Эһиилгиттэн биир кэлим босуобуйа киирэр
Бу туһунан дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин иһитиннэрдэ.
Ханнык төлөбүрдэр холбоноллорун уонна хайдах усулуобуйаҕа ананарын туһунан ааҕааччыларга быһаарыахпыт.
Владимир Путин 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҥа төрөөбүт оҕоттон 17 сааһыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ биир кэлим босуобуйа олохтонорун туһунан эттэ. Бэрэсидьиэн төлөбүр хайдах оҥоһуллуохтааҕын уонна универсальнай босуобуйа бэриллиитин механизмын тобуларга сорудахтаата. “Барыта сөптөөхтүк оҥоһуллан үлэлиэхтээх. Бу быһаарыы дьиҥнээхтик олоххо киирэрин болҕойон кэтээн көрүөххэ наада”, – диэн Путин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
2023 сылтан биир кэлим төлөбүргэ дойдубут сылга 1,6 трлн солкуобай кэриҥин ороскуоттуо. Универсальнай босуобуйа хат дьахталлар учуокка 12 нэдиэлэлэригэр диэри турбут төлөбүрдэрин, оҕону 1,5 сааһыгар диэри көрүүнү, бастакы оҕо 3 сааһыгар диэри, үһүс уонна онтон кэлэр оҕолор 3 саастарыгар диэри, 3 сааһыттан 7-гэр диэри уонна 8-тан 17 сааһыгар диэри барытын холбуур. Босуобуйа ананарыгар дьиэ кэргэн бүтүннүүтүн дохуота учуоттанар – региоҥҥа анаммыт олох алын кээмэйиттэн тахсыа суохтаах. Суоттааһыҥҥа дьиэ кэргэн чилиэннэрин 12 ыйдаах дохуота киирэр. Маны таһынан наадыйар дьон баайа-дуола баар эрээри уонна дохуота кыратын биричиинэтэ барыта сыаналанар. Босуобуйа кээмэйэ регион олох олоруу алын кээмэйиттэн 50, 75 уонна 100% ылар. Маныаха, универсальнай босуобуйа дьиэ кэргэҥҥэ анамматаҕына, урукку анаммыт төлөбүрдэр аччаабаттар уонна көтүрүллүбэттэр. Оттон, бигэргэммит буоллаҕына, урукку кыра кээмэйдээх төлөбүр тохтотуллар.
Дуума сокуон бырайыагын ылынна
Судаарыстыбаннай Дуума 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 6 төлөбүрү солбуйар сокуон бырайыагын ылынна.
Ууратыллар:
🔹 Оҕо 3-тэн 8 сааһыгар диэри босуобуйа.
🔹 Оҕо 8-тан 17 сааһыгар диэри босуобуйа.
🔹 1,5 сааһыгар диэри оҕону көрөн олоруу босуобуйата.
🔹 Хат дьахталларга босуобуйа.
🔹 Бастакы оҕо 3 сааһыгар диэри төлөбүр.
🔹 Үһүс оҕоҕо 3 сааһыгар диэри төлөбүр.
Бу 6 төлөбүр оннугар универсальнай босуобуйа киирэр, ол 17 сааһыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төлөнөр буолуоҕа.
Маныаха төрөппүттэртэн ыйытыы өссө элбээтэ.
— Саҥаҕа хайаан да көһүөхпүтүн наада дуо?
— Уруккубутугар хаалбаппыт дуо?
— Дохуот хайдах ааҕылларый?
— Ханнык ааҕыллар кэм буоларый?
— Ийэ хапытаала хайыырый уо.д.а.
Кырдьык, өйдөммөт түгэн, ыйытыы олус элбэх. Маныаха анаан Универсальнай босуобуйа туһунан ханаал оҥоһуллубут, манна 17 сааһыгар диэри оҕолордоох төрөппүттэргэ барытын тугу гыныахтаахтара быһаарыллар.