Доруобуйа баар буоллаҕына...
Билиҥҥи кэмҥэ доруобуйа киһиэхэ хаһааҥҥытааҕар да күндү буолла. Төһө да халыҥ харчылаах, дуоһунастаах буол, аан дойду сулуһа, муҥур баай киһитэ да буол, доруобуйаны туохха да атыыласпаккын. Төһөлөөх биллиилээх дьон орто дойдуттан бардылар, кинилэри арбаҕастаах да абыраабата, халыҥ харчылара, ааттара-суоллара да быыһаабата.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр 2021 сыл Аҕа баһылыкпыт ыйааҕынан Доруобуйа сылынан биллэриллибитэ. Бу ыйааҕы мин эрэ буолуо дуо, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бары да олус биһирии, үөрэ, эрэнэ ылыммыппыт. Ол курдук өрөспүүбүлүкэбитигэр амбулаториялар тутуллаллар, дьон доруобуйатын кэтээн көрүү күүһүрдэ, араас аахсыйалар ыытыллаллар, босхо чинчийии элбээтэ. Кырдьык да, доруобуйа киһиэхэ саамай күндүттэн күндүтэ буоллаҕа.
Бүгүҥҥү балаһабытыгар Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх поликлиникатын ыарыыны сэрэтэр отделение сэбиэдиссэйэ Ефросинья Михайловна Дьячковскаяны кытта кэпсэттибит. Кини ааҕааччыларга ыарыыны сэрэтии, эмтээһин туһунан кэпсиэ, ыарыы сүрүн симптомнарын билиһиннэриэ.
Сэллик эмтэниллэр!
Сэллиги утары охсуһуу сылы быһа ыытыллар тэрээһиннэр ортолоругар киирэр. Ол курдук сыл аайы кулун тутар 24 күнүттэн муус устар 24 күнүгэр диэри биир ыйдаах сэллиги утары охсуһууга анаммыт ый ыытыллар.
Сэллик олус сыстыганнаах ыарыыларга киирэр. Ордук киһи тыынар уорганын тыҥаны бааһырдар, хаанынан, лимфатическай сосудтарынан бары уорганнарга тарҕаныан сөп, ордук бүөр, уҥуох систиэмэтэ, мэйии, харах сүһүрүөн сөп.
Сэллигинэн ыалдьа сылдьар киһиттэн бу ыарыыга сыстыахха сөп. Тыҥата сэлликтээх киһи сөтөллөр, ытырдар кэмигэр силэ бырдаҥалаатаҕына сыһыарыан сөп. Сил микробактериялаах бытархай хааппылалара сииктээх сиргэ төһө баҕарар тыыннаах сытар. Күн сардаҥата күүскэ көрөр кэмигэр уонна ыраас хлор састааптаах дезраствордарга, таҥаһы оргуттахха өлөр.
Киһи барыта сыһынна да ыалдьыбат. Кини уһун кэмҥэ саһан сытыан сөп. Онтон ханнык баҕарар киһи тоҥор-хатар, үчүгэйдик аһаабат, иммунитета кыччаатаҕына, араас ааһан-араҕан биэрбэт ыарыылаах (сахарнай диабет, бүөр ыарыылаах, куртах, очоҕос баастаах, бронхиттаах дьон уо.д.а.), элбэх антибиотиктары иһэр эбэтэр гормональнай эмтэри иһэр киһи, ону таһынан ВИЧ ыарыылаахтар түргэнник сыстыахтарын сөп.
Улахан дьон сэллигинэн ыалдьарын-ыалдьыбатын билэргэ ФЛГ түһүү ньымата сүрүн диагностическай көрүҥ буолар. Маныаха поликлиникаҕа кыайан кэлбэт, кыаммат, хаампат дьонтон сил анаалыһын ылабыт, үс төгүл силлээн биэриэхтээхтэр. Ыарыыны эрдэттэн билэргэ ордук оҕолорго Манту пробата оҥоһуллар. “Положительнай” буолар түбэлтэтигэр дириҥ чинчийии оҥорон, быраас бу киһи сэллигинэн ыалдьыбытын биллэҕинэ, 3-5 күн иһигэр сэллик диспансерыгар тустаах специалистарга – фтизиатрга ыытар.
Сэллиги эмтииргэ ыарыһахтан улахан диссипилиинэ, дьулуур, тулуур ирдэниллэр. Тоҕо диэтэххэ ыарыы уһуннук эмтэниллэр. Чугас дьоно тэйэн хаалбакка, бары өйөбүл буолуохтарын наада.
Бу эмтэниллэр ыарыы. Оттон кэмигэр ситэ эмтэммэтэххинэ күүрэн, олохсуйан хаалар түбэлтэлэр бааллар. Ол курдук ситэ эмтэммэккэ, эмтэрин тохтоттохторуна антибиотиктарга бэриммэт буолаллар, оччоҕо ыарыы өрө туруон сөп, сэллик палочката эмкэ бэриммэт буолар. Онон ыарыыны эрдэ булан эмтэниҥ диэм этэ. Биһиги поликлиникабытыгар ФЛГ кабинета 8.30-17.00 чааска диэри үлэлиир.
Ыарыы бэлиэлэрэ
3 нэдиэлэ, онтон уһуннук сөтөллүү;
аппетитыҥ сүтэр, ыран бараҕын;
тыыныҥ кылгыыр, аҕылыыгын;
түргэнник сылайаҕын, сэниэҥ суох;
температураҥ үрдүүр;
түөһүҥ ыалдьар, хаанынан силлиигин;
түүнүн көлөһүн тахсар.
Сөтөлүҥ тахсыбат уонна бу этиллибит бэлиэлэр (симптомнар) икки нэдиэлэ устата арахсыбат буоллахтарына СУҺАЛЛЫК МЕДИЦИНСКЭЙ КӨМӨҔӨ ТИИЙИҤ!
Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэтээҕи сэллиги эмтиир диспансер (улахан дьоҥҥо куораттааҕы отделениета) аадырыһа: Петр Алексеев уулуссата, 93
Регистратура +7(4112)39-03-21
Справочнай +7(4112)47-51-68, 47-51-44
Фтизиатрия, научнай-практическай киин (оҕо киинэ) Петр Алексеев уул., 87/5
Регистратура +7(4112)40-38-60
Приемнай +7(4112)40+38+61
Кэмигэр көрдөрдөххүтүнэ, сөптөөх эмтэниини ыллаххытына сэлликтэн букатыннаахтык эмтэниэххитин сөп.
Тирии сыстыганнаах ыарыыта
Чесотка (ымынах) – сыстыганнаах тирии ыарыыта. Ыалдьа сылдьар киһиттэн, кини кэппит, утуйар таҥаһыттан, илии тутуһан дорооболостоххуна, оҕолор оонньуурдарыттан, аан тутааҕыттан, малтан-салтан да сыстар.
Бу ыарыыны ымынах клеһэ тарҕатар. Клещ 3 ый устата олоруон сөп. Киһи организма суох 2-4 ыйынан өлөр.
Кыһыылаах ымынах киһи тириитигэр, тарбах ыыраахтарыгар, киһи сымнаҕас этигэр – иһин түгэҕэр, быттыгар тахсар.
Тириини көрдөххө, клещ киирбит уонна тахсыбыт суола баар буолар. Кини түүн ордук киһи тириитин кыһытар, утуйа сытан дэлби тарбаныллар, тириигэ клещ киирдэҕинэ бааһырыан, ириҥэлээх бааска кубулуйуон сөп. Эмтэммэккэ сырыттахха, улам бэргээн, олохсуйбут бааска кубулуйуон сөп. Онон ыарыыны улаатыннарбакка, бырааска көрдөрөн эмтэниэххэ наада.
Тирииттэн анаалыс ылан, клещ паразиты булаллар. Бу түргэнник эмтэниллэр ыарыы. Урут бу ыарыы элбэх дьон мустан олорор сиригэр, ыарахан усулуобуйаҕа олорор дьон ортотугар баар этэ. Билигин дьиэ аайы душ, сылаас уу баар, онон дьон сууна-тараана, бэйэлэрин көрүнэ сырыттахтарына бу ыарыыга хаптарбаттар.
Табахтан аккаастаныҥ
Ыам ыйын 31 күнэ – табахтан аккаастаныы аан дойдутааҕы күнэ.
Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ этэринэн, сылга 6 мөлүйүөн киһи табах дьайыытыттан өлөр! Табаҕы кытта охсуспатахпытына, экспертэр этэллэринэн, 2030 сылга 8 мөлүйүөҥҥэ тиийэ киһи өлүө диэн сабаҕалыыллар.
Арассыыйаҕа 58-80 бырыһыан эр киһи, 25-47 бырыһыан дьахтар аймах табахтыыр. Табах дьаата сүһүрүүтүттэн сүрэх, тымыр, тыҥа, искэн ыарыылара элбээн, Арассыыйаҕа ортотунан 400-500 тыһыынча киһи өлөр.
Табах састаабыгар 400 дьааттаах эттик, онтон 60 сэллиги ыҥырар эттик баар. Никотин – табах састаабыгар баар дьааттартан биирдэстэрэ. Бу наркотикка тэҥнээх дьаат киһи табахха түргэнник ылларарыгар төрүөт буолар. Кини тымыр эркинин алдьатан сыа мустар уонна тымыр үлэтэ кэһиллэр. Ол иһин хаан баттааһына үрдүүр, сүрэх-тымыр ыарыыта бэргиир. Сымала буруону кытта киирэн, тыынар уоргаҥҥа хаалар. Сымалаҕа баар эттиктэр искэн ыарыыны көбүтэллэр. Эттиктэринэн бензол, кадмий, мышьяк, никель, хром, о.д.а. буолаллар.
Табахсыт киһи күн аайы угарнай гааһынан сүһүрэр, инньэ гынан уорганнарга кислород тиийбэт. Ол иһин сүрэх, мэйии үлэтэ мөлтүүр, кэһиллэр. Табахсыт киһи тымыра кыарыыр, сүрэҕэ ыалдьар, инфарктыан, инсуллуон сөп. Онон киһи табаҕы бырахтаҕына кини доруобуйата тупсарын, сүрэх, тымыр, искэн ыарыылара кыччыырын, олоҕо уһуурун умнумаҥ.
Билигин табах сыаната үрдээн, биир ыал сылга кырата 15-20 тыһыынча харчыта баранар. Табахха ылларыы олус күүстээх, түргэн. Төһөнөн табах састаабыгар никотина элбэх да, оччонон киһи түргэнник ылларар.
Оҕо баар сиригэр табаҕы тардымаҥ. Табах буруотунан тыыммыт оҕо түргэнник табахха ылларар. Арассыыйаҕа 50 бырыһыан оҕо пассивнай табахсыт ахсааныгар киирэр. Онон бу куһаҕан дьаллыктан аккаастанан, чөл олохтоох буолуҥ диэм этэ.