19.03.2022 | 20:00

Хаһан тэҥнээн бүтэҕит?

Хаһан тэҥнээн бүтэҕит?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыра эрдэхтэн төрөппүт буоллун, учуутал буоллун оҕону кимиэхэ эрэ тэҥнии, ханыылыы сатыыр. “Маша үөрэҕэр үчүгэй, эн киниэхэ тардыһыахтааххын, кыһаллыахтааххын”, “Ваня мэниктээбэт, эн буоллаҕына улааттаххына күлүгээн буолуоҥ” эҥин диэбит курдук оҕону тарда сатыыр дуу эбэтэр, төттөрүтүн, билигин санаатахха, бэйэтин сэнэнэригэр, мин киниэхэ хаһан тэҥнэһээри диэн санаа үөскүүрүгэр төрүөт курдук. Эмиэ да оҕо тардынара, кими эрэ холобур оҥосторо наада бөҕө буоллаҕа. Биһиги ийэбит сарсыарда уһугуннарарыгар: “Баччааҥҥа диэри утуйа сытаҕыт, ыаллар оҕолоро туран үлэ-хамнас бөҕөлөрө, муосталарын сууйан бүттүлэр”, - диэн туруортуура. Билигин да сайын аайы уоппускабар таҕыстахпына, ыалларым сарсыарда эрдэ хайыы-үйэ туран иһирдьэнэн-таһырдьанан хаамса сылдьар буолаллар.

 

Хотунум хаһан да ис буолбат

Кэргэн тахсыахпыттан хотунум биһигини улахан уолун дьиэ кэргэнигэр тэҥниир. Арааһа, били этэллэрин курдук, “хотун уонна кийиит” диэн киирсии эбитэ дуу. Ол эрээри улахан кийиитигэр олох атын сыһыаннаах. Бу тэҥнээһин, биллэн турар, биһиги туспутугар буолбатах. Кэргэним онтон сылтаан хомойорун уора-көстө билэбин, кэтиибин, оттон бэйэм сырыы аайы хотуммар кыыһырарым, киниттэн сылтаан ньиэрбинэйдиирим күүһүрэн, элбээн иһэр. Дьиҥинэн, хара ааныттан киниэхэ убаастабыллаахтык сыһыаннаспытым эбээт.

Ыал буолбуппут биэс сыл тухары наар биири истэбин: “Дьэ, бу Леналаах Сиэнньэ”, салгыы кинилэр үтүөлэрэ-өҥөлөрө, кыайыылара-хотуулара, кыахтара о.д.а. Биһиги онно холоотоххо мөлтөх, тугу да сатаабат, кыайбат дьон үһүбүт. Мин итинник тыллартан, тэҥнээһинтэн тута абарбытым. Дьиҥэр, олох атын-атын иитиилээх, дьылҕалаах, араас-араас дьон буоллахпыт.

Бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрим да, бырааттарым да суохтар, ол эрээри эбэм миигин уонна атын иккис сиэнэ кыыһы тэҥниирэ. Сааспытынан уон сыл араастаһарбыт. Ол да буоллар уон сыл арыттаах оҕолору тэҥниир диэн олох акаары быһыы буолбатах дуо? Кини миигиттэн балыс этэ, онуоха мин кинини кимиэхэ да күнүүлээбэт этим, кыыһырбат да, хомойбот да. Оттон эбэбэр билигин да хомойобун.

Кэргэним убайыттан эмиэ уонча сыл балыс. Онон убайа эрдэ ыал буолбут, эрдэ оҕоломмут, атахтарыгар да кэмигэр турбуттар. Тоҕо диэтэргин кинилэргэ элбэх бириэмэ бэрилиннэҕэ дии. Холобур, биһиги уруу тэрийэрбитигэр кинилэр хайыы-үйэ икки оҕолоохтор, ипотекалаахтар, хамнастаах үлэлээхтэр этэ. Оҕолоро алын кылааска үөрэнэллэрэ, онон уһуйааҥҥа соспот-сыспат этилэр. Быһатын эттэххэ, бэйэлэрин тустарыгар олороллор, кыаҕырбыттар, атахтарыгар бигэ тураллар.

Онно холоотоххо биһиги, бэҕэһээҥҥи устудьуоннар, улахан дьон олоҕор саҥа киирэн, үктэнэн эрэрбит. Кэргэним оччолорго үөрэҕин миигиттэн биир сыл эрдэ бүтэрбитэ, сыбаайбабыт саҕана саҥа үлэ булбута, кыбартыыра куортамнаабыппыт. Төрөппүттэрим сэбиэскэй дьон буоланнар, сыбаайба кэннэ эрэ кэргэҥҥэр олоро бараҕын диэбиттэрэ, онон дьоммун кытары олорбутум. Оттон дьэ саахсаланан баран, уопсастыба ячейката буоламмыт, бур-бур буруо таһаарынан, олохпут кинигэтин бастакы илииһин арыйбыппыт.

Мин саҥардыы үөрэхпин бүтэрбит, уопута суох буоламмын үлэ биэрээччилэр соччо-бачча миэхэ дураһыйбат этилэр. Кэргэним хамнаһын улахан аҥаара дьиэбит куортамыгар барара. Онон харчыбыт бэйэбитигэр хаалбатын тэҥэ этэ. Эгэ сыаналаах бэлэх оҥорор кэлиэ дуо, уруу тэрийбиппит сыл аҥаара кэннэ кэргэним ийэтин төрөөбүт күнэ буолла.

Биһиги, эдэр ыал, татым соҕус үптээх ыал буоларбыт быһыытынан, сибэкки дьөрбөтүн кытта косметика маҕаһыыныгар үс тыһыынча суумалаах сертификат ыллыбыт. Леналаах Сиэнньэ, биллэн турар, бэлэхтэрэ биһигиннээҕэр сыаналаах этэ. Ол курдук кофемассыына бэлэхтээбиттэрэ, ол балачча сыаналаах, биһиги билиҥҥитэ ымсыырабыт эрэ.

– Дьэ, Леночка, Сиэнньэ! Улахан-улахан махтал. Мин куруук бу бэлэххэ ымсыырар этим! Эдэрдэр, холобур ылыҥ, бэлэҕи хайдах талан биэрэри, - диэн хотунум соруйан биһигини таарыйан эҕэлээхтик эппитэ.

Ол кофе оҥорор массыына биһиги дьиэ кэргэн үс ыйдааҕы бүддьүөппүтүгэр тэҥнээх этэ, онон, кыһыйдарбыт да, хайыахпытый.

Оччолорго мин хотунум маннык быһыытыгар бастакы түбэһиим буолан, олус диэн соһуйбутум. Оттон кэргэним хомойбута сирэйигэр сурулла сылдьара, ол да буоллар ийэтин маннык быһыытын билэрэ өтө көстөрө.

– Ийэм кыра эрдэхпиттэн куруук иннигэ. “Убайгын көр, кини курдук буол, Сиэнньэ оннук гынна, Сиэнньэ маннык гынна”,- диирэ. Биллэн турар, кини улахан буолан барыта табыллара биллэр суол, туохха барытыгар инники этэ!

Ол да буоллар Сиэнньэ онтон наһаа астынарын, киэн туттарын өйдөөн көрбөтөҕүм, бырааттыылар бэйэ-бэйэлэрин билсэллэр аҕай буоллаҕа.

Дьэ онтон ыла хотунум биһигини куруук убайбыт аах дьиэ кэргэнигэр тэҥниирин бэлиэтии көрөн барбытым. Сорох ардыгар наһаалыыра. Тоҕо оҕоломмоккутуй? Леналаах икки оҕолоро сүүрэ сылдьар! Кинилэр холбоспуттара уон сыл буолла эбээт, биһиги саҥардыы ыал буоллахпыт дии, суох, кини ону толкуйдаабат даҕаны, билиэн даҕаны баҕарбат.

Биһиги биэрэр бэлэхпит куруук Сиэнньэлээх киэниттэн куһаҕан, мөлтөх. Улахан кийиит дьиэтэ куруук ыраас, хомуллуулаах, быдан минньигэстик аһаталлар үһү. Биһиги көмөлөстөхпүтүнэ даҕаны олох сыаналаммат. Холобур, хоһу, куукунаны обуойдуубут, өрөмүөннүүбүт, оттон Сиэнньэ быыкаа көрүдүөрү сыбыыр, суох, син биир кини – дьоруой.

– Леналаах Сиэнньэ сайын аайы муораҕа бараллар, оттон эһиги, икки дьадаҥы атах-бытах дьон?

Дьэ, ити курдук сырыы аайы. Арай биһиги ипотекаҕа харчы мунньарбыт буолаарай? Суох, Леналаах, биллэн турар, ипотекаҕа харчы муспуттара, ийэлэригэр да көмөлөспүттэрэ, сынньана да барбыттара. Хайдахтаах курдук дьикти дьоной ээ?

Мин хотунум тугу ситиһэ сатыырын олох билбэппин, өйдөөбөппүн, кэлин тиһэҕэр биһиги кэргэним убайын ааҕы кытта кэпсэппэт да, билсибэт да буоллубут. Ону ситистэ диир толору кыахтаахпын. Дьиҥэр, кинилэр миэхэ туох да куһаҕаны оҥорботохторо, ол да буоллар кинилэри көрүөхпүн да баҕарбаппын. Кэргэним убайын саҥата-иҥэтэ суох абааһы көрөрүн, сөбүлээбэтин билэбин, төһө да таһыгар ону көрдөрүөн баҕарбатар.

Оттон мин хотуммун олох испэр киллэрбэппин, аньыы буолуо гынан баран, аһаҕастык абааһы көрөбүн. Урут, дьиҥэр, холкутук сыһыаннаһарым, билигин дууһам тахсан бараары гынар. Хас сырыы аайы ийэтин кытта кэпсэтэн баран кэргэним барахсан саҥата-иҥэтэ суох барар, ууну омурдубут курдук сылдьар. Настарыанньата түһэр, тугу эрэ толкуйдуур, бэйэтин сэнэнэр да курдук. Тоҕо диэтэххэ кини ийэтин хараҕар хаһан да улахан убайын кыайбат, кинини аһара түспэт.

Онон, кэлин олох да бу куораттан барыахпытын саныыр буоллубут. Сорох ардыгар ситэри тулаайах, чороҥ соҕотох уолга тахсыбытым да буоллар диэн санаан ылабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...