14.09.2023 | 10:00

Екатерина Никитина: «Олоҕум тухары — инники күөҥҥэ»

Екатерина Никитина: «Олоҕум тухары — инники күөҥҥэ»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Быйыл Саха сирин дьахталларыттан геометрияҕа аан бастакы физико-математическай наука кандидата, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Математикаҕа уонна информатикаҕа институтун алгебраҕа уонна геометрияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, политическай уонна уопсастыбаннай деятель, Ил Түмэн үһүс ыҥырыылаах мунньаҕын вице-спикерэ Екатерина Семеновна Никитина 75 сааһын туолла. Куорат күнүн иннинэ киниэхэ «Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо» үрдүк аат иҥэрилиннэ. Екатерина Семеновна – биһиги бүгүҥҥү нүөмэрбит ыалдьыта.

Үлэһит дьонтон – үлэһит оҕолор

— Екатерина Семеновна, өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн уонна «Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо» аат иҥэриллибитинэн эҕэрдэлээн туран, кэпсэтиибитин үгэс быһыытынан төрүттэргиттэн, оҕо сааскыттан саҕалыахха. Ааҕааччыларбыт маннык ситиһиилээх, эргиччи дьоҕурдаах, дэгиттэр киһи, төрдүҥ-ууһуҥ туһунан билиэхтэрин баҕараллара чуолкай.

Мин Амма оройуонун Алтан нэһилиэгэр Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ Семен Семенович Ноев уонна тыыл бэтэрээнэ Елена Михайловна Никитина дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтүм. Бэйэм кэминээҕи дьон курдук төрөппүттэрим холкуостаахтар, үйэлээх саастарын тухары пиэрмэҕэ үлэлээбиттэрэ. Сэттэ оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улахан оҕонон төрөөбүтүм – түөрт балтылаахпын, икки бырааттаахпын. Инньэ гынан, сэттэ эҥин сааспыттан буолуо, дьиэ үлэтигэр, хотоҥҥо туохха барытыгар көмөлөһөр этим. Балыстарбын, бырааттарбын көрөбүн-истэбин, сууйабын-тарыыбын, түөрт кыыс баттаҕын өрөбүн. Дьонум, холкуостаах буолан, туох даҕаны дохуоттара суох.  Оҕо харчытыгар арыы, килиэп, саахар ылаллар, оттон «трудодни» диэҥҥэ, ким хас күн үлэлээбитин суоттаан, кыра эт, арыы биэрэллэр. Элбэх оҕолоох ыалга аспыт-үөлбүт түргэнник бүтэн хаалар. Хата, миигин интэринээккэ киллэрэннэр улаханнык абыраабыттара. Ол саҕанааҕы олох уустук этэ, онон барыта бэйэҥ баҕаҥ хоту буолбат. Өскөтүн оччолорго миигин интэринээккэ ылбатахтара буоллар, аҕыс кылааһы бүтэрэн баран уурайан үлэлии барыахтааҕым. Онус кылааһы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбит киһини Хомсомуол райкома комсомольскай оскуолаҕа, оттон Баартыйа райкома тыа хаһаайыстыбатын экэнэмииһин үөрэҕэр Белоруссияҕа ыытабыт дииллэр. Хата, мин дьолбор, Саха судаарыстыбаннай университета математика салаатыгар үөрэнэ кэл диэн ыҥырыы суругу ыыппыта. Инньэ гынан онно тиийэн, киирэн хааллым. Баҕарбытым да буоллар, соҕуруу үөрэнэ барар кыаҕым суох этэ. Тоҕо диэтэххэ дьоммор Дьокуускайга эрэ олордохпуна көмөлөһөр кыахтааҕым.

Учуонайдар лигалара

Оҕо сылдьан хайдах этигиний? Оччоттон математик буолар баҕа санаа баара дуо?

Кыра сылдьан мэник-тэник бөҕө буоллаҕым, кэлбит-барбыт сытыы оҕо этим. Элбэхтик муннукка туран, мөҕүллэн аҕай биэрбитим, үөрэхпэр үчүгэй эрэ буоламмын бырастыы гыналлар этэ (күлэр). Спорт бары көрүҥэр, ол иһигэр хайыһар, сүүрүү, волейбол, баскетбол, дуобат, саахымат күрэхтэһиилэригэр оскуолаҕа, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ кыттарым.  

Элбэх оҕолоох ыал оҕото буолаҥҥын интэринээккэ олорон үөрэммиккин, биллэн турар, дьиэ усулуобуйатыттан атын буоллаҕа. Күүстээх санаалаах, үлэһит уонна дьаныардаах буолаҥҥын оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрдэҕиҥ дии. Төрөппүттэргиттэн кими батан математика курдук уустук предмеккэ уһулуччу дьоҕурдааххыный? Эбэтэр оскуолаҕа күүстээх педагогтарга үөрэнэн дуу?

Төрөппүттэрим үөрэммэтэх буоланнар, туохха дьоҕурдаахтарын билбит суох буоллаҕа дии. Оттон учууталларым туһунан этэр буоллахха, Алтан аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үчүгэй математик Петр Петрович Александров үөрэппитэ. Онтон Аммаҕа киирбиппэр Иннокентий Дмитриевич Алексеев диэн эмиэ наһаа күүстээх математик уһуйбута. Биирдэ икки ыйдаах үрдэтии үөрэҕэр барарыгар кини  бэйэтин оннугар миигин солбуйтара хаалларбыта. Инньэ гынан онус кылааска үөрэнэ сылдьан, математика учуутала буолан хааламмын, саҥа тиэмэни кэпсиибин, дуоскаҕа ыҥыран таһаартыыбын, сыана туруорабын. Оскуола салалтата даҕаны мин үөрэтэрбин утарбат этэ. Математик буолар санаа, арааһа, ити кэмҥэ чопчуламмыта буолуо дии саныыбын, үөрэтэрбин сөбүлээбитим. Дьиҥэр, оскуолаҕа предмеккэ барытыгар үчүгэйдик үөрэммитим, ол эрэн, учууталым миэхэ эрэнэн солбуйтара хаалларбыта идэбин таларбар төһүү күүс буоллаҕа.

Үс Хатыҥҥа маҥнайгы ыһыах

— Екатерина Семеновна, оскуола саҕаттан сүрдээх көхтөөх уопсастыбанньык быһыытынан биллэҕин, ол курдук Амма орто оскуолатыгар хомсомуол кэмитиэтин сэкирэтээрэ эбиккин. Инники олоххор,  уопсастыбаннай, политическай деятель буола үүнэргэр, бука, ити хатарыллыыҥ тирэх буоллаҕа? Устудьуон сылларгар уопсастыбаннай олоҕуҥ салгыы хайдах салаллыбытай?

Оннук бөҕө буоллаҕа, оскуола саҕаттан уопсастыбаннай үлэҕэ буспутум-хаппытым төһүү күүс буолбута. Бастакы куурустан бөлөхпүтүгэр комсорг, университет хомсомуолун кэмитиэтин чилиэнэ буолбутум. Үһүс кууруска Хомуньуус партиягар кандидатынан ыланнар, төрдүс кууруска номнуо партия чилиэнэ буолбутум, ити баара-суоҕа 22 сааспар. Инньэ гынан партбюро чилиэнэ буолбутум. 

Математик идэтин туһунан аҕыйах тылынан тугу этиэххин сөбүй, холобур, ыччат ити хайысханан үөрэнэ барыан баҕарарын курдук?

Математика диэн универсальнай идэ, ол курдук ити  үөрэҕи бүтэрбит киһи логическай толкуйдаах, олоҕор буола турар көстүүлэри барытын систиэмэлиир кыахтанар. Ол иһин ити икки хаачыстыбата киниэхэ саамай төһүү күүһүнэн буолар. Ханнык да үлэҕэ киирбитин, тугунан да дьарыктаммытын иһин, математик үчүгэй үлэһит буолар. Мин санаабар, математиктар – саамай ситиһиилээх дьон.

Бииргэ төрөөбүттэргиттэн математика хайысхатын талан, идэни баһылаабыттар бааллар дуу?

Суох, миигиттэн ураты ким даҕаны математик буолбатаҕа. Икки балтым – быраастар, биир балтым – учуутал, биирим тыа хаһаайыстыбатын үөрэҕин баһылаан иһэн доруобуйатын туругунан уурайбыта. Икки быраатым үөрэммэтэхтэрэ, холкуос төһүү үлэһиттэрэ. Биир быраатым отой даҕаны бастыҥ ыанньыксыт, лауреат бөҕө. Балтыларбыттан, бырааттарбыттан алта сыл аҕабын, мин кэннибиттэн кэлбит дьон арыый да атыннар. Кэм-кэрдии сайдыыта түргэн. Ол эрэн биири этиэхпин баҕарабын – үлэһит дьонтон үлэһит оҕолор төрүүллэр. Бииргэ төрөөбүттэр ханна да сирдэрбэт бары туруу үлэһиппит. Холобур, биир балтым – СӨ үтүөлээх бырааһа, иккиһим – Арассыыйа доруобуйа харыстабылын туйгуна. Учуутал балтым – СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Онон эппиэтинэстээх, үлэһит, сыаллаах-соруктаах буолуу удьуорунан бэриллэр диибин.

Учуонай, попечитель

— Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран оскуолаҕа үлэлии барыаххын баҕарбатаҕыҥ да?

Суох, үөрэхпин туйгуннук бүтэрбит киһи, тута преподаватель буолан хаалбытым. Тус былаанынан бэлэмнээн, оннооҕор научнай хайысхабын быһааран, аспирантураҕа үөрэтэ ыытыахпыт диэн буолбута. Инньэ гынан, икки сыл үлэлээн бараммын Томскайдааҕы университекка аспирантураҕа үөрэнэ киирбитим. Онтубун бүтэрэн, учуонай буолан кэлбитим. Онтон ыла университеппар күн бүгүҥҥэ диэри үлэлиибин. Билигин ХИФУ Математикаҕа уонна информатикаҕа институтун алгебраҕа уонна геометрияҕа кафедратын доценабын, уопсайа университекка 52 сыл үлэлиибин.  Ол иһигэр 36 сыл Учуонай сэбиэт чилиэнэбин, 26 сыл «Азия оҕолоро» пуонда попечителлэрин сэбиэтин салайабын. Төрөөбүт оскуолабар попечительскэй сэбиэти тэрийэммин, 22 сыл устата попечительбин, 19 сыл бэрэссэдээтэллээн бараммын эдэр уолга салайтара биэрбитим.

Дьокутаат, салайааччы: ытыран баран ыыппакка, тиһэҕэр диэри тиэрдээри

— Куорат, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-политическай олоҕун үөһүгэр хас сыллаахтан, туохтан саҕалаан киирбиккиний?

— Университекка үлэлии сылдьан аҕыс сыл проректордаабытым. Итиэннэ кафедраҕа сэбиэдиссэйдээн, барытын суумалаатахха, 32 сыл үлэлээбитим. 1995 сыллаахха Куорат мунньаҕар аан бастакы талыыга дьокутааттыы барбытым. Баай ыал оҕото буолбатах буоламмын, эрэйи-кыһалҕаны элбэхтик билбитим, онон дьоҥҥо көмөлөһүөххэ диэн санаанан салайтарарым. Дьокутаат диэн норуот бэрэстэбиитэлэ, нууччалыы эттэххэ, «слуга народа» буоллаҕа дии. Оннук миэхэ сөп түбэһэр диэммин, үлэлиир тэрилтэм салалтата сөбүлээбэтэҕин үрдүнэн, күүспүнэн барбытым.  Бастакы (15 киһилээх) уонна иккис (25 киһилээх)  ыҥырыылаах мунньахха бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Инньэ гынан ити кэм тухары куорат дьокутааттарын үлэлэрин-хамнастарын салайбытым. Итиэннэ Куорат мунньаҕар сокуон барылын оҥорон, Ил Түмэҥҥэ киллэрэр этибит. Ол курдук куорат хаһаайыстыбата, олохтоохторо хайдах олоруохтаахтарын туһунан балаһыанньаны бигэргэтэрбит.  

— Дьокутааттыыр кэмҥэр сокуон барылын оҥорууга үлэлэспит ситиһиилэриҥ?

Биһиги, куорат мунньаҕа, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын статуһун туһунан сокуон» диэни оҥорон Ил Түмэн нөҥүө аһарбыппыт. «Столичные функции» диэн куорат толорор эбээһинэстэригэр бүддьүөттэн эбии харчы көрүллэр. Ону өрөспүүбүлүкэ салалтата, ол саҕанааҕы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев сөбүлээбэтэҕэ, харчы аҕыйах диэн. Ол иһин иккитэ «вето» уурбута, ол үрдүнэн Ил Түмэн дьокутааттара куоластаан аһарбыттара. Аны онтон бэрэсидьиэн биһигини өрөспүүбүлүкэ Конституционнай суутугар биэрбитэ, онно эмиэ биһигини өйөөбүттэрэ. Дьэ, ол эрэ кэнниттэн сокуоммут олоххо киирбитэ.

Аны дьокутаат буолааппын кытта, ипподромҥа баппаппыт, онон Үс Хатыҥҥа, Эллэй саҕалаабыт сиригэр баран ыһыахтыаҕыҥ диэн этии киллэрбитим. Бастакы ыһыахха оччотооҕу куорат баһылыга Илья Филиппович Михальчук уонна мин ыҥыыр атынан киирбиппит. Маҥнай утаа өрөспүүбүлүкэ салалтата соччо өйдөөбөтөҕө, өйөөбөтөҕө. Ып-ыраас хонууга оҥорон-оҥорон ырааппыппыт кэннэ, ыһыахтыы сырыттахпытына Михаил Ефимович бөртөлүөтүнэн кэлэн түстэ. Ити кэнниттэн СӨ салалтата аны Үс Хатыҥҥа куорат ыһыаҕа буолбакка, өрөспүүбүлүкэ ыһыаҕа оҥорон таһаарда.

Барытын тиһэҕэр тириэрдэрбин сөбүлүүбүн. Куорат статуһун туһунан сокуон буоллун, 122 №-дээх Арассыыйа супер-сокуона буоллун. Ил Түмэҥҥэ дьокутааттыы сырыттахпына, супер-сокуон тахсан, туох баар социальнай чэпчэтиилэрбитин быспыттара. Ону ытыран баран ыыппакка киирсэн, барыта оннунан хаалбыта. Өссө эбиитин Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэҕэ бэтэрээнэ диэн саҥа ааты киллэрэн турабын, көҕүлээһин оҥороммун. Ил Түмэҥҥэ социальнай хайысханы эрэ буолбакка, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин эмиэ көрбүтүм. Тыа сирин социальнай-экономическай сайдыыта диэн 2007-2011 сылларга ааттаах үчүгэй бырагырааманы оҥорон, бигэргэтэн, сокуонунан ылыммыппыт кэннэ, биһиги үлэлээн бүтээппитин кытта бырабыыталыстыба тохтоппута.

Аны өрөспүүбүлүкэҕэ суверенитет биллэрэн баран, 14 сылы быһа гимнэ суох олорбуппут. Дьокутаатынан талыллыбыппар Вячеслав Анатольевич миигин 5-с хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн анаабыта. Биир сылы быһа композитордары, суруйааччылары, култуура, искусство үлэһиттэрин, дьокутааттары түмэн, сүбэлэһэн, үс ааҕыыны аһардан, бигэргэтэн, 2004 сыллаахтан сарсыарда аайы истэр гимҥит – эмиэ мин үлэм.

Хайыһарга 55 сыл «сулууспалаатым»...

Эйигин спортсмен, өрөспүүбүлүкэ Хайыһарга федерациятын салайааччытын быһыытынан билэбит. Билигин «Чысхаан» любительскэй хайыһар кулуубун бэрэссэдээтэлэҕин. Туох ситиһиилэрдээххитий? Хайыһар спордунан үлүһүйүүҥ хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?

Бэйэм хайыһарынан дьарыктаныым, спорт ити көрүҥэр тапталым оскуолаттан саҕаламмыта. Математик буоларым быһыытынан, уопсай суумалаан эттэхпинэ, хайыһар спордугар 55 сыл сүүрдүм, күрэхтэстим буолбатах, «сулууспалаатым».  Уон сыл Хайыһар федерациятыгар бэрэссэдээтэллээбитим,  уон сыл Арассыыйа Хайыһарга федерациятын президиумун чилиэнэбин, 25 сыл исполком чилиэнэбин уонна Арассыыйатааҕы  Хайыһар любительскэй сойууһун вице-бэрэсидьиэнэбин уонна уон сыл «Чысхаан» любительскэй хайыһар кулуубун бэрэссэдээтэлэбин. Тоҕо «сулууспалаатым» диирбин быһаардахха, мин хайыһардыыбын эрэ буолбатах, дьаһайабын, салайабын, хамсатабын. Кулууппутугар 18-тарыттан 90 саастарыгар диэри ким баҕалаах дьарыктанар. Регионнар хомуур хамаандаларыгар, профессионаллар буолбатах буолан, киирсибэппит. Уопсайа 74 киһи баар, ити чилиэн киниискэлээх, усунуос төлүүр дьон ахсаана. Ол эрэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи любителлэр күрэхтэрэ буоллаҕына, сүүстэн тахса киһи кыттар. Сорох дьон сайабылыанньа биэрэн, сойууска киирэн усунуос төлүү иликтэр, бэйэлэрэ туһунан дьарыктаналлар.

Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2030 сылга диэри туруорбут нэһилиэнньэ 70%-на спордунан дьарыктаныахтаах диэн сыалын-соругун олоххо киллэрэргэ үлэлэһэ сылдьабыт. «Чысхаан» кулууп чилиэннэрэ уон сыл иһигэр Арассыыйаҕа бастыыр иһин регионнар күрэхтэһиилэригэр алтата-сэттэтэ кытынныбыт уонна иккитэ Бүтүн Арассыыйатааҕы любителлэр кыһыҥҥы оонньууларыгар сырыттыбыт, итиннэ быйыл иккис төгүлүн кыттан кэллибит.  Итиэннэ 2015 сыллаахха любителлэр ортолоругар аан дойдутааҕы чемпионакка Сыктывкар куоракка тиийэн күрэхтэспиппит. Ол тухары 10-с миэстэттэн аллара түһэ иликпит. Ити бэйэбит уонна Уһук Илиҥҥэ күрэхтэһиилэри аахпакка туран. Холобур, быйыл Арассыыйаҕа баран 7-с миэстэ буолан кэллибит.   Биэстии сыл буола-буола ситиһиилэрбитин сырдатан, таблицалаан буклет таһаарабыт. Быйыл Саҥа дьылга диэри 10 сылбытыгар аналлаах буклеппыт тахсыахтаах.

Кинилэри холобур оҥостон...

— Олоххор холобур оҥостор, дириҥник ытыктыыр дьонуҥ кимнээхтэрий? Киһиэхэ туох хаачыстыбаны ордук сыаналыыгын?

— Саамай үчүгэйэ – биир тыллаах, чиэһинэй, сиэрдээх, эппиэтинэстээх, үлэһит буолуу. Холобур оҥостор дьонум наһаа элбэх, барыларын кэпсээтэххэ, манна баппаттар. Олортон аҕыйах киһини ааттаатахха, бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев, кинини кытта үлэлээбит улахан дьоллоохпун. Кини кэллиэгэлэриттэн Климент Егорович Иванов, Вячеслав Анатольевич Штыров, Егор Афанасьевич Борисов. Айсен Сергеевич Николаевтыын үп миниистирэ эрдэҕиттэн биһиги норуот дьокутааттара этибит. Онтон бэттэх олох үчүгэйдик, чугастык билсэбит. Саамай үтүө холобуру көрдөрбүт дьон – миигин үөрэппит учууталларым, холобур, бастакы математик-учуонай Анастасия Егоровна Прохорова, математиктар декаммыт Иннокентий Герасимович Егоров, ректордарбыт Ариан Ильич Кузьмин, Василий Сергеевич Андреев, кэллиэгэм Василий Васильевич Филиппов.  Василий Васильевич туһунан этэр буоллахха, кини проректордарын ортолоругар икки бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, икки миниистир, биир куорат баһылыгын солбуйааччыта буолан тахсыбыттара. Итиннэ кини ииппит-такайбыт оруола улахан буоллаҕа дии. Өссө холобур оҥостор дьонум – Үрдүкү Сэбиэт президиумун бэрэссэдээтэлэ Евдокия Николаевна Горохова, кэллиэгэм Варвара Андреевна Петрова, Зоя Афанасьевна Корнилова уо.д.а.

Уһулуччу үчүгэй киһи суох дииллэринии, бэйэҕэр сөбүлүүр уонна сөбүлээбэт өрүттэриҥ?

— Сөбүлээбэт өрүтүм диэн – наһаа ыксаллаах-тиэтэллээх киһибин. Баар үлэни олох түргэнник оҥоро сатыыбын, атыттартан эмиэ оннугу ирдиибин. Биирдэ аппараатым биир үлэһитэ миигин саамай сөпкө кириитикэлээн турар, «работаем как перед последним боем на войне» диэн. Ону кытта мин сөбүлэһэбин. Ити, дьиҥэр, үчүгэйэ суох. Бэйэҕин уонна үлэһиттэргин, көмөлөһөөччүлэргин наһаа ноҕуруускалыыгын, сылатаҕын. Онон наһаа тиэтэллээх буолар биир өттүттэн үчүгэй, иккис өттүттэн – куһаҕан. Чэ, уонна атын куһаҕан хаачыстыбаларбын кэпсээбэппин. Оттон үчүгэй өрүтүм баһаам элбэх – туруу үлэһиппин, эппиэтинэстээхпин, дьаныардаахпын, сиэрдээхпин. Ити барыта мин туспунан дьон диирин эттим. Үбүлүөйбэр итинник хайҕаан бөҕө буоллулар, ону истэн олорон миэхэ ити барыта баара дуу диэн саныыбын. Син баар курдук, ыал улахан оҕото буоллаҕым дии (күлэр).

Тохтообокко туруорсуохха!

— Сахабыт сирэ инники сайдар кэскилин хайдах көрөҕүн уонна итиннэ ыччат оруола? Уопсайынан, преподаватель, ыччаты кытта үлэлиир, күннэтэ бииргэ алтыһар киһи быһыытынан аныгы көлүөнэни хайдах сыаналыыгын? Туох уратылаахтарый, туох күүстээх өрүттээхтэрий, туох сыыһаҕа болҕомтолорун ууруохтарын нааданый?

— Ыччат оруола хаһан баҕарар улахан, кырдьаҕас көлүөнэ баран истэхпит аайы биһигини солбуйар дьон тахсыахтаах. Бастакы бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев өтө көрөн, кини көҕүлээһининэн Нерюнгрига уонна Мииринэйгэ ХИФУ филиалларын арыйан, олохтоох ыччат промышленнаска сыһынна диэн үөрэбин, инники өттүгэр даҕаны ити салҕанан барыа буоллаҕа. Кэлиҥҥи кэмҥэ бырабыыталыстыбабыт, Ил Дархаммыт ити хайысханан элбэх үлэни ыытар. Онон ыччат оруола олус күүстээх диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол эрэн ыччаппытын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ болҕомтону ууруохпутун наада. Дьиҥэр, наһаа информированнайдар, сайдыылаахтар, ол эрэн дьаныардара тиийбэт. Кыра кыһалҕа тирээтэҕинэ толлон хаалаллар, үөрэхтэрин да, үлэлэрин да быраҕыахтарын сөп. Арыый кытаанах, тулуурдаах, дьулуурдаах гына иитиэхтээхпит. 

Үлэ-хамнас барыаҕа, харчы эрэ баара наада. Өрөспүүбүлүкэбит сайдар кэскилэ чуолкай – сирбит баайа туһаҕа күүскэ тахсыаҕа, геологическай-чинчийэр үлэ күүскэ барыаҕа. Өлүөнэ өрүһү туоруур муоста тутулуннаҕына, коммуникация оҥоһулуннаҕына, суол-иис тубустаҕына туһаҕа таһаарыы үрдээн иһиэҕэ. Сүрүн кыһалҕа – Ил Түмэммит дьокутааттара, Ил Дархаммыт күүскэ туруорсан, бэйэбит сирбит баайыттан сокуон быһыытынан бэйэбитигэр тиксэр гына оҥоруохха баар этэ. Ону дьокутаат эрдэхпинэ туруорса сатаабытым. Кэмэ кэлиэн наада, тохтообокко туруорус да туруорус буолуохха наада. Нууччалыы эттэххэ, «под лежачий камень вода не течет».  

— Екатерина Семеновна, «Киин куорат» хаһыат эрэдээксийэтин уонна ааҕааччыларын аатыттан өссө төгүл эҕэрдэлээн туран, дьолу-соргуну, уһун үйэлэниини баҕарабыт. Түмүккэ биир дойдулаахтаргар баҕа санааҥ?

— Маны ахтан ааһарга тоҕоостоох түгэн дии саныыбын. «Киин куорат» хаһыат тэриллэригэр кыттыгастаахпын, Куорат мунньаҕар үлэлии олорон, 1999 сыллаахха атырдьах ыйыгар туһааннаах докумуону бэйэм бигэргэппитим. Ити иннинэ сахалыы тыллаах суруналыыстар кэлэн куоракка сахалыы хаһыат наада диэн туруорсубуттара. Билигин эһиги хаһыаккытын киоскаттан атыылаһан ылан ааҕабын. Олус хамаҕатык барар, дьон сөбүлээн ааҕар эбит диэн үөрэбин, сороҕор оннооҕор тииспэккэ хаалабын.

Сахалыы тыллаах куорат, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар барыларыгар чэгиэн доруобуйаны, баайы-дуолу, инники эрэли баҕарабын. Бары бииргэ түмсүөҕүҥ, иллээх-эйэлээх буолуоҕуҥ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...