18.03.2022 | 18:00

Евгений Григорьев: «Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ салалталара социальнай-экономическай сайдыы тэтимин оннунан хаалларар соругу туруордулар»

Евгений Григорьев: «Дойду уонна өрөспүүбүлүкэ салалталара социальнай-экономическай сайдыы тэтимин оннунан хаалларар соругу туруордулар»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куорат баһылыга Евгений Григорьев, социальнай-экономическай бигэ туругу уонна өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин көмүскэлин хааччыйыыга анаммыт мунньах түмүгүнэн, Саха сирин Баһылыга Айсен Николаев ылыммыт быһаарыыларын толору өйүүрүн биллэрдэ. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Мунньахха регион баһылыга бары национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин хааччыйар уонна санкция усулуобуйаларыгар экономическай сайдыы тэтимин оннунан хаалларар соругу туруорда. 
«Айсен Сергеевич ыйбыт бары миэрэлэрэ санкция ыар баттыгын кэмигэр бастакы уочарат нэһилиэнньэни, предпринимателлэри, дьоҕус уонна орто бизнеһи өйүүргэ туһуламмыттар. Итини сэргэ ити миэрэлэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ылыныллыбыт сайдыы тэтимин ыһыктыбат соруктаахтар. 
Уопсайынан ыллахха, бүгүн федеральнай бырабыыталыстыба, бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин бэйэтин Ыйааҕынан дойдубут сайдыытын өйүүр уонна күүһүрдэр миэрэлэри ылыннылар. Биһиги иннибитигэр үлэбит таһаарыытын үрдэтэр, Саха сирин уонна Дьокуускай куорат олохтоохторун тустарыгар түргэнник наадалаах быһаарыылары ылынар сорук турар», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...