«Хаҥалас хапсаҕайа» хабараан хапсыһыылара
Олунньу 3-4 күннэригэр Дьокуускайга “Триумф” спорт комплексыгар аан бастаан тэриллибит Бүтүн Арассыыйатааҕы 1-кы Гран-при «Хаҥалас хапсаҕайа» болҕомто киинигэр турда. 27-с төгүлүн тэриллэн ыытыллыбыт түһүлгэҕэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустартан, ону таһынан Монголияттан, Кыргызстантан, Узбекистантан, Хакасияттан, Алтайтан, Тываттан, Бурятияттан 33 хамаанда 472 бөҕөһө бу күннээххэ ким күүстээҕин, ордук бэлэмнээҕин үс көбүөрүнэн быһаарыстылар. Ыалдьыттарбыт 38-лар, кинилэр ортолоругар тустуу маастардара, аан дойду, Азия, Арассыыйа чөмпүйүөннэрэ, призердара, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар кыайыылаахтара кэлэннэр, күрэхтэһии таһымын үрдэттилэр.
Дьоһун дьаһал
Спорт уораҕайа икки күн тилэри ыһыынан-хаһыынан ньиргийэн олордо! Биллиилээх комментатор Александр Васильев – Көрдүгэн эрчимнээх куолаһынан хапсыһыылары күөртээтэ, күрэхтэһиини күүркэттэ. Хапсаҕай добун түһүлгэтин үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Афанасий Владимиров, физкултуура уонна спорт миниистирэ Леонид Спиридонов, Хаҥалас улууһун баһылыга Олег Иринеев, Арассыыйа бойобуой искусствоҕа сойууһун салайааччыта Рамиль Габбасов, Хаҥалас улууһун хапсаҕайга федерациятын бэрэсидьиэнэ Вячеслав Нестеров, «Кыргыз күрэш» бэрэсидьиэнэ Рыскелди Шамиев, Арассыыйа курдаһан тустууга федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ Равиль Ногуманов, Алтай национальнай көрүҥнэргэ киинин салайааччыта Мерген Тельденов эҕэрдэлэрэ дуораһыйдылар.
Афанасий Владимиров хапсаҕай көрүҥэ Күүстээх Баһыынан, Илья Кондратьевынан биллэрин, аныгы көлүөнэ бөҕөстөр Петр Ефимов, Вячеслав Константинов, Прокопий Петров уо.д.а. «Хаҥалас хапсаҕайын» соргулаахтык ааттата туралларын, меценат Вячеслав Нестеров өйөбүлү, көмөнү оҥорорун; бэйэтин кэмигэр «Хаҥалас хапсаҕайын» кыайыылааҕа, Азия чөмпүйүөнэ, аан дойду боруонса призера, өрөспүүбүлүкэ спорка миниистирэ Леонид Спиридонов бу турнир Саха сиригэр 1997 сылтан үүнэн-сайдан кэлбитин, Дьокуускай куоракка маҥнайгытын ыытылла турарын, омук дойдуларыттан, Арассыыйа регионнарыттан бөҕөстөргө махталын, хапсаҕай көрүҥэ аан дойду таһымыгар тахсарыгар эрэнэрин эттэ; улуус баһылыга Олег Иринеев бу түһүлгэтин ыытарга элбэх тэрээһин мунньах буолбутун, Арассыыйа турнирдарыгар кыттыбыттарын, дойду үгүс регионнарыгар тиийтэлээн көрдөрбүттэрин, мантах антах күрэхтэһиини сыллата ыытарга сөбүлэспиттэрин, тустуу сайдыытыгар сүҥкэн суолу-ииһи хаалларбыт күүстээх бөҕөстөр Баһыы Баһылай уонна Илья Кондратьев ааттара үйэтитиллэр аналлаахтарын туһунан этиилэрэ дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар.
Кытаанах хапсыһыылар
Күрэхтэһиини ыарахан ыйааһыннаах 150 бөҕөс саҕалаатылар. Көрөөччүлэр Сахабыт сирин хапсаҕайдьыттара ыалдьыттары кытта хайдах-туох тустуохтарын сылыктаан, сэҥээрии улахан буолла.
56 кыттааччылаах 85 кг Денис Максимов (Сунтаар), Олег Чернов (Хаҥалас), Анатолий Сивцев (Чурапчы) туһуннулар. Ыалдьыттартан ордук табыллан Кыргызстантан Азия ыччаттарын финалиһа, Азия чемпионатын призера Жаныбек уулу Стамбул тоҕуста тустан, сэттэ утарсааччытын кыайталаата уонна, Мэҥэ Хаҥаластан Константин Власовка итиэннэ Николай Сивцевкэ эрэ баһыйтаран, төрдүс буолла. Бу ыйааһыҥҥа эмиэ мэҥэлэртэн Василий Кириллин – иккис, Николай Сивцев үһүс бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр.
33 кыттааччылаах 95 кг өрөспүүбүлүкэ күүстээх хапсаҕайдьыттара түһэн биэрбэтилэр. Кэлин сылларга хотторуу хомолтотун билэ илик Бүлүү бөҕөһө Николай Николаев бастаата, Ньурба боотура, түөрт көрүҥ спордун маастара Владимир Федоров үһүс бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Көҥүл тустууга Монголия икки төгүллээх чөмпүйүөнэ, Азия призера, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Баттогтох Бат-Улзий иккис буолла.
Саамай ыарахан 95-н үөһээ ыйааһыннаахтарга 22 бөҕөс күөн көрсүһүүтэ ох курдук оҥостон кэлбит халыҥ ааттаах-суоллаах маастардар кыттыылаах ааста. Сир ньиргийэр хапсыһыыларыгар бөҕөстөрбүт түһэн биэрбэтилэр. Никита Хабаров бастаата, Эдуард Максимов – иккис, Данил Иванов үһүс миэстэлэри ылаттаатылар!
Бэтэрээннэргэ 80 кг Хаҥалас күүстээҕэ, спорка уһун үйэлэнии туоһута Прокопий Петров ахсыс төгүлүн чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла, Чурапчыттан Иван Ким – иккис, Тааттаттан Михаил Дедюкин – үһүс; 90 кг Платон Саввинов (Үөһээ Бүлүү) бастаата, Гаврил Слепцов (Нам) – иккис, Христофор Христофоров (Таатта) – үһүс; 90 кг үөһээ ыйааһыннаахтарга сумоҕа аан дойду призера, Европа үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Тюлюш Сайын-Белек бастаата, Степан Гаврильев (Амма) – иккис, Дмитрий Шадрин (Орто Халыма) үһүс миэстэлэннилэр.
Ыарахан ыйааһыннаахтарга Аан Дархан аатын былдьаһар хапсыһыылар 1954 с. Саха АССР хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөнэ, ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Илья Петрович Кондратьев кэриэһигэр ананнылар. 42 бөҕөс үс көбүөрүнэн быһаарыста. Хардарыта охторсуу, бырахсыы түмүгүнэн көҥүл тустууга Арассыыйа уонна Европа призера, Коркин уонна Ярыгин турнирдарын кыайыылааҕа, утарсааччыларыттан барыларыттан төрөлкөй, модьу-таҕа көрүҥнээх Бурятия бухатыыра Балдан Цыжипов финалга Таатта күүстээх маастара Александр Халыевы 4:0 баһыйда: “Очень рад присутствовать на данном турнире. До этого я приезжал один раз, два года назад, к сожалению, проиграл. Организация на высшем уровне. Как всегда якуты за борьбу очень болеют, атмосфера очень хорошая. Мне нравится сюда приезжать. Я, скорее всего, думал бороться с Айдыном, он очень опытный, прошлогодний чемпион этого турнира, очень неудобный, чувствительный. Но, сегодня не суждено было нам встретиться. Желаю удачи, больше спортивных достижений вашей республике”.
Тыва баатыра Айдын Монгуш үһүс миэстэлэннэ.
Сүрүн бириис – саха хапсаҕайдьытыгар!
Иккис күн көбүөргэ 75 кг диэри ыйааһыннаах 350-ча бөҕөс күөн көрүстэ. Тустууну таптааччылар түүн үөһүгэр диэри тулуйан олорон ыалдьыбыттара, көрбүттэрэ оруннаах буолла! Күлүмэх киирсиилэргэ 71 кыттааччылаах 57 кг Быйан Быйаман (Чурапчы), Родион Асканаков (Алтай), Айсен Никифоров (Бүлүү); 107 кыттааччылаах 65 кг Жаргал Дамдинов (Бурятия), Айхаан Антонов (Ньурба), Ньургун Терентьев (Үөһээ Бүлүү); 105 кыттааччылаах 75 кг Владислав Ефимов (Хаҥалас), Владислав Кривошапкин (Мэҥэ Хаҥалас), Тимур Николаев (Үөһээ Бүлүү); бэтэрээннэргэ Иван Друзьянов (Чурапчы), Илья Тимофеев (Хаҥалас), Владимир Степанов (Үөһээ Бүлүү); 24 кыттааччылаах 70 кг Айаал Павлов (Чурапчы), Александр Птицын (Мэҥэ Хаҥалас), Николай Иванов (Таатта) туһааннааҕынан кыһыл, үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэри ылаттаатылар.
1937 с. курдаһан тустууга Саха АССР абсолютнай чөмпүйүөнэ, ССРС «Бочуот бэлиэтэ» уордьаннаах Василий Дмитриевич Семенов – Күүстээх Баһыы кэриэһигэр 75 кг ыйааһыннаахтарга 66 бөҕөс Аан Дархан аатын былдьаста. Финалга Үөһээ Бүлүү күүстээҕэ Тимур Николаев Бурятияттан сумо маастара Сангади Ульзетуевы «ийэ сирин» булларда: «Абсолютканы» хайаан да кыайыахтаахпын диэн эрдэттэн бөҕөх санаа баара. Биир да сыыһаны-халтыны оҥорбокко, бүтэһигэр диэри киирсэбин диэн. Аймахтарым бары көрө олорор буолуохтаахтар. Кыайыыбын төрөппүттэрбэр уонна Сахам сиригэр аныыбын».
Аан Дархан аатын ылбыт бөҕөстөр бриллиант дуйдаах мэтээллэринэн, батыйанан, курунан уонна 300 тыһ.солк. харчынан наҕараадалананнар, биирдии бэйэлэригэр бириистэрэ 1 мөл.солк. тэҥнэстэ.
Ыйааһыннар кыайыылаахтара убаһанан, 50, 30 тыһ.солк. биһирэннилэр.
Сахабыт сиригэр хапсаҕай баар!