20.11.2019 | 12:55

ЭТИ СИЭБЭТ ДЬОН ЭЛБЭЭН ЭРЭР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Вегетарианство — эттэн барытыттан аккаастанан, аҥаардас үүнээйигэ уонна үүт аһылыкка көһүү.

Вегетарианец буоларга хас да төрүөт баар: экологическай – айылҕа хамсыыр-харамайын харыстыыр санааттан; экономическай – чэпчэки сыаналаах аска көһүү; итэҕэл – сорох итэҕэлгэ кыыл этин сиир бобуллар; медицинскэй – доруобуйаларын туругунан диетанан аһыыр дьоҥҥо.

Вегетарианство саамай кытаанах көрүҥэ – веганство. Веганнар куурусса сымыытыттан, ынах үүтүттэн кытта кыккыраччы аккаастаналлар.Мүөтү сиэбэт веганнар кытта бааллар. Кинилэри вегетарианецтары кытта бутуйар табыллыбат.

Вегетарианецтар күннээҕи аһылыктарыгар кыыл этэ, көтөр этэ, балык уонна муора харамайдара суох буолар. Тэллэй үүннээйилэргэ киирсэр буолан, сиэхтэрин сөп.

Сорох эти сиэбэт дьон тирииттэн, түүлээхтэн тигиллибит таҥаһы кэтэртэн кытта аккаастаналлар. Кыыл бородууксуйатыттан ылыллар, атыыга тахсыан иннинэ кыылларга бэрэбиэркэлэммит састааптаах аска, таҥаска-сапка, косметикаҕа чугаһаабаттар даҕаны (желатин, кармин, глицерин о.д.а.)

Алтынньы 1 күнэ – Аан дойдутааҕы вегетарианство күнэ.

Сэтинньи 1 күнэ – Аан дойдутааҕы веган күнэ.

СЭБИЭСКЭЙ БЫЛААС УТАРБЫТА

Сиикэй аһылыктаах веганнар диэн бааллар – үүнээйини о.д.а. буһарбакка эрэ сииллэр. Аҥаардас фруктанан олорооччулар – отон, фрукта, эриэхэ, үүнээйи сиэмэтин арааһын сииллэр.

Пескетарианство — сир үрдүнэн хаамар кыыл этин сиэбэт буолуу;

Поллотарианство — көтөр эрэ этин сиэһин;

Флекситарианство — олох аҕыйахтык, кыратык эт сиэһин.

Эттэн аккаастаныы итэҕэлгэ тирэҕирэн үөскээбитэ. Буддизм, индуизм уонна джайнизм итэҕэллээх норуоттарга тыһыынчанан сыллар тухары тутуһуллан кэлбит олох укулаата. Пифагор батыһааччылара эмиэ вегетарианецтар этэ диэн история кэпсиир. Индияҕа билигин даҕаны нэһилиэнььэ 20-40 бырыһыана эти сиэбэт.

Вегетарианство Арасыыйаҕа 19-ус үйэ бүтэһигэр кэлбитэ биллэр. 1894 сыллаахха Москваҕа бастакы вегетарианскай остолобуой арыллар. Онтон 1901 сыллааха Санкт-Петербург куоракка аан бастакы вегетарианскай уопсастыба тэриллэр. 1909 сыллаахха Москваҕа веганнар уопсастыбалара тэриллэр, “Веганский вестник” сурунаал тахсар. Биллиилээх дьонтон биир бастакы вегетарианец –  Лев Толстой. Кини бу тиэмэҕэ анаан суруйуулардаах, олортон биирдэстэригэр: “Эйигин бу ынах уонча сыл устата этинэн, үүтүнэн аһатта, коза түүтүнэн таҥнан-симэнэн  кэллиҥ. Оттон кинилэргэ туох тигистэ – хабарҕаларын хайа сотон баран сиэн кэбистиҥ!” - диэн суруйбуттаах.

Сэбиэскэй былаас вегетарианствоны улаханнык утарбыта. Хамсааһыны өйөөччүлэри Соловки хаайыытыгар ыыталаабыта.

МУОДАТТАН ХААЛСЫБАППЫТ

Кэнники сылларга вегетарианство төттөрү күөдьүйдэ. Биһиги эмиэ онтон маппаппыт. Саҥа сүүрээҥҥэ барытыгар хорсуннук олорсон иһэр дьоммут.

Сахаларга, ордук эдэр дьон ортотугар, вегетарианство киэҥник тарҕанар чинчилээх. Сөпкө аһааһынынан үлүһүйүү сүүрээнэ кэлбитин кэннэ, куурусса эрэ этигэр көһүү буолла. Онтон аны эт бары көрүҥүттэн аккаастанар муода үөскээн эрэр.

Дьиктитэ диэн, билиҥҥи кып-кыра оҕолор күннээҕи аһылыктарыгар эти сиэхтэрин баҕарбат буолбуттара эмиэ баар. Биир ыал оҕото төрүөҕүттэн бу үс сааһыгар диэри эти сиэбэт, силлээн, тыбыыран кэбиһэр, ыстаан да көрүөн баҕарбат. Төрөппүттэрэ сонньуйаллар эрэ. Оҕолоро аһылыктан гарнирын эрэ сиир, хата, миини иһэр үһү...

Вегетарианствоны талбыт саха ыччата үгүс. Олортон биирдэстэринэн эдэр суруналыыс Вероника Аммосова буолар:

 – Мин билигин 25 саастаахпын. Уонча сыллааҕыта вегетарианствоны талбытым. Оҕо сылдьан эти сиир этим эрээри, амтанын хаһан да сөбүлээбэт этим. Мантан атыннык аһыахпын сөп эбит диэн санаа охсуллубат да этэ. Онтон улаатан баран элбэҕи аахпытым, үөрэппитим уонна миэхэ вегетарианство барсар эбит диэн санааҕа кэлбитим.

Эттэн сыыйа-баайа аккаастаммытым. Эт арааһа наһаа элбэх, онтон мин элбэҕи сиэбэт этим. Холобур, индигирка салааты, таба этин амсайан да көрө илик этим, аны кэлэн боруобалыам дии санаабаппын.

Онон миэхэ судургу соҕус этэ – кууруссаттан, ынах уонна сибиинньэ этиттэн эрэ аккаастаммытым. Саамай уустуга эттэн оҥоһуллар бородууксуйаттан аккаастаныы этэ – халбаһы, сосиска, бургерга баар кэтилиэт, эттээх бурдук ас о.д.а. Мин санаабар, киһи бу астарга баар искуственнай булкадаһыктарга наһаа ылларан хаалар быһыылаах, ол иһин арахсар ыарахан соҕус этэ. Сыл аҥаарын устата сыыйа-баайа аччатан, бу астартан олоччу аккаастаммытым.

“Лактоововегетаринаство” диэҥҥэ көспүтүм. Эти, балыгы сиэбэппин. Үүтү, сымыыты, мүөтү сиибин.

Вегетарианство миэхэ тугу биэрэрий? Эттэн аккаастаммыт үгүс дьон, бастатан туран, чэпчээн хааллыбыт, доруобуйабыт тубуста диэбит буолааччылар. Оттон мин, эти уруккуттан да кыратык сиир киһи, аккаастаммытым уонча сыл ааспытын кэннэ билигин тугу да чорботон этэр кыаҕым суох. Буолуохтааҕын курдук. Доруобуйабар улахан охсууну ылбаппын. Холобур, хараҕым аһыыр аспыттан тутулуга суох уруккуттан мөлтөх.

Биһиэхэ, сахаларга, “тымныы усулуобуйалаах дьон аһылыктарыгар эт хайаан да баар буолуохтаах” диэн өйдөбүл баар. Мин бу санааны кытта мөккүһүөхпүн сөп. Тоҕо диэтэххэ, дьиҥнээхтии тус хоту, ыарахан үлэҕэ сылдьар, сибиэһэй оҕуруот аһа уонна фрукта  булар усулуобуйа суох буоллаҕына, олох атын буоллаҕа. Оттон куоракка тупсаҕай дьиэҕэ олорон, оптуобуһунан, массыынанан айанныыр, сатыы да хаампат сынньалаҥ олоххо эт сиир булгуччулаах буолбатах. Ол иһин мин эти сиэбиппиттэн сэниэм суох, тугум эрэ тиийбэт диэбэппин.

Үгүс дьон сөҕөр. Инникитин толору веганствоҕа көһөр баҕа санаалаахпын. Билиҥҥитэ үүттэн, сымыыттан аккаастанар кыаҕым суох – организмым көрдөтөр. Киһи олоҕун бэйэтэ талар. Ким эрэ боруобалаан баран, миэхэ барсыбат диэн урукку аһыгар төннүөн сөп.

Оттон уролог, андролог, эндокринолог Николай Николаевич Григорьев - киһи доруобуйатын чөлүгэр түһэриигэ биир туспа көрүүлээх идэтийбит быраас санаата чыҥха атын:

– Мин санаабар, вегетарианство диэн тус хоту олорор омуктарга олох барсыбат, сатаммат суол. Тоҕо диэтэххэ, биһиги урут уруккуттан генетическэй, био-химимчэскэй састааппыт эккэ наадыйар. Ол аата сүрүн микроэлеменнэрбитин, макроэлеменнэрбитин, битэмииннэрбитин эттэн ылабыт, эппит-сииммит састааба оннук. Испит, оһоҕоспут оннук үлэлиир.

Кыһыл эккэ (тайах, ынах, сибиинньэ, убаһа, таба этэ о.д.а.) элбэх тимир (железо) баар. Эт сиэбэт киһи “железодефицитная анемия” диэҥҥэ тиийэр. Тимир тиийбэт буолла да, организм килиэккэлэригэр кислород тиэрдиллибэт буолан хаалар. Ол иһин организм улахан гипоксияҕа барар, тыына хаайтарар. Биһиги онто да суох, ордук кыһыҥҥы өттүгэр, улахан гиспоксияҕа олоробут. Таһырдьа тахсыбаппыт – тымныыта бэрт, үксүн дьиэҕэ олоробут. Таһырдьа таҕыстахпытына, салгыммыт састаабыгар кислорода олус аҕыйах. Ол иһин хайаан да эт сиэхпитин наада буолан тахсар. Манна мин чуолаан кыһыл эти сиир туһунан этэбин. Үрүҥ эт, куурусса буоллун, индюк буоллун, састаабыгар тимирэ олох аҕыйах, суох да кэриэтэ. Аҥаардас онон сылдьар киһи тимири бу эттэн ситэри ылбат. “Железодефицитная анемия” диэн ыарыы төрүөтэ онно сытар.

Аны туран вегетаринаецтар “Биһиги эт сиэбиэппит, ол оннугар эккэ баар эттиктэри битэмиининэн, таблетканан сиибит” дииллэр. Улахан анемияҕа барбыт организмҥа айаҕынан иһиллэр тимир үчүгэйдик иҥпэт. Ол иһин солбуйар эттиктэри иһии улаханнык туһалаабат диэн санаалаахпын.

Муода – муоданан, оттон доруобуйа диэн киһиэхэ саамай күндүтэ. Бэйэни көрүнэ сылдьыахха наада.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...