Евгений Григорьев бырайыактар олоххо киириилэрин сырдатта
Көрсүһүүлэр уонна дьүүллэһиилэр сүрүн тиэмэлэринэн куорат пааркатын аквапааркалаах гынан уларытан оҥоруу, уулусса сырдатыытын саҥардыы уонна олорор дьиэ тутуута буолла.
«ВЭБ.РФ судаарыстыбаннай корпорацияны уонна РФ «Минвостокразвития» кытта куорат пааркатын уларытан оҥоруу туһунан дьүүллэһэбит. Итини таһынан, итиннэ аквапаарка тутуутун былаанныыбыт. ВЭБ.РФ кытта дуогабардаһан өйөбүл ылар буоллубут, ол курдук судаарыстыбаннай корпорация маркетинговай чинчийиини уонна туспа маастар-былаан оҥоһуутун үбүлүөхтээх», - диэтэ Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, бастатан туран паарка кээмэйин быһаарар тоҕоостоох.
«Итиэннэ ДОМ.РФ корпорацияны кытта көрүстүбүт. Дьокуускайга территориялар биир кэлим сайдыыларын уонна олорор дьиэ тутуутун үбүлээһинин бырайыактарын олоххо киллэрии көхтөөхтүк барар. Итиннэ барытыгар сүрүн инвестиционнай партнер – ДОМ.РФ», - диэн эбэн эттэ Евгений Григорьев.
Итини таһынан, куорат баһылыга Дьокуускай территориятыгар хаарбах дьиэттэн көһөрүүнү күүтэр кыһалҕалаах гражданнарга быстах кэмҥэ олорор дьиэ пуондата тутуллара ирдэнэрин туһунан кэпсээтэ.
«Бүгүн ити боппуруоһу ДОМ.РФ салайааччыларын кытта дьүүллэстибит. Итини сэргэ, уулусса сырдатыытын саҥардыыны таарыйдыбыт, ити эмиэ ДОМ.РФ мандаатыгар киирэр. Кэллиэгэлэрбитин кытта көрүстүбүт – Чита уонна Биробиджан салайааччыларын кытта, кинилэргэ уһук илиҥҥи концессиянан бырайыактары олоххо киллэрии уопута баар. Биһиги куорат маастар-былаанын бырайыактарын олоххо киллэриигэ үбүлээһини киллэрэргэ бары кыахпытын туһана сатыыбыт», - диэн түмүктээтэ Евгений Григорьев.