркаҕа тоһуйан турар буолаллара. Хонук сирбин бэлэмнээн, аһатан, сынньатан, кулууптарга көрсүһүү тэрийэн маанылаабыттара. Олоҥхолоотохпуна эмиэ олохтоохтор махтаналлар, эҕэрдэлииллэр. Ордук оҕо аймах оҕуспун олус сөбүлээбитэ. Саамай бүтэһик нэһилиэгим Баатаҕайга оруобуна ыһыахха түбэспитим. Ити курдук ый аҥаарын быһа сылдьыбытым. Ол кэнниттэн Намҥа Олоҥхо ыһыаҕар кыттан, «Олоҥхо сүнньүн тутааччы» диэн анал аатынан бэлиэтэммитим. Онно өссө «Олоҥхону толорооччу оҕустаах оҕонньор Бөскөй Бөҕө” диэн аат биэрбиттэрэ.
Онтон көтөллөнөн, сыл аайы нэһилиэгим ыһыаҕар оҕуспунан Хоро оҕонньор буолан кыттабын. Бу айаннарбар барытыгар улууһум култууратын салайааччылара, үлэһиттэрэ өйөөбүттэригэр махталым улахан.
– Тыый, олус үчүгэй! Дьэ, бу көлүүр оҕуһу туһаныы ньыматын сөргүтэр кыаллыа дуо?
– Көлүүр оҕус барахсан саха дьонун биир бастыҥ доҕордоро, көмөлөһөөччүлэрэ этэ буоллаҕа. Олус сымнаҕас буолан, оҕо-дьахтар холкутук туттара билигин умнууга хаалла. Ол да буоллар Ньурбаҕа, Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ биирдиилээн туһанар дьон баар, бассаабынан кыра бөлөхтөөхпүт. Олору түмэн, көлүүр оҕус саха дьонун абыраабытын умнубаппыт диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ хаартысканан да кэпсээн, киэҥ эйгэҕэ кэпсэтии таһаарыахха сөп этэ.
* * *
Итинник сэһэргээн туран, Афанасий Бурцев – Хоро Оҕонньор көлүүр оҕус саха былыргы олоҕун биир сүдү туоһута буолар диэн күүскэ тарҕатыан, кэпсиэн баҕарар. Холобура, хас биирдии саха ыалыгар «кыра сылдьан оҕус сиэтэр этим” диэн ахтар, ахтыбыт кырдьаҕас баар. Итинтэн сиэттэрэн өбүгэлэрбит төрүт дьарыктарын ыччат дьоҥҥо көлүүр оҕус нөҥүө билиһиннэрэр, үөрэтэр тоҕо сатаныа суоҕай?
Афанасий Бурцев – Хоро Оҕонньор ааспыт сыл түмүгүнэн “Нэһилиэк ытык киһитэ” аатын сүктэ. Ону сэргэ, норуот үгэһин киллэрбит кылаатын иһин өрөспүүбүлүкэҕэ 1554-с киһинэн СӨ Култуура министиэристибэтин Бочуоттаах бэлиэтин тутта. Маны таһынан, дьиэ кэргэниниин кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга Хоро нэһилиэгэр “Бастыҥ үлэлээх дьиэ кэргэн” аатын ыллылар.
* * *
– Афанасий Петрович, бэйэҥ тускунан сырдатыахха эрэ.
– 1957 с. төрөөбүтүм. Үс оҕолоохпун, биэс сиэннээхпин. Бу «Өбүгэм аатыттан» бырайыакпын салҕыахпын баҕарабын. Быйыл улууспар Бэйдиҥэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа буолуохтаах. Онно эмиэ оҕуспунан улууһум нэһилиэктэринэн сылдьан олоҥхолуохпун баҕарабын. Уонна ол ыһыахха оҕус сүүрдүүтүн тэрийбит киһи диэн бүччүм санаалаахпын. Көлүүр оҕуска анаан туспа эмиэ толкуйдар бааллар.
* * *
Хоро нэһилиэгин кырдьаҕаһа ити бырайыагынан өбүгэлэрбит умнуллан хаалбыт дьарыктарын уонна мындыр толкуйдарын сөргүтэр санаалаах. Итиниэхэ даҕатан араас хайысхалаах үлэлэр торумнаныахтарын сөп эбит. Холобура, «Өбүгэм аатыттан» бырайыакка уһуйаан оҕолоруттон саҕалаан нэһилиэк хас биирдии олохтооҕугар тиийэ көлүүр оҕус тиэмэтигэр айар үлэлэри, оҥоһуктары, дорҕоонноох ааҕыылары, оҕус туһунан норуот матыыбынан толоруулары, ырытыһар, анаарар төгүрүк остуоллары, конференциялары, семинардары тэрийиэххэ сөп.
* * *
– Төрөппүттэриҥ, бииргэ төрөөбүттэриҥ, оҕолоруҥ кимнээхтэрий?
– Аҕам оҕонньор Хоро нэһилиэгин төрүт олохтооҕо Петр Васильевич Бурцев сэрии бэтэрээнэ этэ, сааһын тухары сопхуоска сүөһү үлэтигэр сылдьыбыта. 95 сааһыгар тиийэн баран былырыын күһүн бу орто дойдуттан барбыта. Ийэм Анастасия Ивановна Черноградская Бэрт Ууһуттан төрүттээх. Бииргэ төрөөбүт алтыабыт – түөрт кыыс, икки уол. Икки бастакы оҕо уолаттарбыт. Убайым Василий Петрович Бурцев Хоро нэһилиэгэр уһун сылларга баһылыгынан үлэлии сылдьыбыта. Онтон мин үлэлээбитим. Балтыларым эмиэ бу нэһилиэккэ оҕо саадынан, оскуоланан үлэлээбиттэрэ. Бэйэм үс оҕолоохпун – икки кыыс, биир уол. Улахан кыыс акушер быраас, үс оҕолоох. Манна улууһугар үлэлиир. Кыра кыыс Хаҥалас улууһун Улахан Аан нэһилиэгэр биология, химия учуутала. Соҕотох уолум бэйэбин кытта сылдьан хаһаайыстыба көрсүһэр.
– Сүөһү, сылгы көрөрбүн наһаа сөбүлүүбүн диэбиттээҕиҥ...
– Ээ, ол чахчыта. Сүөһүгэ, сылгыга ураты сыһыан эрэйиллэр. Ол саха киһитигэр баар даҕаны. Мин бэйэм аармыйаҕа сылдьыбатах киһибин. Хараҕым мөлтөх буолан ылбатахтара. Ол оннугар төрөөбүт нэһилиэгим тыатын хаһаайыстыбатыгар сопхуостар ыһыллыахтарыгар диэри үлэлээн кэлбитим, «Герой Егоров», «Сардаҥа» сопхуостарга уһун кэмҥэ оробуочайынан сылдьыбытым. Онтон сэбиэскэй былаас ыһылынна диэн буолбутугар өссө күүскэ сүөһү, сылгы иитиитин саҕалааммын, сүүһүнэн сылгынан дьарыктанан олоробун.
– Аны көлүүр оҕуспут туһунан, хайдах иитэр буолаҕын, сэһэргээ...
– Бу төрүт дьарыгы өбүгэлэрбин, удьуор дьоммун кэриэстээн, аныгы үйэ дьонугар көрдөрөөрү, билиһиннэрээри ылсыбытым. Дьарыктаммытым ыраатта. Билигин сэттэ саастаах саха боруодата оҕуһу көлүнэбин. Биир үксүн ол да иһин дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрө сатыыбын. Ол бырайыакпын быйыл эмиэ салҕыам этэ. Оҕуһум айаҥҥа этэҥҥэ сылдьарын туһуттан билиҥҥэттэн үчүгэйдик аһатыы, көрүү-истии сүрүн оруоллаах.
Быйыл Бэйдиҥэ олоҥхоһута Дмитрий Михайлович Говоров – Олоҥхоһут Миитэрэй төрөөбүтэ 145 сыла. Онно эмиэ улууһум нэһилиэктэрин хабан туран, хаар уулунна да, айаҥҥа турунуохпут. Бу айаным сыала-соруга – ыччат дьоҥҥо, уһуйаан кырачаан иитиллээччилэригэр саха оҕуһа диэн хайдаҕын, олоҥхо диэн хайдах ылланарын иһиттиннэрии-көрдөрүү. Ол айаммын улууһум култууратын салайааччылара өйүүллэрэ буоллар диэн баҕарабын.
* * *
Былыр да, билигин да тыа дьоно барахсан ынах, сылгы ииттинэн ыал буолан олордохторо. Аныгы үйэ тэтиминэн киһи барыта билигин массыыналаах, тыраахтардаах. Ол эрээри тимир тиэхиньикэ уматыгын сыаната үлүгэр үрдээтэ, алдьаннаҕына, сапчааһа ыараханын ааһан, көстүбэт үлүгэрэ. Ол аайы күн-дьыл бараныыта, от-мас үлэтэ атахтаныыта тыа киһитин сыанан-арыынан аҕаабат. Оттон наҕыл майгылаах саха оҕуһун көрөн-истэн ииттэххэ, туһата төһөнүй-хаччаный?
Олоҕун улахан аҥаарын сүөһүнү иитиигэ анаабыт ааттыын Хоро Оҕонньор дьонугар, түөлбэтигэр дириҥ түгэхтээҕи этэрэ буолаарай?! Сахалыы толкуйу киллэрэн, сахалыы сайгыччы соҕус санаанан олохпутун-дьаһахпытын дьаһанар хайдаҕый?
Афанасий Петрович Бурцев-Хоро Оҕонньор курдук киэҥ, дириҥ толкуйдаах кырдьаҕастар тарбахха баттанар аҕыйахтар. Кырдьаҕаһы хааһахха уга сылдьан сүбэлэт диэн өбүгэ өс хоһооно аныгы үйэ дьонун толкуйдатыахтаах. Чахчы да өбүгэбит олорон ааспыт суолун-ииһин биһиги билигин үйэтиппэтэхпитинэ, хаһан уонна ким ылсыай?