18.11.2021 | 13:16

Ефим СТЕПАНОВ: «Өндөрөй миэхэ эрэнэр, итэҕэйэр»

Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кинилэр доҕордоспуттара үйэ аҥаарыттан орто. Айар үлэлэрин тыылаах эрдиигэ тэҥниэххэ сөп. Олохторун суола, айаннарын аартыга ол курдук быстыспат ситимнээх.

 

 Саха АССР үтүөлээх артыыһа, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Арассыыйа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, РСФСР үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа, П. А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Ефим СТЕПАНОВ – “Киин куорат” хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта. Биһиги кэпсэтиибит Андрей Саввич Борисов үбүлүөйүгэр, кинилэр истиҥ доҕордоһууларыгар ананна.

– Ефим Николаевич, сэһэргэһиибитин Андрей Саввичтыын билсиһиигититтэн саҕалыыр буоллахпыт.

– Оннук. Биһиги билсибиппит ырааттаҕа. 53 сыл эн-мин дэһэн сырыттыбыт. Үйэ аҥаарыттан ордубут эбит. Чэ, саас-сааһынан кэпсиим.

Мин оскуоланы 1968 сыллаахха бүтэрбитим. 18 сааспар. Эбэм кырата бэрт, сатаан сылдьыа суоҕа диэн, оскуолаҕа аҕыс сааспар биэрбит. Ийэм миигин оҕолонон баран, үһүс хонугар күн сириттэн күрэммит. Онон эбээ көрбүт-истибит киһитэбин.

Ол сыл Хомсомуол үбүлүөйүнэн үгүс бэстибээл, тэрээһин буолбута. Куоракка киирэн баран, театрга кэлэн: “Үлэҕэ ылыҥ”, – диэн көрдөспүтүм, сайабылыанньа биэрбитим. Ол күһүн Афанасий Федоров (оччолорго номнуо икки оҕолоох ыал аҕата) көһөн хаалбыт, миэстэ тахсыбыт этэ. Миигин кини оннугар “практикант артыыс” диэн ааттаан ылбыттара. “Күөрэгэй” диэн испэктээккэ хамначчыт уол оруолугар оонньоон барбытым.  

Оччолорго театр Каландарашвили уулуссатыгар турара (кэлин “Чароит” дьиэтэ – Ааптар). Итинтэн опералар, балеттар, эстрадалар, драмалар тахсыбыттара. Кыараҕас эрээри, син батар этибит. Сыананы хаһан да босхолообокко, бары уочаратынан репетициялыырбыт. Икки этээскэ саала икки өттүнэн фойелар бааллара. Бииригэр балеттар сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри дьарыктаналлара. Үөһээҥҥитэ Потапов фойета этэ. Уоннааҕытыгар быстах-остох бэлэмнэнии тиһигин быспакка буолара.

Мин аҕам бииргэ төрөөбүт быраатыгар, абаҕабар, олорбутум. Дьиэбит олус ыраах этэ. 2-с, 3-с оптуобуһунан сылдьарым. Сарсыарда 10-тан эбиэккэ диэри бэлэмнэнэрбит. Киэһэ сэттэ чаастан –  испэктээк. Уһун испэктээк кэннэ оптуобуһу тоҥуохпар диэри күүтэрим. Оннук тура сатаан баран иһирдьэ иттэ киирбит кэммэр оптуобуспун куоттарбыт буоларым. Онон театрга хоммут да түгэним элбэҕэ.

Биир сыл театрга үлэлээбитим кэннэ, 1969 сыллаахха Щепкин аатынан Москватааҕы театральнай училищеҕа хомуур буолар диэн сонун тарҕаммыта. Ол саҕана театрга эдэр дьон син баар этибит. Күөрэгэйи оонньуур Ольга Григорьева (кэлин Ньурба театрыгар үлэлээбитэ, үтүөлээх артыыс буола үүммүтэ), Мэҥэ Хаҥаластан Светлана Сосина реквизиторскай сыахха үлэлиирэ. Сүүмэрдээһин буоларын истэн, испитигэр “үөммүт” хамсаабыта. Туохпутун барытын сахсынан, ааҕан, үөрэтэн киирэн барбыппыт. Ону ыһа-тоҕо кэпсээбэккэ, сэмээр бэлэмнэммиппит.

“Театрга үлэлээбит дьону “буорту буолбуттар” диэн ылбаттар үһү” диэн сурах-садьык, хоп-сип тарҕаммыта. Кыһалҕалаах кыһыл атахтаах, баҕарбатаҕыҥ да иһин истэҕин.   

Бэс ыйыгар хамсааһын саҕаламмыта, сайабылыанньаны ылан барбыттара. Мин гостуруолтан кэлбит кэмим. Оччолорго театр сылга үстэ улахан айаҥҥа барар.

От ыйыгар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан артыыс буолуон баҕалаах оҕо, ыччат бөҕө тоҕуоруспута. Ол быыһыгар төрөппүттэр, аймахтар да элбэхтэрэ.

Хамыыһыйаҕа Москваттан Владимир Константинович Смирнов кэлбитэ, мантан театр түс-бас дьоно – кылаабынай режиссер Федот Потаповтан саҕалаан улахан артыыстар, култуура министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ бааллара.

Туттарсыы үс түһүмэхтээх буолбута. Субу-субу “Куонкурус наһаа улахан үһү”, “Аҥаар кырыытыттан сыыйталаан иһэллэр үһү” диэн сураҕы истэрбит. Ол аайы салыбырыахпытыгар диэри долгуйарбыт. Аны “Үрдүк уҥуохтаах уолаттары ылаллар үһү” диэн кэпсэтэллэрин истибитим. Мин оччолортон да кырабын, билигин да улахана суохпун (күлэр).

Сайыҥҥы сүүмэрдээһиҥҥэ аҕыйах уолу ылбыттара. Барыта 25 оҕону талыахтаахтара. Уонча кыыс тута киирбитэ. Күһүн эбии хомуур оҥорор буолбуттара.

Ол иккис сүүмэрдээһин кэмигэр бааһынай эҥин уолаттар бааллара. “Сахалыы билэр буоллахтара дуу” диэн ыраахтан көрөн мунаахсыйбыппыт. Олортон биирдэстэрэ Өндөрөй эбит. Хата, бэйэбинээҕэр үчүгэйдик сахалыы саҥарара. Киирбит оҕолор Москваҕа айанныыр сүпсүлгэнигэр түспүппүт. Театрга үлэлээбит дьону – Ольга биһиккини билиэт ыларга сүүрдүбүттэрэ. Оччолорго авиакасса билиҥҥи куорат дьаһалтатын иннигэр, аһаҕас муннукка турара. Эппиэтинэстээх дьон быһыытынан сүүрбэччэ киһи билиэтин ылаары субуруҥнаспыппыт. Биһигини Москваҕа култуура министиэристибэтиттэн биир киһи илдьибитэ. Ити курдук баҕалаах үөрэхпитигэр тутуспутунан айаннаабыппыт.

 

Кытаанах тургутуу

– Бастаан утаа училищеҕа хоно сылдьыбыппыт. Паарталары, олоппостору оҥосто-оҥосто утуйарбыт. Бастакы сыл саха оҕолорун түөрт ыалынан олохтообуттара. Миша Скрябин (хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр суох), Амма Сатаҕайыттан Петр Андреев (Үүнэр көлүөнэ театрын артыыһа), Өндөрөй (Андрей Борисов) уонна мин Галина Сергеевна Кашенцева диэн сэрии огдооботугар дьиэлэммиппит. Казанскай вокзалтан Быково диэн сиргэ диэри электричканан айанныырбыт, онтон 2-3 тохтобулу оптуобуһунан эбэтэр сатыы барарбыт. Айан-сырыы бөҕөтүн сылдьыбыппыт. Лаппа кытаанах тургутууну онно ааспыппыт. Айахпытыгар улаханнык эрэйдэммэтэхпит. Харчы бырахсан аспытын-үөлбүтүн ылынарбыт. Тыа оҕолоро буолан, мэлдьи хаһаанар идэлээх этибит. Кууллаах хортуоппуйу атыылаһан, салаасканан соһон кэлэрбит. Булан-талан аҕалбыппытын Галина Сергеевнабыт астыыра. Бөтүөнүнэн уу баһарбыт. Уочаратынан дьиэ-уот сууйарбыт.

Иккис сылбытыгар куоракка киллэрбиттэрэ. Училище аллараа бадыбаалыгар, сорохтор училище биир муннугар аҕыйах хоско тарҕанан олорбуппут. Биһиги тиийэрбитигэр омуктартан казахтар, туркменнар бааллара. Бүтэриэхпит биир сыл иннинэ осетиннар кэлбиттэрэ.

Үөрэхпитин түөрт улахан испэктээктээх бүтэрбиппит. Леонид Леонов “Золотая карета” драматын, Уильям Шекспир “Сон в летнюю ночь” комедиятын, Герман Гейерманс “Гибель Надежды” драматын, Дмитрий Ленскэй “Простушка и воспитанная” диэн водевилин туруорбуппут. Уус-уран салайааччыбыт – профессор Михаил Николаевич Гладков.

 

Уопсайга ыаллыылар

1974 сыллаахха үөрэхпитин бүтэрэн кэлбиппит. Театрдар Ыһыах тэрийэн көрсүбүттэрэ. 1936 сыллаахха А. В. Луначарскай аатынан театральнай институту бүтэрбит сахалар илдьэ кэлбит былаахтарын туттарар үгэс баара. Онно биһиэхэ эстафета курдук туттарбыттара. Барыбытын икки театрга араарбыттара. Сорохтор Ньурба театрыгар үлэлии барбыттара, атыттар Саха театрыгар хаалбыппыт.

Бастакы сылбытыгар илдьэ кэлбит икки испэктээкпитин оонньообуппут. “Иитиилээх уонна судургу кыргыттар” диэн биир көстүүлээх водевильбытын балайда көрдөрбүппүт. Инньэ гынан үлэ үрдүгэр түспүппүт.

Оччолорго кылаабынай худуоһунньук Владимир Иванов, кылаабынай режиссер Федот Потапов, иккис режиссерунан Василий Фомин үлэлииллэрэ. Театр отучча артыыстааҕа. Онон икки биригээдэҕэ хайдыһан гостуруоллуу бараллара. Биир сыл биһиги үһүс биригээдэ буолан водевильбытын илдьэ, эбии нүөмэрдэри туруоран, айаҥҥа сылдьыбыппыт. Биир сайын ыйы быһа Бүлүү бөлөх улуустарыгар гостуруоллаабыппыт. Таһаҕас тиэйэр массыына үрдүгэр бириһиэни бүрүннүбүт да, айанныы турарбыт.             

Өндөрөй үлэлии сылдьан аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Онтон кэлэн баран режиссер үөрэҕэр барбыта. 

1975 сыллаахха 17-с кыбаарталга икки этээстээх мас уопсайга көһөн күккүрээбиппит. Түннүк аайы биирдии хос этэ. Уопсай дьиэ олоҕо бэрт сэргэх буолара, биир кэм ньиргийэрэ. Мин бастакы этээскэ түбэспитим. Үрдүбэр Ыстапааһалаах Өндөрөй (Степанида, Андрей Борисовтар – Ааптар) олорбуттара. Мин биир сылынан ыал буолбутум. Кэргэммин кытта биир кууруска үөрэммиппит. Бастакы сылыгар Ньурбаҕа үлэлээбитэ. Икки оҕолонон баран, кэлин икки хоһу холбоон кэҥэттибиппит.

 

40 сылы быһа биир тыыттан түспэтим

– 1982 сыл. Ол кэмҥэ Өндөрөй режиссер идэтигэр үөрэнэрэ. Кыһыҥҥы сынньалаҥар кэлэ сылдьан: «Чингиз Айтматов “Пегий пёс, бегущий краем моря” сэһэнин “Роман-газета” сурунаалтан булан ааҕаар. Онно биир оҕо оруола баар. Аны саас туруоруом», – диэбитэ. Ол саҕана оҕо оруола диэтэхтэринэ, куһаҕан буоларым. Сыл аайы пионер, өктөбүрүөнэк оруолларыгар тиксэрим, ол иһин сөбүлээбэт этим. Ол да буоллар айымньыны ылан аахпытым уонна биир тыы иһигэр хайдах оонньоторо буолла диэн дьиктиргии санаабытым, өйүм хоппотоҕо. Бастаан репетицияланарбытыгар алта эҥин олоппоһу уура-уура бэлэмнэнэрбит.

Кирискэ оруолун 25 сыл, ол аата 57 сааспар диэри оонньообутум. 2007 сылтан Роман Дорофеев толорор буолбута. Бары сүбэлэһэн баран, оруолларбытын эдэрдэргэ биэриэххэ дэспиппит. Өндөрөй: «Оҕонньору оонньоо”, – диэбитигэр бастаан сөбүлэспэтэҕим. Гениальнайдык оонньоммуту хатылыырга киһи санаата да барбат курдуга. Аны Симон Федотовтыын сыанаҕа тэбис-тэҥҥэ оонньообут киһи буоллаҕым. Инньэ гынан өр буолумматаҕым. Ол саҕана сайын аайы “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” киинэни уһула барарбыт. Өндөрөй миигин көстүүмнэри бэрийэргэ эппиэтинэстээх оҥорбута. Биир дьыл Бурятиянан, Хакасиянан устубуттара. Ол сылдьан Өндөрөй: “Оҕонньору оонньоо”, – диирин тохтоппотоҕо. Онуоха сыта-тура толкуйдаан баран: «Мин усулуобуйалаахпын. Үөрэппит оҕолорбун испэктээкилгэ оонньотор буоллаххына сөбүлэһэн көрүөм», – диэбитим. Инньэ гынан ааптары Айаал Аммосов, аҕа оруолун Петр Садовников, Мылгуну Иннокентий Луковцев, ойоҕун Ирина Никифорова, Кирискэни Роман Дорофеев толорор буолбуттара. Онон түһэрсэн-түһэрсэн, саагыбардаһан, усулуобуйалаһан, оҕолор оонньообуттара син ыраатта. Эһиил саас испэктээк турбута 40 сылын, иккис састаап оонньообута 15 сылын туолар. Онно этэҥҥэ тиийдэхпинэ, 40 сылы быһа ити тыыттан түспэтим диир буоллаҕым (иккиэн күлсэбит). Тыы тумсуттан түгэҕэр диэри, оҕоттон оҕонньор буолан тиийдэҕим.

 

Бу санаатахпына, Өндөрөй миэхэ эрэнэрэ, итэҕэйэрэ бэрдиттэн дуу, миэхэ ханан да сыстыбатах, уустук оруоллары оонньотор эбит. Илиир хоруол букатын төбөбөр баппат уобарас этэ. Чэ, баҕар, шут, көрдөөх көкөт буолуом этэ диэн саныам эбитэ ньии. Сэбиэскэй кэм саҕаттан элбэх театрга сырыттаҕым, үгүс устууну көрдөҕүм. Бары бөдөҥ-садаҥ, саһаан саҕа үрдүк уҥуохтаах, дьиэ сыбаҕа хоҥнорута барар улахан саҥалаах-иҥэлээх дьон оонньоотохторо. Мин курдук хоруол ханна баар үһү?! (күлэр). Биһиги дьолбутугар, Геннадий Петрович Сотников диэн уһулуччу киһи көстөн ааста. Хаама сылдьар энциклопедия, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, бөлүһүөк. Онон кини биһиги айар үлэбитигэр сүҥкэн кылааты киллэрбитэ диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.

1984 сыллаахха “Хаарыан хампа күөх кытылым” испэктээгинэн “Героическое освоение Сибири и Дальнего Востока” диэн лозуннаах бэстибээлгэ кыттыбыппыт. Онно уруйданан-айхалланан, ыҥырыынан сылдьар буолбуппут.

 

Чингиз Айтматовы кытта көрсүһүү

– Театр 60 сылынан Москваҕа “Современник” театр сыанатыгар гостуруоллуу тиийбиппит. Онно Өндөрөй Чингиз Айтматовы ыҥыран көрдөрбүт киһи диэн баҕа санаанан кынаттаммыта. Оччолорго дьокутаат, салайааччы. Биир философ оҕонньорунан кэпсэтиннэрэн, Айтматов куорат таһыгар даачаҕа олорор үһү диэн истибиппит, аадырыһын ыйыттарбыппыт. Култуура миниистирэ Иван Черов, Өндөрөй Саабыс, Геннадий Сотников, Симон Федотов, мин буолан хара массыынаҕа олорон, Чингиз Айтматовка айаннаабыппыт. Өндөрөй саха ууһугар улахан да улахан кылыс оҕустарбыт этэ. Тиийэн көрсүбүппүт уонна испэктээкпитигэр ыҥырбыппыт.

Ити курдук, атырдьах ыйын 12 күнүгэр айымньы ааптара “Хаарыан хампа күөх кытылы” көрбүтэ. Дьон тарҕаспытын кэннэ фойеҕа кутуллан тахсыбыппыт. Сорохтор муостаҕа олорон, сорохтор туран, ааптары кытта кэпсэппиппит. Чингиз Торекулович сөбүлээбитин биллэрбитэ. Миигин бастаан даачаҕа көрсүһүүбүтүгэр Кирискэни оонньуурбун истэн баран: “Улахан, саастаах курдук көрбүтүм. Билигин чахчы ылынным”, – диэбитэ. Кини кыыһын илдьэ кэлбит этэ. “Оҕом эйигин аһынан испэктээги быһа ытаата”, – диэбитэ. Кыыһын көтөҕөн олорон: “Устами младенца глаголит истина”, – диэбитэ. Оҕо өйдөөбүт буоллаҕына, үчүгэй диэбитэ. Ол киэһэ көрсүһүүбүтүн оһуохайынан түмүктээбиппит.

Театр саҥа дьиэҕэ көһүүтэ

– 80-с сыллар саҕаланыыларыгар Дьокуускайга суол тутуута күүскэ ыытыллыбыта. Уулуссабыт үрдээн, сирэ сиигирэн, театр дьиэтэ хамсыыр буолбута. Экспертизалар субу-субу кэлэн көрөллөрө. 1983 сыллаахха музыкальнай театрга тахсыбыппыт. 17 сыл кинилэргэ дьукаах буолан олорбуппут. Онтон 1999 сыллаахха, тутуу ис үлэтэ өссө бүтэ илигинэ, үүнэр 2000 сылы саҥа театрга көрсүөххэ диэн көспүппүт. Өндөрөй фантазиялаан, биир аты, биир оҕуһу сыарҕалаан, онно кыра таһаҕаһы тиэйэн, ол кэнниттэн бэйэбит сатыы кэлбиппит.      

Ол саҕана “Кыыс Дэбилийэ” туруорулла турара. Оччолорго Өндөрөй Олоҥхо театрын төрүттээри, онон умайыктана сылдьар кэмэ этэ.

Музыкальнай театр улахан сыанатыгар үөрэммит буоламмыт эбитэ дуу, маннааҕы сыанабытын атыҥыраабыппыт, кыараҕас дии санаабыппыт. Бастаан утаа мунан-тэнэн биэрбиппит, барыта куолаҕай үөһэ куолаҕай курдуга. Аны туран, атын театрдарга сыанаҕа киирэр-тахсар, сылдьар “кармааннара” улахан. Манна ойоҕоһунан “кармаан” да диэн суох. Инньэ гынан, кулиса суох буоллаҕына саһар сирбит суох, бары биирдэ килэс гына түһэбит. Ойоҕоһунан сылдьар сирэ суох диэн сирэр этибит. Онтон саҥа дьиэлэммит дьон сыыйа-баайа оҥостон, тэринэн, үгүс испэктээги туруоран, үлэлээн-хамсаан барбыппыт. Билигин үөрэнэн хаалбыппыт.

 

Артыыс кэпсэтэн-ипсэтэн, алтыһан үлэһит буолар

– Андрей Саввич Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун төрүттээбитэ. Эн онно артыыстары үөрэтэргин билэбит.

– Өндөрөй миигин 2005 сыллаахха ыҥырбыта. Ол иннинэ култуура уонна искусство колледжыгар үлэлээбитим. Оҕолорум билигин тэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Эһиил миэхэ отутус үөрэх дьыла буолар. Быйылгы төрдүс куурустарым дипломнай испэктээктэрин бөрөөтөхпүнэ, бэрт буолуо этэ диэн олоробун. Саатар бу ыарыы мэһэйдээн, оҕону төлөпүөнүнэн үөрэтэр диэн балыыҥка дьыала. Артыыс кэпсэтэн-ипсэтэн, алтыһан үлэһит буолар. Биир оҕом Халымаҕа, иккиһим Сунтаарга, үсүһүм Дьокуускайга олорон үөрэнэрэ эрэйдээх эбит. 

Кутуйах түүлэннэҕинэ “ычча” диирин курдук, дьиэбитин сирэбит. Биһиэхэ анамматах буоллаҕа. Кабинет тииптээх тутуллубут. Инньэ гынан кыараҕас. Аны институт салаата элбэх. Сүүрэр-көтөр, улахан испэктээги туруорар ыарахан. Онно сөп түбэһэ сатыыбыт.       

 

Ымсыырбыппын уоран ыларым

– Эн “Саха театрын антологиятын” ааптараҕын. Бу уустук дьыалаҕа ылсарга хаһан санаммыккыный?

– Мин оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн театр туһунан матырыйааллары хомуйар этим. Сороҕун илиибинэн устан, сороҕун кырыйан ылан уурунарым. Ол дьарыкпын Москваҕа да бырахпатаҕым. Постпредствоҕа үгүстүк сылдьарым. Онно ымсыырбыт хаһыаппын уоран ылар этим (күлэр).

Театр туһунан кинигэ аҕыйах дии саныырым. Театровед Дмитрий Максимов Дмитрий Ходулов туһунан кинигэ таһаарбыта. Биирдиилээн дьон туһунан кыра-кыра кинигэлэр син бэчээттэммиттэрэ. Ол эрээри докумуоннары хасыһан, барытын хомуйа тутар наада этэ. Хата, Александр Николаевич Жирков ылсыһан, кэпсэтиини ыытан, үс туомнаах кинигэбит тахсыбыта. Бэйэбит испититтэн ити үлэни өйдүүр, билэр дьон баар буоллулар. Биһиги ааҕар балаҕаммытыттан Лена Тимофеева үчүгэйдик үлэлиир, уопутурда.

– Өр сыралаһан, көрдөөн булбут, хараҕыҥ харатын курдук харыстыыр матырыйаалгынан ханныгы ааттыаҥ этэй?

– Барытын да оннук саныыбын. Хата, билигин ксерокопия баар буолан абыраата. Киһи эрэ барыта бэйэтин киэнин биэрбэт. Ону көрдөөн ылан, куоппуйалаан уурунабын. Кэнники кэмҥэ биһиги кэккэбитигэр суох буолбут улахан артыыстарбыт оруолларын тэтэрээтин хомуйабын. Ол эмиэ интэриэһинэй. Дмитрий Ходулов туһунан элбэх матырыйаалы мунньан турабын. Слепцовтар оруолларын тэтэрээтин оҕолоруттан көрдөөн ылан уурбутум. Гоголев, Кузьмина тустарынан. Кырдьаҕас артыыстар тустарынан син баар буолла.  

 

Сүрэх тэбэрин тухары

– Олох кыра-кыра түгэннэртэн турар. Андрей Саввичтыын уһун айаҥҥыт тухары үгүһү көрүстэххит. Биир эмэ түгэни ахтан-санаан ааһыахха дуу?

– Оннук сатаан ойо тардан, киһи “һык” гынарын булан кэпсээбэппин. Күн аайы кэриэтэ кэпсэтэбит, күн аайы баар киһим. Биир кэм баарбыт.

– Андрей Саввиһы кэлэн иһэр үбүлүөйүнэн хаһыат нөҥүө эҕэрдэлээн үөрдүөххэ. Баҕар, эппэтэххин этиэххин баҕарарыҥ буолаарай? 

– Билиҥҥи кэмҥэ доруобуйа туохтааҕар да күндү буолла. Үлэлиир кыах, талаан, дьоҕур киниэхэ баар. Онон доҕорбор чэгиэн туругу баҕарабын. Ыра санаалара туолалларыгар туох да мэһэй-таһай буолбатын. Итинник киэҥ хардыылаах, улахан толкуйдаах киһи хайа эрэ өттүнэн уйан, чараас буолуон сөп. Сүрэх тэбэрин, баҕа батарбатын тухары айа-тута сырыттын. Кини ыспыт, эппит, тарҕаппыт соргулаах санаалара силигилии турдуннар.

– Кэпсэтиибит устата “айан” диэн тыл үгүстүк иһилиннэ. Түмүктээн эттэххэ, олоҕу, айар үлэни туохха тэҥниэҥ этэй?

Олох диэн бэйэтэ айан. Наһаа уустук, намчы оҥоһуулаах механизмҥа холуубун. Чаһы иһин көрөҕүн дии, эҥин араас буруһууната, шуруба, онто-манта элбэх. Онтон кып-кыра туга эрэ хамсаан, сыҕарыйан хааллаҕына, тохтоон хаалар кутталлаах. Айар үлэ эмиэ оннук. Бэрт кыраттан тутуллар. Бэйэҥ бэйэҕин кытта мөккүһэриҥ элбэх. Аны күннээҕи олох түбүгэ-садьыга үгүс буоллаҕа. Аһыыр аскын булунуоххун, онно сүүрүөххүн наада. Мас кыстаатаххына эрэ оһох оттоҕун. Ол курдук, айылҕа сокуоннарын кэспэккэ, тэҥҥэ барсан иһэр ордук таһаарыылаах уонна туһалаах дьыала быһыылаах.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...