01.08.2020 | 13:08 | Просмотров: 459

Элбэх оҕолоохтор сирдэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Баайга-дуолга уонна  сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн,  элбэх оҕолоох ыаллар куорат уокуругун эбэтэр муниципальнай тэриллии территориятыгар 5 сылтан итэҕэһэ суох  олорор  буоллахтарына сир учаастага бэриллиэхтээх.

Бу барыта СӨ Сир кодексатыгар сурулла сылдьар. Дьокуускай куорат Сир сыһыаннаһыыларыгар агентствотыгар кэпсээбиттэринэн,  элбэх оҕолоох ыаллар  биэс сылтан итэҕэһэ суох  Дьокуускай куоракка олороллорун мэктиэлиир докумуоннаах  буоллахтарына эрэ, сир учаастагынан хааччыллаллар. Онуоха  Үлэ киниискэтин куоппуйата (үлэни биэрээччи бигэргэтиэхтээх), оҕолоох дьон оҕолоро үөрэнэр сирдэриттэн ыспараапка,  биитэр хамсаабат баай-дуол  быраабын биир кэлим судаарыстыбаннай реестриттэн выписка туоһу буолуохтаахтар. Бу  докумуоннар суох буоллахтарына, 5 сылтан итэҕэһэ суох  Дьокуускай куоракка олорбутун туһунан информацияны суут нөҥүө бигэргэтиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.