Евгений Григорьев 2023 сылы түмүктүүр пресс-конференцията
Ахсынньы 20 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев 2023 сылы түмүктүүр пресс-конференцията буолан ааста. Бу сырыыга Гагарин аатынан Култуура уонна сынньалаҥ киинин килэйбит-халайбыт мааны саалатыгар дуу, «IT-куб» тупсаҕай тутуулаах дьиэтигэр дуу мустубатыбыт. Көрсүһүү «ЯПАК» МУТ өрөмүөннэнэр мастарыскыайыгар буолла. Онон суруналыыстар уопсастыбаннай тырааныспар быыс кэннинээҕи үлэтин илэ харахпытынан көрдүбүт.
Үгэс быһыытынан киин куорат баһылыгар ыйытыы үгүс, кэпсэтии уһун-киэҥ буолла. Кэллиэгэлэрбит Евгений Николаевич тус олоҕун да тумнубатылар. Пресс-конференция ханнык тыын суолталаах боппуруостары таарыйда? Салгыы ол туһунан сиһилии ааҕыҥ.
Икки саҥа автовокзал
Бу иннинэ хаһыаппытыгар эһиилгиттэн уопсастыбаннай тырааныспар ситимэ уларыйарын, сырыы саҥа схемата олоххо киирэрин сиһилии суруйан турабыт. Манна даҕатан эттэххэ, Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, инникитин билиҥҥи автовокзал оннугар киин куорат хотугу (аэропорт диэки) уонна соҕуруу өттүгэр (Медицина киинин, Гимеин оройуонугар) икки саҥа автовокзал баар буолара былааннанар.
Бу бырайыак эрэ дуу эбэтэр номнуо бигэргэтиллибитэ дуу?
– Бырайыак бастакы хардыыларын оҥорон саҕалаатыбыт диэххэ сөп. Куорат хотугу өттүгэр, “Белое озеро” ырыынак утары, Можайскай уулуссатыгар сир буллубут. Итиннэ тырааныспар-логистика киинэ аһыллыаҕа, бу куорат кытыытыттан кэлэр уонна куорат маршруттара силбэһэр сирдэрэ буолуоҕа. Оччоҕуна Маҕантан, Кангалаастан, Намтан кэлэр оптуобустар куорат киинигэр киириэхтэрэ, тырааныспар харыыта (“пробка”) тахсыа суоҕа этэ. Билиҥҥи туругунан куорат соҕуруу өттүгэр сөптөөх сири көрдүүбүт. Дьиҥэр, маастар-былааны оҥоруу чэрчитинэн ити концепция киирбитэ, – диэтэ куорат баһылыга.
Евгений Николаевич этэринэн, күннэтэ куорат кытыытыгар сылдьар улахан оптуобустар хастыы эмэ килэмиэтири кураанахха сүүрэллэр, эбиитин куорат тырааныспарын ситимигэр улахан ноҕуруусканы таһаараллар.
– Билиҥҥи автовокзал сорҕотун көтүрэн эбэтэр реконструкциялаан баран ханнык эмит саҥа социальнай эбийиэги тутуохха сөп. Оскуола, уһуйаан, култуура уонна спорт тэрилтэтэ тиийбэтэ – куоракка сытыы кыһалҕа. Оттон хайа эрэ өттүгэр үчүгэй көстүүлээх, Михаил Ефимович Николаев аатын үйэтитэр болуоссат тутуллара буоллар, – диэн этиилээх куорат баһылыга.
Үлэ сөптөөх усулуобуйата тэриллиэхтээх
– Улахан оптуобус аҕыйах сырыынан элбэх киһини тиэйэргэ үчүгэй. Ол эрээри Саха сирин тымныы кыһыныгар оптуобустар сылдьар арыттарын (бириэмэлэрин) боппуруоһа сытыытык турар. Үлэ саҕаланар уонна бүтэр кэмигэр дьон соҕуруу уонна хотугу автовокзалга айанныахтарын наада, оччотугар куорат иһинээҕи уопсастыбаннай тырааныспар ноҕурууската үрдүүрэ чуолкай. Бу боппуруос хайдах быһаарыллыай?
– Киин куоракка улахан уонна орто кылаастаах оптуобустар сылдьыахтара. Биэс магистральнай маршрут баар буолара былааннанар, онно улахан кылаастаах оптуобустар сүүрүөхтэрэ. Атын маршруттар орто кылаастаах оптуобустарынан хааччыллыахтара. Дьиҥэр, куорат үрдүнэн уопсастыбаннай тырааныспар тиһигин быспакка үлэлииригэр 300 кэриҥэ оптуобус сылдьыан наада. Хомойуох иһин, куорат уопсастыбаннай тырааныспарыгар үлэлиир кыахтаах, “D” категориялаах суоппар тиийбэтэ – сытыы кыһалҕа. Ол иһин графигы толоруу боппуруоһа уустук. Бу биһиэхэ эрэ буолбатах, атын куораттарга эмиэ баар кыһалҕа. Онон атын сирдэртэн суоппардары сүүмэрдиир кыаллыбат, үлэһит дьону бэйэбит үүннэрэн таһаарыахтаахпыт. Үлэ министиэристибэтин уонна Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин кытта үлэ ыытыллар. Билигин судаарыстыба суотугар 30 киһи үөрэх бырагырааматын ааһар, онтон 10-на (эбэтэр онтон элбэх) “ЯПАК” тэрилтэҕэ ылыллара былааннанар.
Үлэ сөптөөх усулуобуйата тэриллиэхтээх. Сэбиэскэй кэмҥэ дьиэнэн-уотунан хааччыйыы диэн баара, ону сөргүтүөххэ наада. Ол курдук, “ЯПАК” МУТ атын сиртэн, улуустартан үлэлии кэлэр дьону уопсай дьиэнэн хааччыйыахтаах. Олохтоох дьаһалта суоппар идэтин суолтатын үрдэтэр үлэни салгыыр. Быйыл урукку үтүө үгэһи сөргүтэн, бастыҥ уопсастыбаннай тырааныспар суоппарын уонна бастыҥ маршруту быһаарар күрэҕи ыыттыбыт. Инникитин санаторийга, курорка эмтэнии, үлэһиттэр оҕолоругар уһуйааҥҥа миэстэ биэрии, анал форманан хааччыйыы, онтон да атын көмөнү оҥорорго үлэлиэхпит.
Төһө да сайдыылаах олоххо олорбуппут иһин, билиҥҥи туругунан оптуобус суоппарын ханнык да искусственнай өйүнэн солбуйар кыахпыт суох. Бу – киһи эрэ толорор ыарахан үлэтэ. Онон өйөбүл хайаан да наада.
Былырыын “ЯПАК” МУТ суоппардарын хамнаһын үрдэппиппит. Илиилэригэр 100 тыһ.солк. курдугу ылаллар. Онно эбии толору соцпакет көрүллэр. Манна бэлиэтээн эттэххэ, “ЯПАК” МУТ суоппардара оптуобустарын бэйэлэрэ өрөмүөннээбэттэр, сууйбаттар, итинэн атын үлэһиттэр дьарыктаналлар. Онон хамнастара кып-кыра диир кыахпыт суох. Ол эрээри өссө үчүгэй хамнас төлөнүөхтээх диэн этиини өйүүбүн. Тоҕо диэтэххэ бу дьон илиилэригэр пассажирдары тиэйии курдук биир сүрүн сорук турар, – диэтэ куорат баһылыга.
Ханнык баҕарар маршрут дохуота хас км барарыттан, төһө киһини тиэйэриттэн тутулуктаах. Евгений Николаевич этэринэн, куоракка сылга 100 мөл. 200 тыһыынча киһини тиэйэр маршруттар бааллар, оттон сорохтор – 4,5 мөл. киһини эрэ тиэйэллэр. Километражтара улаханнык уратыласпат. Итиннэ 8-с маршрут барыһа суох үлэлии олорбутун кэпсээтэ. Оннук маршрут элбэх, холобур, 1-кы, 2-с, 15-с нүөмэрдээх оптуобустар. Ол да буоллар үп-харчы өттүнэн барыстаахтык үлэлиир маршруттар баалларын бэлиэтиир тоҕоостоох, холобур, 14-с нүөмэрдээх оптуобус. “Хас биирдии маршрукка экономика, бизнес өттүнэн барыстаах, олохтоох модель оҥоһуллуохтаах. Оччоҕуна эрэ маршруттар оптуобустарын саҥардар, үлэһиттэригэр сөптөөх хамнаһы төлүүр кыахтаныахтара”, – диэн санаалаах баһылык.
Бырайыас сыаната үрдүө дуо?
Бу ыйытыы куорат олохтоохторун хас Саҥа дьыл аайы долгутар. Баһылык эппитинэн, бырайыас сыаната хаһан уонна төһө үрдүүрэ чопчу биллибэт, кэпсэтии, дьүүллэһии ыытыллар. Чааһынай тиэйээччилэр 50 солкуобайга тиэрдиэхтэрин баҕараллар. Ол эрээри, Евгений Николаевич эрэннэрбитинэн, бачча кыс хаар ортото үрдүө суоҕа.
– Сыана туохха барытыгар ыарыы турар – оттукка, сапчааска. Чааһынай тиэйээччилэр ороскуоттара арыый кыра – бу курдук улахан ангаардара суох, кинилэр үксүн судургутуллубут нолуокка олороллор. Ол да буоллар уматык, сапчааһы атыылаһыы, тиэхиньикэни көрүү-истии боппуруоһа ханна да сүппэт. Онон бырайыас сыанатын үрдэтэргэ күһэллэбит.
Уу харчынан төлөбүр сыаната 50 солк. диэри үрдээтэҕинэ, онно эбии тырааныспар каартатынан төлөбүрү кыратык үрдэттэххэ эбэтэр оннунан хааллардахха, дьон тырааныспар каартатыгар көһүөҕэ. Ол олус үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ бизнес “дьэҥкир” буоларыгар көмөлөһүөҕэ, – диэн санаатын үллэһиннэ.
Дворник хамнаһа төһө буолуохтааҕый?
Олохтоох дьаһалта муниципальнай дворниктары өйүүр үлэни күүһүрдэр.
– Быйыл тротуардары ыраастааһын систиэмэтин уларыттыбыт, дьоҕус уонна орто урбаан субъектарыгар көстүбүт. Урут тротуардары “Якутдорстрой” ыраастыыр этэ, бүгүн бу тэрилтэ киин уулуссалары, холобур, Ленин проспегын, Киров уулуссатын дьаһайар. Онтон атын уулуссалары управаларга дьоҕус уонна орто урбаан субъектарыгар биэрдибит. Олох көрдөрбүтүнэн, үлэ түргэтээтэ уонна хаачыстыбалаах буолла. Итиннэ эбии муниципальнай дворниктар үлэлииллэр.
Муниципальнай дворниктарга быйылгыттан саҥа өйөбүл миэрэтэ киирдэ – куорат оптуобустарыгар босхо айан. Билиҥҥитэ хааччахтаах, ол эрээри инникитин кэҥэтиэхпит, – диэтэ.
“Дворник хамнаһа төһө буолуохтааҕый?” диэн соһуччу ыйытыыга Евгений Григорьев: “Итиннэ быһаччы, тута хоруйдуур кыах суох, бүддьүөт оннук тыырыллыбат, экономика өттүнэн олохтоохтук ааҕыллыахтаах-суоттаныахтаах”, – диэтэ.
– Мин санаабар, дворниктар хамнастара, ноҕуруускаларын учуоттаан туран, 40 тыһ.солк. кэриҥэ буолуохтаах. Онно тиийиэн наада. Дворниктары салгыы өйүөхпүт, кинилэртэн тротуардарбыт төһө ыраас буолаллара быһаччы тутулуктаах.
Эвтаназия туһунан
Дойду үрдүнэн дьэллик ыттар кыһалҕалара уҕараабат. “Ыт сокуонун” тула араас таһымҥа уопсастыбаннай дьүүллэһиилэр ыытыллаллар, билиҥҥитэ биир санааҕа кэлэрбит ыраах. Ол эрээри икки лааҕырга арахсыы баар: эвтаназияны утарааччылар уонна өйөөччүлэр. Холобур, соторутааҕыта Алтаай Өрөспүүбүлүкэтэ элбэх дьүүллэһии кэннэ бэйдиэ сылдьар ыттарга эвтаназияны киллэрэр сокуону ылынна. Суруналыыстар бу боппуруоһу эмиэ тумнубатылар.
– Мин бэйэм икки ыттаахпын. Таһырдьа тураллар, ол эрээри баайбаппын. Ыалдьыттар кэлэллэригэр баайабын, вольерга киллэртиибин. Ыт кыһыҥҥы тымныыга сүһүөҕэ ыалдьыбатын курдук сүүрүөхтээх, хамсаныахтаах. Билигин приюкка турар ыттар бааллан эбэтэр вольер иһигэр хааллан тураллар. Итинник үйэлэрин моҥууллар. Бу “гуманность” диэн тылы кытта хайдах даҕаны дьүөрэлэспэт, – диэтэ куорат баһылыга.
Кини этэринэн, билигин үлэ сокуон чэрчитинэн ыытыллар. Дьокуускай куорат приютугар ОСВВ (Отлов-Стерилизация-Вакцинация-Возврат – Аапт.быһ.) процедурата оҥоһуллар. Баһылык дьэллик ыттары көрөр-харайар приют үлэһиттэригэр, чуолаан Безрученко Екатерина Сергеевнаҕа улахан махталын тиэртэ. Кини: “Куорат уулуссаларыгар бэйдиэ сылдьар ыт суох буолуохтаах. Хаһаайыннаах кыыллар көҥүл күүлэйдиэ суохтаахтар, тоҕо диэтэххэ иччилээх ыттар ордук кырыктаахтар, дьонтон куттамматтар, тоттор, күүстээхтэр”, – диэтэ. Итиэннэ киин куоракка 2021 сыллаахха 860 кэриҥэ (онтон аҥаара хаһаайыннаах) ыкка ытыртарыы түбэлтэтэ тахсыбытын холобурдаата.
Туһаны эрэ аҕалыаҕа
Пресс-конференцияҕа Евгений Николаевич үлэтин “Политику в сторону” диэн лозуннаах саҕалаабытын санаттылар.
– Хаһаайыстыбаннай үлэбин умна иликпин. Төттөрүтүн, эбии уопсастыбаннай ноҕуруусканы ылынабын. Үп-харчы көрүллэрин ситиһии, ол иһигэр Дьокуускай куорат маастар-былаанын олоххо киллэриигэ – бу мин үлэм сорҕото. Итини сыыппараларынан холобурдуум. Киин куорат 2020 сыллааҕы бүддьүөтэ 16 млрд солк. кэриҥэ этэ. 2023 сылы 30 млрд солк. кэриҥэ бүддьүөттээх түмүктээн эрэбит. Үбүлээһин үксэ бэйэбит дохуоппут буолбатах, федеральнай харчы: ол барыта национальнай бырайыактары олоххо киллэрии чэрчитинэн дуогабардаһыы, кэпсэтии түмүгэр кэлэр. Көрүҥ эрэ, маастар-былааны олоххо киллэриигэ үбүлээһин уопсай кээмэйэ 528 мрлд солк. тэҥнэһэр, онтон 280 млрд солкуобайа – федеральнай харчы. “Биир ньыгыл Арассыыйа” паартыйа куораттааҕы салаатын салайарым куорат хаһаайыстыбатыгар туһаны эрэ аҕалыаҕа. Биһигини үгүс үлэ күүтэр.
Сылаас тохтобуллар
Евгений Николаевич этэринэн, вандаллартан харыстыыр миэрэлэр ылыллаллар – хас биирдии сылаас тохтобулга видеокамера үлэлиир, бөҕө-таҕа ааннар туруоруллаллар. Камера устубут бөрүкүтэ суох түгэннэрин социальнай ситимҥэ тарҕаппакка, Ис дьыала министиэристибэтигэр тиэрдэн иһэллэр.
– Сылаас тохтобуллары урусхаллааһын түбэлтэтэ аҕыйаата. Урукку өттүгэр үксүн оҕолор алдьатар эбит буоллахтарына, билигин көрдөххө – эр дьон. Киһи өйүгэр сатаан батарбат быһыыта-майгыта. Быыбар иннинээҕи бырагыраамабар эрэннэрбитим курдук, 2,5 сылынан сылаас тохтобул ахсаанын 100-кэ тиэрдиэхпит, – диэтэ баһылык.
Сир боппуруоһа
– Бүгүҥҥү туругунан 8401 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн сир учаастагын уочаратыгар турар. Элбэх оҕолоох ыал үксүүр, дьон улуустартан киин куоракка көһөн кэлэллэр. Онон уочарат олус түргэнник халыҥыыр. Бу кыһалҕаны быһаарарга икки суол баар.
Бастатан туран, 2020 сыллаахха федеральнай бас билиигэ киирэр ойуур пуондатын сорох чааһа Дьокуускай куоракка бэриллэрин курдук дуогабардаспыппыт. Куорат Дууматын ааспыт сессиятыгар генеральнай былааҥҥа уларытыылары киллэрдибит, онон Намсыырдыыр, Бүлүүлүүр, Маҕанныыр суоллар территорияларыгар турар 3500 кэриҥэ сир учаастага куорат уокуругар бэрилиннэ. Ону элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ түҥэтиэхпит.
Иккис суол – харчынан компенсация. Кээмэйэ – 200 тыһ.солк. Манан 544 киһи туһанна. Сорохтор суумата олус кыра дииллэр. Бу боппуруоһу СӨ Бырабыыталыстыбатын кытта бииргэ быһаарар суоллары көрдүүр үлэни салгыы ыытыахпыт.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын, кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта көрсүһүүлэргэ, СВО буола турар сирдэригэр командировкаҕа сылдьан баран, Ийэ дойдуларын көмүскүүр дьоммутугар СОТ тэрийиэхпитин наада диэн санаа күөдьүйбүтэ. Тулагы Киллэм нэһилиэгэр – 900, Табаҕаҕа 600 сир учаастагын СОТ-тарга биэрэргэ бэлэмнэммиппит. Итиннэ сыһыаннаах өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыллыбыта, онон кэккэ боппуруостар бааллар, быһаарыахха наада. Ил Түмэҥҥэ бэйэм этиилэрбин киллэриэм, киин куораттан анал байыаннай дьайыыга барбыт дьоммут сир учаастагын ылалларыгар сөптөөх үлэни ыытыахпыт.
Куорат кытыытыгар – ураты болҕомто
– Бүгүҥҥү туругунан биир тутаах боппуруос быһаарылынна – канализация коллектордара ДСК-ҕа диэри тардылынна. Онно бу иннинэ тутуллан үлэҕэ киирбит, септигинэн турбут тоҕус этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр холбонор кыахтаннылар. Манна даҕатан эттэххэ, куорат соҕуруу хайысханан сайдыаҕа.
Залог оройуонугар тутуу үлэтин тохтотон турбут мэһэй туоратылынна. Ленин проспегын коллектора бүтүннүү туолан турбут этэ. Бу оройуоҥҥа элбэх кыбартыыралаах дьиэ элбиир кыахтанна.
Куорат кытыы нэһилиэктэрин сайыннарыы туһунан эттэххэ, Табаҕаҕа уонна Кангалааска киин канализация ситимин үлэтин күүһүрдэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутууларын тэтимирдэр сорук турар.
“Водоканал” тэрилтэни кытта былааммыт киэҥ. Марханы уонна Белое озеро оройуонун уунан хааччыйыы боппуруоһа инники күөҥҥэ турар. Бырайыак-смета докумуоннара оҥоһуллан, куорат бүддьүөтүттэн харчы көрүллэн, бу үлэ ыытыллар.
Чааһынай секторга гаас ситимин киллэриигэ кэккэ боппуруостар бааллар. СӨ бырамыысаланнаска министиэристибэтин өйөбүлүнэн “Сахатранснефтегаз” тэрилтэни кытта ыытар үлэбит былаана бигэргэтиллиэ диэн эрэнэбин. Кэлэр сылга Намсыырдыыр суол 13 км (хаҥас уонна уҥа өттө), ДСК оройуонугар “Агат”, “Золотая роща”, “Автомобилист” СОТ-тарга киирэр санаалаахпыт.
Инники былааммытын сэгэттэххэ, Маҕаҥҥа АГРС тутуута уонна Хатаска АГРС реконструкцията күүтэр. Бу Покровскайдыыр суол уҥа өттүн толору гаастааһыҥҥа төһүү күүс буолуоҕа.
Сири-уоту кэлим сайыннарыы (КРТ)
– Эһиил КРТ (сири-уоту кэлим сайыннарыы) биллэриллиэхтээх 11 балаһаакканы бэлэмнээтибит. Онуоха хас биирдии территорияҕа тус-туспа маастар-былаан оҥоһуллар, тиэхиньикэ-экономика көрдөрүүлэрэ быһаарыллар, социальнай эбийиэк баара-суоҕа учуоттанар, олоххо киллэриллэр түһүмэхтэрэ ыйыллар.
Сайсары күөл кытылын тупсарыы эһиил түмүктэнэр
– “Киин куорат” хаһыат ыйытыыта: Сайсары күөл кытылын тупсарыы үлэтин чэрчитинэн Лермонтов уулуссатыгар турар дьоҕус эбийиэк – Алмаастаах сквер хабыллыа дуо? Эбэтэр арыыланан хаалыа дуу? (Бу туһунан кэпсэтии ааспыт нүөмэргэ тахсыбыта – Аапт.)
– Үһүс сылын Сайсары күөл тула үлэ күөстүү оргуйда. Сергеляхскай уулуссаҕа, Лермонтов уулуссатыгар – 5 дьиэҕэ тупсарыы үлэтин ыыттыбыт. Бу иннинэ Каландаришвили уулуссатыгар турар дьиэлэр тиэргэннэрэ хабыллыбыттара. Ити барыта эһиил Сайсары күөл кытылын тупсарар үлэни түмүктүүр сыаллаах оҥоһуллубута диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Салгыы Лермонтов уулуссата өрөмүөннэниэҕэ, суол аспаал бүрүөһүнэ уларытыллыаҕа. Кыаллар буоллаҕына, ол чэрчитинэн Алмаастаах сквери тупсара сатыахпыт. Бу сорук турар, ол эрээри билигин ханнык суолунан олоххо киллэриэххэ сөбүн чопчу этэр кыах суох. Уулусса-суол ситимигэр хабыллыбатаҕына, туспа бырайыагынан оҥоруохпут. АЛРОСА тэрилтэҕэ туһаайан этиэхпин баҕарабын: социальнай өйөбүл быһыытынан ылсара буоллар.
Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын саҥардан, тупсаран тутуу
– Билиҥҥи туругунан туох үлэ ыытылынна? ВЭБ.РФ судаарыстыбаннай корпорация өйөөн, 15 мөл.солк. харчыны көрөн, пааркаҕа туспа маастар-былаан оҥоһулунна. Бу үлэни аатырбыт КБ Стрелка хампаанньа толордо, Дьокуускайга кэлэ сылдьан толору чинчийиини ыытта. Маастар-былаан силигэ ситтэҕинэ, презентациялыырга бэлэммин.
Хаар полигона рекультивацияламмытын түмүгэр паарка күөх зонатын 17 гектарынан кэҥэттибит. Аквапаарка, экстрим паарка тутуллуохтара. Оҕолор бэлисипиэттиир, роликтыыр, скейтыыр буолуохтара. Бэлисипиэт, сатыы дьон сылдьар ыллыктара оҥоһуллуоҕа. Паарка киинигэр этнокултуурунай хайысхалаах резиденция баар буолуоҕа. Мастары кэрдиэхпит суоҕа, бу хайысханы өссө тупсарар туһугар үлэлиэхпит.
Билигин паарка сайыҥҥы эрэ кэмҥэ үлэлиир, өрөбүллэргэ 21 тыһ. тиийэ киһи сылдьар. Инникитин паарка сылы эргиччи үлэлиэхтээх, дьон-сэргэ сөбүлээн сынньанар сиригэр кубулуйуохтаах.
Михаил Николаев аатынан саҥа проспект
– Бу бырайыак кэскиллээх, кэлэр кэмҥэ туһаайыллар. Биллэн турар, билигин проспект буолбатах. Сотору манна ХИФУ саҥа кампуһа, киинэ павильона, Олоҥхо Арктикатааҕы киинэ дьэндэйиэхтэрэ, улахан уопсастыбаннай туона баар буолуоҕа. Билиҥҥи Автодорожнай уулуссаҕа турар промзона оннугар уопсастыбаннай-дьыалабыай тэрилтэлэр, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр элбиэхтэрэ. 2032 сылга куорат биир кэрэ көстүүлээх сиригэр кубулуйуоҕа.
Киһи туохха барытыгар үөрэнэр...
– Телеграм-ханааллары ааҕаҕын, кэтээн көрөҕүн дуо? Кириитикэни хайдах ылынаҕын?
– Биллэн турар, үлэм чэрчитинэн ааҕабын. Киһи туохха барытыгар үөрэнэр. Бастаан утаа билбэт, хаһан да харахтаан көрбөтөх дьонум мин туспунан ону-маны саҥаралларын истэр соһуччу соҕус этэ. Онтон кэлин холкутук сыһыаннаһар буоллум.
Дьокуускай – салайарга ыарахан, саамай тымныы, олорорго тыйыс усулуобуйалаах куорат. Онон, куорат хаһаайыстыбатыгар баар бары кыһалҕаны учуоттаан туран, сорох дьон кириитикэлииллэрэ оруннаах. Оннук дьон аҕыйыырын туһугар дьулуһуом, тылынан буолбакка, үлэбинэн. Биллэн турар, уоннуу сылынан мунньуллубут үгүс кыһалҕаны биирдэ саба тутар аптаах палочка суох.
Дьиэбитигэр сахалыы эрэ кэпсэтэбит
Евгений Николаевич үлэни уонна тус олоҕун туспа тутарын бары билэбит. Кини дьиэ кэргэнин тоҕо көрдөрбөтүн, дьон-сэргэ хараҕын далыттан харыстыырын бу курдук быһаарда:
– Дьиэ кэргэн сыаннастарыгар олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаһабын. Биһиги ыал этэҥҥэ олоробут, үс оҕолоохпут. Улахаммыт быйыл оскуоланы бүтэрэр, саамай кырабыт уһуйааҥҥа сылдьар. Оҕолор бэйэлэрин олохторунан холкутук олорор кыахтаахтар. Бу – кэргэммин кытта уопсай быһаарыныыбыт.
“Дьиэҕэр ханнык тылынан кэпсэтэҕин?”– диэн ыйытыыга Евгений Николаевич бэрт түргэнник уонна кылгастык: “Сахалыы”, – диэн хоруйдаата. Онуоха суруналыыстар сиһилии хоруйдууругар көрдөстүлэр.
– Кэргэним бааһынай, аҥаара – нуучча, Хаандыгаҕа улааппыта. Дьиҥэр, кинини кытта нууччалыы кэпсэтэрбит судургу буолуохтаах этэ. Ол эрээри дьиэбэр оҕолорбун кытта төрөөбүт тылбынан эрэ кэпсэтиэхтээхпин, оччоҕуна эрэ сахалыы билэр буолуохтара диэн бигэтик быһаарыммытым. Кыраларым уһуйааҥҥа сахалыы бөлөххө сылдьаллар, дьиэлэригэр сахалыы саҥараллар. Биллэн турар, ютубу көрөллөр, онон миигинэ да суох нууччалыы уонна английскайдыы билиэхтэрэ дии саныыбын.
Субуотунньуктарга көхтөөхтүк кыттыҥ!
– Эһиил “Азия оҕолоро” оонньуулары долгуйа күүтэбит, урут-уруккуттан куорат нэһилиэнньэтэ туох баар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан кэлбитэ. Дьокуускай олохтоохторугар тугу туһаайан этиэҥ этэй?
– Ыам ыйыттан саҕалаан элбэх субуотунньук ыытыллыаҕа. Онно үлэ кэлэктииптэрэ көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырабын. Киин куораппыт “Азия оҕолоро” оонньуулар ыалдьыттарын ыраас көрсүөн баҕарабын. Урбаанньыттар бэйэлэрин тэрилтэлэрин тас көстүүлэрин тупсараллара сүрдээх улахан көмө буолуо этэ.
Кыайыы туһугар
– Мобилизация хара саҕаланыаҕыттан Дьокуускай куоракка “Кыайыы” (“Победа”) пуондата аһыллыбыта. Бүгүҥҥү туругунан (Пресс-конференция ахсынньы 20 күнүгэр буолан ааспыта – Аапт.) 65 мөл.солк. хомулунна, онтон 48 мөл.солк. кэриҥэ харчы – Олохтоох дьаһалта уонна туһааннаах структуралар үлэһиттэрин хамнастарыттан. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр анал киин тэриллибитэ.
Евгений Николаевич кэпсээбитинэн, киирбит үп байыастар тиэхиньикэ ылалларыгар ананар, сүүһүнэн квадрокоптер, тепловизор ыытыллыбыт. Кэлин Олохтоох дьаһалта Цифровой сайдыыга департаменын үлэһиттэрэ бэйэлэрэ квадрокоптер хомуйан оҥорор буолбуттар. Мэрия иккис этээһигэр дьахталлар уолаттарга харысхал ситимнэри өрөллөр. Онон көмө тохтообот.
Түмүккэ
– Ахсынньы 29 күнүттэн тохсунньу 9 күнүгэр диэри киин куоракка ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэмнээх буолуу ураты эрэсиимэ биллэриллэр. Сулууспа барыта үлэлиэҕэ, дьуһуурустуба суукканы эргиччи салҕаныаҕа. Бырааһынньык күннэрэ этэҥҥэ ааһыахтара, тохсунньу 1 күнүн чугас дьоммутун кытары атаарыахпыт диэн эрэнэбин. Барыгытын кэлэн иһэн Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин!