05.09.2023 | 19:00

Евгений Григорьев АГАТУ кэлэктиибин кытта көрүстэ

Куорат баһылыга Евгений Григорьев Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическай университет кэлэктиибин кытта көрсөн киин куорат сайдыытын маастар-былаанын кытта билиһиннэрдэ.
Евгений Григорьев АГАТУ кэлэктиибин кытта көрүстэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Баһылык ирбэт тоҥ үрдүгэр Дьокуускайы бастыҥ куоратынан оҥоруохтаах стратегическай докумуон сүрүн хайысхаларын туһунан кэпсээтэ. Докумуоҥҥа олоҕуран 2032 сылга диэри араас эйгэҕэ, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатыгар, IT, үөрэҕириигэ, наукаҕа, промышленнаска, туризмҥа, тырааныспар-логистика ситимигэр уонна онтон да атын хайысхаларга балысхан сайдыы барыахтааҕа былааннанар.

Былаан сүҥкэн суолталаах бырайыактары олоххо киллэрэргэ туһуланар – Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста, Үүнэр көлүөнэ паарката, саҥа креативнай киин, үөрэх кыһаларын кампустара уо.д.а. Улахан болҕомто туризм сайдыытыгар, тупсаран оҥорууга, территориялар биир кэлим сайдыыларыгар ууруллар.

«Маастар-былаан соруга чопчу уонна арылхай. Докумуону нэһилиэнньэни кытта көхтөөхтүк дьүүллэһэбит, олохтоохторго, үүнэр көлүөнэҕэ табыгастаах буолуута – үлэбит сүрүн соруга», - диэн бэлиэтиир куорат баһылыга.

АГАТУ агротехнологическай факультетын «Уопсай изотехния» кафедратын доцена Акулина Попова кэпсээбитинэн, кини киин куоракка 1981 сылтан олорор уонна Дьокуускай сайдыытын туһугар сүрэҕинэн-быарынан кыһаллар.

«Евгений Николаевич инники былаан туһунан сиһилии кэпсээтэ. Итинник улахан уларыйыылар буолуохтаахтарын истэн үөрдүбүт. Устудьуоннар кампустарын сайдыыта былааннанара устудьуоннарга уонна преподавателлэргэ улахан бэлэҕинэн буолар. Урут биһиги кытыы сиринэн ааҕыллар эбит буоллахпытына, билигин Олонхоленд тутуллуутунан сибээстээн креативнай киин буолууһубут», - диэн кини санаатын үллэһиннэ.

 

«Ордук суол тутуутун уонна өрөмүөнүн туһунан былааннары сөбүлүү иһиттим. Куоракка чахчы сөҕүмэр элбэх суол, ол иһигэр бэлисипиэттээх уонна сатыы дьоҥҥо анаан тутуллар. Холобур, университеппыт таһыгар сатыы дьон сылдьар зоната оҥоһуллар. Суолу кэҥэтэннэр харгыһа суох айанныыр, үөрэхпитигэр түргэнник тиийэр кыахтанныбыт. Маастар-былааҥҥа олоҕуран куорат бүтүннүү итинник буолуоҕа», - диир АГАТУ устудьуона Ильдар Слепцов.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...