03.04.2022 | 10:16

Этэрбэһим элэйбэтэх, онон — сатыы...

Этэрбэһим элэйбэтэх, онон — сатыы...
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Раиса Дмитриевна Чирикова – СӨ Култууратын туйгуна, Дьааҥы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, РФ суруналыыстарын, СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ. Дьааҥы фольклорун тарҕатааччы, сөргүтээччи быһыытынан бар дьонугар ытыктанар, улуус култууратын сайыннарыыга улахан кылааттаах тумус туттар киһилэрэ, ырыаһыт, ырыа айааччы, поэт, суруналыыс. Дьааҥы улууһун, Дьааҥы учууталларын, Олоҥхо гимнэрин уо.д.а. элбэх ырыа ааптара.

Лоһур дуйдаах күрүөбүлүҥ чопчууруттан

Тыгыык чаҕыл сардаҥата тэйиэккэлиир,

Харах саатар хоруоҥкатын оонньууруттан

Тимэхтэммэт өрөҕөбөр быраҕаттыыр.

Сэрэйэбин, таайбараҥыҥ сырдыгыттан

Тыллар сүрэх түгэҕиттэн эккириирин,

Сарыы сыттаах номох буолбут илдьиккиттэн

Сырыы ахсын иэйии буолан саккырыырын.

 

Хаһыс кээмэй халбаҥнаабат кэриэһиттэн

Хаһыс олох тирэх тута имиттэрин, 

Кутум эрэ чаҕар иэйии кулутуттан

Ыйытаммын ылыннаҕым ол эргиири.

***

Иһирдьэттэн илгиһиллэр ибир тыыным

Илин халлаан имиригэр иттэ сатыыр,

Дууһам имнээх далайыгар дьэ айанныым,

Этэрбэһим элэйбэтэх, онон – сатыы.

Киирэр-тахсар үлбүһүйэр биэс ыллыгым

Эйэҥэлиир тарбахтарын адаарытар,

Көҥдөй кустук сэттэ өҥнөөх далаһатын

Ытыс курдук дьураалатан ырыаллатар.

Сайбаһыйар сылаас санаам балаһатын

Биир биир аһан, иэйии атын ыҥыырдатта,

Ыйдаах халлаан тымтыктаммыт саҕаһатын

Хотун халлаан Мэндэҥэтэ тэлэҥнэттэ.

Киэҥ куйаарым хатамматах хаттыгаһын

Мындаарыйар суһумунан маанылаата,

Сүгэһэрим сүппүт эбит, чэпчэкибин,

Көтүүм эрэ, көрсүһүөхпүт, дьэ, ол аата.

***

Арыынан аҕырдаан ыймахтаан ылбаппын –

ньыһыылаах бэлэһим аһыйар,

Айааһаан ыллаары туонарбын аахпаппын –

күннээҕи түбүгүм кыһайар.

Самыырдаан иҥнэйэр халлааны тыыппаппын –

ытыһым тиритэн илийэр,

Ыйдаҥа күлүгэр саҕаҕы булбаппын –

Чаан сииктэн көҕүлүм өҕүйэр.

***

Араҕас сарыаллаах толкуйум хойдуутун

Сымната түһээри туойабын.

Тоһурҕас самыырга хоһуйуум сойуутун

Убатыам диэн эрдэ туоруубун.

 

Оннооҕор тоҥ мутук тоһуттан охтуутун

Бырах тыал уйбатын билэбин,

Харалдьык иһиттэн биир умнас тыллыытын

Сөҥ дьыбар бигиирин көрөбүн.

 

Аҕыс суон лабаалаах Аал Луук мас ойуутун

Олоҥхо эрэ диэн сөҕөбүн,

Ураны удьуордуур уурумньу уунуутун

Суһуохпар киистэлии өрөбүн.

***

Дууhам устун аргыый устар чараас туман

Сойбут үөрүүм күлүгүттэн тоҥор курдук,

Тугу эрэ этиэхтээхпин эмиэ тумнан,

Бэйэм куоттум ол чуумпуга саhар курдук.

 

Быга илик ый тымтыга уотун умнан,

Түлүк түүммүн сырдаппакка өр да сүттэ,

Чараас туман хараҥаттан сыыhа мунан

Сойбут үөрүүм ытыhыгар өрүү сытта.

Уһуктуу

Анараа ый далын тыаhата сабыыта,

Тоҥ муора үргүөрүн ыгыыта,

Саҕахха маарынныыр уот сарыал быгыыта,

Суктуйбут тохсунньу тыыныыта,

Тус илин им кыыhан кылайа көрүүтэ -

Ол диэки хайыстым - сырдыыта.

 

Элээмэ ындыыбын саҥа сыл тиэниитэ,

Сонуну солбутан уунуута,

Көҕүлбүн күөмчүлүүр санньыарым ыhыыта

Ой дуораан буолан дуу ааhыыта,

Соҕуруу им кыыhан кылайа көрүүтэ -

Ол диэки хантайдым - сырдыыта.

 

Түҥ кэммэр кырынар араҥас сабыыта

Аргыартан тыыллаҥнаан ылыыта,

Силгэлээх сүһүөҕүм итийэ түһүүтэ,

Хаар тулам кырыатын охсуута,

Тус арҕаа им кыыhан кылайа көрүүтэ –  

Ол диэки иэҕэйдим – сырдыыта.

 

Нөрүйэр тыҥ салгын сабыта биэриитэ,

Сүһүөхпүн таhыйан охсуута,

Дьигдьиллэр хос тыыным тураҕын тыллыыта,

Дуо хаттаан уhуктуум кэлиитэ,

Тус хоту им кыыhан кылайа көрүүтэ –

Ол диэки дьэ хаамтым – сырдыыта.

***

Куруһуба сабыыламмыт көлдьүн күҥҥэ

Тоҕо дууһам тулхадыйда тэбис-тэҥҥэ,

Ис ырбаахым солко ньуура бу үгэҥҥэ

Кэтиллиэхтээх кэмэ куотта уот түгэҥҥэ.

 

Кырыалана ойуу ыспыт тоҥ кыһыҥҥа

Иэйии буолан иилиһиннэ хаар сонуҥҥа,

Түүлбэр муммут дьэҥкэ илэ эмиэ дэҥҥэ

Сылаас тыына билиннэҕэ дуу, этэҥҥэ.

 

Дьүһүк иэнин умса уулуур түҥ дьалыҥҥа

Дьахтар ааттаах малаһыйыам уу салыҥҥа,

Иэтэ туонар эбир имнээх дьалкыаһыҥҥа

Илгиһийэн киирэн кэлиэм кур салгыҥҥа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...