28.07.2024 | 15:13

Эргиэн эйгэтэ статистика хараҕынан

Эргиэн эйгэтэ статистика хараҕынан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2013 сылтан Арассыыйаҕа от ыйын төрдүс субуотатыгар эргиэн үлэһитин күнэ бэлиэтэнэр. Бырааһынньык бастаан ааспыт үйэ 1966 сылыгар ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун ыйааҕынан олохтоммута уонна бэлиэтэнэр күнэ үс төгүл уларыйбыта. 
Росстат чахчытынан, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эргиэн эйгэтигэр 2199 юридическай сирэй, 8873 урбаанньыт баара. Эргиэн тэрилтэлэригэр ортотунан 12353 киһи үлэлиир, онтон 65,4% – розничнай атыы эйгэтигэр.
Бытархай атыы (розница) иэнэ 2023 сылга 353,7 млрд солк. тэҥнэспит, ол иһигэр: 167,2 млрд солк. – аһылык бородууксуйата, утахтар, табах; 186,5 млрд солк. – аһылыктан атын табаар. Бытархай атыы 46,8% биирдиилээн урбаанньыттарга тиксэр, 26,4% – дьоҕус урбааҥҥа киирсибэт тэрилтэлэргэ, 23,9% – дьоҕус уонна онтон кыра тэрилтэлэр; маны сэргэ 3,0% – бытархай табаарынан эргинэр ырыынактар уонна дьаарбаҥкалар оҥорор иэннэрэ.
Кэлиҥҥи кэмҥэ интэриниэт нөҥүө атыы күүскэ сайынна. Ол курдук, өскөтүн 2022 сылга Саха сиригэр бу хайысха атыы 2,3% ылбыт буоллаҕына, 2023 сылга ити кээмэй икки төгүл улааппыт – 4,4%, оттон Арассыыйа үрдүнэн 8,1% тэҥнэспит (2022 сылга – 6,0%), диэн иһитиннэрэр Сахастат пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 10:00
Күөх Моҕой уратылара: 2025 сыл биһиэхэ тугу бэлэмниирий
Кытай култуууратыгар 12 бэлиэ бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтэр. Ону таһынан хас биирдии бэлиэ бэйэтигэр чугас, ханыылыы бэлиэни тардар. Дьэ, онон, Илиҥҥи гороскобунан күөх Моҕой эн төрөөбүт сылгар хайдах сабыдыаллыырын билиэхпит. Моҕой илиҥҥи үгэһинэн муударай, мындыр өйдөөх, кистэлэҥ күүстээх быһыытынан биллэр. Ол гынан баран моҕой – барытын ааҕан-суоттаан сылдьар сиэмэх кыыл,...