26.03.2022 | 16:00

Доруобуйабытын сыллата көрүнүөххэ

Доруобуйабытын сыллата көрүнүөххэ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

2022 сылга үктэммиппит номнуо үс ый буолла. Сыл-хонук бэрт түргэнник элэс гынан ааһан иһэр. Ол аайы сааспыт эбиллэр, ыарыыбыт элбиир, этэргэ дылы, “старость не в радость” да курдук. 
Эдэр сылдьан үҥкүүнү, көрү-нары, уолаттары, кыргыттары кэпсэтэр эбит буоллахпытына, билигин дабылыанньабыт, эмпит-томпут айдаана. Сатахха, ковид кэлэн, онон ыалдьан, үтүөрэн бүппүппүт кэннэ аны саһан сыппыт ыарыыларбыт өрө көбөн тахсан, үгүс киһи доруобуйата айгыраата, мөлтөөтө. 
Онуоха биһиэхэ 2013 сылтан булгуччулаах медицинскэй страховкалааһын иитинэн дойдубут бэрэсидьиэнэ диспансеризация диэни киллэрэн, доруобуйабытын син көрүнэр, көрдөрүнэр буоллубут.

Туохха наадалааҕый?

Диспансеризация эбэтэр атыннык ааттыылларынан скрининг уопсай өйдөбүлэ – Арассыыйа нэһилиэнньэтин доруобуйатын харыстабылыгар маассабай чинчийиини ыытыы – ыарыыны эрдэттэн булуу, сэрэтии уонна салгыы эмтэниини анааһын буолаллар.

Диспансеризация кэмигэр медицинскэй көрүү, чинчийии ыытыллар, быраастар сүбэлэрэ ананар.

2022 сылга диспансеризациялааһын сүрүн сыаллара:

РФ инбэлииккэ тахсыы, кылгас үйэлэниигэ төрүөт буолар ыарыылары булуу:

хаан эргиирин систиэмэтин ыарыылара – сүрэх уонна цереброваскулярнай ыарыылар;

искэн үөскээһинэ;

сахарнай диабет;

тыҥа хроническай ыарыылара.

Бу ыйыллыбыт ыарыылар дойдубут нэһилиэнньэтин өлүүтүн 75 бырыһыанын ылаллар.

Ыйыллыбыт ыарыылары булууга, ону бохсууга, эмтээһиҥҥэ киирсэллэр:

дабылыанньа үрдүк көрдөрүүтэ;

холестерин хааҥҥа үрдээһинэ;

саахар хааҥҥа үрдээһинэ;

табаҕы тардыы;

арыгы иһии;

сыыһа аһааһын;

актыыбынай хамсаныылары оҥорбот буолуу;

уойуу, ыйааһын эбиллиитэ.

 

Ковидынан ыалдьыбыттарга

2021-2023 сс. коронавирус дьаҥынан ыалдьыбыттарга анал бырагыраама бигэргэммитэ. Манна даҕатан эттэххэ, диспансеризация барыта буор-босхо оҥоһуллар.

2022 сылга диспансеризацияны ааһыахтаах дьонтон ураты, ковидынан ыалдьыбыттар, 40 саастарын ааспыт бары гражданнар дириҥ чинчийиигэ сылдьыаххытын наада. Бу эһиэхэ анаан оҥоһуллубут анал бырагыраама эбии хас да чинчийиилээх. Ол курдук, бастакы түһүмэххэ киирэр:

хааҥҥар кислород концетрациятын мээрэйдээһин;

хаамар кэмҥэр сүрэҕиҥ уонна тыҥаҥ үлэтин сыаналааһын тургутуга;

спирометрия (тыыныыгын чинчийии);

тромба үөскээбэтин билиигэ хаан анаалыһа.

Иккис түһүмэххэ анал быраастарга эбэтэр эбии процедураларга (КТ о.д.а.) аныахтарын сөп.

18 сааскытыттан 39-гар диэри диспансеризацияны үс сылга биирдэ бараҕыт, маныаха сылга биирдэ босхо профилактическай медицинскэй көрдөрүүнү ааһаргытын умнуо суохтааххыт. Бу диспансеризация кылгатыллыбыт көрүҥэ диэххэ сөп.

Онтон 40+ аастаххытына, көрдөрүү сыл аайы ыытыллар. Маныаха киирэллэр:

уҥуоххун, ыйааһыҥҥын, биилгин мээрэйдээһин;

дабылыанньаны мээрэйдээһин;

хаан уопсай анаалыһа (гемоглобин, лейкоциттар, СОЭ);

холестериҥҥа хаан анаалыһа;

саахарга хаан анаалыһа аччык искэр;

электрокардиограмма;

харах дабылыанньатын мээрэйдээһин;

тыҥаҕа ФЛГ эбэтэр КТ;

дьахталларга – маммография, мазок;

эр дьоҥҥо – ПСА анаалыһа;

Эн диспансеризацияны барбытыҥ дуо?

Бары билэрбит курдук, бу булгуччулаах буолбатах, ким да эйигин үүрэн-үтүрүйэн баран көрдөр диэ суоҕа. Ол да буоллар билигин дьон үксэ доруобуйаларыгар кыһанар буоллулар, этэргэ дылы, бэйэҥ кыһамматаххына, ким эн тускар баран көрдөрүөй, эмтэниэй, бэйэҥ ис туруккун, доруобуйаҕын бэйэҕиттэн ордук ким билиэй?

Лилия Николаевна:

— Мин санаабар, диспансеризацияны нэһилиэнньэ бүттүүнэ ааһыахтаах. Биллэн турар, 18 саастарын туолбуттар, оҕолорго да аналлаах баар дииллэрин истибитим. Биир холобуру кэпсээтэхпинэ, биэс сыллааҕыта балтым көрдөрүнэн олоҕун уһатан турар. Кини ханна да үлэлээбэт, учуокка турбат, балыыһа, поликлиника диэни истиэн да баҕарбат киһи этэ. Оччолорго дьүөгэтинээн ИП тэринэн аһылык өттүгэр үлэлиир былаан оҥостубуттара. Үп-харчы булан, тэринэн барбыттара. Аска үлэлиир киһи, биллэн турар, хайаан да санитарнайы ааспыт буолуохтаах, ирдэнэр даҕаны. Онон, хайыай, кыһалҕаттан дии-дии поликлиникаҕа баран көрдөрбүтэ, оруобуна диспансеризация ааһыахтаах сыла эбит этэ. Дьэ, ол кэнниттэн биһиги дьиэ кэргэҥҥэ кураанах халлааҥҥа этиҥ эппитэ. Балтым барахсан тыҥатыгар бээтинэ булбуттара, искэҥҥэ уорбалаабыттара. Бэйэтэ туох иһин итэҕэйбэтэҕэ, тугум да ыалдьыбат, үчүгэйбин, быраастар сыыспыттар диэн аймаммыта. Хомойуох иһин, сыыспатахтар этэ. Тута, сүүрүү-көтүү, көрдөрүнүү саҕаламмыта, бизнес диэн умнуллубута, Москванан эҥин консультация, эмтэнии буолбута. Быраастар илиилэрин эрэ сапсыйбыттара, хойутуу сыспыккыт диэн буолбута, дьиҥинэн, хойутаабыт да этибит. Ол да буоллар арыый эрдэ көрдөрүнэн, диспансеризация ааһан, үс сыл олороохтообута. Итиннэ көрдөрбөтөҕө буоллар сыла олох аҕыйыа эбит.

Бэйэм да истэбин, билэбин, диспансеризация саҕаланыаҕыттан, инньэ 2013 сылтан төһөлөөх элбэх киһи олоҕо уһаабыта, ыарыыны эрдэттэн булан, сэрэтэн, эмтээн дьон быыһаммыта буолуой?

Биһиги дэриэбинэбит олох түгэх сытар, онон ити чинчийии саҕаламмытын кэннэ, этэргэ дылы, үйэлэригэр көрдөрүммэтэх хачыгаардар, хара үлэһиттэр, тыа дьоно хас да киһи искэннээхтэрэ биллэн, атын да ыарыылары булаттаан, олохторо уһаабыта, эпэрээссийэ да барбыттара. Онон биир дойдулаахтарбын, Сахам сирин олохтоохторун хайаан да көрдөрүүнү ааһыҥ, кимиэхэ да сэлээннээмэҥ, доруобуйаҕыт бэйэҕит эрэ илиитигэр баарын умнумаҥ диэн ыҥырабын!

Тамара Винокурова, 62 саастаах, Дьокуускай куорат олохтооҕо:

— Диспансеризацияҕа кэлиҥ диэн “смс” ыыталлар. Онно биирдэ бара сылдьаммын соччо наадалаах эбит дии санаабатаҕым. Ол курдук 5-с нүөмэрдээх поликлиникаҕа көрдөрүнэбин. Тиийбиппэр терапевт эрэ быраас көрбүтэ, атын исписэлиистэргэ көрдөрөөрү гыммыппар, ким эрэ уоппускаҕа барбыт, ханнык эрэ быраас суох, кимиэхэ эрэ толуон көстүбэт, сурутуу суох эҥин диэн. Онон биир терапевынан көрдөрөн бүппүтүм.

Диспансеризация диэн, мин саныахпар, киһини туох баар исписэлиистэр бары көрөн, анаалыс оҥорон, ылан, бу киһи доруобуйатын ырытан көрүөхтээхтэр этэ буоллаҕа. Онуоха бу биһиэхэ сороҕор кыаллыбат. Эбэтэр мин быраас суох, уоппуска  кэмигэр бара сылдьыбытым дуу. Онон хайдах эрэ бу “галочка” иһин эбэтэр отчуот ирдэниллэр буолан оҥоһуллар диэн өйдөөбүтүм. Мин биир терапевка көрдөрбүппүн туох баар исписэлиискэ барытыгар сылдьыбыт курдук отчуоттаабыт да буолуохтарын сөп дуу, хайдах дуу. Онон, чиэһинэйдик эттэхпинэ, диспансеризация диэни сэҥээрбэппин.

Кэлбит “смс” ис хоһооно маннык: “Уважаемая Тамара Петровна! Для осуществления диспансерного наблюдения Вам необходимо обратиться по телефону ГАУ Медицинский центр г. Якутска по тел.: 122-1-4, Жатай, тел.: 426286, Тулагинская больница, тел.: 207269, Кангаласская больница, тел.: 2003313, 200327” диэн.

Бу эн ыйытыккар эппиэттиэм иннинэ бастакы ыйыллыбыт нүөмэргэ эрийэн көрдүм, миигин суруйаҕыт дуо диэн ыйытаары, онуоха “номер не существует” диэтилэр. Оттон ити Жатай, Кангалаас диэки көрдөрө барар санаам суох, эчи ырааттаҕын. Онон бу күһүҥҥүттэн балаһыанньа тупса илик дуу дии санаатым.

 

Альбина Николаевна, Тулагы олохтооҕо, 80 саастаах:

— Бүтэһикпин 2018 сылга көрдөрүммүтүм, билигин ыҥырбаттар даҕаны, кырдьаҕастар дииллэрэ дуу. Сураҕа, дьоҥҥо ыҥырыыны ыыталлар эбит, төлөпүөннэригэр. Онон кырдьаҕас дьоҥҥо наадыйбаттар эбит диэн санаа үөскүүр эбэтэр пандемия буолан тохтуу сылдьыбыттара дуу.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...