16.03.2022 | 13:00

Евгений Григорьев инфраструктурнай эбийиэктэр өрөмүөннэрин уонна тутууларын бэрэбиэркэлээтэ

Евгений Григорьев инфраструктурнай эбийиэктэр өрөмүөннэрин уонна тутууларын бэрэбиэркэлээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев кулун тутар 15 күнүгэр Дьокуускай инфраструктуратын бөдөҥ эбийиэктэригэр ыытыллар үлэни – Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн, 3 №-дээх канализация коллекторын тутуутун уонна Каландаришвили уулуссатыгар гаас ситимин былааннаммыт өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүгэр «Куттала суох, хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн Курашов уулуссатыттан Орджоникидзе болуоссатыгар диэри геодезическай төрүтү (разбивочная основа) таһыы үлэтэ барар. Ол туһунан  «Главстрой» МХТ дириэктэрэ  Алексей Варламов иһитиннэрдэ. 
«Ленин проспегын Орджоникидзе болуоссатыттан Курашов уулуссатыгар диэри учаастакка хапытаалынай өрөмүөнүгэр икки тэрээһин киирэр. Ол курдук – 1 №-дээх канализация коллекторын өрөмүөнэ уонна уулусса хапытаалынай өрөмүөнэ. Ыам ыйыгар диэри бэдэрээтчит «Дорстрой» сир үлэтин барытын бүтэриэхтээх уонна тупсаран оҥорууну, итиэннэ аспааллааһыны саҕалыахтаах», - диэтэ Алексей Варламов.
Салгыы Евгений Григорьев Чернышевскай уулуссатыгар ыытылла турар 3 №-дээх канализация коллекторын тутуутун көрдө-иһиттэ. «Водоканал» АУо биригээдэтэ Залог оройуонун Красильников уулуссатыгар үлэлиир. «Водоканал» АУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов эппитинэн, үлэ график быһыытынан баран иһэр. 
Ити кэнниттэн куорат баһылыга Каландаришвили уулуссатыгар гаас ситимин былааннаммыт өрөмүөнүн бэрэбиэркэлээтэ. «Сахатранснефтегаз» АУо исписэлиистэрэ ыытылла турар үлэни кытта билиһиннэрдилэр. Билиҥҥи туругунан учаастакка 5 анал тиэхиньикэ уонна 9 киһилээх биригээдэ үлэлииллэр.
Былаан быһыытынан үлэ Белинскэй  уулуссатыттан Ойуунускай уулуссатыгар диэри кулун тутар 20 күнүгэр диэри, Ойуунускай уонна Каландаришвили уулуссаларын быһа охсуһууларыгар – кулун тутар 26 күнүгэр диэри, Каландаришвили уонна Белинскэй  уулуссаларын быһа охсуһууларыгар – кулун тутар 28 күнүгэр диэри, оттон Ойуунускай уулуссатыттан Лермонтов уулуссатыгар диэри учаастакка кулун тутар 25 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх. 
Каландаришвили уулуссатыгар гаас ситимэ 1973 сыллаахха тутуллубут, нуорма быһыытынан үлэлиир болдьоҕо ааспыт. Ол иһин суол ситимин өрөмүөнэ саҕаланыан иннинэ турбалары уларытар быһаарыы ылыныллыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...