27.02.2021 | 07:15

Федот ЛЬВОВ: “Көрөөччүгэ бэлэми ууран биэрэр наадата суох”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта киинэ театрдарыгар саҕаламмыт,  номнуо үгүс мөккүөрү таһааран эрэр, “Окно в Европу” бэстибээлгэ үрдүк ситиһиилэммит “Хара хаар” киинэҕэ сүрүн оруолу оонньообут, чаҕылхай фильмографиялаах Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа Федот Львову кытта билиҥҥи киинэ, театр, саха тылын туһунан кэпсэтиибитин таһаарабыт.

– Кэпсэтиибитин “Хара хаартан” саҕалыахха. Бэйэҥ көрдүҥ? Сорохтор “бэйэбит уһуллубут киинэбитин көрбөппүт” диэччилэр дии...

Көрөн. Бу киинэ 2020 сыллаахха “Окно в Европу” бэстибээлгэ кыттыбыта, режиссер Степан Бурнашовтуун баран кэлбиппит. Онно көрбүтүм... Гран-при ылан кэлбиппит дии...

– Бэйэҥ көрөн туох диэтиҥ?

Уопсайынан, киһи бэйэтин туораттан көрөрө дьикти баҕайы ээ. Миэхэ наар оннук. Артыыс киһи син биир үлэтин көрүөн наада. Сыыһаҕын-халтыгын көрөҕүн. Сорох түгэннэргэ “оо, манна итинник гыныах киһи хаалбыт” дии саныыгын. Бу “Хара хаары” этэр буоллахха, илиини баттатааһыны эҥин... Билбэт буоллаҕым дии, Камаз анныгар баттаппыт киһи хайдах буоларын...

– Биһиги бу соторутааҕыта көрдүбүт ээ. Кэргэним ыраах айан суоппара буолан, олох кыһыйа олордо: “Бастаан көлөһөтүн түһэриэхтээх этэ”, – дии-дии...

Бары итинник дииллэр. Бастаан көлөһөтүн түһэрэн баран, массыынатын домкраттыахтаах этэ дииллэр. Ол эрэн суолга араас буолуон сөп. Киһи өйө бааллыан, ыксаан хаалыан эмиэ сөп. Дьиҥнээх дальнобойщиктар сөпкө этэллэр – кинилэр бастаан көлөһөлөрүн түһэриэ этилэр. Бу суоппар – хомуур уобарас. Биир прототиптан устан ылыы буолбатах. 80-с сылларга дьиҥнээх олоххо буолбут түбэлтэ, онно түбэспит киһи атыннык быыһаммыт – илиитин быстыбыт эрээри, атыннык быспыт үһү... Биир көрөөччүм биһиэхэ буолбут түбэлтэни санаан кэллим диэн эппитэ...

– Оттон бу оруолу эйиэхэ анаан суруйдулар дуу, эйигин талбыттара дуу?

Сценарист Степан Бурнашев бэйэтэ. Кини суруллубут сценарийга артыыс көрдөөбүт. Мин бастаан сөбүлэспэтэҕим.

– Тоҕо?

Оттон... Сценарийын аахтаҕым дии. Хайдах эрэ ыарырҕаппытым. Хаһан да улахан массыынаны ыыппатах киһибин. Дальнобойщигы көрдөрөр буоллахпына кинилэр үөрүйэхтэрин, тутта-хапта сылдьалларын билиэхпин наада. Кинилэр аҥаардас күлүүс ороон ылан, эрийэ туталлара атын буолуо дии.

Киинэҕэ уһуллубут Камазпыт суоппара Болуодьа Намтан төрүттээх, ыраах айан суоппара эбит. Көрсүбүппүтүгэр: “Камаз ыыта сылдьыбытыҥ дуо?”, – диэбитэ. Оҕо сырыттахпына, урут таайым ыыттарар этэ. Ол ырааттаҕа дии. Олорон кылгас дистанцияны айаннаан көрдүбүт. “Сатыыр эбиккин”, – диэн буолбута. Кыра ол-бу албастары көрдөрбүтэ.

Сиэгэн Күөлгэ Кэбээйигэ уста барарбытыгар мин Камаһы ыытан барбытым. Болуодьа аттыбар олорон кэпсии олорбута. Киинэҕэ уһун көстүбэт сыаналарбын кини айаннаата. Мин көстөр сыаналарга уруулга олордум.

– Хоту дойдуну көрдөрдүлэр дии. Киинэ арыгылааһын сытыы кыһалҕатын көрдөрдө...

Арыгылааһын эрэ буолбатах. Бу киинэ наһаа элбэх кыһалҕаны таарыйда – дьон икки ардыгар сыһыан, аҕа уонна оҕо сыһыаннара, итэҕэл, суолга сыһыан, о.д.а.

Итинник уора-көстө арыгы атыыта хоту улууска эрэ баар буолбатах. Киин улуустарга эмиэ баар. Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн баар көстүү.

– Көрө олорон өһүргэниэххэ сөп. Хоту сир дьонун арыгыһыт гына көрдөрдүлэр диэн... Дойдум буоллаҕа дии. Бастаан өһүргэниэх санаа үөскүүр эбит, олох кыыһыран харахпыттан уу-хаар баһыах курдук этим. Онтон “кырдьык даҕаны, баары көрдөрдө ээ!” диигин. Саарбах хаачыстыбалаах арыгыга туохтарын барытын суйдаан ылар атыыһыттар билигин да бааллар...

Мин уһулла сылдьан санаабытым ээ, тугу эрэ оҥорон эрэбин диэн... Дьону өһүргэтэр буоллубут диэн санаа баара. Ол эрэн наһаа оннук буолбатах эбит. Холобур, Новосибирскайга премьераҕа сырыттахпытына, биһиэхэ эмиэ маннык көстүү баар диэбиттэрэ.

Киһини элбэҕи толкуйдатар – суол-иис суоҕа, “сыана хаһан да чэпчиэ суоҕа” диэн сүрүн дьоруой да этэр дии...

– Көрөөччү барыта эрэ “толкуйдуур көрөөччү” буолбатах ээ. “Түргэн баҕайытык бүтэн хаалла” диэччи элбэх дуу?

Дииллэр. “Тоҕо эрдэ баҕайы бүтэрэн кэбистигит?” дииллэр. Финала суох дииллэр үһү. Мин санаабар, барыта өйдөнөр дии. “Массыынатын тоҕо уоттаата?” – дииллэр. Ити киинэ биир приема – ыраастаныы, атын суолунан барарын көрдөрөр. Биир суумканы ылан барда – атын суолу талла. Ыраас хаары кэһэн дьоҥҥо таҕыста – барыта символика.

Ол биһиги кини быыһаммытын, тиийэн балыыһаҕа сытан эмтэммитин уонна киһи быһыытынан көммүтүн көрдөрүөхтээх этибит дуо?

Новосибирскайга баар сахалар “иккис чааһын күүтэбит” диэбиттэрэ. Иккис чааһа суох буоллаҕа дии.

Төһөнөн ырытыһыы, утарсыы, мөккүөр тахсар – ол аата режиссер улахан үлэни оҥорбут диэххэ наада. Сорох киинэлэргэ оннук буолбат, көрөн баран тахсан бараллар, сотору умналлар – көрөөччүгэ бэлэми ыстаан, ууран биэрэллэр.

Мин биэкэр кэлэн килиэбин оҥорорун курдук, оруолбун толордум уонна бардым. Барыта режиссер өҥөтө, кини ситиһиитэ буоллаҕа.

Саха киинэтэ көрөөччүнү толкуйдатар

– Арассыыйа киинэтигэр кытта уһулуннаҕыҥ дии. “Ордаҕа” уһуллубут оруолгунан улахан бириэмийэҕэ номинациялана сылдьыбытыҥ. Анараалар таһымнара уонна биһиэннэрин киэнэ чыҥха атын буоллаҕа...

Биһиэннэрин билигин кустарнай киинэ устуу диэбэккин. Эн тэҥҥэ үлэлэһэр буолаҥҥын, быдан кыттыгастаах буолаҕын. Билигин биһиэхэ профессионализм үрдээтэ, соҕуруулартан туох да итэҕэһэ суохпут. Биллэн турар, усулуобуйабыт уустук. Соҕуруулар курдук толору хааччыллыылаах дьиэлэри соһо сылдьыбаппыт, балааккаҕа хонон, тоҥон-хатан сылдьыахпытын сөп.

 “Саха киинэтин феномена” баар буолбута билиннэ. Холобур, бу “Пугало” Арассыыйа үрдүнэн прокакка таҕыста. “Хара хаар” ол иннинэ 20-чэ бөдөҥ куоракка таҕыста. Сэҥээрдилэр.

– Эн санааҕар, толкуйдатар төрүөтү сэҥээрэллэр дуу, экзотикабытын сэҥээрэллэр дуу?

Биһиги киинэлэрбитигэр турбут кыһалҕаны тута көрөллөр. Арассыыйаҕа маннык көстүү элбэх дииллэр. Биһиги тымныыбытыттан саллаллар. “-40, -50 кыраадыс тымныыга хайдах тахсан уһуллаҕын?”диэн ыйыталлар. Холобур, ханнык да Голливуд киинэтигэр дьиҥнээх тымныыга устубаттар – албын тымныы, албын туман. Биһиги киинэбитигэр кими да албыннаабаппытын сөбүлүүллэр. “Тоҥмотоҕуҥ дуо?” – диэн бастаан ыйыталлар этэ. Хайаан тоҥмот буолуохпунуй (күлэр). Массыынаҕа баттатан сытарбын -40 кыраадыс тымныыга үс күн уһулбуппут. Биир 15 мүнүүтэлээх каадыры устаары. Онно наар тиэхиньикэбит тоҥон аккаастаан иһэр этэ.

– Оруолгар хайдах киирэҕин?

Режиссерум сүбэлиир. Хайысхабын этэн биэрэр. Тымныыбыт да көмөлөстө. Ычча, доҕор, онно хаарга сытан тоҥон, ис-искиттэн ньиэрбинэйдээн бараҕын. Сымыйа илиини кытта сытан кыыһыраҕын. Өссө үчүгэйдик оонньуу сатыыгын (күлэр).

– Өссө ханнык оруолу оонньуоҥ этэй? Артыыс оннук ыра санаалаах буолар дуу?

Сорохторго баар дииллэр. Миэхэ наһаа “маны оонньообут киһи-ии” диэн санаа киирэн кэлбэт. Режиссердар этиилэрэ киирдэҕинэ, барытын ыйааһыннаан көрөҕүн. Бэйэҥ кыаххын билинэҕин буоллаҕа.

Араас амплуаҕа оонньуу сатыыбын. Театрбар син оруоллардаахпын. Киинэҕэ уһулларбытын салалтабыт – Алексей Прокопьевич уонна Матрена Степановна наһаа өйүүллэр. Биһиги театрга эрэ хаайыллан олорбот дьоллоох артыыстарбыт. Театр үлэтигэр мэһэйдэри оҥорбоппут, барытын эрдэ сүбэлэһэбит. Киинэлэр ыыппыт графиктарын кытта театр үлэтэ барыта аттарыллар. Улахан испэктээктэргэ бэйэҥ тахсыахтааххын. Сороҕор солбуйуохтарын сөп. Киинэни үксүн уоппуска кэмигэр түбэһиннэрэ сатыыллар.

– Режиссураҕа интэриэс баар дуу?

Олох суох. Сорох артыыстар режиссураҕа, продюсированиеҕа да бараллар.

– Саамай өйдөөн хаалбыт  бырайыагыҥ ханныгый?

“Орда” буоллаҕа дии. 2010 сыллаахха Андрей Прошкиҥҥа уһуллубуппут. Миэхэ саамай улахан, умнуллубат бырайыагым. Барыта сонун, долгутуулаах. Сахалар алтыа этибит. Олох актер иннигэр-кэннигэр сүүрэ сылдьаллар, тимэххин да бэйэҥ тимэхтэммэккин, туран эрэ биэрэҕин. Аҥаардас аһаталлара – меню аҕалан биэрэллэриттэн таларбыт (күлэр).

Киинэ театрдааҕар ыарахан соҕустук оҥоһулларын онно өйдөөбүтүм. Сарсыарда 8-ка кэлэн гримнэнэҕин, таҥыннараллар уонна дьэ ыҥырылларгын кэтэһэн күнү да быһа олоруоххун сөп. Киэһэ 6 чаас саҕана ыҥырыахтарын сөп, эбэтэр “бүгүн уһуллубаккыт” диэн кэбиһэллэр.

Ол оруолбунан “Никаҕа” номинацияламмытым.

Аармыйаҕа ылбатахтара

– Үлэҕиттэн атын интэриэстээххин дуу?

Саха киһитин сиэринэн булка сылдьабын. Сааскы, күһүҥҥү куска. Уус Алдаммар кэлэ-бара сылдьабын. Табаарыстарбын кытта атын улуустарга тахсааччыбын. Сайын, киинэ суох буоллаҕына, дойдубар оттуубун-мастыыбын.

– Аармыйаҕа сулууспалаабытыҥ дуу?

Суо-ох. Ылбатахтара. Ол туспа история этэ. Олох ылбатахтара. Бастаан тиийэрбэр эппэр туох эрэ аллергия тахсыбыт этэ, ону ааспат баас диэн сыыйбыттара. Ааһан хаалбыта.

Онтон колледжка киирбитим, Щепкаҕа киирбитим. Сааһым да ыраатан барбыта. Аны бэбиэскэ туттаҕым аайы тиийэн, аармыйаҕа бара сатыыр этим. Туох эрэ билиэтим итэҕэс эбэтэр тугум эрэ табыллыбат буолан иһэрэ. Москваттан үөрэнэн кэлэн баран, манна 25 сааспар военкомакка тиийбиппэр: “Бачча сыллар тухары куотунан кэлбиккин дии, 2-3 сыл саһан сырыт уонна кыһыл билиэттэ кэлэн ылаар”,диэтилэр. Дьиҥэ, мин куоппатах да, саспатах да буоллаҕым дии...

Театрбын ордоробун

– Култуура колледжыгар киирэргэр кими эрэ батыспытыҥ дуу? Дьонуҥ култуура эйгэтигэр сыһыаннаахтар дуо?

Аҕам хаһан да сыанаҕа ыллаабатах эрээри, дьиэҕэ олорон гитаралыыр, баянныыр, ыллыыр этэ. Мин буоллаҕына куораттааҕы эдьиийим сүбэтинэн төрүт култуура салаатыгар киирбитим. Охонооһой Сэмэнэбискэ уонна Мария Гаврильевна Боппоеноваҕа. 3 сыл үөрэммитим. Тойукка, оһуокайга, сиэргэ-туомҥа, алгыска, о.д.а. барытыгар кинилэртэн уһуйуллубутум. Кинилэр үлэлэрэ ити өттүгэр саҥа тахсан эрэр кэмэ. Үс Хатыҥҥа ыытыллыбыт бастакы улахан ыһыахха алгысчыкка арыалдьыттаабыппыт, сиэр-туом толорбуппут.

Үөрэхпин бүтэрэрим саҕана Мария Гаврильевна: “Щепкиҥҥэ туттарсыаххын баҕарбаккын дуо?” диэбитэ. Манна кэлэн туппуттара. Биир нэдиэлэ бэлэмнэммиппит. Оскуоланы бүтэрбит 17-лээх оҕолор кэлэллэр эбит, мин 20-чэлээхпин, саастаах эбиккин диэтилэр да, ыллылар. Бу санаатахха, наһаа оннук саастаах киһи буолбатах эбиппин ээ.

Кэлээт да, 5 оҕо буолан, оччолорго Сатира уонна юмор театрыгар тутуспутунан үлэҕэ киирбиппит. Онтон ыла ханна да халбаҥнаабакка үлэлии сылдьабын.

– Сатира уонна юмор театрын Үүнэр көлүөнэ театра оҥорбуттарыгар үлэҕит хайысхата төһө уларыйбытай?

Өссө кэҥээн биэрбитэ. Үксэ оҕоҕо туһуланар буолла. Ону таһынан улахан дьоҥҥо эмиэ туруорабыт.

– Испэктээк аайы гонорардааххыт дуу?

Испэктээк аайы гонорар диэн буолбатах, фиксированнай хамнастаахпыт. Артыыстар киинэҕэ харчылара тиийбэтиттэн холтууралыы бараллар диэхтэрин сөп. Биллэн турар, эбинии син биир наада буолааччы (күлэр).

Кэнники сылларга култуура эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара биллэ эбилиннэ. Киһи мыыммат буолла. Урут бастаан кэлэрбитигэр 10000 солкуобайга дьиэ куортамныыр буоллаххына, хамнаспыт 4500 буолар этэ. Билигин оннук буолбатах.

– Аккаастаабыт бырайыактарыҥ бааллар дуо?

Баар буоллаҕа дии. Манна ону киһи кэпсээбэт (күлэр). Аккаастааһын диэн сүрүннээн бириэмэҥ табыллыбатыттан буолар. Ханна эрэ Арассыыйаҕа гастролга бараҕын эбэтэр сүрүн оруоллаах буолан хаалаҕын. Киинэни биир ый сыҕарытар кыах суох буолар. Инньэ гынан аккаастыыргар тиийэҕин. Саха сирин артыыстара олус талааннаахтар, кыахтаахтар дии саныыбын.

– Биһиги, көрөөччүлэр, эмиэ итинник дии саныыбыт. Сороҕор өссө бу бэйэлээх кыахтаах артыыстар тоҕо кыра театрга хааллан сылдьалларый дии санааччыбыт...

Биһиги бу сүрүн үлэбит. Айахпытын ииттинэн олорор үлэбит бу баар. Уонна артыыс киһи сыанаҕа тахсарыттан ордук туох да суох. Бу пандемия кэмигэр сыанабытын ахтан иэдэйэ сыстыбыт дии. Тоҕотун билбэтим эрээри, сыанаҕа оонньуурбун наһаа ахтабын. Хааччахтар кэнниттэн “Вечно живые” тахсыбыта – ахтан баран сыанаҕа тахсан оонньуур наһаа да үчүгэй этэ. Театр киһини абылыыр.

Киинэҕэ энтузиастар үлэлииллэр

– Ханнык киинэҕэ уһуллуоҥ этэй?

Комедияҕа, мелодрамаҕа, бу “Хара хаар” – трагедия, хоррор соҕус. Историческайга уһуллубутум... Фантастика эрэ хаалбыт быһыылаах. Фантастиканы наһаа сэҥээрбэппин ээ...

– Киинэ кэнниттэн дуораана төһө өр баар буолааччыный?

Ээ, бу сотору киинэ прокаттан таҕыста да, бүтэр. Умнуллан барабын (күлэр). Атын киинэлэр тахсыахтара, кэтэһэ сылдьаллар. Элбэх киинэ уһуллан бүтэн сытар, мин билэрбинэн. Пандемия мэһэйдээтэ.

Онто да суох нэһилиэнньэбит кыра. Көрөөччү дьаҥтан куттанан кэлбэт, 65-тэн үөһэ саастаах дьону киллэрбэттэр, оҕолорун да куттанан киинэҕэ ыыппаттар. Онон “Хара хаар” сэрэхтээх соҕус кэмҥэ прокакка таҕыста.

Биһиэннэрэ киинэ киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар харчыны, кассаны эккирэппэттэр, дьон санаатын истээри таһаараллар.

Саха киинэтэ кыра бүддьүөккэ уһуллар – ситиһиитэ үрдүк буолар. Энтузиастар үлэлиир буоланнар.  Биһиги киинэбит Арассыыйа таһымыгар барыларын кытта тэҥҥэ турар буолла. Оттон региональнай киинэ таһымыгар биһиги бастыҥмыт. Новосибирскайга тиийэ сылдьан араадьыйаҕа эфиргэ олордохпутуна дьоннор ыйыттылар: “Бу Саха сиригэр киинэ устуута табыллар, биһиэхэ тоҕо кыаллыбатый?”  диэн ыйытыыга мух-мах баран кыайан хоруйдаабатахтара... Дьиҥэ, кинилэргэ артыыстар, режиссердар, оператордар, үөрэх кыһалара – барыта баар буоллаҕа дии. Кинилэр хантан эрэ өйөбүл күүтэллэр эбит. Биһиэннэрэ хантан да өйөбүл эрэйбэттэр, барытын бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн булаллар. Режиссердар бүтүннүү кирэдьииккэ киирэн баран устубут киинэлэрэ элбэх дии... Аны режиссер биһиэхэ, артыыстарга, хамнастыан, барыбытын аһатыан, үлэһиттэригэр барыларыгар төлүөн наада...

– Хамнаскытын хара маҥнайгыттан кэпсэтэн кэбиһэргит буолуо. Оттон арай уһуллубут киинэм аатыран, кыайыы-хотуу бөҕө буоллаҕына, эбии гонорар ылабын дуу?

Суох. Оннук диэн суох. Уһуллуоҥ иннинэ продюсердыын кэпсэтэҕин, илии тутуһан, дуогабардаһан кэбиһэҕин (күлэр). Ол хамнаскын съемка кэннэ ылаҕын уонна бүттэ.

– Оччоҕо бырабааллаатахпына даҕаны хамнастанар эбиппин дуо?

Эс, бырабааллаабат курдук оонньуу сатыыр буоллаҕыҥ дии! Ол иһин оруолга сөбүлэһиэҥ иннинэ сценарийын ааҕаҕын, ким режиссердуурун, ким оператордыырын, ким худуоһунньуктуурун, ким гримниирин – барытын үөрэтэҕин. Ол эрэн кэнники киинэҕэ киһи билбэт дьоно, эдэрдэр элбээбиттэр эбит диэтим – ол наһаа үчүгэй буоллаҕа дии, сайдыы барар. Степа хамаандата билэр специалистарым этэ – операторбыт Сема Аманатов, худуоһунньук-грим Сэргэй Силэпсиэп, Толя Кириллин, о.д.а. – киинэ эйгэтигэр биллэр дьон.

Сценарийы сөбүлээтэххинэ, режиссеруҥ эйигин итэҕэттэҕинэ эрэ сөбүлэһэҕин.

Артыыс хаһан да үлэтиттэн салҕыбат

– Артыыс үйэтэ төһө өр барар дии саныыгыный?

Доруобуйа туругуттан буолуо. Тоҥхоччу кырдьыахха да диэри оонньуохха сөп. Ресурсаҥ бүтэн хаалара диэн суох буолуохтаах. Артыыс үйэтин тухары үөрэнэр. Үлэлиирин тухары туруга, олоххо сыһыана уларыйан иһэр. Холобур, мин Кыһыл Ойууну эдэр сылдьан оонньоотоҕум дии, уонтан тахса сыл  буолбут эбит. Билигин оонньуурум уонна оччотооҕу мин –  отой атын-атыттарбыт. Маннык оруол саас эбиллэн истэҕин аайы эйиэхэ чугас буолан иһэр эбит.

Мин билигин сиппэтим диир кыаҕым эмиэ суох, сиппит артыыспын диир кыаҕым эмиэ суох. Үөрэммит идэм буоллаҕа дии. Олоппоһу хайдах уурартан саҕалаан, сыанаҕа сылдьарга анаан-минээн уһуйулуннахпыт дии...

– Син биир айылҕаттан туохтаах эрэ, талааннаах эрэ киһи артыыс буолара буолуо дии? Талаана суох, аҥаардас баҕанан эрэ буолуохха сөп дуо?

Баҕалаах киһи эмиэ буолуон сөп. Үөрэтииттэн эмиэ тутулуктаах дии саныыбын. Мин, холобур, хаһан да сыанаҕа оонньооботох киһи кэлэн үөрэммитим. Бастаан төрүт култуураҕа, сиэри-туому толорууга, алгыска үөрэммитим. Сыанаҕа тахсарбыттан олус кыбыстар этим. Бэйэм тугу да туруорбакка мөҕүллэр этим. Оҕолорум наар миигин туруорууларга ылаллар этэ, 12 туруоруу баар буоллаҕына, 8-гар мин кыттар этим. Онтон Щепкиҥҥэ бар диэбиттэригэр олох да улаханнык соһуйбутум. Талаан баар буоллаҕа дуу дии санаабытым...

Билигин да сыанаҕа эмискэ соһуйан дуу, кыбыстан дуу хаалар түгэннэрдээхпин. Олох ааспат эбит. Ханнык да оруолбун “Оо, дьэ, бу баҕас наһаа да үчүгэйдик оонньоотум” дии санаабаппын (күлэр).

Билигин “Незабвенная тропа” диэн киинэҕэ оруоллаахпын. Мантан ыла премьералар баар буолуохтара.

Көрөөччүнү киэҥник хабаары...

– Нууччалыы туруоруугут эмиэ элбэх дии... Тылтан тылга көһүү төһө уустугуй эйиэхэ?

Билиҥҥитэ тохтоон турар “А зори здесь тихие” испэктээккэ Васьков буолабын. Һуу, онно дьэ баар “пуш-паш” диэн саҥаны таһаарыыга муҥнаныы. “Ч” уонна “Ш” кэллэ да бутуллуохпун сөп – миэхэ олох эрэйдээх дорҕооннор. Нууччалыы оонньуурун оонньуубун, ис турук үчүгэй буолар, дорҕоону таһаарыым ыараханнык бэриллэр. 

90-тарга устудьуоннаатахпыт дии. Онно төрөөбүт тылгын билэр буолаҥҥын эрэх-турах сананаҕын, түмсүүлээх этибит. “Языковой барьер” наһаа баар этэ да буоллар, ханнык баҕарар омугу кытта тэҥ-тэҥҥэ сылдьар этибит. Барытын быһаарсаҕын, ол эрээри, бастаан сахалыы толкуйдаан баран тылбаастыыр буоламмын, бытаан соҕус этим. Билигин премьераҕа сылдьан тугу эрэ ыйыттахтарына, наадалаах тылларым көтөн хаалаллар, туох диэххэ сөбүй диэн толкуйдуу турабын. Дьиҥэ, оннук буолуо суохтаах эбит, хайдах саҥа тахсарынан, сахалыы толкуйдаабыккын, нууччалыы этэн-тыынан иһиэххэ наада эбит.

Билиҥҥи оҕолор сахалыы саҥарбаттар дии. Ыраата барбакка кэпсээтэххэ, мин бииргэ төрөөбүт убайым кыыһа 3-с кылаас, тыа сирин оҕото. Уонна нууччалыы саҥата элбэх. Бэйэтэ-бэйэтин кытта оонньуу сылдьарын иһиттэххэ, барыта нууччалыы саҥа. Аны үөрэҕэр үчүгэй, барытын наһаа үчүгэйдик оҥорор, саха тылын сорудаҕа кэллэ да, иҥнэн олорор буолар. “Тоҕо итинниккиний, доҕор, эн сахаҕын дии, биэс тарбаҕыҥ курдук билиэхтээх этиҥ”, – диибин. Урут илин эҥээр улуустар оҕолоро нууччалыы саҥарарбытын ыарырҕатар буоларбыт. Билиҥҥи оҕолор оннук буолбатахтар эбит. Сайылыы таҕыстахха, дэриэбинэ оҕолоро нууччалыы эрэ кэпсэтэр буолбуттар...

– Итини этэн туран, тоҕо ТЮЗ-тар үксүн нууччалыы испэктээктэри туруоралларый диибит куорат төрөппүттэрэ...

Биһиэхэ саха оҕото эрэ буолбакка, нуучча оҕото эмиэ кэлиэхтээх диибит.

– Онуоха биһиги “Нуучча театра баар дии” диибит...

Оннугунан оннук эрээри, биһиги хабар дьоммутун элбэтэ сатыыбыт. Уһуйааннарга тиийэн испэктээк көрдөрөрбүтүгэр, нууччалыы көрдөрүҥ диэн көрдөһөллөрө элбэх. Тыа да сиригэр тиийдэххэ, итинник диэн көрдөһөр буоллулар ээ. Этэргэ дылы, көрөөччү көрдөһүүтүн толоробут. Биир-икки нуучча оҕото баар буоллаҕына, испэктээк барыта нууччалыы барар. Саха оҕолоро ону өйдүүллэр дииллэр. Билигин дьиэбит хаарбах туруктаах. Ол иһин кэрийэ сылдьан көрдөрөбүт.

– Репертуары артыыстары кытта ырыталлар дуу?

Салалта быһаарар. Ырытыһаллар, мунньахтыыллар, ким ханнык оруолга барсарын быһаараллар. Биһиги – толорооччуларбыт.

***

“Хара хаар” – Бүтүн Арассыыйа таһымыгар туруорбут кыһалҕаларынан, ураты философиятынан дойду биир улахан бэстибээлигэр бастыҥ киинэ аатын ылла. Киинэ көрөөччүнү өһүргэтэр, толкуйдатар, куйахатын күүрдэр буоллаҕына, чахчы ураты санааны саҕарын, атын иэйиини уһугуннарарын илэ көрөн итэҕэйиҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....