Евгений Григорьев уонна Алексей Колодезников гааска холбоммут ыалга сырыттылар
Ахсынньы 18 күнүгэр куорат баһылыга Евгений Григорьев уонна «Сахатранснефтегаз» АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников Мерзлотнай уулуссаҕа олорор Дьячковскайдар дьиэ кэргэннэригэр сырыттылар. Эдэр ыал быйыл алтынньы 29 күнүгэр социальнай гаастааһын бырагырааматынан гараастаах икки этээстээх дьиэлэрин гаас ситимигэр холботторбуттара. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Уйгун Дьячковскай кэпсээбитинэн, дьиэлэрин Уһук Илиҥҥи ипотеканан туттубуттар. Кинилэр дьиэ кэргэннэрэ бары ирдэбиллэргэ эппиэттиир буолан, сэтинньи ыйга социальнай гаастааһын дуогабарын түһэрсибиттэр. Бу ыйга гаас баҕанатын иһин төлөөбүт суумаларын төннөрбүттэр.
«Гаастааһын социальнай бырагыраамата олоххо киириитин бэйэбитинэн биллибит. Инники төлөөбүт 48 тыһ. солк. төнүннэ, эдэр ыалга ити улахан өйөбүл буолар. Гаастааһын иһинээҕи үлэтин чааһынай тэрилтэ оҥордо. Урут «хрущевкаҕа» олус кыараҕастык олорбуппут. Кылгас кэм иһигэр улахан дьиэ хаһаайыттара буоллубут, өссө гааска холбоннубут», – диэн Уйгун Дьячковскай үөрүүтүн үллэстибит.
Социальнай гаастааһын регионнааҕы оператора «Сахатранснефтегаз» АУо информациятынан, бырагыраама 10 оройуоҥҥа уонна киин куоракка, куорат кытыытын киллэрэн туран, 82 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа анаммыт. Гаас хампаанньатын исписэлиистэрэ кылгас болдьоххо бэлэмнээннэр, СӨ бырабыыталыстыбата «Региональная программа догазификации населенных пунктов Республики Саха (Якутия) до 2030 года» бигэргэппитэ. Ити докумуоҥҥа олоҕуран, холбооһун сүрүннээн 2022 сылга ыытыллыаҕа.
Бырагыраама олоххо киириэҕиттэн ыла 2500 сайаапка киирбит, 400-чэ дуогабар түһэрсиллибит. 2021 сыл бүтүөр диэри гааска 300 дьиэ холбонуохтаах. Усулуобуйанан, гаастааһыҥҥа 2021 сыл муус устар 21 күнүн кэнниттэн сайаапкаларын биэрбит дьоҥҥо урут төлөөбүт харчылара төннөр.
Санатан эттэххэ, социальнай гаастааһын гаас ситимин тарҕатар инфраструктура баар нэһилиэнньэлээх пууннарыгар эрэ сатанар. Сүрүн усулуобуйа – учаастак уонна дьиэ бэйэ бас билиитигэр сылдьар буолуохтаах.