18.02.2022 | 12:30

Эдьиий Аана

Эдьиий Аана
Ааптар: Иван Иванов уонна Владимир Кондаков суруйуулара, «Лүүчүннэр»  кинигэттэн кылгатыллыбыта.
Бөлөххө киир

Аҕыс уонча сыллааҕыта Куба Сиэбит диэн учаастакка Дьуона аҕатын ууһугар Хаптаан Бүөтүр диэн бырааттаахтара. Ол киһи күһүҥҥү муҥхаттан тахсан баран, эрдэ буһарыллыбыт, сойбут собону сии олорон, собо хайыытын уҥуоҕа күөмэйигэр туора туран, улаханнык харбыт. Ону убайа Биллигир Мэхээлэ түргэн сырыылаах аты көлүйэн, ол киэһэ эдьиий Аанаҕа торҕо сэлиинэн айаннаабыттар. Аана ону эрдэ билэн олорбут. «Били Бүөтүр барахсан туохха эрэ түбэстэ. Убайыныын торҕо сэлиинэн айаннаан иһэллэр. Оһоххо эбии маста быраҕан биэриҥ, сотору кэлиэхтэрэ», – диэбит. Кырдьык, сотору дьоно тиийэн кэлбиттэр. «Хайа, бу быраатым Бүөтүр туох буолан таҥнары тиэлинниҥ, хайа, хайдаххыный?» – диэбит. Бүөтүрэ саҥарар да кыаҕа суох буолбут. Ону Аана: «Хайыы, бу киһи ынтах баран эрэҕин дуу», — диэбитинэн, хабарҕатын диэки саба түһэн чупчуруйбутугар собо хайыытын суон уҥуоҕа хааннаах эт тирии бүтэй тахсыбыта үһү. Хор, оннук күүстээх эмчит дьон айылҕаттан айыллан, төрөөн-үөскээн, олох олорон ааспыттар...   

... Аана ким туох кыһалҕалаах кэлэрин эрдэттэн билэрэ. Ол курдук, Илин Мукучуга Тоһугуруур Уйбаан аймахтарыттан биир уолу ииттэ ылбыта, биэс сааһыгар тиийэн баран ойуурга мээнэ баран хаалбыт. Оҕо хайа диэки барбыта, туох буолбута биллибэккэ, ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыта. Икки нэһилиэк дьоно аттаах, сатыы уонча хонук көрдүүллэр да, булбаттар. Ити саҕана Аана эмээхсин букатыннаах өлөр охтуутугар ыалдьан сытара. Биир сарсыарда Аана дьоҥҥо өйөтөн олоро сылдьыбыт уонна: «Хайа-ыы, бу Илин Мукучуга били Тоһугуруур Уйбаан барахсан баар-суох ииттэр оҕото сүтээхтээбит дии, – диэн саҥа аллайбыт уонна тугу эрэ уоһун иһигэр саҥарар курдук гыммыт. – Аҕата барахсан манна иһээхтиир быһыылаах да, бу киһитэ көмөлөһөртөн күрэнээри сытар быһыылаахпын, бадаҕа». Ити кэм күһүөрү сир аһа буспут, киһи ичигэстээн сиир кэмэ эбит. Аана кырдьаҕас салгыы иһин түгэҕэр үлүгүнэйэбит. «Оҕо оҕо курдук, дьонтон куота сылдьар эбит, сир астаан эбинэр, кута-сүрэ сылаас эбит, өлүө суох киһи буолсу», – диэхтээбит.   

Ити киэһэ Тоһугуруур оҕонньор өлөөрү сытар Аана эмээхсиҥҥэ, ыалдьарын истэ-истэ, эркин курдук эрэнэн, кини тылын-өһүн истэ кэлбит. Киирэрин кытта Аана эмээхсин эппит: «Ол иһин кини иһэр этэ. Чэ, кэл эрэ бэттэх. Мөлтөөн сытабын, оҕоҥ тыыннаах, кута-сүрэ сылаас, наһаа куттаныма. Туох да күттүөннээх көмөнү оҥорор кыаҕым суох да, били айан төрөппүт оҕолордоох этим, олорго этэн көрүөм. Кыыһым кураанах сиргэ сылдьар кыаҕа суох, уолум көмөлөһүөҕэ. Аны икки хонук иһинэн көстүөҕэ. Дьоҥҥор, сынньанан баран, сарсыарда туран бараар».

 Ити этиллэр кэм саҕана били муна сылдьар оҕону биир суор булар уонна муммут уолтан букатын арахсыбат. Уол тутаары гыннаҕына, даллах гынан иннин диэки ойор уонна эмиэ хаампытынан барар эбит. Ол уол ону туруорар, маһынан охсон букатын таппат, маһы тоһутан эпчиргэлээн көрөр үһү да, куруук сыыһа быраҕан иһэр үһү. Дьэ, ол курдук айаннаан бара турбуттар. Сарсыҥҥытыгар күн лаппа үөһэ ойуута эмискэччи киһи саҥата «тохтоо эрэ, нохоо!» диэбитигэр уол эргиллэн көрө түспүтэ, тастарынааҕы ыаллара, Суор диэн хос ааттаах оҕонньор кэлэн харытыттан харбаан ылбыт. Оттон били суолу быһа оонньообут суора үөһэ көтөн тахсан үстэ эргийэн, суордуу хааҕырҕаан баран, соҕуруу диэки көтө турбут.

Дьэ, ити курдук үтүө сүрэхтээх Аана барахсан өлөр охтуутун охто сытан улахан уолун ыытан, ол өтөҕүн таһыгар тиийиэр диэри харыс да сири халбарыйбакка батыһыннаран тиэртэҕэ ол. Өскөтүн Аана эмээхсин суоҕа буоллар, туох-туох буолуон ким билиэ баарай? Оҕо көстүбүт сураҕын истэн баран өлбүтэ дииллэрэ...  

... Аана уһун үйэлэммитэ. Кини 1933 дуу, 1934 сыллаахха Кучан Эбэҕэ кыстыгар олорон өлбүтэ. Ол аата кини сир үрдүгэр 86-87 сыл олорбута. Бу дьиҥнээх сааһа. Бачча олорбут дьон «сүүһү», сорохторо «сүүспүттэн таҕыстым» да диэхтэрин сөбө. Өлүөн иннинэ илдьит ыыталаан дьону-сэргэни «отторун-мастарын эрдэ тиэнниннэр уонна ханна да айаннаабатыннар. Улахан буурҕа-тибии түһүөҕэ» диэн сэрэппит. Кырдьык, Улуу удаҕан тыына быстаатын, үс түүннээх-күнү быһа киһи таһырдьа быкпат улуу буурҕата түспүт. Дьон эрдэ сэрэтиллибит буолан, туох да быһылаан тахсыбатах. Буурҕа сэллээтин кытта аҕалан Нээтийэҕэ Сыгынньах ойуун икки, быраата Холохоно Ньукулай икки ардыларыгар көмпүттэр.

Улуу удаҕан үксүн уу чуумпутук, биллибэккэ, намыыннык уһун уутугар утуйбут. Ону баара араас кыыбаҕалаах дьон көстөн, араастаан киирэн-тахсан кыыһырдыбыт түбэлтэлэрэ эмиэ бааллар.  Сэрии бүтүүтэ Дьокуускайтан ханнык эрэ «археологтар» дэнэр дьон Улуу удаҕаны хостуу диэн соруктанан кэлбиттэр. Ону дьон-сэргэ сөбүлээбэтэх, ким да сирдииргэ, ыйан биэрэргэ сөбүлэспэтэх. Арай С. Колесова диэн икки оҕолоох эдэр, балыыһаҕа санитаркалыыр дьахтар сирдииргэ сөбүлэммит. Улуу удаҕан уҥуоҕар тиийбэккэ эрэ аара уот оттон уоту аһаппыттар. Степанида уокка Аананы эдьиийим диэн ааттыы-ааттыы ас биэрбит. Онтон тута өйүнэн ыалдьан мэнэрийэн ыһыллан турбут. Археологтар төннөллөрүгэр тиийбиттэр. Киэһэтигэр биир эмээхсин мэнэрийбит уонна Улуу удаҕан аатыттан Степанидаҕа туһаайан: «Өссө аймаҕырҕаабыт буола-буола, өссө эдьиийим диэбит буола-буола. Миигин хостото ол-бу дьону таспыт буола-буола. Дьэ, хотуой! Мин эйигин булбатаҕым. Эн миигин буллуҥ. Онон, дьэ, оҕобун кытта кэпсэтэрбит буолуо. Ону, дьэ, өйдөөн кэбис!» – диэбит. С. Колесова улаханнык иирэн ыалдьан баран үтүөрбэккэ өлбүт. Бу дьахтар икки оҕото эмиэ дьон буолан иһэннэр өлбүттэр.  

Эмээхсин өтөҕүнэн гаас турбатын аһара сатаабыттара. Элбэх бульдозер алдьаммыта, биир киһи сааҕа дэҥнэммитэ. Гаас турбалара боруоба кэмигэр бары дэлби тэппиттэрэ. Турбалары таһар Ми-8 бөртөлүөт лүөччүгэ биир сарсыарда салалтаҕа эппит: «Аны мин көппөппүн. Утары уотунан умайар харахтаах эмээхсин көтөн кэлэр. Баттаҕа тыалга ыһылла сылдьар уонна миэхэ сутуругун көрдөрөр». Ону иккис лүөччүк «Бабу-ягу еще придумал» дии-дии күлбүт. Онон ол күлбүт лүөччүк көтөр буолбут. Күлбүт лүөччүк көтөн иһэн пропеллера туура ыстанан сиргэ сууллубут.  Сытар сирин таһыгар мас кэрдэн тигинээбит дьон «киэһэ аайы биир эмээхсин киирэн мөҕөр» диэн, сотору атахтарынан куоппуттара. Улуу удаҕан дьиҥнээҕэ ыраас эйгэлээх, аллараа дойдуга кыырбат, үөһээ дойдуттан туттарыылаах буолан, улаханнык кэһэппэтэх, үксүн сэрэппит эрэ.   

Аананы дьон-сэргэ аатырбыт Алыһардаах удаҕан диэн аатынан билэллэр. Оттон чугас дьоно кинини Аана, Аана эмээхсин диэн ааттыыллар. Кырдьыбытын кэннэ киниттэн: «Иккистээн эргиллэн көрүөҥ дуо?» – диэн ыйыппыттарыгар, олоро түһэн баран: «Дьэ, билбэтим, арааһа, суох буолуо. Ол дойдуттан киһи иккистээн төрүүрүн кыайан билбэппин», – диэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...