Форумҥа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын элбэтэр сорук турда
Тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыы тула кэпсэтиигэ тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин көдьүүстээхтик туһаныы, үөрэнээччилэр аһылыктарын тупсарыы боппуруостарын дьүүллэстилэр. Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев дьон олоҕун уйгутун тупсарар сыаллаах соруктары чопчулаабыта, онно аһынан-үөлүнэн хааччыйыы боппуруоһугар Дьокуускай агропояһын сайыннарыы суолтата тоһоҕолоон бэлиэтэммитэ.
«Туруоруллубут соруктарга олоҕуран олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга үлэлиибит. Санкция кэмигэр бу боппуруос суолтата өссө сытыырхайда», - диэтэ санаа атастаһыытын кэмигэр вице-премьер Михаил Никифоров.
Тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин сөпкө туһаныыны уонна оскуола оҕолорун аһылыктарын хааччыйыыны таһынан, тэрээһиҥҥэ тыа хаһаайыстыбатыгар дьоҕус уонна орто бизнеһи сайыннарыы саҥа хайысхаларын, оптово-розничнай тарҕатар кииннэри тэрийиини уонна агропромышленнай комплекска цифровой технологиялары киллэриини дьүүллэстилэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ оҥорон таһаарыллар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын уопсай кээмэйиттэн куорат уокуругар 10,97% тиксэр. 2032 сылга тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар саҥа 50 дьоҕус уонна орто бизнес субъектара киириэхтээхтэр.