23.05.2020 | 10:54

Герой аатын иҥэрии

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа үтүөлээх юриһа, ХИФУ профессора  Макар Яковлев

Саха сирэ М.Е.Николаев бэрэсидьиэнниир кэмигэр наар бачыым көтөҕөн эрдэлиир буолара.

Степан Гурьевич Ковров

Сэрии саҕаланыытыгар саха снайпера Степан Ковров аҥаардас биир кыргыһыыга 32 немеһи самнарбыта фронтовой хаһыакка тарҕанар. Кини Кырамда алааһыттан оттуу сылдьан ыҥырыллан сэриигэ барар. Ыстапаан сэриигэ барыар диэри нууччалыы кэпсэтиэхтээҕэр, нууччаны көрбөтөх да киһи буоллаҕа. Ити курдук үгүс буойуттарбыт нууччалыы саҥарыахтааҕар, өйдөөбөт да буолуохтаахтар. Снайпердар бары кэриэтэ булчуттуу, табаһыттыы сылдьан сэриигэ ыҥырыллан бараллар. Итини тоҕо тоһоҕолоон этэбин диир буоллахха, нууччалыы билбэттэрэ, аһара тыалыы көнөлөрө, симиктэрэ, аҕыйах ахсааннаах омук бэрэстэбиитэллэрэ буолаллара уордьаҥҥа, мэтээлгэ түһэрэргэ харгыс буолбут буолуохтаах.

Ол да саҕана геройга түһэрии омугуттан, омугун ахсааныттан көрөн лимииттээх уонна политикалаах эбит. Холобура, Крым татаарын хорсун летчига үс төгүл Советскай Союз Геройа буолуохтааҕын, Крым татаара буоларын иһин, Сталин тохтотон турар.

Федор Матевеевич Охлопков

         М.С. Горбачев Аҕа дойду сэриитин атын судаарыстыба – Советскай Союз кыайан турар диэбитэ. Билигин Кыайыы парада буоллаҕын аайы, тоҕо эрэ Союзнай өрөспүүбүлүкэлэри ааттаабаттар да, кытыннарбаттар даҕаны. Арай быйыл Белоруссия бэрэсидьиэнэ Лукашенко байыаннай парадыгар туох баар Союзнай өрөспүүбүлүкэлэри ааттаата.

Иннокентий Николаевич Васильев

         Биһиги бары билэбит – аатырбыт артиллерист Г.Д Протодьяконов подвигын (нууччалыы суруйдахха ордук – аапт.). Ол курдук, 9 пулеметнай точканы урусхаллыыр, блиндаһы күлгэ көтүтэр, 2 противотанковай пулемету суох гынар. Дьэ уонна кыргыһыы саҥа тактикатын олоххо киллэрэн, нейтральнай зонаҕа киирэн, эмсэҕэлэммит артиллериянан прямой наводканан көрөн 20 тааҥканы уматар. Ити барыта фронт командующайа маршал Чуйко илэ хараҕынан көрөн турдаҕына. Дэлэҕэ Сталинградтааҕы кыргыһыы музейын панораматыгар кини мөссүөнүн оҥоруохтара дуо... 1964 сыллаахха маршал Чуйко бэйэтинэн хадатаайыстыбалаах Советскай Союз геройугар түһэрэн көрбүттэрэ да, аккаас кэлбитэ. Сүрүн биричиинэтэ диэн – подвигар уордьан ылбыт диэбиттэр. Биир хорсун быһыыга иккиһин наҕараада бэриллибэт диэн буолбут. Балаһыанньа оннук үһү. 1989 сыл ахсынньы 21 күнүгэр анал ыйааҕынан Советскай Союз Геройун аата бэриллибит да, тоҕо эрэ аахсыбаттар.

Иван Николаевич Кульбертинов

«Сибирская полночь» диэн суостаах ааттаах улуу снайпер Н.И. Кульбертиновтан немецтэр сураҕын истэ-истэ титириир эбиттэр. Счетугар 500 немеһи өлөрбүт. Кырдьык, уордьаннара элбэх. Икки төгүл Советскай Союз Геройугар түһэрбиттэрэ да, аккаас.

Алексей Афанасьевич Миронов

Снайпер А.А. Миронов Москва аннынааҕы кыргыһыыга снайперскай хамсааһыны саҕалыыр. 35 снайперы иитэр. Арҕаа фроҥҥа биир бастыҥ снайперынан биллэр. Тус бэйэтэ 123 өстөөҕү кыргар. Хас да уордьаннаах. 1943 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Советскай Союз геройугар түһэрбиттэр да, эмиэ уордьанынан солбуйбуттар.

Дмитрий Алексеевич Гуляев

Снайпер Д. М. Гуляев 122 немеһи кыргар, снайпер Н.Н. Прохоров 73 фашиһы өлөрөр. Ити курдук саха улуу снайпердарын ааттарын салгыахха сөп. Оттон сапер В.Н. Захаровы эмиэ 1943 сыллаахха Советскай Союз геройугар түһэрбиттэрин, Аҕа дойду сэриитин 1 степеннээх уордьанынан солбуйбуттара.

Атамайтан Николай Яковлев 1945 сыл муус устар ыйга Неман өрүһү маҥнайгынан харбаан туораат, өстөөхтөрү кырган, подразделениелар туоруулларыгар кыах биэрэр. Үс уордьаннаах. Көмүс уҥуоҕа Кенигсберг ( Калининград) куоракка хаалар.

Егор Иванович Мыреев

Соторутааҕыта Наталья Владимировна Михалева-Сайа «Саха» НКИХ ханаалыгар  снайпер Е.К. Петров туһунан биэриитин көрөн баран, элбэх киһи толкуйга ылларбыта буолуо дии саныыбын. Сайаҕа ыйытыы бөҕө киирбит. Е.К. Петров бүтүн фронт үрдүнэн сураҕырбыт снайпер, аата - суола дуораһыйан иһиллэр эбит. Мин өйдүүрбүнэн, икки атаҕын сүтэрэн баран, кыргыһыы хонуутуттан тахсыбатах. Тус бэйэтэ 240 фашиһы өлөрбүт. Онтон өссө пулемекка көһөн буолунай элбэҕи кыдыйар. Маннык хорсун киһи Кыһыл Сулус эрэ уордьаннаах.

ССРС ыһыллыытын саҕана Чечня чулуу кыыһа, ССРС норуодунай дьокутаата Сажи Умалатова ССРС Президиумун аатыттан Советскай Союз геройдарын аатын иҥэрбитин, Арассыыйа аахсыбатаҕа. Арассыыйа оннооҕор ССРС-һы билиммэт буолааччы. 1993 сылтан саҥа былаахтанан, гимнэнэн, Төрүт сокуоннанан, саҥа үөскээбитин курдук. Саха сириттэн ССРС норуодунай дьокутааттара уопсай күүһүнэн А.А. Мироновка, Н.А. Кондаковка, Н.А. Степановка 1990 сыл ыам ыйын 5 күнүттэн анал ыйааҕынан Советскай Союз геройун аатын иҥэрэри ситиспиттэрэ. Билигин, баҕарбытыҥ да иһин, ССРС суох. Оттон Арассыыйа геройун тоҕо эрэ биэрбэттэр. Ол гынан баран Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Администрациятын маҥнайгы солбуйааччытыгар Кириенкоҕа, прокурордар Устиновка уонна Чайкаҕа, урукку оборона миниистирэ Сердюковка Арассыыйа геройун аатын иҥэрбиттэрэ. Кыргыһыы хонуутун буораҕын сытын түһээн да билбэтэх дьон Арассыыйа героя буолбуттар. Норуот бэйэтин геройдарын тус билиэхтээх буоллаҕа. Ити салайааччыларбыт, бука, кыбыстан да буолуо, геройдарын сулустарын кэппиттэрин биирдэ да көрө иликпин. Оннооҕор улуу полководец И.В. Сталин кыргыһыы хонуутугар сылдьыбатаҕым диэн геройуттан аккаастаммыта уонна сулуһун иилиммэтэҕэ. Тиһэх суолугар Үлэ Геройун эрэ иилбиттэрэ. Генерал Рохлин дойду иһигэр, бэйэ дьонун кытта сэриигэ Арассыыйа геройун аатын ылыммаппын диэн геройуттан аккаастанан турар.

Николай Васильевич Прохоров

Саха сирин нэһилиэнньэтэ сэрии сылларыгар 400 тыһыынчаттан тахса этэ. Онтон сахата 242 эрэ тыһыынча. Сэриигэ 62 тыһыынча буойун ыҥырыллыбытыттан 38 тыһыынча сэрии хонуутугар хаалбыта. Буойуттарбытын хайдах да күүскэ үйэтиттэххэ, иэспитин төлүүр курдукпут.

Егор Дмитриевич Догордуров

Саха сирэ Арассыыйа Төрүт сокуонун быһыытынан олорор судаарыстыбабыт. Арассыыйа биир саамай улахан субъегабыт. Территория да өттүнэн, сирбит да баайынан, ахсаан да өттүнэн. Сибииргэ саамай улахан омукпут. Бэйэбит төрүт сокуоннаахпыт, былаахтаахпыт, гербэлээхпит, гимнээхпит, Судаарыстыбаннай Мунньахтаахпыт, Ил Дархан баһылыктаахпыт. Бэйэбит уордьаннаахпыт, званиялардаахпыт. Судаарыстыбаннай Мунньахпытынан сокуон оҥорон, балаһыанньатын аттаран, Аҕа дойду сэриитин кыргыһыытыгар уһулуччулаах подвиг оҥорбут буойуттарбытыгар Саха сирин Геройун аатын иҥэрэргэ кэм кэллэ быһыылаах. Ама ким утарыай! Ил Дархан А.С.  Николаев быйылгы 2020 сылы Патриотизм сылынан биллэрбитинэн, В.В. Путин патриотизм национальнай идея буолуон сөптөөҕүнэн биллэрбитинэн, маҥнай, Судаарыстыбаннай Мунньахха киллэриэх иннинэ, Үрдүкү Ытык сүбэҕэ киллэрэн сүбэлэһэр, Судаарыстыбаннай Мунньах сүбэлэһэр сэбиэтигэр киллэрэн дьүүллэһэр наада буолара буолуо. Алларааттан нэһилиэнньэ күүрүүлээх өйөбүлэ саамай улахан төһүү буолуо этэ. М.Е. Николаев бэрэсидьиэнниир кэмигэр, Саха сирэ наар бачыым көтөҕөн эрдэлиир буолара. Татаардар, башкирдар биһигиттэн холобур ылар этилэр. Федеративнай дуогабар түһэрсиигэ, Төрүт сокуон оҥорууга бастакынан сылдьыбыппыт. Арассыыйа 20-30 сыл хаалан, Саха сирэ саҕалаабыт бачыымнарын батыспыта кистэл буолбатах. Бу да сырыыга өрөспүүбүлүкэлэр батыһыахтара дии саныыбын. Кыайыы 75 сылыгар Арассыыйа сэрии кыттыылаахтарыгар 75 тыһыынчаны биэрэр. Онтон Чечняҕа уонна Дагестаҥҥа сэрии кыттыылаахтарыгар 1 мөлүйүөн харчыны биэрдилэр. Муударай омуктар. Сэрии саҕаланыытыгар 20 саастаах сэрии кыттыылааҕа кэлэр Кыайыы үбүлүөйүгэр (80 сылыгар –аапт.) 105 саастаах буолар. Хаалар да киһи тарбахха баттанара буолуо.

Саха сирин сыллааҕы бүддьүөтэ 200 млрд солк. ордук. 20 млрд Олонхоленд тутууну кыратык тохтотон баран, аҕыйах мөлүйүөн сэрии бэтэрээннэригэр биэрэргэ көстүөн сөп. Кыайыы 75 сыла салҕанан бара турар, онон билигин да хойут буолбатах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...