15.06.2020 | 15:11

ФГИС "Меркурий" туһалаах үлэтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Булгуччулаах электроннай бэтэринээринэй сертификацияны ыытар ФГИС «Меркурий» судаарыстыбаннай суолталаах үлэни оҥорор. Бу систиэмэ аска-үөлгэ куттал суох буолуутун хааччыйар. Судаарыстыбаннай бэтэринээринэй хонтуруолу ааһар бородууксуйанан эргинэргэ арыаллыыр докумуоннар оҥоһуллаллара булгуччулаах.

2020 бэс ыйын 6 күнүнээҕи туругунан, «Меркурий» систиэмэҕэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 40 584 кэриҥэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын эргитэн таһаарар дьарыктанааччылар регистрацияны ааспыттар.

Саха Сирин үрдүнэн 2020 сылга 2 462 558 электронной бэтэринээринэй докумуон оноһуллубут, онтон «погашеннай” таһымҥа - 1 656 138, «оформленнай» таһымҥа - 770 971. Сиикэй үүккэ 164 685 сертификат оҥоһуллубут. 2019 сыл от ыйын 1 күнүттэн ыла, тыа хаhаайыстыбатын бородууксуйатыттан оҥоһуллубут бэлэм ас-үөл киириэҕиттэн ыла, 1 432 923 докумуон оҥоһуллубут.

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Денис Белозеров ый аайы улуустар олохтоох бэйэни салайыы муниципальнай уорганнарын уонна судаарыстыбаннай былаас ситэриилээх уорганнарын кытта электроннай бэтэринээринэй сертификация үлэтин туругун туһунан мунньах ыытар. Сорох улуустар видеоконференция нөҥүө кытталлар.

Дьокуускай уокуругар Цербер систиэмэнэн уопсайа 6 507 тэрилтэ, урбаанньыт уонна биирдиилээн дьон судаарыстыбаннай бэтэринээринэй хонтуруол көрөр бородууксуйатын (эт, үүт, тыыннаах кыыллар уо.д.а.) эргиэнинэн дьарыктаналлар. 2020 сыл бэс ыйын 4 күнүнээҕи туругунан, ФГИС «Меркурийга» 815 498 бэтэринээринэй сертификат суруллубут.

Петр Андреев, Россельхознадзор Саха сиринээҕи салаатын государственнай инспектэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...