21.12.2021 | 18:00

Этномузыкант, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Герман Хатылаев 60 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт «Төрүт дорҕоон» быыстапка

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы ый 22 күнүттэн тохсунньу ый 10 күнүгэр диэри Киров уулуссатын 31 №-дээх дьиэтин 3 этээһигэр этномузыкант, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Герман Хатылаев 60 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт «Төрүт дорҕоон» быыстапка ыытыллар. Быыстапкаҕа Герман Хатылаев айар үлэтин сэһэргиир хаартыскалар, сценаҕа кэппит көстүүмнэрэ, дьиэтээҕи архыыбыгар мунньубут музыкальнай үнүстүрүмүөннэрэ уонна бэлиэ суолталаах тус туттубут, туттар маллара көрдөрүүгэ туруохтара.
Герман Хатылаев – Ю.Е. Платонов аат. Эстрада театрын артыыhа, биллэр музыкант, ырыа айааччы, саха тылынан уус-уран айымньыларын иҥэринэ сылдьар биир бастыҥ толорооччу, тарҕатааччы, чинчийээччи.
Кини ахсынньы ый 19 кунугэр 1961 с. САССР, уруккута Алексеевскай оройуон (Таатта) Баайаҕа Томторугар төрөөбүтэ. 1986 с. II нүөмэрдээх Дьокуускай педагогическай училище музыкальнай салаатын, 2002 с. М.К. Аммосов аат. СГУ культурология салаатын бүтэрбитэ.
Герман уонна Клавдия Хатылаевтар айар үлэлэрин 1987 с. саҕалаабыттара. Маҥнай сахалыы ырыалары гитаара доҕуһуолунан ыллыыр бэрт ураты буочардаах дуэт саха эстрадатын туонатыгар бигэ эрэллээхтик үктэммитэ. Бу дуэт репертуарыгар таптал лириката истиҥ иэйии сүүрүгүнүү дьүрүһүйэр, туспа киһини абылыыр, умсугутар тыыннаах буолан үгүс көрөөччү Хатылаевтар сыанаҕа тахсалларын өрүү долгуйа күүтэллэрэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ саха төрүт култууратыгар саҥалыы сыһыан, болҕомто уһуктар кэмигэр Герман, Клавдия Хатылаевтар биир бастакынан саха ырыатын-тойугун, музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин тыаһын-ууһун сөргүтэр умсулҕаннаах үлэҕэ умсубуттара. Ол түмүгэр: дьаҕа, күпсүүр, чаҕаан, таҥсыр, хомус, мас хобо, кылыһах (кырыымпа), ойдуо, айаан, хобо, чуораан, дүҥүр уо.д.а. умнуллан, түмэллэргэ хараллан киһи эрэ хараҕын сымната, ааспыт кэм кэрэһитэ, ахтылҕана буолан турбут дьиҥ төрүт охсон, сахсыйан, сиксийэн, тардан оонньуур дьикти тыастаах  үнүстүрүмүөннэрбит саҥалыы тыын ыланнар, аан дойду араас муннугар куорсун анньыммыт хорсун хотойдуу, кылыгырас кылыһах куоластаах кыталыкка холобурданан, саамай уһук сытар туурк тыллаах саха омук баарын туһунан тэтимнээхтик ис киирбэх, баай ис хоһоонноох, айылҕа хатыламмат кэрэтин кэпсиир, ээр-сэмээр сэһэргиир айымньылардаах муусука Хатылаевтарга айыллан аар саарга аатырбыта.
Хатылаевтар айааччы, толорооччу, тарҕатааччы идэлэригэр эбии кинилэр дьиҥ кэнэҕэски кэлэр кэнчээригэ кээһэр биир сүдү үйэлээх мэҥэ кэрэһиттэринэн үс омук тылынан «Төрүт дорҕоон = Звуки мироздания = The Sounds of Creation» бэчээккэ тахсыбыт академическай хабааннаах үлэлэрэ буолар. Хомуйар, чинчийэр, наардыыр үлэ абылаҥар ылларан бу сүдү үлэ тахсарыгар Хатылаевтар Таатта, Горнай, Үөһээ-Бүлүү, Хаҥалас уо.д.а. норуот маастардарын кытта ыкса ситимнээх үлэни ыытан, хас биирдии информацияны кытта сиһилии үлэлээн баай ис хоһоонноох матырыйаалы хомуйбуттара Хатылаевтар айар үлэлэрин чиҥэтэр, дириҥ силистиир- мутуктуур, чиргэл тиит тирэхтиир. Маны таһынан, М.Н. Жирков аат. ДЬМК (У) композитор Николай Берестов 1976 с. муспут сэдэх коллекциятын, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин научнай фондатыгар киирбит Иоаким Избеков – Уустаах, Прокопий Слепцов – Ойуун дьиҥ айылҕаҕа көстүбүт – чаҕылҕан түспүт ыраас маһыттан илиилэринэн хаһан, тутан-хабан оҥорбут музыкальнай үнүстүрүмүөннэрин үлэлэригэр киллэрэн үйэтиппиттэрэ.
Аны, уһуйааччы быһыытынан Герман, Клавдия Хатылаевтар куорат сахатын оҕолорун төрүт дорҕоону, тэтими, тылы таптыырга, өйдүүргэ үөрэттилэр. Ол курдук, араас сылларга «Дьөһөгөй», «Тэтим», «Алаас», «Кыыс Хотун», «Кылыһах» бөлөхтөр тэриллибиттэрэ. Бу бөлөхтөр бука бары бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат өрүттээхтэр. Уһуйааччы быһыытынан, Хатылаевтар хас биирдии оҕоҕо болҕомто ууран, кини ис туругун, эйгэтин, кыаҕын таба көрөн сайыннарар ньыманы тутуһан үгэһи салҕыыллар, сайыннараллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...