07.02.2022 | 15:00

Эрэн, тапталгын көрсүөҕүҥ

Эрэн, тапталгын көрсүөҕүҥ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тамара бүгүн үлэтиттэн дьиэтигэр эмиэ хойутаан барда. Кини ол кураанах дьиэтигэр ыксаабата да сөп.

 

Кинини кэтэһэр, күүтэр кимэ да суох. Аралдьыйар сирэ үлэтэ эрэ буоллаҕа. Саатар ыт ылан ииппит киһи дуу дии саныыра, доҕор оҥостоору. Дьүөгэлэрэ, хата, былырыын куоска оҕото аҕалан соһутан өлөрө сыспыттаахтар. Сюрприз оҥоробут буолан, хоруопканы ыбылы баанчыктаан, киэргэтэн баран хаалларан кэбиспиттэр этэ. Тамара барбыттарын кэннэ куоска оҕото ньааҕынаабытыгар чуут кута көтө сыспыта. Ханна эрэ бүтэҥи баҕайытык туох эрэ ньааҕынаа да ньааҕынаа буолбутугар, бара сатаан подьеһы, балконун кытары тахсан көрө сылдьыбыта.

Онтуката хоруопкатын иһиттэн саҥа тахсарын билэн арыйа баттаабыта, бу төлө ыстанан саала диэки куоппута. Тамара маны эрэ көһүппэтэх буолан, этэргэ дылы, сүрэҕэ, мэктиэтигэр, аҕыйах сөкүүндэҕэ тохтоон ылбыта. Тута кыргыттарыгар эрийэн ыйыталаспыта, эйигин үөрдээри, доҕор оҥоһуннун диэн бэлэх хаалларбыппыт диэбиттэрэ. Хайыай, тыыннаах дууһаны таһырдьа быраҕыа дуо, бэлэххитин төттөрү ылыҥ диэ дуу. Холодильнигын арыйан, чычаас бүлүүһэҕэ үүт сылытан кутан биэрбитэ. Куоскатын оҕото барахсан кини диэки махтаммыттыы көрө-көрө, аны былдьаан ылыа диэбиттин, бүлүүһэтин ып-ыраас гына салаан-илээн кэбиспитэ.

Бу күнтэн ыла Тамара доҕордоммут курдук сананан, дьиэтигэр ыксаан-бохсоон кэлэр буолбута. Үлэһиттэрэ кыыспыт киһилэммит быһыылаах дуу диэн күлүктэригэр имнэнэллэрэ. Тамара ону бүтэйдии сэрэйдэр да, куоскалааҕын туһунан кимиэхэ да тыл быктарбатаҕа. Кырачаан доҕорун тоҕо эрэ “Мышонок” диэн ааттаабыта. Онтуттан бэйэтэ да сонньуйар этэ. Мышонок буола-буола. Куоската, кырдьык, кутуйах курдук сиэрэйдиҥи өҥнөөҕө, ол эрэн атахтара чулку курдук маҥаннара. Кинилэр улам-улам доҕордоһон, бэйэ-бэйэлэрин суохтаһар да буолбуттара. Тамараҕа ыалдьыттар кэллэхтэринэ, Мышонога өссө күнүүлүүр идэлэммитэ. Ким эмит хоно кэллэҕинэ, Тамаратын кытары сытыарбат да этэ. Үнтү ньааҕынаан, дьыбааны тарбаан, хайаан да хаһаайкатын хоонньугар киирэн тэйэрэ.

Тамара Мышоногынаан сүрдээх иллээхтик олорбуттара. Куоската улааппыта, уойбута, аһыы-аһыы утуйан тахсар идэлэммитэ. Хаһаайката сороҕор кићи курдук кэпсэтэрэ, мөҕөн да күүдэпчилэнэрэ, ол аайы Мышонога кумаардаан да көрбөт этэ. “Миигин мөҕөн тугу булан ылаары, атын эбитэ буоллар, дьиҥнээх эр киһини мөҕө, төрөппүт оҕолоргун бүөбэйдии сылдьыаҥ этэ буоллаҕа” диэбиттии, симириттибит харахтарынан хаһаайкатын диэки сүрэҕэлдьээбиттин көрөн ылара. Тамара абардар да, хайыай...

Биир күн Тамара үлэтигэр тардыллан, өссө уулуссаҕа дьүөгэлэрин көрсөн, чааһы быһа кэпсэтэн-ипсэтэн, аара маҕаһыыҥҥа куоскатыгар, бэйэтигэр аһын-үөлүн ылан баран дьиэтин диэки харбыаласпыта. Санаатыгар наһаа хойутаабыта, хайдах эрэ мөҕүллэрим буолуо диэн куттаммыттыы аанын боруогун атыллаабыта, куоската кинини тоҕо эрэ ньааҕыныы көрсүбэтэҕэ. Үксүн кэлээтин кытары үөрүүтүттэн соппуоскатын да уһултарар бокуой биэрбэккэ, атаҕар иилистэ түһээччи этэ. Тамара дьиктиргээн Мышоногын ыҥырбыта да, уу-чуумпу бүрүүкээн турбута. Дьиэтин бүтүннүү сүргэйбитэ, балкона эмиэ да хатааһыннаахха дылыта. Дэлби санаата түспүтэ, эмиэ да муодарҕаабыта, ону-маны барытын толкуйдуу олорбута. Эмискэ өйдөөбүтэ, барарыгар атаҕар иилистэ сылдьан таһырдьа тахсан хааллаҕа. Хайыай, сүр түргэнник таһырда тахсан куоскатын араастаан ыҥыра сатаабыта. Дьон кэннилэрин хайыһа-хайыһа көрөллөрө. Уулуссаҕа оонньуу сылдьар оҕолортон ыйыталаһан көрбүтэ да, ким да кини куоскатын көрбөтөх аатырбыта.

Куоскатын суохтаан Тамара тугун эрэ сүтэрбит киһи курдук сылдьыбыта. Үлэһиттэрэ “Киһитэ эмиэ быраҕан бардаҕа” диэн ботур-итир кэпсэтэллэрин сүрэҕинэн сэрэйэрэ. Кырдьык, Тамара хас да киһиэхэ табыллыбатаҕа. Кини материальнай балаһыанньатын көрөр курдуктара. Истиҥ сыһыан, таптал, өйдөһүү диэн суоҕун тэҥэ этэ. Ол иһин, аҕыйах кэмҥэ билсээт, атахха биллэрэллэрэ. Өссө биир киһитэ холдьоҕуллан барарыгар: “Өссө эн тапталы көрдөөбүт буола-буолаҕын. Эйигин билигин ким ойох ылыай, кырдьа барбыт кыҥкый дьахтары?” - диэн сирэйгэ биэрбиттээҕэр кыһыылаах тыллары этэн, аанын хайа быраҕан тахсыбыта. “Ама 40-лаах дьахтар кырдьаҕас аатырдахпыный? Олох олорон бүтэбин дуо оччоҕо, кимим кэлэн миигин уоскутуой, ким санныгар өйөнөн хараҕым уутун тоҕон ис санаабын кэпсиэм буоллаҕа?” - диэн Тамара ол киһитэ барбытыгар уйа-хайа суох ытаабыта.

Арыый сэргэхсийэ түһээри, таһырдьа салгын сии тахсыбыта. Куорат уулуссатын устун дьоллоох пааралар илиилэриттэн сиэттиһэн хаамсаллара, сорохтор ыскамыайкаҕа уураhа олороллоро. Маны барытын тулуйан көрбөккө, Тамара мээнэ иннин хоту хаампыта. Сиккиэр тыал баттаҕын үрэйэн, сирэйин имэрийэргэ дылыта. Сибиэһэй салгыны түөһүн муҥунан толору иҥсэлээхтик ыйырбахтаабыта уонна куорат биир болуоссатыгар тулаайахсыйан турар ыскамыайкаҕа аргыый аҕай олордо. Арай пиибэ бытыылка тутуурдаах эр киһи көҥүллэтэн баран аттыгар олорунан кэбиспитэ. “Бу ыскамыайкаҕа пропискаламматаҕым, мин бас билиим буолбатах, олордоҕуҥ дии”, - диэн Тамара хатыылаах баҕайытык хардарбыта. Онуоха киһитэ кинини бэрт уһуннук одууласпыта уонна: “Бэйэм курдук олоххор табыллыбатах киһи сылдьаҕын быһыылаах, туохтан эрэ улаханнык санаарҕаабыт көрүҥнээххин, билсэн кэбиһиэх, Дьууруй диэммин”, - диэн кэтит баппаҕайын кыыс кыракый ытыһыгар туттаран кэбиспитэ. Тамара санаатыгар эмиэ быдьар тыллары күүппүт буолан, хайдах эрэ сымнаан хаалбыта, бу куолаһы уруккуттан билэрин курдук санаабыта уонна аргыыйдык “Тамарабын” диэт, ытыһын түргэн баҕайытык төттөрү ылбыта.

Бу кэмтэн ыла биир сыл ааспыта. Дьууруй ыраах экспедицияларга сылдьар геолог идэлээх эбит. Онон сылы-сыллаан, ыйы-ыйдаан тайҕаҕа баран хааларын иһин, кэргэнэ тулуйан кэтэспэккэ атын эри булбут. Билигин Дьууруй эмиэ экспедицияҕа сылдьар, хам-түм Тамараҕа сурук суруйар. “Иккиэн бэйэ-бэйэбитин бэрэбиэркэлэһэн, тапсыах курдук буоллахпытына, бииргэ олоруохха”, - диэн ис хоһоонноох суругу ааспыкка тутан, Тамара толкуйга түспүтэ. Саатар кэпсэтэр, сүбэлэһэр Мышонога көстүбэтэ, онон соҕотохсуйбут санаатыгар Дьууруйу наһаа да ахтыбыт, суохтаабыт эбит. Суругун бүтэһигэр: “Мин эйигин наһаа суохтуубун, көрсөр кэммитин күүтэбин, ахтабын, саныыбын, Дьууруй”,- диэн тыллары Тамара хаста да аахта. Төһө да элбэх эр дьонтон кэлэйдэр, бу сырыыга Дьууруйга олус итэҕэйдэ, сурук хас биирдии тылын хос-хос сыныйан аахта. “Өссө да үс ый. Кэтэстэххэ наһаа да уhун буолсу, чэ оннооҕор буолуох үйэм тухары дьолбун күүппүтүм дии, бу сырыыга баҕас хас да сыл кэтэһэргэ бэлэммин”,- диэн санаанан салайтаран, Тамара ыраас лииһи ылан Дьууруйугар эппиэттииргэ сорунна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....