Гладиатордыы хапсыһыылар
Саха тустуутугар өтөрдөөҕүттэн ситиһиллибэтэх кыайыылар кэллилэр. Ол да иһин сүргэбит көтөҕүлүннэ. Чуолаан Европа чемпионатын курдук улахан түһүлгэҕэ биир рекорпут хатыланыыта олус үөртэ.
Тустуу рекордара
Италия киинигэр 1994 с. өссө өрөспүүбүлүкэ рекорда олохтонон турар. Көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар бэтэрээннэргэ кыһыл көмүс мэтээли түөрт саха кэппитэ.
Бу сырыыга үгүстэри дьоллуур-сордуур ытык кырдьаҕас куоракка урааҥхайдар урукку биир рекордпут хатыланна. Ону кэпсиэх иннинэ Европа көҥүл тустууга чемпионатын уонна онно ким хайдах тустарын билиһиннэрдэххэ, уолаттарбыт кыайыылара дьэҥкэриэ. Маннык түһүлгэҕэ саха тустууга кыһатын иитиллээччилэриттэн кыттар быраабы аан бастаан 1969 сылга икки бөҕөс ылбыта. Роман Дмитриев уонна Николай Захаров -- Сахаачча. Билэргит курдук, Олимпийскай чемпион улахан түһүлгэлэри бастакынан арыйар уонна ким-хайа иннинэ чыпчаалларыгар дабайар үгэһинэн, пъедестал үрдүкү үктэлигэр сонно тахсыбыта. Николай Захаров быстахха былдьанан, Ромаҥҥа аргыс буолуохтааҕа аара хаалбыта. Европа түһүлгэтигэр дойдулар сорохтору тоҕо эрэ мээнэ ыыппаттар. Кырдьаҕас континент чемпионатыгар Романы иккитэ эрэ, П. Пинигины биирдэ эрэ ыыппыттара. Холоноот, бастаабыттара. Александр Иванов биирдэ эрэ кыттан, үрүҥ көмүс мэтээли кэппитэ. Ол үрдүнэн быйылгы Римнээҕи түһүлгэни уонна 2015 сылга Европатааҕы оонньууларга, Виктор Лебедев кыайыытын кытта холбоон, Европа сүрүн түһүлгэтин историятыгар үс иһигэр киирбит саха 20 буолла. Ол иһигэр биэс -- бастакы, биэс -- иккис уонна уон – үһүс миэстэлэр. Сахалартан Европа чемпионатыгар ордук элбэх мэтээли өрдөөҕүттэн Беларусь хамаандатын аатыттан кыттар Владислав Андреев кэппитэ. Кини биир үрүҥ көмүс, үс боруонса мэтээли ылары ситиспитэ. Оттон сахаттан соҕотох Европаҕа иккиһин бастаабыт Василий Гоголев уонна Александр Контоев үстүү мэтээллээхтэр.
Олимпийскай чемпионнары күөлэһиттилэр
Европа чемпионата ааттаах да бөҕөстөргө аймалҕаннаах буолааччы. Бу сырыыга эмиэ оннук.
Кэлин кэмҥэ дагестанец Абдул Рашид Садулаев тустууктартан уһулуччу аатыра сылдьар. 2014 сылтан улахан түһүлгэлэри 2016 олимпиадалары-баҕастары хаардыы хаампыта. Аан дойду чемпионаттарыгар түөртэ бастыырыгар баал да биэрбитин өйдөөбөппүн. Үксүгэр төкүнүтэ сылдьара. 2016 с. РИО-ттан кэлэн баран наһаа өр сынньаммыта уонна икки ыйааһыны көтөн үөһээ тахсыбыта таайдаҕа, биирдэ баал биэрэн, иккис буола сылдьыбыта. 97 кг-ҥа урукку 86 кг хоруоллаабытын курдук баал да биэрбэккэ кыайталаан барбыта. Бу сырыыга хаста да көбүөргэ быраҕыллан, түһүү диэни биллэ. Иккис хапсыһыытыгар олох да икки саннын хаптаҕайынан түспүтүн, кини албан аатын алдьатымаары, ыраас кыайыыны биэрбэтилэр дии санаатым. “Промакашка” диэн биир эмэ киһи быыһанар албаһыттан, сүнньүн кытта алтаҕын холбуу хам туттара сылдьан, нэһиилэ мүччү түстэ. Арай урут Бувайсар Сайтиев итинник сордоҥнуу өрө мөхсөн олимпийскай көбүөргэ уурулла сыспытыттан куоппутун көрөн сөхпүтүм. Олимпиада чугаһаатаҕын аайы лидердэри үөрэтиилэри боруобалаан эрэллэр.
Грузияттан эмиэ олимпийскай чемпион Давид Хинчегишвили (65 кг) бастакы утарсааччытын бүдүрүтэн да көрбөккө, баал да ылбакка, 7:0 кинини кыайааччы аныгыскы эргииргэ хотторон, Колизей диэки былыргы гладиатордар түһүлгэлэригэр күүлэйдии барарга эрэ күһэлиннэ.
Ньургун тиллиитэ
Мэҥэттэн хайа үрдүн дабайар Ньургун Скрябин сити олимпийскай чемпион Хинчигашвили курдук бастыҥы баһыйар бэртэртэн чулуулар баар ыйааһыннарыгар киирбитэ.
Олоҥхо бухатыыра да сылайар-элэйэр кэмнээх. Ньургун Скрябин (Кирилл Захаровка эрчиллэ сылдьыбыта, билигин тренердэринэн Гавриил Игнатьевы, Жуматай Шубаевы сурунар) 65 кг ыйааһыҥҥа тахсыаҕыттан ыарырҕаппыта. Урут 57-61 кг туста сылдьыы кэннэ улахан, күүстээх бөҕөстөрдүүн эрчиллии, киирсии да быдан илистиилээх буоллаҕа.
Дьэ, бу сырыыга 65 кг оннун-олоҕун булбут курдук көһүннэ. Сылайбыта ааспыт, сэниэлэммит көрүҥнэммит. Бары хапсыһыыларыгар тохтообокко харса суох кииристэ. Үс хапсыһыытыгар утарсааччыларын оҕо курдук тутта. Бастаан аан дойду эдэрдэргэ призерын молдованин Максим Сакулцаны сөбүлээн туттар албаһынан, төбөтүн хоннох аннынан анньан “миэлиҥсэлээн” түһэрэн үрдүлдьү көбүөргэ хам баттаата. Дьэ, онтон оннооҕор сорох сахалар кытта олимпийскай чемпион буолуо диэн сабаҕалыыр балкарецтарын, аан дойду 2019 с. иккис призер Исмаил Мусукаевы биирдэ атаҕыттан ылан баран, суулларан түһэрдэ. Сонно икки атаҕы кириэстии эрийэн тохтоло суох олус түргэнник эргитэн кулахаччытта. Мордьоҥноһор Мусукаев мөрөҥнөөбөккө да хаалла – 10:0.
Үһүс киирсии – Али Рахимзаде. Трибуналар иннилэригэр кини дойдутун Азербайджан былааҕа бөҕө истиэнэ көбүөрдэрин курдук ыйаммыт. Үөһээ эмиэ тэлимнииллэр. Уоллара Олимпийскай чемпион Хинчегашвилиттан хардата суох 7-0 баал хомуйбутуттан эрэллэрэ үрдээн хомуллан, оҥостон кэллэхтэрэ. Бу сырыыга баалы биири эрэ мүччү туттарда. Биэһи сүүйтэрдэ.
Финал. Ньургун манна да тиһэххэ диэри бэркэ кииристэ. Дагестан тахсан эрэр сулуһа Курбан Ширяев уһуна, түргэнэ бэрдинэн баал биэрбэтэ – 0:5. Ньургун урут икки төгүл Европа улахан түһүлгэтигэр табыллыбытаҕа. 30 сааһыгар туох-ханнык үһүстээх диэн, дьэ, үрүҥ көмүс мэтээли кэтэр чиэскэ тигистэ!
Иккис холонуутугар –боруонса!
Румыния хамаандатын аатыттан кыттар Николай Охлопков сааһа 23. Аҕата Уус Алдантан төрүттээх. Бэйэтэ күн сирин Сунтаарга көрбүтэ. Онно тустуунан эрчиллиитин саҕалаабыта. Дьокуускайга Артур Константиновка эрчиллэ сылдьыбыта. Билигин тренердэринэн Владимир Кириллины, Анатолий Гуйдяны сурунар.
61 кг бастакы күн аан дойду билиҥҥи чемпиона грузин Бека Ломтадзеҕа баал ыларга, көмүскэниигэ таба туттууну булбатаҕа. 10:0 хотторбута. Ломтадзе финалга тиийэр ини, ол түгэнигэр Николай боруонсаны былдьаһыа диэн сабаҕалаабыппыт туолла. Охлопков молдованин Леонид Колеснигы 6:2 ахсаанынан эрэллээхтик кыайда. Ити кэннэ сынньанан кэтэһэ сылдьыбыт Европа эдэрдэргэ чемпиона азербайджанец Интигам Вализаде утары тахсыбыта. Бу Индигам иннинээҕи күн аан дойду чемпионун Ломтадзелыын тэҥҥэ эрийсэн биир эрэ баалынан сабырыйтарбыта. Охлопков түмүк киирсиитэ алта мүнүүтэ былаһын кэриэтэ улаханнык долгутта.
Уолбут хапсыһыы бүтэрэ аҕыйах сөкүүндэ хаалыар диэри биирдэ да кыайан охторсубакка, сэрэтиинэн хотторон истэ. Гонг тыаһаата да, Вализаде кэнники баал суруммутунан кыайыахтаах. Ону Охлопков олус ыгыытыттан эбитэ дуу, азербайджанец үөһээттэн кууһан ылан кэдэрийэн быраҕаары бэйэтэ тиэрэ баран түстэ – 3:1. Онон дьол түгэнэ, хата, биһиги диэки тосхойдо!
Н. Охлопков Европа былырыыҥҥы чемпионатыгар Бухарестка бэһис миэстэлэммит буоллаҕына, быйыл пъедестал үһүс үктэлигэр үктэннэ!
Ол оннугар онно Бухареска дебютаннаан 57 кг боруонсаны кэппит Владимир Егоровпыт (Македония) бу сырыыга, тренерэ Николай Рожин этэринэн, оһоллоох уонна сотору лицензионнай иннинэ ыйааһын түһэрииттэн харыстаннар да, күрэхтэһэ сылдьартан тэйэр оччото суоҕунан, 61 кг кытынна. Күүстээх утарсааччыга Украина армянина Арсен Арутюняҥҥа 5:0 баһыйтаран туораабыта. Арутюнян маннык түһүлгэ былырыыҥҥы финалист, быйыл Александр Богомоевка биир баалынан эрэ – 6:7 баһыйтаран, үһүс буолла.
Ыалларбыт ыгаллар
Буряттартан урут Европа чемпионатыгар икки эрэ баатырдара бастаан турар. Еврооонньууларын кыайыылааҕа, 31 саастаах төгүрүк тулаайах Александр Богомоев аҕыйах сыллааҕыта криминальнай быһаарсыыга тимиринэн охсуллан, улахан эчэйии ылбыта. Итиччэ сааһырбыт киһи өрүттэрэ уустук буолуо диэбиппит. Ол кэннэ кавказецтарга үрдүкү миэстэлэри эрэ былдьаһыыга хоттортуу сылдьыбыта. Биһиги дьоммутугар син биир бэриммэтэҕэ. Быйыл ордук тыыллан-хабыллан таҕыста. Финалга Ломтадзены 3:2 кыайан, соторутааҕыта 65 кг тахсыбаппын диэн баран, аны онно олимпийскай лицензия былдьаһыам диэн турда. Баҕар, тактиката буолуо.
Аны ыарахан ыйааһыҥҥа Балдан Цыжипов 30 сааһыгар тиийбэтэх үрдэллэригэр таҕыста. Соторутааҕыта ”Ярыгин” аатырар Гран-притын хаһаайына буолта. Аны Европа боруонса мэтээлин кэттэ.
Дьэ, онон, кэнники кэмҥэ ыалларбыт буряттар, тывалар элбэх киһилэрэ тэҥҥэ өр ситиспэтэх таһымнарыгар тахсан, өрө көтөҕүллэн, аны икки ыйынан Улан Удэҕэ Арассыыйа чемпионатыгар эрэллэрэ лаппа улаатта.
Элбэх мэтээли былдьаһар кавказецтартан биһиги суоттанар ыйааһыннарбытыгар Москваттан осетин Азамат Тускаев (57 кг), Курбан Ширяев (65 кг) Римҥэ чемпионнаан, Улан Удэнэн Токионы кытта чарапчыланар кыахтаннылар.
Дьэ аны кулун тутар бүтүүтэ – муус устар саҥата олимпиадаҕа путевкалары былдьаһар лицензионнай турнирдары долгуйа күүтэбит. Хата, Кытайга ыытыллыахтаах азиатскай түһүлгэ Айаал Лазаревпыт иккис дойдутугар Кыргызстаҥҥа көспүт. Истиэнэ көмөтө эмиэ наада.
Ол Арассыыйа чемпионатыгар
Улан Удэҕэ кыттар эбии путевкалары былдьаһыы ааспыт өрөбүл күннэргэ Нерюнгри куоракка тэрилиннэ. Көҥүл тустууга дьахталларга уонна эр дьоҥҥо Дальнай Восток чемпионатыгар үс иһигэр киирбиттэр ол улахан түһүлгэҕэ Бурятиялыыр суолу тэллилэр. Быйылгыттан бу зонабыт күрэхтэһиитигэр Сэбиэскэй кэмҥэ курдук Бурятия, Забайкалье кыттар буолбуттара эрдэттэн болҕомтону тардыбыта.
Арыйаан Тютрин, Виктор Рассадин -- аан дойду Кубогын кыайыылааҕынан буоланнар, Михаил Иванов Арассыыйа чемпионатыгар боруонсаны ылан, оттон Петр Константиновтохсунньутааҕы Иван Ярыгин аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы Гран-при турнирга биэс иһигэр киирэн, Арассыыйа чемпионатыгар кыттар бырааптаахтар. Кинилэргэ өссө Нерюнгри көбүөрүттэн Улан Удэлииргэ 19 тустуук эбилиннэ. Атын уокуруктартан уонна Арассыыйа устудьуоннарга чемпионатыттан Улан Удэлиир суолга ким эмэ эбиллээрэй диэн кэтэһэбит.
Оттон дьахталлар тустууларыгар Нерюнгрига – Александра Карамзина (50 кг), Антонина Николаева (53 кг), Анастасия Леханова (55 кг), Севиль Назарова (57 кг), Любовь Боярова (59 кг) уонна Ирина Афанасьева (62 кг) бастакы, Герда Данилова (50 кг), Алина Пыжик (53 кг) уонна Светлана Васильева (59 кг) иккис миэстэлэри ыллылар.
Уһук Илин чемпионатыгар хантан ким хаһыс буолан, төһө путевка ылла?
57 кг 1. Георгий Окороков 2. Федор Постников 3. Михаил Иванов, Егор Потапов (бары – Саха сирэ)
61 кг 1. Ньургун Александров 2. Петр Павлов 3. Виталий Эспек (үһүөн – Саха сирэ), Беликто Хайдапов (Бурятия, Заб. кыраай)
65 кг 1. Баясхалан Очиров (Бурятия) 2. Айсен Потапов 3. Дьулустаан Булатов (иккиэн – Саха сирэ), Балдан Содномов (Заб. Кыраай)
70 кг 1. Булат Батоев (Бурятия, Заб. кыраай) 2. Очир Доржиев (Бурятия) 3. Тимур Николаев, Иван Ефремов (иккиэн – Саха сирэ)
74 кг 1. Герман Устинов (Саха сирэ) 2. Арсен Шеймагомедов (Амурскай уоб.) 3. Владимир Данилов (Саха сирэ), Буян Цыденов (Бурятия)
79 кг 1. Алексей Сабидаев (Бурятия) 2. Эмиль Рамазанов (Хабаровскай) 3. Алексей Ефимов (Саха сирэ), Аюр Галсанов (Бурятия)
86 кг 1. Барас Базаров (Бурятия) 2. Максим Лубянецкай (Амурскай уоб.) 3. Мичил Шкулев (Саха сирэ), Тимур Баторов (Бурятия)
92 кг 1. Ньургун Сергин (Саха сирэ) 2. Цэдаши Дугаров (Бурятия, Заб. кыраай) 3. Булат Дашинимаев (Бурятия)
97 кг 1. Алексей Анищик 2. Руслан Абдуллаев (иккиэн – Бурятия) 3. Харысхан Николаев (Саха сирэ)
125 кг1. Батор Доржиев (Бурятия) 2. Даниил Иванов 3. Никита Хабаров (иккиэн – Саха сирэ), Эрдэм Цыренжапов (Бурятия, Заб. кыраай)