31.05.2021 | 12:09

Эргиччи дьоҕурдаах Валентина Свешникова

Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Дьиэ кэргэн алаһа уйата дьахтартан тутулуктаах. Сылаас холумтаннаах, сандалытыгар итии чэйдээх ыалдьыттары эйэҕэстик көрсөр хаһаайка бастыҥнара тыа сиригэр олороллор. Олортон биирдэстэрэ бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах, СӨ култууратын туйгуна, “Нуоралдьыма” үҥкүү ансаамбылын салайааччыта, “Алаас ыала” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Валентина Николаевна Свешникова буолар.

Сатабыллаах салайааччы

Ыал мааны Далбар хотуна Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгэр олорор. Күн күбэй ийэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбэтэ. Нэһилиэк киэн туттар уопсастыбанньыга. 1995-2010 сылларга “Саһарҕа” оҕо драматическай устуудьуйатын иилээн-саҕалаан үлэлэппитэ. Билигин нэһилиэгэр  1999 сылтан “Алаас ыала” уопсастыбаннай түмсүүнү салайар. Ону таһынан, 2010 сылтан “Нуоралдьыма”  үҥкүү кэлэктиибин күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлэтэ сылдьар. Тыа дьоно барахсаттар күннээҕи түбүктэриттэн аралдьыйа таарыйа, ансаамбылга кэлэн үҥкүүлээн, сэргэхсийэн бараллар. Урукку сылларга араас сирдэргэ гастроллаан, көрөөччү биһирэбилин элбэхтик ылбыттара. Өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк таһымнаах араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттыбыттара. “Нуоралдьыма” үҥкүү ансаамбыла 2010-2016 сылларга Москва, Крым куораттарыгар  ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы күрэҕин, өрөспүү-бүлүкэ, улуус таһымнаах көрүүлэрин лауреата, дипломана, Гран при номинациялар хаһаайына. Бу барыта сатабыллаах салайааччы, үйэтин тухары култуураҕа үлэлээбит Валентина Николаевна өҥөтө буолара саарбахтаммат. Кини тугу сатаабатаҕа баарай... Кылынан сэлээппэ, олбох арааһын баайар. Сайынын тэлгэһэтигэр дьэрэкээн сибэккилэри үүннэрэн, кэлбит ыалдьыттар харахтарын сылаанньытар. Сааскы, сайыҥҥы, күһүҥҥү ыйдарга айылҕаҕа тахсан, эмтээх оттору хомуйар. Барытыгар хайдах тиийинэрин көрөн, сөҕөҕүн эрэ. Күн солото суох, “юла” курдук эргийэ сылдьар.

Хаһаайка хайдаҕа тэлгэһэтиттэн биллэр

Валентина Николаевна Свешникова 1955 сыллаахха ыам ыйын 22 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Павловскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1977 сылтан 2010 сылга диэри култуура эйгэтигэр – уопсайа 25 сыл Дьабыыл нэһилиэгэр кулууп дириэктэринэн, 9 сыл Абый оройуонугар норуодунай театр режиссерунан үлэлээбитэ. Свешниковтар дьиэ кэргэн улууска ыытыллыбыт “Быйаҥнаах тэлгэһэ” хас да төгүллээх кыайыылааҕа, 2002, 2007, 2011 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт “Бастыҥ тиэргэн” көрүү кыайыылааҕа буолар. Бу ситиһии барыта, биллэн турар, – ыал ийэтин түбүктээх үлэтин үтүө түмүгэ. Кинилэр нэһилиэк биир бастыҥ ыалынан ааттаналлар. Кэргэнэ Петр Васильевич – үлэ бэтэрээнэ, механизатор, Дьабыыл нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, көҥүл тустууга спорт маастарыгар кандидат, олохтоох мелодист, поэт. Уран тарбахтаах уус бэрдэ.

Валентина Николаевна айылҕаттан бэриллибит талаана үгүс. Ол курдук, кини иистэнньэҥ, быысабайдьыт, хайыһардьыт, үҥкүүһүт уонна нэһилиэгэр биллэр оҕуруотчут. Аныгы олох сиэринэн, куйаар ситимин нөҥүө иистэнньэҥнэргэ сиэлинэн хайдах баайарга анаан маастар-кылаас ыытар. Нэһилиэгэр кулууп иһинэн ыытыллар “Кыл-сиэл” куруһуок салайааччыта. Иллэҥ кэмигэр быысапканан, мозаиканан, кылынан-сиэлинэн, оҕуруот, сибэкки олордуутунан, эмтээх отунан, ииһинэн дьарыктанар. Кини улуустааҕы култуура уонна спорт эстафетатын быыстапкатын хас да төгүллээх дипломана, лауреата буолар.

Тэлгэһэлэрин иһигэр киһи сэҥээрэ көрөр тутуулара элбэх. Тэпилииссэ, гараас, уһанар дьиэ, баанньык, хоспох, душ, булуус, эти-хааны эрчийэр турник, сиэннэр оонньуур сирдэрэ уонна бэсиэдкэ баар. Улахан дьиэлэрин тиит маһынан уонна бэрэбинэнэн 72 кв.м. иэннээх гына туппуттара, түннүктэрин кыраһыабай оһуор штакетнигынан киэргэппиттэрэ, кэлбит ыалдьыт хараҕар тута быраҕыллар. Дьыл хайа да кэмигэр кинилэргэ ыалдьыттыы кэллэххинэ, дьиэ иһэ сылаас салгынынан ил гынар. Свешниковтар – киһи кута-сүрэ тохтуур ыала. Мин кинилэргэ тиийдэхпинэ, өйдүүн-санаалыын дуоһуйа сынньанан, куораппар төннөөччүбүн. Ол оннук киһи өйүгэр хатанан хаалар эбит, тыа ыалын үтүө сыһыана. Мааны астаах сандалылара, дьиэ кэргэн хаһаайката өрүү ыалдьытымсаҕын туоһулуур.

Оҕолорбутун үтүө холобурбутунан ииппиппит

– Уолаттарбытын кыраларыттан үлэҕэ-хамнаска барытыгар батыһыннара сылдьар этибит. Кыыс-уол үлэтэ диэн араарбатахпыт. Онон дьиэ иһигэр-таһыгар барытын кыайа-хото тутарга үөрэммиттэрэ, уһанарга аҕалара кыраларыттан уһуйбута. Тиэргэннэригэр бассейнтан саҕалаан, верандалаах кыра дьиэни, оһуордаах-мандардаах бэсиэдкэни, онтон да араас тутууну барытын көмөлөөн туппуттара. Сиэр-майгы өттүгэр болҕомтобутун эмиэ уурбуппут. Кырдьыксыт, эппит тылларын толорор буола улааталларыгар ииппиппит-такайбыппыт. Киһиэхэ санаа күүһэ, олоххо дьулуур диэн баар. Ол холобуру биһиги аҕабытыгар көрөбүт. Кини инсуллаан баран, олоххо күүстээх тардыһыытынан турбута, – диэн сылаас тылларынан ахтар, ыал ийэтэ.

Түмсүүлээх нэһилиэк олоҕо сэргэх

1999 сылтан нэһилиэккэ Валентина Свешникова тэрийиитинэн “Алаас ыала” уопсастыбаннай түмсүү күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлиир. Салайааччы кэпсииринэн, нэһилиэк ыаллара оҕуруот аһын, сибэкки арааһын, мастары, талахтары олордуунан дьарыктаналлар. Маннык түмсүүлээх буолууттан, хамсааһынтан нэһилиэк тас көстүүтэ тупсар, нэһилиэнньэ көҕө улаатар. Өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска ыытыллар “Быйаҥнаах тэлгэһэ”, “Бастыҥ тэлгэһэ”, “Эмтээх оттор” курдук тэрээһиннэргэ кыттаннар, ситиһиилэнэллэр  эбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...