08.08.2024 | 16:00

Гагаринскай уокурукка сахалыы тыын элбиирэ буоллар

Гагаринскай уокурукка сахалыы тыын элбиирэ буоллар
Ааптар: Ирина Собакина, тыл билимин хандьыдаата, саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын дассыана, М.К. Аммосов аатынан ХИБҮ. Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл үбүлээһининэн 
2023 с. ыытыллыбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тыллар туһунан сокуон толоруллуутун кэтээн көрүү” чинчийии сорох түмүктэрэ

 

Гагаринскай уокурук киин куорат кытыытыгар да баар буоллар, бу – куорат сирэйэ, дьон бастаан көрөр сирэ-уота. Манна элбэх бүддьүөт тэрилтэтэ үлэлиир, ол курдук, оскуола 5, уһуйаан 5 дьиэтэ, 2 киин, мэдиссиинэ 5, успуорт 2, култуура 2, бүддьүөт атын 5 тэрилтэтэ.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл” чэрчитинэн 2023 сыл ахсынньы 3 күнүгэр бу уокуругу кэрийэн, судаарыстыбаннай тэрилтэ 27 дьиэтигэр ыйаммыт табличканы хаартыскаҕа түһэрэн, тылын-өһүн ырыттыбыт. Ааҕан-суоттаан көрбүппүт, 22 тэрилтэ табличката икки тылынан суруллубут – саха уонна нуучча, манна эбии тэрилтэ үлэлиир кэмин ыйаллар. Онуоха хайа  тылы бастаталлара болҕомтону тардар.

Дьокуускай куорат иккис нүөмэрдээх балыыһатын бары салаатын (отделениетын) табличката сахалыы тылбаастаммытын хайгыы көрдүбүт.

 

Дьокуускай аэропорда, В.И. Кузьмин аатынан 30 №-дээх оскуола, «Теремок” уһуйаан эбии бөлөҕө сахалыы табличката суох. Бу уопсай ахсаантан баара-суоҕа 3 % эрэ, онон уокурук көрдөрүүтэ куһаҕана суох диэн сыаналыыбыт.

Ханнык баҕарар дьиэ тас көстүүтүгэр киһи бастаан ыраахтан көстөр, улахан буукубанан суруллубут суругу көрөр. Онуоха 38 №-дээх орто оскуола “Дорообо, оскуолам” суруга киһи хараҕар быраҕыллар, сахалыы тыыннаах тэрилтэ диэн угуйар.

 

Өрөспүүбүлүкэбит иккис судаарыстыбаннай тылын – саха тылын – туттуллар эйгэтэ кэҥиирин туһугар бэлиэ, дьон үгүстүк сылдьар, сынньанар сиригэр баар, иһитиннэрэр сыаллаах суругу сахалыы суруйуохха, тылбаастыахха наада. Ол курдук, Кыайыы уонна Гагарин сквердэригэр биир да иһитиннэрии сахалыы суруллубатах, маны тустаах дьон көрөн, куораппыт ис барааныгар сөп түбэһиннэрэн уларытыахтара этэ.

 

Гагаринскай уокурук сиригэр-уотугар туох ханна баарын ыйар-кэрдэр суолталаах 5 бэлиэ баар, онно элбэх тылланыы көстөр: нуучча, саха, аангылыйа тыллара.

Тыл үөрээхтээхтэрин быһыытынан, чинчийбит матырыйаалбыт тылын-өһүн эмиэ көрдүбүт уонна манныкка сыыһаллар эбит диэн түмүккэ кэллибит: сурук бэлиэтэ: “Дьокуускай к. Быковскай уул 6 дь.” “Дьокуускай к., Быковскай уул., 6 дь.” оннугар, тэрилтэ аата кавычканан бэлиэтэнэрэ; таба суруйуу: “госудаарыстыбаннай”, “государственнай” “судаарыстыбаннай”; “балыаһа” “балыыһа”, “Муницыпальнай” “Муниципальнай”, тылы кылгатыы: “Дьокуускай Аэропорт” АУ ““Дьокуускай” аэропорт” АУо, “Пн. – Пт., Сб., Вс.” – “БН.БТ., СБ., БС”; сыһыарыы туттуллуута: “юридическэй аадырыһа” “юридическай аадырыһа”; тылы эбии: “санитарнай күн – хас ый бүтэһик бээтинсэтэ” “санитарнай күн – ый бүтэһик бээтинсэтэ”; тылы түһэрии: “Оскуола иннинээҕи муниципальнай үбүлэнэр үөрэх тэрилтэтэ 35 №-дээх “Северная сказка” оҕо уһуйаана” ““Северная сказка” 35 №-дээх уһуйаан” оскуола иннинээҕи үөрэх бүддьүөттэн үбүлэнэр муниципальнай тэрилтэтэ”; тыл бэрээдэгэ: “эбии үөрэхтээһин муниципальнай бюджет тэрилтэтэ 6 №-дээх “Стерх” оҕо ыччат спортивнай оскуолата” “Стерх” оҕо-ыччат 6 №-дээх успуорт оскуолата” эбии үөрэхтээһин бүддьүөттэн үбүлэнэр муниципальнай тэрилтэтэ”, “Дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр киин “Берегиня”” ““Берегиня” дьиэ кэргэҥҥэ иитиини өйүүр киин” уо.д.а. Бу сыыһа тылы билбэттэн эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ тэрилтэ туһунан иһитиннэрии биир халыыба, ирдэбилэ, холобура суох буолан тахсар дии саныыбыт. Маныаха дуоһунастаах дьон, тыл үөрэхтээхтэрэ, тэрилтэ салайааччылара, куорат тас көстүүтүн ситэрэн оҥорорго сыһыаннаах дьон, угуйук тэрилтэлэрэ бииргэ ылсан үлэлииллэрэ тоҕоостоох.

Гагаринскай уокурук куораппыт саҕаланыыта, көтөн кэлэр дьон бастаан көрөр сирэ, онон манна сахалыы тыын, саха тыла элбиирэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...