ДЬЫЛҔА АНААБЫТ СУОЛУНАН
Бүгүн сэһэргиир киһим – ыал тапталлаах ийэтэ, эбээтэ, кэлэктиип убаастыыр, киэн туттар, холобур оҥостор үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, “Сайсары” куорат дьахталларын ырыа ансаамбылын салайааччыта, Губинскай уокурук көхтөөх олохтооҕо, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгиттэн төрүттээх Светлана Константиновна СТЕПАНОВА.
БАСТАКЫ ОЛУК
- Светлана Константиновна, киһи дьылҕата оҕо сааһыттан быһаччы тутулуктаах дииллэрин кытта сөпсөһөҕүн дуо?
- Сөбүлэһэбин! Тоҕо диэтэххэ киһи майгыта-сигилитэ, сүнньэ да диэххэ сөп, оҕо сааһыгар итиллиитигэр сыттаҕа. Холобура, мин төрөппүттэрим Мэҥэ Хаҥалас улууһун сайдыытыгар үгүс сыраларын уурбут, хоһооҥҥо суруллубутун курдук, “үлэ – үөрүү, үлэ – дьол ” диэн өйдөбүлүнэн үйэлэрин-саастарын тухары сылдьыбыт дьон этилэр. Оччотооҕу кэм сиэринэн коммунистическай партия сырдык идеалларыгар эҥкилэ суох итэҕэйэллэрэ. Онон биһигини кыра эрдэхпититтэн «киһи үлэлээн олоҕун оҥостуохтаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ элэккэй буолуохтаах» диэн такайбыттара. Төрөппүттэрбэр мин соҕотох кыыс эрээрибин, бары үлэҕэ умса түһэрим. Убайдарым уонна быраатым аах кыра эрдэхтэриттэн хара үлэҕэ эриллэн улааппыт дьон. Аҕабыт сэрииттэн биир илиитэ ытыллан, салыбырыы сылдьар илиилээх, хата, тыыннаах эргиллибитэ. Ийэбит барахсан биһигини киһи-хара оҥортоору, остолобуойга түүннэри-күнүстэри үлэлиирэ. Дьиэ туттуута, мас мастааһына барыта ийэбит санныгар сүктэриллибитэ. Убайдарым улаатаннар дьиэ үлэтин ааһан иһэн оҥорор буолбуттара. Төрөппүттэрим хас биирдии ылсыбыт дьыалалара түмүктээх уонна ситиһиилээх буолара, онон мин кинилэри батаммын бу олорбут олохпор туруоруммут сыалбын ситистим.
ИККИС ОЛУК
- Култуура эйгэтигэр оҕо эрдэххиттэн сыстаҕас буоллаҕыҥ дии. Тыйаатыр ырыаһытын идэтин хайдах талбыккыный?
- Дьоммут иккиэн култуураҕа чугастар этэ. Аҕам олус үчүгэйдик тойуктуурун иһин дьон сырса сылдьан ыллатара. Ийэбит нууччалыы ырыалары сахалыы ыллыыр этэ, биһигини ырыа ыллата-ыллата күннээҕи түбүктэрин аһардара, бэйэтэ балалаайкалаах этэ. Оҕо эрдэхпиттэн хоһоон ааҕарым, ыллыырым, бэл, тыйаатыр оҥостон, артыыстаан да ыларым. Оскуолабар нуотабын соспутунан сылдьар оҕо этим, учууталларым «бу оҕо артыыс буолуо» дииллэрэ. 10 саастаахпар Майаҕа Москубаттан оҕолору ырыаҕа сүүмэрдии кэлбиттэрин истибитим. Тутатына сөбүлээннэр дуу, хайҕааннар дуу, талааннаах эбит диэн, Москубатааҕы музыкальнай училищеҕа, консервотория иһинэн үөрэнэ барар чиэскэ тиксибитим. Ол үөрүүбүн үллэстээри дьиэбэр атаҕым сири билбэт буолан тиийтим, дьонум суохтара. Маҥнай аҕам кэлбитэ. Төрөппүттэрим түүнү быһа утуйар ууларын умнан туран толкуйдаатылар. Аҕам эппиэтэ: «Ийэтэ, кыыспыт манна үөрэннэҕинэ, туох киһи буолан тахсыай? Миигин баттаҕына, лааппыга атыыһыттыаҕа, эйигин баттаҕына тугу гынар? Эмиэ остолобуойга үлэлии барар дуо... биитэр ынах кутуругун манаттарабыт дуу...». Өйдөөх дьон буолан, ити курдук миигин Москубаҕа көҥүллжээн тураллар. Аҕыйах нуучча тылын билэр этим. Дьонтон хаалсымаары, төрөппүттэрим баҕаларын толороору, туох баарбынан үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон тапталлаах куораппар кэлэн биир сыл Опера уонна Балет тыйаатырыгар хормейстерынан үлэлээбитим. Биир сыл үлэлээн баран, М.П. Мусоргской аатынан Урааллааҕы судаарыстыбыннай консерваторияҕа 1980 с. вокал салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Онон артыыс, ырыаһыт эйгэтигэр миигин төрөппүттэрим сирдээбиттэрэ диэхпин сөп.
- Устудьуоннур кэмиҥ бэрт сэргэхтик аастааҕа...
- Оннук. Уус-уран самодеятельноска сценаттан түспэт этим. Дьэ уонна биир саамай умунуллубат, дьоллоох түгэним диэн – кэргэммин Гаврилы кытта билсиһиим буолар. Саха устудьуоннара «землячество” бөҕө буоларбыт, ханна да тиий, саха оҕото бөҕө баара. Аан бастаан көрсүһүүбүт Свердловскай куоракка ааспыта.. Харах-харахпытынан хайҕаһан, хара маҥнайгыттан өйдөһөр этибит. Оччолорго кини милииссийэҕэ суоппардыыр этэ. Ис киирбэх майгылаах, арыгы испэт, табах тардыбат уолу мин сөбүлүү көрбүтүм. Массыыналаах буолан, миигин таһан абыраабыта. Итинник уолу хайдах таптыаҥ суоҕай? Дьолго, кини эмиэ миигин бэлиэтии көрөн, тапталыгар билинэн, улаханнык уһаппакка-кэҥэппэккэ 1981 с. Саха сиригэр кэлэн баран ыал буолбуппут. Кэргэним үйэтин тухары саа көҥүлүн биэрэр систиэмэҕэ үлэлээбитэ, олоҕун тиһэх күнннэригэр диэри сылдьыбыта. Ол саҕаттан күн бүгүнүгэр диэри мин кэргэммэр хомойорум диэн суох: бигэ тыллаах, эрэллээх уонна эр киһи быһыытынан күүстээх санаалаах этэ... Икки оҕолоохпут, улахаттар, үлэһит дьон.
ҮҺҮС ОЛУК
- Опера уонна Балет тыйаатырын саныахха эрэ...
- Биир идэлээхтэрим сүрдээх сылаастык көрсүбүттэрэ, балтыларыгар курдук истиҥник сыһыаннаспыттара. Олус харыстыыллара. Билигин кинилэри элбэхтик саныыбын. Бастакы сылбар хормейстерынан үлэлээбитим. Оччолорго Музыкальнай тыйаатыр дэнэрэ. Киирдэ киирээт, тыйаатыр туох баар үлэтигэр барытыгар үлэлээбитим. Сороҕор хор салайааччытынан, кэнсиэр салайааччытынан сылдьарым, ардыгар режиссерга ассистеннаан да ыларым. Омук тылын сэҥээрэр буоламмын, омуктар туруорар испэктээкэллэрин туруорсарым. Бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрим Анегина Ильина, Иван Степанов, Семен Оконешников, Ая Яковлева саамай күөгэйэр күннэригэр сылдьыбыттара. Билигин Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтугар үлэлиир Валентина Колодезниковалыын бииргэ үлэлээбиппит. Саамай биллэр, айар үлэм күлүм гыммыт уоттара – Гувернантка ("Пиковая дама" - Чайковскай П.И.); Доротея ("Доротея" - Хренников Т.Н.); Комиссар ("Оптимистическая трагедия" - Хренников Т.Н.); Миловзор ("Пиковая дама" - Чайковскай П.И.); Полина ("Пиковая дама" - Чайковскай П.И.). Тыйаатыр үлэтигэр барытыгар күүһүм тиийэринэн үлэлиир этим, ол да иһин Светлана Ивановна “Света у нас многостаночница” диирэ (Күлэр =- аапт.). 80-с сыллар бүтүүлэригэр профсоюз бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Оччолорго тыйаатырбытыгар үлэ, сайдыы күүскэ барбыта. Ол түмүгэр билигин кэлэктиип айар куттаах, талааннаах артыыстара Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга кытта тахсар буоллулар. Хайҕыыбын эрэ! 55 сааспын туоларым саҕана тыйаатыртан барарга санаммытым. Ол саҕана куруук сарбыйыынан да куттуур этилэр. Ол иһин бириэмэтигэр эдэрдэргэ туораан биэрбиппит. Мин, холобура, сиэн көрүүтүгэр умса түспүтүм. Онтон ыла 13 сыл ааста.
ТӨРДҮС ОЛУК
- Ол эрээри билигин даҕаны үлэлии сылдьаҕын. «Сайсары” норуодунай ансаамбыл туһунан сэһэргэһиэх эрэ.
- Киин куоракка «Сайсары» ансаамбыл саамай биллэр диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. 2008 с. тыйаатыртан тохтоон олордохпуна, «салайааччыга наадыйаллар үһү”диэн сурах кэллэ. Бу иннинэ Надежда Алексеева диэн сүрдээх талааннаах, үлэтигэр олус бэриниилээх салайааччы үлэлээбитэ. «Сайсары» ансаамбыл 1980 с. киин куораппыт бэтэрээннэрин сэбиэтин иһинэн үлэтин саҕалаабыта. Киһи бу олоххо ырыаһыт буолар аналын ардыгар сааһыран баран биирдэ билэр быһыылаах. Маннык ансаамбыллар ол иһин тэриллэн эрдэхтэрэ. Бүгүн биһиги ситиһиибит баһаам. Үлэ таһаарыылаах уонна үтүө түмүктээх буоларыгар ылсан үлэлиибит. Сыллата тас дойдуга ыытыллар күрэхтэһиилэргэ дойдубутун ааттатабыт. Таҥаспыт-саппыт мааны буолан, омуктар олус сэҥээрэллэр. Репертуарга уопсайа отучча ырыа баар – норуодунай да, аныгылыы да. Сахалыы, нууччалыы ыллыырбыт таһынан, кытайдыы, итальянскайдыы уонна английскайдыы ыллыыбыт. Аны туран, ансаамбыл куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ өрүү кыттар. Үтүө дьыала чэрчитинэн Кырдьаҕастар дьиэлэриттэн саҕалаан, Оҕо дьиэтигэр тиийэ кэнсиэртиибит. Ардыгар тырааныспар көстүбэккэ барбакка да хаалабат. Көрөөччүгэ үөрүүнү бэлэхтииртэн ордук туох кэлиэй?!
- Тас дойдуларга сырыыгыт туһунан сэһэргии түс эрэ.
- Ыраах айан, биллэн турар, сылаалаах. Ол эрээри биһиги, ханна эрэ бэстибээлгэ бараары гыннахпытына, сааспытын таһыччы умнан кэбиһэбит. Тиийдибит даҕаны, куруук миэстэлэһэбит, ытыс үрдүгэр сылдьабыт. Холобура, Польшаҕа «Голос Севера» тэрээһиҥҥэ лауреарт үрдүк аатын, Туниска «Русское чудо в Тунисе» бэстибээлгэ Гран-при хаһаайыттара, Кытайга - «Жемчужина Востока, Италияҕа «Виват, Италия-Россия» тэрээһиннэргэ уо.д.а. ситиһиилээхтик кыттар ансаамбыл буолабыт.
- Ансаамбыл сүрүн сыала тугуй?
- Биэнсийэҕэ тахсан баран дьиэ түөрт истиэнэтигэр хаайтарыа суохтааххын. Саҥа күнү сэрээккэттэн, хаалыктаах хааамыыттан саҕалыахтааххын. Сөбүлүүр дьарыктаах буолуохтааххын уонна онтон дуоһуйууну, астыныыны ылыахтааххын, атын дьону үөрэтиэхтээххин диэн сыалы-соругу туруорунабыт. Онтон эн ыллыыр-туойар буоллаххына, эн олоҕуҥ өссө киэркэйэр, кырдьыыны бытаардаҕын, үйэҥ уһуур.
- Бэйэн саастыылаахтар тугу баҕарыаҥ этэй?
- Бу саҥа үйэҕэ хас биирдии киһи үрдүк интеллектаах, олоххо тус көрүүлээх буолуохтаах. Сиэн көрөн, эбиэт буһаран, дьиэ-уот хомуйан күнү аһарыахха сөп. Ол эрээри манныкка ордук саастаах киһи алтыһар эйгэтэ олус кыарыыр, сыыйа барытыттан тэйэн, боростуойунан, кырдьыы түргэтиир. Дьэ, онон, сөбүлүүр дьарык, күн аайы эти-хааны эрчийии, дьону-сэргэни кытта алтыһыы эрдэ кырдьыыны утарарын өйдүөхтээхпит.
Аатырар Эдьиий Марыыналыын, Анегина Ильиналыын, сцена атын даҕаны сулустарын кытта биир иигэ эргийэ сылдьыбыт Светлана Степанова килбиэннээх олоҕун кэпсээнин иһиттибит. Бу сыллар тухары кини кэрэ куолаһынан, истиҥ сыһыанынан төһөлөөх элбэх киһи сүргэтин көтөхпүтүн бүгүн ааҕан сиппэппит. Светлана Константиновна, эйиэхэ дьоллоох, ситэри ситиһиилээх олоҕу баҕарабыт!