21.04.2022 | 17:00

Эдэр саас эрчимэ

Эдэр саас эрчимэ
Ааптар: Маргарита СТЕПАНОВА (Акимова)
Бөлөххө киир

1958 сылтан Бүтүн Сойуус үрдүнэн "Оскуола-производство-үрдүк үөрэх" хамсааһын саҕаламмыта. "Чахчыта да күн киирбэт сайыннаах, муоралыы мэндээрэр күөллэрдээх, остуоллуу тэҥ ньуурдаах хонуулаах" диэн Егор Лаптев тылларыныы, Орто Халыма оройуонугар Алаһыай орто оскуолатын 1985 сыллаахха бүтэрээччилэр бу хамсааһынтан туора турбатахтара.

 

Оччолорго манна улуус түөрт нэһилиэгин ыччаттара үөрэнэллэрэ – Эбээх, Сыбаатай, Өлөөкө Күөл уонна олохтоох Алаһыай оҕолоро. Оҕолор сайынын үлэ лааҕырдарыгар моһуйуллан, кыра саастарыттан олох ыарахаттарыттан чаҕыйбат, үлэҕэ үөрүйэх, мындыр буола улааталлара. Уолаттар балыксыттарга көмө буолаллара, сылгыһыттыыллара. Сайын устата 60-70 тонна балыгы бэлэмнээн туттарар эбиттэр. Оттон кыыс аймах, ыанньыксыттары солбуйан, сайылыктарынан үлэлииллэрэ. Ынах сүөһүгэ эбии аһылыгы бэлэмнээһиҥҥэ, дулҕа кырбааһыныгар, сэбирдэх хомуйуутугар, сүөһү уҥуоҕун хомуйан уматан, күлүн мунньан, от оттоон, бары даҕаны сайыннарын туһалаахтык атаараллара, үлэ ымпыгын-чымпыгын билсэ улааталлара.

Арҕахтаах орто оскуолатын бүтэрээччилэртэн сопхуоска үлэлии хаалааччылар ол сыл путевканан Владивосток куоракка күүлэйдээн кэлбиттэрэ уонна күһүн күүстээх үлэҕэ киирбиттэрэ.

Оччотооҕуга баара-суоҕа 16-17 саастаах оҕо дьон сарсыарда биэстэн саҕаланар үлэҕэ төбөлөрүн оройунан түспүттэрэ. Төһө да ыарахан кэмнэр аасталлар, кинилэр ол күннэри билигин олус истиҥник ахталлар.

Василий Винокуров

Халымалар биир тумус туттан кэпсиир уоллара – Сыбаатайга олорор, үлэлиир Василий Винокуров. Кылаас иһигэр наһаа сэмэй, көнө, үлэһит, олоххо көхтөөх көрүүлээх киһинэн сыаналанар. Оскуоланы бүтэрээт,  "Сыбаатай" сопхуоска тахсыаҕыттан, бу үлэни аргыс оҥостон, билигин даҕаны кэтэх хаһаайыстыбатыттан илиитин араарбат. Василий Николаевич иллэҥ кэмигэр саахыматынан умсугуйан дьарыктанан, билигин маастарга кандидат нуормалаах. Нэһилиэккэ ытыктанар элбэх оҕо аҕата.

Орто Халыма саамай ыраах сытар нэһилиэгэ – Эбээх. Хоту дойду томороон тымныытын, сытыы чысхаанын ортотугар кыһыннары-сайыннары сыспай сиэллээҕи көрүү-истии манан аҕай дьарык буолбатах. Онон киһиттэн кытаанах тулууру, дьулууру, күүһү-уоҕу эрэйэр сылгыһыт үлэтигэр ыччат дьон ханна даҕаны улаханнык таласпат буолара. 11 оҕолоох Герой ийэ уола Петр Созонов оскуолатын бүтэрээт, тоҥууну-хатыыны аахсыбакка, ыйы-ыйынан учаастактарынан, сыһыыларынан сылдьар сылгыһыт дьарыгын талбыта. Ол кэм туһунан Петр маннык кэпсиир:

Петр Созонов

– 1985-86 сылларга сүрдээх халыҥ хаар буолбута. Эбиитин кыһыммыт буурҕа, тибии аргыстаах этэ. Сылгыларбыт хаар халыҥыттан сатаан хаһан аһаабакка, отторун ыраах 15/2 көстөөх сиртэн атынан тиэйэн аҕалар этибит. Хоту дойдуга кыһын күммүт кылгаһа да моһуоктуура. Онон сарсыарда им эрэ сүтүүтэ эрдэ туран, киэһэ хараҥарыар диэри түбүгүрэрбит. Ол курдук тыын быһаҕаһа үлэлээн кэлэн, аны түүннэри маскын, уугун дьаһанан, дьиэҥ түбүгэ саҕаланар. Таһырда ыйдаҥалаах буоллаҕына, үөрүү-көтүү буолара.

Петр ити курдук уопсайа 35 сыл сылгыһытынан үлэлээбит. Быыһыгар сылгы сүүрүүтүгэр икки төгүллээн "Бастыҥ жокей" ааты ылбыт. Бэйэтэ үөрэппит Красавчик уонна Пацан диэн сүүрүүк сылгылара улуус рекордсменнарынан биллэллэр. Хоту дойду хоһуун уола Петр Созонов билигин Дьокуускай куорат олохтооҕо да буоллар, Дьөһөгөйүн оҕолорун ахтыбатах күннэрэ суоҕун кэриэтэ.

Варвара Слепцова

Биир дьиэ иһиттэн икки спорт маастарыгар кандидат үүнэрэ – бу ийэ, аҕа оҕоҕо сөптөөх иитиини биэриилэрин туоһута диэтэхпитинэ, улаханнык сыыспатым буолуо. Ыал ийэтэ Варвара Васильевна Слепцова оскуола кэнниттэн эмиэ бииргэ үөрэммиттэриниин производствоҕа тахсан үлэтин саҕалаан баран, билигин даҕаны тыа хаһаайыстыбатыттан ырааппакка, арыы тутар сыах үлэһитэ буолан олорор.

Дьулустаан Федоров

Алаһыай өрүс үрдүгэр турар Арҕахтаах бөһүөлэккэ Дьулустаан Федоров оҕо сылдьан көһөн кэлэн, маҥнайгы кылаастан онуска диэри манна улааппыт, үөрэммит иккис төрөөбүт дойдута.

Кини 1989 сылтан массыына уруулуттан илиитин араарбакка үлэлии сылдьар биир төһүү үлэһит. 1996 сыл ахсынньы ый 50 кыраадыстаах тымныытыгар иэдээни сирэйинэн көрсөн тыыннаах ордубут күнүн Дьулустаан Васильевич иккистээн төрөөбүт күнэ диэн ааттыахха сөп.

Тымныы муустаах ууга түһүү, муус анныттан быһаҕын көмөтүнэн тахсыы, ытарчалыы ылбыт инчэҕэй таҥастаах хаамыы, булчут үүтээнин булуу, бураннаах дьон быыһааһыннара, эпэрээссийэ, икки атаҕа суох хаалыы, аргыс киһитэ бу быһылааҥҥа суорума суолланыыта… Бу маннык дьулаан,  кытаанах балаһыанньаттан ыксаан, ыгылыйан хаалбакка, киэҥ-холку, хоһуун майгытынан быыһаммыт үөлээннээхтэрин туһунан бииргэ үөрэммиттэрэ киэн тутта кэпсииллэр.

Дьулустаан Васильевич билигин даҕаны олох оргуйар үөһүгэр сылдьар. Кэргэнэ Евгениялыын биэс оҕону күн сирин көрдөрөн, ынах сүөһүнү ииттэн, хаһаайыстыба тутан, ньир-бааччы олорор нэһилиэк биир сис ыала.

Алаһыай орто оскуолатыгар Өлөөкө Күөл оҕолоро эмиэ үөрэнэллэрэ.

Оҕо саадыттан саҕалаан бүгүҥҥэ диэри үйэ аҥаара холобурдаах кэмҥэ тутуспутунан сылдьар дьүөгэлии кыргыттар Линалаах Мария төрөөбүт нэһилиэктэригэр олороллор. Иккиэн, оскуоланы бүтэрээт, сопхуоска ыанньыксыттыы тахсыбыттарын туһунан Лина маннык ахтар: "Мин урукку өттүгэр хаһан да ынаҕы ыабатах оҕо этим буоллаҕа дии. Сопхуоска тахсыбыппытыгар биирдии бэйэбитигэр 16-лыы ынаҕы уонна биирдии оҕуһу туттарбыттара. Ыарахан үлэ этэ да буоллар, хайдах эрэ син үөрэнэн, үлэни  үлэ курдук кыһаллан толорон, сылы билбэккэ аһарбыппыт. Ферма биһигини элбэххэ үөрэппит олох оскуолата буоллаҕа". Билигин Акулина алта сиэн эбэтэ, түөрт оҕо ийэтэ.

1985 cыллаахха Мария ыанньыксыттыы тахсыаҕыттан күн бүгүнүгэр диэри үлэлээн кэлбит үлэтэ. Арай оччолорго оскуола паартатыттан кэлбит эдэркээн оҕо буоллаҕына, билигин кэлэктиибигэр саамай уопуттаахтара, эдэрдэр настаабынньыктара. Оҕо бэйэтэ ыал эбэтэ.

Акулина Созонова
Мария Михайлова

Дьүөгэлии кыргыттар Акулина Дмитриевна Созонова (Винокурова) уонна Мария Петровна Михайлова (Бубякина) өр сыллаах үлэлэрин түмүгэ – “СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна» бэлиэ хаһаайыннара.

Саха АССР 100 сылын көрсө бүгүн биһиги "Оскуола-производство-үрдүк үөрэх" диэн Бүтүн Сойуустааҕы хамсааһын иитинэн тыа хаһаайыстыбатын күүстээх үлэтиттэн чаҕыйбакка, олохторун аргыһа оҥостубут оччотооҕу ыччаттар, бүгүҥҥү производство ударниктарын туһунан ахтан аастыбыт. Үлэ баар – киһини киил оҥорор ньыма. Ыарахаттары туоруурга, инникини торумнуурга үөрэппитин ааһан, эдэр сааспыт эрчимэ буолан, өйгө-сүрэххэ иҥэн сырыттаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...