19.10.2020 | 15:06

ЭР КИҺИ АҔЫС КЫРЫЫЛААҔА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Спорт үс көрүҥүн маастара Петр Петрович Баттахов 68 сааһыгар сылдьар. Кини саха эр киһитэ айылҕаттан бэриллибит сүдү кыахтааҕын бэйэтин холобурунан туоһулуур. Олоҕун эдэр саастарын таһаарыылаах үлэҕэ, үөрэххэ анаабыт киһи, сааһыран баран баҕа санаатын толорон, спордунан утумнаахтык дьарыктанан, билигин аан дойду таһымнаах күрэхтэһиилэргэ өрөспүүбүлүкэбит аатын көмүскүүр ааттаах-суоллаах спорстмен.

– Мин Ньурба оройуонун Бэстээх нэһилиэгэр, билиҥҥитинэн Чаппандаҕа, 1952 сыллаахха төрөөбүтүм. Чаппанда 8 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран Үөһээ Бүлүүгэ, кэлин Сэбиэскэй сойуус норуодунай учуутала, элбэх уордьаннар кавалердара буолбут, аатырбыт учуутал Михаил Андреевич Алексеев физмат кылааһыгар сүүмэрдэнэн үөрэххэ киирбитим. 1969 сыллаахха физмат кылааспын М.А.Алексеев иккис выпуһунан бүтэрбитим. Салгыы Новосибирскай судаарыстыбаннай университетыгар физическэй факультекка киирбитим. СГУ-га көһөн кэлэн, физмат факультетын физика салаатын бүтэрбитим. Онтон Үөһээ Бүлүүгэ Тамалакаан 8 кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабытым.

Тамалакааҥҥа олоҕум аналын  көрсөн ыал буолбуппут. Түөрт оҕоломмуппут – икки кыыс, икки уол. Оҕолорбут ыал буоланнар номнуо 5 сиэннэннибит.

Кэргэним култуура үөрэхтээх, өр кэмҥэ Үөһээ Бүлүү кулуубугар дириэктэринэн, худругунан, оскуолаҕа үлэлээбитэ. Кыргыттарым уонна кыра уолум Москваҕа олохсуйдулар, үлэлииллэр, үөрэнэллэр.

– Петр Петрович, биһиги эйигин спортсмен диэбиппит, физик эбиккин. Спортка хайдах кэлбиккиний?

– 1976 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ ананан тиийэн баран, улууска араас салааҕа үлэлээбитим – оскуолаҕа  учууталлаабытым, дириэктэрдээбитим, нэһилиэк сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн, сельпо бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Онтон 1993-98 сылга дойдубар Ньурба киэһээҥҥи оскуолатыгар саабыһынан, дириэктэринэн үлэлээн баран, оҕолору үөрэттэрээри, Дьокуускайга көһөн кэлбиппит.

Мин кыра эрдэхпиттэн спортка ананан төрөөбүт курдук сананабын. Оскуолаҕа киирэхпиттэн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар этим. Бастатан туран, туочунай наукалары сөбүлүүр этим, ону кытта физкультура уруогун наһаа таптыырым. Оҕо эрдэхпиттэн Сэбиэскэй сойуус олимпиецтарын туһунан “Физкультура и спорт” сурунаалы, “Советский спорт” хаһыаты ааҕан улааппытым. Аатырбыт спортсменнар биографияларын эндэппэккэ билэрим. Ону кытта тэҥҥэ, айылҕабынан спорт өттүгэр тардыһар этим.

Математикаҕа дьоҕурдаахпын билэннэр, сүүмэрдээһиҥҥэ талыллан, үөрэххэ умса түһэр кэмнэрбэр, спортан тэйэ быһыытыйбытым. Учууталларбыт математиканан, физиканан күүскэ дьарыктанар кэммитигэр спортивнай куруһуокка да сылдьарбытын сөбүлээбэт буолаллара.  Инньэ гынан олоҕум атын хайысханан баран хаалан, саамай эрчимнээх күөгэйэр күннэрбэр спордунан дьарыктаммакка хаалбыт эбиппин. Үөрэнэ да сылдьан спорт эйгэтигэр факультетым чиэһин көмүскүүр, тутуу этэрээтигэр сылдьан ыһыахтарга күрэхтэһиилэргэ кыттар этим.

Үөһээ Бүлүүгэ былыр-былыргыттан сылга иккитэ спорт национальнай көрүҥнэригэр нэһилиэктэргэ спартакиада ыыталлар. Нэһилиэк аатыттан кыттар этим. Үөһээ Бүлүүгэ олорон 1978 сыллаахха Саха сирин норуоттарын спартакиадаларыгар атах оонньууларыгар, 1979 сыллаахха Манчаары оонньууларыгар кыттыбытым.

МАС ТАРДЫҺЫЫТЫГАР, ХАПСАҔАЙГА, ПАУЭРЛИФТИҤҤА СПОРТ МААСТАРА

– 40-мар чугаһаан эрдэхпинэ мас тардыһыытыгар саҥа быраабыла киирбитэ. 1992 сылтан саҕалаан дьарыктанан барбытым. Оччолорго мас тардыһыытыгар интэриэс күөдьүйбүтэ. Уопсайынан, омук өйө-санаата уһуктар кэмэ спортка эмиэ биллибитэ. 1995 с. Ньурба улууһуттан мас тардыһыытыгар бастакы спорт маастара буолбутум.

Хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ турнирдара хото ыытыллар буолбуттара, эмиэ 1995 с. хапсаҕайга маастар нуорматын толорбутум. Онон бэлиэ сыл буолбута.

Сааһым баран истэҕэ дии. 50 сааспын туолар сылбар, 2002 сыллаахха, мас тардыһыытыгар бэтэрээннэргэ өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн үрдүк аатын ситиспитим. 2008 с. мас тардыһыыта өссө сайдан, Арассыыйа таһымыгар тахсыбыта. 2009 с. биһиги национальнай көрүҥмүт “Мас-рестлинг” диэн ааты ылбыта. Бу сыл Калуга куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэһии буолбута, онно абсолютнай чөмпүйүөн буолбутум.

40-тан үөһэ саастаахтарга 50-мун лаппа ааспыт киһи, мас тардыһыытыгар киирсэрим ыарахаттардаах буолан барбыта. Хата, мин дьолбор,  2016 сыллаахха Курскай куоракка пауэрлифтинг аан дойдутааҕы чемпионата ыытыллыбыта, онно улахан анал дьарыга суох, ыараханы көтөҕүүгэ бу иннинэ кыттан маастар нуорматын толорбут Н.Э. Константинов сүбэтинэн, баран кыттан, аан дойду чөмпүйүөнэ буолбутум. 200 киилэни 64 саастаахпар көтөхпүтүм. Пауэрлифтинг диэн көрүҥҥэ, доруобуйалара уйар буоллаҕына, 13 сааһыттан саҕалаан 85-тэригэр диэри дьарыктаналларын илэ харахпынан көрөн сөҕөн кэлбитим. Онон бу көрүҥүнэн дьарыктаныыһыбын диэн саҕалаабытым.

ААН ДОЙДУ ТАҺЫМЫГАР

– Онтон ыла сыл аайы көтүппэккэ, кырата 1-2 аан дойду чемпионатыгар ситиһиилээхтик кытта сылдьабын. Билиҥҥи туругунан, 2016 сылтан саҕалаан аан дойдуга 5  төгүллээх чемпион буоллум.

Ааспыт сылга Финляндияҕа баран кэлбитим. Становай тягаҕа (тобукка дылы тардыыга) уонна троеборьеҕа 65-69 саастаахтарга чөмпүйүөннээбитим, троеборьеҕа рекорд олохтообутум.

Бу соторутааҕыта, балаҕан ыйын 19-20 күннэригэр, Москва куоракка табаарыһым И.И.Копыринныын иккиэ буолан  күрэхтэһэн кэллибит. Мин икки күрэхтэһиигэ кытынным –  былырыын буолуохтаах “Европа чемпионнарын кубоктара” диэн  күрэхтэһии көһөн быйыл ыытылынна – манна троеборьеҕа кыттан, Финляндияҕа туруорбут рекордпун 5 киилэнэн аһаран, чөмпүйүөн үрдүк аатын ыллым; Москваҕа бэйэтигэр ыытыллар, маастар нуормалаахтарга “Продвижение” диэн күрэххэ кыттаммыт, И.И. Копыринныын иккиэн чөмпүйүөннээтибит. Становай тягаҕа федерация маастарын нуорматын толорон кэллибит.

Балаҕын ыйын 26-27 күннэригэр Владивостокка Азия аһаҕас чемпионата ыытылларын истэммит, онно эмиэ кыттан кэллибит. И.И. Копырин 82,5 киилэҕэ чөмпүйүөннээттэ, мин икки көрүҥҥэ (жим, становай тяга) чөмпүйүөннээтим. Бэтэрээннэр ортолоругар Азия абсолютнай чөмпүйүөнэ буоллум.

ГЕНЕТИКА ЭЛБЭҔИ БЫҺААРАР

–  Доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?

–  Бачча сааспар диэри үрдүк таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэнэрим утумнаах дьарыктан тахсар. Ол аата доруобуйабын, аһыыр аспын,  күннээҕи эрэсииммин көрүннэхпинэ эрэ сатанар.

Мин дьиэ кэргэммэр аска-үөлгэ полуфабрикаттары, кэлии аһылыгынан үлүһүйүү олох суох. Барыта олохтоох аһынан – этинэн, үүтүнэн аһылыктанабыт.

Спортсмен буоларым быһыытынан ааҕан-суоттаан аһыыбын-сиибин, аһара симинэн аһааһын диэн суох. Саамай кылаабынайа, күннээҕи эрэсиими тутуһуу наада. Утуйар ууну ханан турар үчүгэй. Биир кэмҥэ утуйар, биир кэмҥэ турар ордук.

Сүрүн өйөбүлүм – олоҕум усталаах туоратыгар хайа да түгэҥҥэ сарсыардааҥҥы сэрээккэни оҥорор идэм.

 Айылҕаттан бэриллибити, өбүгэлэрбиттэн кэлбит кыах баарын таайабын. Генетика элбэҕи быһаарар дии саныыбын.

Өссө биир төһүү күүс – куһаҕан дьаллыктартан аккаастаныы. Табаҕы, арыгыны олох туоратыахха наада. Кистэл буолбатах, мин эдэрбиттэн, 30-чалаахпыттан табахтыыр буолбутум, арыгыны да амсайар этим. Сааһыран баран, 40-муттан, спортка сыстан, куһаҕан дьаллыктартан толору аккаастаммытым.

–  Аҕам сааска диэри тэтиэнэхтик сылдьыы, актыыбынай буолуу, уһун үйэлэнии кистэлэҥэ туохханый?

–  Бастатан туран, биһиги бары таҥара илиитигэр сылдьабыт. Ким дьылҕата хайдах суруллубутунан олоробут – онно итэҕэйэбин. Этэҥҥэ сылдьарбар өбүгэлэрбэр махтанабын. Аҕам өттүнэн эһэм 120 сааһыгар тиийбитэ. Аҕам эдьиийдэрэ иккиэн 100 саастарын ааһан баран бардылар. Аҕам, сэрии бэтэрээнэ буолан, эрдэ барбыта, онтон атын 100-гэр холкутук тиийиэ эбит.

Сорохтор бачча сааһыран баран хайдах ыараханы көтөҕөҕүн дииллэр.  Мин үөрэх, үлэ өттүнэн баран хаалан, спордунан толору дьарыктаммакка, айылҕа биэрбит кыаҕын саппаас курдук илдьэ сылдьыбыппын, тэбээн кэбиспэтэхпин. Ол кыахпын билигин туһана сылдьабын диибин. М.В.Ломоносов күүс диэни материя сүппэт сокуона диэбитин курдук.

Күрэхтэһиилэргэ сылдьарым ааты-суолу эккирэтии, аатырыы туһугар буолабатах. Мин эдэр ыччакка холобур буолуохпун баҕарабын, эдэр-сэнэх, кыахтаах эрдэххитинэ спордунан дьарыктаныҥ диибин. Уонна ханнык баҕарар аан дойду күрэхтэһиитигэр тиийдэхпинэ саха диэн омук баарын биллэрэрбин,  омугум аатын көмүскүүрбүн – олоҕум биир сүрүн соруга буолла диибин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...