03.09.2023 | 10:00

Дойдуҥ эйигин умнубат…

Ааспыт үйэ 30-с сылларын саҕаланыытыгар күн сирин көрбүт оҕолор дьылҕалара хайдах салаллыаҕын түһээн да баттаппатах буолуохтаахтар. Мин бүгүн суруйар киһим олоҕор сэрии, хоргуйуу, көһүү бэйэтин бэлиэлэрин хаалларан ааспыта.
Дойдуҥ эйигин умнубат…
Ааптар: М.Р. Егорова, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. Баайаҕа Томторо
Бөлөххө киир

Кини кимий? Үгүстэр бу биир дойдулаахпыт туһунан билбэттэр.

Кини – Андросов Гаврил Гаврильевич.

2020 сыллаахха бэс ыйыгар Гаврил Гаврильевич кыра кыыһа Индира Гаврильевна куйаар ситиминэн тахсан, аҕатын аймахтарын көрдүүрүн, дойдутун дьонун кытта билсиһиэн баҕарарын туһунан суруйбута. Онтон ыла, быыс булларбын эрэ, Гаврил Гаврильевич туһунан биир этии буоллун, ахтыы буоллун, мунньан испитим. Оҕолоро Анатолий, Индира сибээскэ тахсан, аҕаларын туһунан элбэҕи кэпсээтилэр, матырыйааллары ыыттылар.

Андросов Гаврил Гаврильевич 1931 сыллаахха кулун тутар 18 күнүгэр Таатта оройуонун Баайаҕа нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Төрөппүттэрэ: аҕата Андросов Гаврил Иванович 1890 с.т., ийэтэ Луковцева Ефросинья Алексеевна.

Андросов Гаврил 1939 сыллаахха Баайаҕа сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэр. Билии-көрүү аартыгар саҥа үктэнэн истэҕинэ, 1941 сыллаахха сэрии саҕаланан, бары ыра санаатын быһа охсубута. Кураан мэҥэһиктээх сэрии, хоргуйууну, аччыктааһыны кыбыммытынан, балаҕан аайы хара күлүк буолан сабардаабыта.

От-бурдук үүммэккэ, холкуостаахтар сүөһүлэрин үүрэн, оҕолорун батыһыннаран, ыксаан Аллан эбэ биэрэгэр турар Кириэскэ от сии көспүттэрэ. Андросова Ефросинья Алексеевна эмиэ икки оҕотун илдьэ барбыта. Дойдуттан арахсар курус санаа кыракый Ганя дууһатыгар халыйан киирбитэ, кэннин хайыһан Сэргэлээҕин аар хатыҥнарын сайыһа көрбүтэ, бу өтөҕөр, бу тэлгэһэтигэр Дьылҕа Хаан аны төнүннэрбэтин билбиттии, умнубаттыы одуулаабыта.

Ийэтэ күнү-күннүктээн сүөһү көрүүтүгэр сылдьара, оҕолор Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар үөрэхтэрин салҕаабыттара. От сии кэлбит дьон этэҥҥэ кыстаан, дойдуларыгар төннүбүттэрэ. Ефросинья Алексеевна Баайаҕатыгар төннүбэтэҕэ. «Чапаев» холкуоска үлэлии хаалбыта. Ыстапаан Төгүрүүкэп диэн саастаах киһиэхэ кэргэн тахсан олохсуйбута, үс уолламмыта.

Андросов Гаврил Кириэс Халдьаайы сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, үс сыл холкуоска үлэлээбитэ, дьонугар көмө буолбута. Үөрэххэ баҕалаах уол 1950-1953 сылларга Ытык Күөл орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Ити сыл Дьокуускайга учительскай институт устудьуона буолбута. Эдэр киһи сайдарыгар киэҥ суол арыллыбыта. Институтун бүтэрэн, дойду оҥостубут сиригэр Кириэс Халдьаайыга учууталлаабыта. 1957-1959 сылларга Гаврил Андросов Саха государственнай университетыгар үһүс кууруска ылыллан, үөрэҕин  салҕаабыта.

Дьокуускайга Гаврил таптыыр уонна таптатар дьолун билбитэ. Таптыыр кыыһа Аграфена Дмитриевна Хаҥалас улууһун 1-кы Малтаанытыттан төрүттээх, Саха государственнай университетын естественнай факультетын 3-с кууруһун устудьуона этэ. 1959 сыллаахха ыам ыйыгар уруу киэһэтин тэрийбиттэрэ. Гаврил Гаврильевич таптала, Аграфената, сыры-сыллата биэс кэрэчээн оҕону бэлэхтээбитэ. Икки хотой уол, үс чэчик кыыс дьиэ кэргэн үөрүүтүн үксэппитэ.

Гаврил Гаврильевич саха тылын уонна литературатын учууталынан Муома орто оскуолатыгар, үөрэммит кыһатыгар университекка преподавателинэн, араадьыйаҕа дикторынан, архыыпка үлэлээбитэ. Оттон кэргэнэ Аграфена Дмитриевна үөрэҕин бүтэрэн, Томпо оройуонугар анатан үлэлии барбыттара. 1964-1967 сылларга Мэҥэ Алдан, 1967-1968 сылларга Кириэс Халдьаайы оскуолаларыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ.

Үөрэнээччитэ Дария Аргунова Гаврил Гаврильевич киһи диктор диир үчүгэй куоластаах этэ, кэргэнэ Аграфена Дмитриевна географияны үөрэппитэ диэн иһирэхтик ахтар.

Уола Анатолий Андросов: «Оҕо сааһым сырдык күннэрин төрүт умнубаппын. Аҕабын кытта мотуорунан Аллан эбэбит устун устарбытын, Хаандыгаҕа, Саһылга, Мэҥэ Алдаҥҥа тиийэ айанныырбытын билигин да иһирэхтик саныыбын. Мэҥэ Алдаҥҥа олордохпутуна, аҕам мопедтаах этэ. Билигин санаатахха, техникаҕа сыстаҕас эбит».

Хоту Муомаҕа сылдьан үөрэппит оҕото Николай Байды ахтар: «Гаврил Гаврильевич Муомаҕа, мин өйдүүрбүнэн, 1957-1958 сыллар эргин кэлбитэ. Төрдө Таатта киһитэ, саха тылын учуутала этэ. Литератураны уһулуччу үчүгэйдик билэр, тыл тэбэнэттэрин, кини араас дэгэтин олус сөбүлүүрэ. Учуутал быһыытынан аналитик-учуутал этэ. Бу олус сэдэх көстүү.

Гаврил Гаврильевич кэпсиир тиэмэтин хол-буут араартаан баран, ону төттөрү хомуйан быһаарарын сөбүлүүрэ. Ол иһин кини уруоктара сорох үөрэнээччилэргэ өй мөккүөрүн бырааһынньыга буолара».

Гаврил Андросов бэйэтэ кыанар, күүстээх киһи этэ. Спордунан, ордук хапсаҕай тустуунан дьарыктаммыта. Бэйэтин кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр хапсаҕайдьыт. «Хапсаҕайдаһан тустуу» диэн кинигэни 1963 с. бэчээттэппитэ. Н.Н. Тарскай редактордаабыт, 3000 экземплярынан тахсыбыт. Хапсаҕай тустуу албастарын бэйэтэ хаартыскаҕа түһэрэн көрдөрбүт. Онон, биир дойдулаахпыт хапсаҕайга бэйэтин кылаатын киллэрбит.

Гаврил Гаврильевич Андросов ханна да үлэлээбитин иһин, бэйэтин туһунан үтүө өйдөбүлү хаалларбыт үтүөкэн киһи, учуутал, общественник, тустуук эбит. Кэргэнэ Аграфена Дмитриевналыын биир идэлээх буолан, үлэлэрэ-хамнастара тахсыылаах, түмүктээх эбит.

Кириэс Халдьаайыга үлэлии сылдьан Аграфена Дмитриевна Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, аатырбыт снайпер Федор Матвеевич Охлопков туһунан оскуола иһинэн музей-хос тэрийэн, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр кыраайы үөрэтэр музейга кубулуппута.

Уола Анатолий кэпсиир: «Аҕабыт Гаврил Гаврильевич Андросов 1968 сыллаахха балаҕан ыйыгар бу орто дойду олоҕуттан барбытын одоҥ-додоҥ өйдүүбүн. Ол күн дьиэбитигэр эбэм Кэтириис (ийэм ийэтэ), мин уонна игирэлэр баарбыт. Игирэлэр түөрт ыйдара буолбут, ботоҕоно курдук этилэрэ. Ол дьыл куобах хойуу быһыылааҕа. Аҕам субуотаҕа арыый эрдэ бүтэн кэлбитэ уонна эбэбэр: «Бүтэй бүөрдээх куобахтары аҕалыам»,- диирэ. Тахсаары туран игирэлэрин эр биир көтөҕөн ылан сыллаабыта. Онтон, тоҕо эрэ, иккистээн төннөн киирбитэ уонна чуо игирэлэригэр тиийэн, эмиэ сыллаабыта. Мин муодарҕыы санаабытым да, оннук ааһан хаалбыта. Өрөбүл  сарсыардаттан эбэм, ийэм аҕабыт бултаан кэлэр диэн бэрэски оҥорбуттара, ас астаабыттара. «Наһаа хойутаата, халлаан хараҥарда»,- диэн бэйэлэрин икки ардыгар кэпсэтэллэрэ.

Таһырдьа газик тигинээн кэлэн тохтообута, дьиэҕэ Шелковников Андрей Спиридонович киирэн кэлбитэ, кини Уус Алдантан төрүттээх этэ. Ийэбин ыҥыран ылан, тугу эрэ кэпсэппиттэрэ. Ийэм барахсан сүрэҕин тутта түспүтэ, сүр дириҥник эҥсэн уһуутаабыта уонна ааны былдьаспыта. Иккиэн тахсан барбыттара.

Дьон кэпсээниттэн эрэ истэн билэбин. Аҕам Биэрэк ити үрдүк сыырын бэйэтэ сатыы хааман тахсаахтаабыт. Сонно тута балыыһаҕа аҕалбыттар да, кыайан өрүһүйбэтэхтэр. Кириэс Халдьаайы балыыһатыгар сытан бараахтаабыта. Аҕабытын улааппыт дойдутугар Арыы Толооҥҥо кистээбиттэрэ».

Дьэ, ити курдук, Баайаҕаттан тардыылаах Гаврил Гаврильевич Андросов олоҕо саамай сааһын үгэнигэр быстыбыт.

Сэрии ытылҕана кыракый уолчааны Аллан биэрэгэр тиэрдэн, ити дойду  минньигэс уута, мүөттээх салгына киил мастыы эрийэн, киһи эриэккэһэ, үлэһит үтүөтэ оҥордоҕо. Тоҥ суолгун тордоон, ир суолгун ирдээн, биир дойдулаахпыт Гаврил Гаврильевич Андросов туһунан биллибит, киэн тутта ааккын ааттыыбыт. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...