26.09.2020 | 18:36

Элимиэн эридьиэстэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Пандемия кэмигэр арахсыы элбээбитин туһунан бастаан кытайдар аһаҕастык кэпсээбиттэрэ. Дьаҥ тарҕанан, урут наар үлэни өрө тутан бииргэ көрсөллөрө ахсааннаах дьон, эмискэ кыра дьиэ иһигэр хаайыллан олорон, бэйэ-бэйэлэрин кытта сатаспаттарын өйдөөбүттэр. Харантыын бүтэригэр саахсаларга арахсыан баҕалаахтар уочараттара субуруспуттар.

Оҕоҕо төлөнөр элимиэн

Арассыыйа бу сааскыттан саҕаламмыт бэйэ изоляциятын статистикатын ким да таһаара илик. Ол эрэн кэргэнниилэр арахсыылара урут да, билигин да баар суол.

Ыал арахсарыгар үксүн эр киһи тахсан барар, ийэ оҕолорун кытта бэйэтэ хаалар. Тоҕо эрэ, атырдьах маһыныы арахсыбыт дьон сокуонунан арахсарга ыксаабаттар. Аҕа оҕолоругар көмөлөспөт, ийэ оҕолоругар элимиэн төлөтөөрү, сокуонунан арахсарга ыксыыр.

 Ол эрэн сокуон этэринэн, сокуонунан арахсыбакка да сылдьан төрөппүттэн оҕотугар элимиэн аахсан ылыахха сөп. Арахсыы уонна элимиэн диэн тус-туһунан сылдьар өйдөбүллэр. Онон төрөппүт оҕотун ииппэт буолла да, элиэмиэн төлөттөрүөххэ сөп.

Ол туһугар бастаан ийэ мировой судьуйаҕа "заявление о выдаче судебного приказа о взыскании алиментов" диэн сайабылыанньа суруйар. Ол сайабылыанньаҕа кэргэнин кытта хаһааҥҥыттан бииргэ олорботун, оҕотун аҕата көмөлөспөтүн, сокуонунан арахса иликтэрин сиһилии быһааран суруйар.  Маны таһынан түмүгэр хайаан да “Прошу мне выдать приказ о взыскании алиментов” диэн көрдөһүүтүн киллэрэр.

Элимиэн дьыалаларын мировой судьуйа көрөр. Олоххо маннык дьыалалары үксүн  түргэнник көрөллөр. Олорор аадырыскытынан көрөн судьуйа ананар.

Билигин бэйэ изоляциятын кэмигэр сайабылыанньаны интэриниэтинэн онлайн, суругунан почтанан эбэтэр суукка турар дьааһыкка уган биэриэххэ сөп. Госпошлина төлөммөт. Суут дьыаланы көрөн “судебнай приказ” диэни таһаарар. Бу докумуону суут приставтарыгар эбэтэр элимиэн ирдэнэр төрөппүт үлэтигэр илдьиллиэхтээх. 

Элимиэн ситиһии өссө биир суола – нотариуска баран сөбүлэҥ түһэрсии. Төрөппүттэр эйэ-дэмнээхтик баран сөбүлэҥ түһэристэхтэринэ суут наадата суох буолар.

Дьиэҕэ элимиэн

Быйылгыттан “Дьиэҕэ элимиэн” диэн өйдөбүлү киллэрэр 10-ФЗ нүөмэрдээх саҥа сокуон олунньуттан үлэлээтэ. Ол аата, дьиэтэ суох, бэйэтин хааччынар кыаҕа суох дьоҥҥо (оҕолорго) олорор дьиэ ороскуотугар эбии элимиэни төлөтүөххэ сөп буолла.

Бу сокуон Дьиэ кэргэн кодексын 86-с ыстатыйатын 1-кы чааһыгар уларытыылары киллэрдэ. Оҕо бастайааннай олорор ­дьиэтэ-уота суох буоллаҕына, итини ураты балаһыанньанан ааҕан, дьиэ ороскуотугар эбии үбү-харчыны көрдүүргэ быраабы биэрэр. Бу иннинэ олорор дьиэҕэ ороскуот төлөнөр элимиэн сууматыгар киирэ сылдьар диэн этэ. Билигин дьиэ ороскуотугар эбии харчыны көрдүөхтэрин сөп. Холобур, арахсыбыт дьахтар дьиэ куортамнаһан эбэтэр ипотеканы төлөөн олорор буоллаҕына, оҕо үчүгэй усулуобуйаҕа олоруохтааҕын быһыытынан,  аҕаларыттан эбии элимиэни көрдүүллэр.

Бастайааннай олорор дьиэтэ суох буоларгын хайдах дакаастыахха сөбүй?

  • Куортамнаан олорор ­буоллаххытына — куортам дуогабара, төлөөбүккүт туһунан араспыыскалар, бас билэр дьиэтэ суоҕуҥ туһунан ЕГРН ыспыраапката, поликлиникаттан ыспыраапка, сибидиэтэл көрдөрүүтэ, о.д.а.
  • Ипотеканы төлүүр ­буоллахха – баан ыспыраапкалара, ипотека дуогабара, төлөбүр квитанциялара, Ийэ хапытаалын туһаныы туһунан ыспы­раапка, ЕГРН ыспыраапката, о.д.а.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...