Эһэм көрүүтүнэн олох олоруу
— Василий Егорович, Улуу Кыайыы 78 сылынан эҕэрдэлиибин! Кыайыы күнүн дойду үрдүнэн бука бары долгуйа, үөрэ бэлиэтиибит. Аҕа саастаах көлүөнэ бу алдьархайдаах сэрии салгынын бэйэҕитинэн билэ улааппыккыт, билигин даҕаны өйгүтүгэр-санааҕытыгар илдьэ сылдьаҕыт. Уоттаах сэрии толоонугар букатыннаахтыы хаалбыт, тыыннаах ордон кэлбит ытык дьоммут ааттарын көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ааттыыр ытык иэстээхпит. Бүгүн оҕо сааһыҥ ыарахан кэмин, киһи буолар дьылҕаҥ туһунан сэһэргэһиэх эрэ.
— Сэрии ыар тыынын төрүөхпүттэн билбит сэрии тулаайаҕабын. Бэйэм Үөһээ Бүлүү Маҕааһыгар үрэх баһа дойдуга төрөөбүппүн. Кэнники докумуоннары көрөн чуолкайдаабыттарынан, 1940 сыллаахха күн сирин көрбүппүн. Аҕам тутуу үлэһитэ дииллэрэ. Маҥнайгы ыҥырыыга 1941 сыллаахха барбыт, нөҥүө сылга хара сурук туппуттар. Ийэм оччотооҕу дьахталлар курдук тыылга биригэдьииринэн үлэлээбит, 1943 сыллаахха өлбүт, ыскылаакка охто сытарын булбуттар. Туос аччык сылдьаахтыыра үһү.
— Төгүрүк тулаайах хаалбыккын. Онуоха ханнык ыалга сыһыардылар?
— Ийэм өлөрүгэр 2,5 саастааҕым үһү. Миигин, иитэр киһитэ суохпунан, эбэбэр биэрбиттэр. Эбэм баанньыкка оһох оттооччу эбит. Онтон 1943 сыллаахха, иитэр кыаҕа суоҕуттан, Сэбиэт хонтуоратыгар аҕалан туттарбыт. Оччолорго детдомҥа сэттэлээх оҕолору ылаллар эбит. Нэһилиэк уопсай көрүүтүгэр кумалааҥҥа оҕону хааллараллара. Биир кыыһы кытта тус-туһунан ыалынан сылдьыбыппыт. Ким да үүрбэтэ, таҥаспытын абырахтаан биэрэллэрэ, ордуктарынан аһаталлара үһү. Ыалга сылабаарга диэн мас сыыһын чөмөхтүүрбүн өйдүүбүн. Сорох оҕолор ол муспуппун ыһалларын кэлэн сааһылаан биэрэрим. Ким да итинник гын диэн эппэтэ, аһыыр, сылааска утуйар баҕаттан тобулан эрдэҕим. Элбэх ас да суоҕа, суорат, чэй, сутака миинин иһэрдэллэрэ. Киһи олоҕор ыараханнык олордоҕуна, онтуҥ өйгөр хатанан хаалар. Дьоннордоох оҕолорго ымсыырар да этим.
— Детдомҥа хас сааскыттан ылбыттарай?
— Детдомҥа иитиллэ барыым улахан устуоруйалаах. Ыалларынан сылдьан син улааттаҕым, Үөһээ Бүлүү Намыгар детдомҥа биир сылгыһытынан мэҥиһиннэрэн ыыппыттара. Икки аҥаар суукка айаннаан кэлбиппит. Бастаан утаа улахан оҕолор дэлби кырбыыллар, сордууллар этэ. Эчи, уҥуохпунан кырам, устуруойга саамай бүтэһик турарым. Эбэбин, дойдубун ахтарым сүр. Эбэм өлбүтүн олох эппэтэхтэрэ. Ыалынан да сылдьарбар, куруук эбэм ханна барбыт буоллаҕай диэн кэтэһэрим. Биир күн дойдум диэки күрүү турдум. Аттаах киһи эккирэтэр этэ, тыаҕа саһа-саһа, утуйа-утуйа айаннаан, хараҥарыыта биир дэриэбинэҕэ кэлбитим. Хотоҥҥо киирэн долборукка утуйбутум. Биир дьахтар хаһыытыттан уһуктан кэлбитим. Туоһулаһан баран хас да хонук аһатан хоннорбута. Бэрт уһуннук айаннаан дойдубар кэлбитим. Соһуйуу бөҕө буолбуттара. Кэнники күрээбиппин билбиттэрэ. Эмиэ ыалынан сылдьыбытым. Балтараа сыл буолан баран детдоммар иккистээн, бэрэмэдэй иһигэр олордон илдьибиттэрэ. Ол иһэн эмиэ төлө туттаран, дойдум диэки суолу туппуттум. Иккис сырыыбар биир дьахтар көрсөн аһатан абыраабыта. Биир оҕонньору кэпсэтэн, чугастааҕы нэһилиэккэ илтэрбитэ. Дойдубар биир сыл уруккум курдук ыалларынан этэҥҥэ сырыттым. Үһүс сырыыбар киһиэхэ бааллан олорон детдоммар айаннаатым. Тиийэрбэр букатын тэмтээкэйдии сылдьар буолбут этим. Тутатына балыыһаҕа уганнар, сыл аҥаара эмтэнним. Детдоммар кэлбиппэр атаҕастыыллара саҕаламмыта. Ону көрөн кыргыттар хосторугар олордубуттара.
— Дьолго, детдомтан иитэ ылбыттар дии.
— Биир күн биир дьахтар миигин кытта барыс диэн кэлэ сылдьыбытын аккаастаммытым. Соторунан биир эдэр дьахтар кэлэ сылдьыбыта, бастакы дьахтар курдук наһаа көрдөспөтөҕө. Онтон биир эр киһи кэлэ сылдьан ыҥырбытыгар, сөбүлэһэн барыстым. Онтукам бастакы кэлэ сылдьыбыт дьахтар кэргэнэ буолан биэрдэ. Дьиэлэригэр тайахтаах эбэ баар, оҕо оҕо курдук эбэбэр сыстан бардым. Табахха уот уматааччы буолан, табахсыт буола сыспытым.
— Оскуола кэнниттэн үөрэххэ туттарса барбытыҥ.
— Ыалдьан ахсыс кылааһынан үөрэхпин тохтоппутум. Онтон салгыы үөрэнэн уон кылааһы бүтэрбитим. Оскуолаҕа сылдьан аҕабын кытта оттук мас бөҕө бэлэмниирбит. Аны пиэрмэҕэ ыанньыксыттарга көмөлөһөр этим. Барыны бары сатыырбын, уруһуйдуурбун көрөн сөҕөллөрө. Туох да үлэттэн толлубатым. Ииппит аҕам аҕата сүрдээх мындыр киһи этэ. Миигин кэтээн көрөрө, бу оҕо үөрэннэҕинэ киһи буолуо диэн санааттан, уоран кэриэтэ ыыппыта. Миигин үөрэттэрээри, көлөһүн харчыбытыттан уурар эбит. Эһэбиниин нацфоҥҥа саһаан да охсорбут, кирпииччэ да үктүүрбүт. Киһи төрдө буолуо диэн аҕабар куруук этэрэ. Эһэм борохуот кэлэрин истэн, куораттыаҥ диэн миигин бэлэмнээбитэ. Утуйбакка кэтэспиппит. Сыллаан атаарбыта. Чымыдааҥҥа көстүүм ылан укпут, харчыбын наскыга суулаабыт этэ. Үөрэхтэнэр быабар остолобуойга Петр Иванову көрсөн билсиспитим. Сунтаартан төрүттээх, кэпсэтиилээх баҕайы уол. Строительнайга туттарса кэлбит этэ. Аны художественнайым ол сыл аһыллара биллибэккэ турара. Онон уолбун эккирэтэн прораб үөрэҕэр киирбитим. Күһүн үөрэнэ сылдьан художественнай аһылларын истэн, онно сүүрбүппүт. Үөрэнэр училищем докумуоммун биэрбэккэ эрэйдээбитэ, ону эмиэ уолум кэпсэтэн бэрдэрбитэ. Көр, оннук кэпсэтиилээх этэ. Кэлин улууһугар кылаабынай прораб буола үүммүтэ. Үөрэхпитигэр барыта 87-тэ оҕо туттарсыбыппытыттан 14 оҕо талыллыбыппыт. Мин эксээмэннэрбин туйгуннук туттаран, алтыс оҕонон киирбитим. Григорий Кравченкоҕа, Петр Ласска, Эллэй Сивцевка уо.д.а. үөрэммитим. Кураторбыт Григорий Кравченко мин сотору-сотору ыалдьан балыыһаҕа киирдэхпинэ ас таһара.
— Идэлээх үлэһит буолан баран учууталынан ханна ананныҥ?
— Биһиги выпустан биэс киһини учууталлыырга анаан талбыттара. Онон учуутал буолбутум, дьиҥэр, “көҥүл худуоһунньук” буолар санаалааҕым. Кэргэним Мария Григорьевналыын Туора Күөл, Чычымах оскуолаларынан учууталлаабыппыт. Ол сылдьан аҕа табаарыс оҥостубут киһибинэн Реас Алексеевич Кулаковскай буолбута. Бастаан кэлиибэр куруук миигин одуулуура, уруһуйдуурбун кэтээн көрөрө. Сырдык дьүһүннээҕэ, ол эрээри сахата баһыйбыт киһи этэ. Бэйэтэ элбэх оҕолооҕо, “Баһылай, оҕо баар киһитэбин” диэн эппитэ бу баар курдук иһиллэр. Куруук сүбэлии-амалыы сылдьара. Майгыта эчи үчүгэйэ, көрдөөх кэпсээннээҕэ. Бииргэ кустуурбут, кусчут ааттааҕа этэ. Атаҕар кыанара, кэрийэн кустуур буолара. Санаатын блокнокка суруйа сылдьар идэлээҕэ. Аҕатын туораталларыттан олус хомойоро, билигин баттана сылдьар кэммит, кэлин аата ааттаныаҕа, кинигэлэрин ким да булбат сиригэр кистээбитим диирэ.
— Кэнники аймахтаргын көрдүү сатаабытыҥ дуо?
— Көрдөөн даҕаны, биир да киһини булбатаҕым. Сэбиэттэр кытта көрдөөбүттэр этэ. Төрүөхпүнэн Василий Данилович Тимофеевпын. Детдомҥа биэс Тимофеев баар этибит. Арааһа, онон эһиннэхтэрэ.
— Василий Егорович, эн сэрии тулаайаҕа буолаҕын, туох эмит чэпчэтиинэн туһанаҕын дуо?
— Сэрии тулаайаҕа диэн статус оҥорботулар. Сэрии тулаайахтарын кытта суруйсан туруорса сылдьыбыппыт да, туох да быһаарыллыбатаҕа. “Сэрии сылын оҕолоро” диэн уопсай аакка киирэ сылдьабыт.
— Василий Егорович, эһэҥ киһи төрдө буоларгын өтө көрөн, күн бүгүн аҕа, эһэ, хос эһэ буолан олороҕун. Айылҕа биэрбит дьоҕура удьуоргар бэриллэн, уус, уруһуйдьут хааныҥ салҕанар. Оттон Айыыһыттаах буолан, ииппит дьоҥҥор удьуордарын салгыыр оҕо кутун тартаҕыҥ. Доруобай, этэҥҥэ буол диэн санаам бастыҥын аныыбын!