11.11.2023 | 10:00

Дьону түмэр уратылаах

Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, хайыһарга Саха АССР спордун маастара, “Учууталллар учууталлара”, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэлэр хаһаайына Маргарита Григорьевна Куличкина Бүлүү улууһун уонна Бүлүү куорат ытык олохтооҕо.
Дьону түмэр уратылаах
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Историяҕа бэлиэтэнэринэн, Арассыыйа ыраахтааҕытын ыйааҕынан дойду сирин үөрэтэр-чинчийэр, холбуур сыаллаах-соруктаах нуучча айанньыттара Бүлүү сүнньүгэр 17-с үйэҕэ кэлбиттэрэ уонна, ньүөл сири сөбүлээннэр, олохсуйбуттара. Кэлии хаһаахтар олохтоох сахалары кытта булкуһаннар, көстөр дьүһүннэринэн нуучча курдуктар эрээри, уу сахалыы сахалыы саҥараллара. Онон оччоттон баччааҥҥа диэри “бааһынайдар” диэн ааттаналлар. Олоҕун бүтүннүү физкултуура уонна спорт эйгэтигэр анаабыт “казашка” Маргарита Григорьевна Куличкина (Протопопова) 1940 с. Бүлүү учууталларын дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Нуучча хаһаахтарыттан сыдьааннаах буолан, кыраһыабай, сырдык хааннаах. 1962 с. Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх педучилищены бүтэриэҕиттэн Өймөкөөҥҥө физкултуура учууталынан үлэлээн баран, 1963 сылтан 1982 сылга диэри Бүлүү оскуолатыгар үлэлээбитэ, онтон райсовет бэрэссэдээтэлэ Кирилл Егорович Павлов дьаһалынан спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн ананан, оройуонун спордун салайбыта.

Оройуон үөрэҕин салаатыгар сэбиэдиссэйдиир аҕалара Григорий Гаврильевич, учуутал ийэлэрэ Анна Иннокентьевна Протопоповтар чугас аймахтара, күтүөттэрэ, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, суруналыыс-буойун, Сэбиэскэй Сойуус Геройа Николай Алексеевич Кондаков спордунан дьарыктанарга аан бастаан уһуйбута. Дьиэ кэргэттэринэн сылдьыһаллара. Николай Алексеевич тэлгэһэҕэ, уулуссаҕа оҕолору сүүрдэр идэлээҕэ. Былаачыйа, гармошка кэһиилээх буолара. Үчүгэйдик сүүрбүттэргэ хампыат биэрэрэ. Инньэ гынан Протопоповтар кырачаан аҕас-балыс кыргыттара Маргариталаах Галя дьээдьэлэрэ кэлэрин кэтэһэллэрэ. Урутаан эттэххэ, Маргарита Чурапчы уолунуун Николай Куличкинныын билсиһэн, таптаһаннар, сыбаайбалара Кондаковтар Хатыҥ-Үрэххэ баар даачаларыгар буолбута. Николай университекка географ идэтигэр, Маргарита педучилищеҕа физкултуурунай салааҕа биир кэмҥэ үөрэнэр сылларыгар аллар чугас дьүөгэтэ, кэлин өрөспүүбүлүкэ спордун биллиилээх салайааччыта Татьяна Афанасьевна Корнилова сүрдээҕин кыһаллан, билиһиннэрэн, холбооттообута.

Маргарита Куличкина сүүрүүнү, спорду кытта доҕордоһон, “ангина” диэн уһуннук буулаабыт ыарыытын суох оҥорбута. Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх педучилище физкултуурунай салаатын үөрэнэн бүтэрэн, эдэр исписэлиистэр Маргарита – Өймөкөөҥҥө, ол биир сыл иннинэ эрдэлээн Николай Орто Халымаҕа ананан учууталлаабыттара,  онтон Бүлүүгэ кэлбиттэрэ. Маргарита Григорьевна Бүлүү 1 №-дээх оскуолатыгар 20 сыл физкултуура учууталынан үлэлээбитэ, онтон 30-ча сыл оройуон спорка кэмитиэтигэр 2010 сыллаахха пиэнсийэҕэ тахсыар диэри бэрэссэдээтэллээбитэ.

Бэйэтин төһө да “улахан спортсменка буолбатах этим” дэннэр, оройуонун чиэһин сүүрүү, хайыһар, волейбол көрүҥнэригэр көмүскээн күрэхтэһэрэ. Тэрийээччи, салайааччы дьоҕурдааҕын бар дьонугар итэҕэтиилээхтик көрдөрдө. Оройуонугар ыытар дьаһаллары таһынан, икки төгүл – 1985 с. X-с уонна 2009 с. XVIII-с – Манчаары Спартакиадалара Бүлүүгэ үрдүк таһымҥа ыытыллалларын ситиспитэ. Элбэх култуурунай-спортивнай, социальнай суолталаах объект тутуллубута. Орто оскуоланы, оҕо спортоскуолатын, педучилищены, спорткэмитиэти барыларын түмэн, тылын ылыннаран, дьаһайан үлэлэппитэ. Спорт бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Федор Федорович Павлов сүбэлээбитэ-амалаабыта элбэх. Бииргэ алтыһан үлэлээбит киэн туттар дьонун ааҕан сиппэккин. Кинилэр уонна үөрэнээччилэрин ортолоругар улууска баһылыктаабыт норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Анастасия Кирилловна Павлова, билигин Саха сиригэр бэрт үчүгэйдик биллэр меценат, “Киэргэ” көмүс фирма салайааччыта, мэтээллэри, спорт атрибутикатын оҥорор мандар уус Александр Кириллович Павлов, спорка миниистирдээбит, билигин аан дойдуга мас тардыһыытын салайар Иннокентий Юрьевич Григорьев, Владимир Иванович Иванов, Светлана Федоровна Павлова курдук физрук идэтин баһылаан “туйаҕын хатарбыттар” бааллар. Айылҕалыын алтыһарын сөбүлүүр Сергей Николаевич Винокуров маҥнай утаа туризмы салайбыта, учууталлаабыта, куорат мээрэ буолта, билигин улуус баһылыгынан хаһыс да төгүлүн талыллан үлэлиир. Оҕо спортоскуолатын дириэктэрдэрэ, Бүлүүнү соргулаахтык ааттаппыт Саха сирин  биллиилээх спортсменнара, мас тардыһыытыгар уонна хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөн, боксаҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Иван Иванович Евсеев, хапсаҕайга абсолютнай чөмпүйүөн Леонид Романович Николаев, билигин Өрөспүүбүлүкэ Адаптивнай киинигэр хабылык-хаамыска инструктора, оччолорго Халбаакы оскуолатын физруга Элеонора Николаевна Николаева  уо.д.а. Маргарита Григорьевна сорудахтарын болдьоҕор толороллоро. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищеҕа физкултуура уонна спорт салаатын өр сылларга салайбыт дьүөгэтиниин Мария Ивановна Абрамовалыын үгүстүк бииргэ тутуһан сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Маргарита Григорьевна спорткэмитиэккэ отучча сыл үлэлииригэр бэйэтин солбугун эрдэттэн бэлэмнээбитэ. Ол курдук, Хампаттан ыҥырыллан кэлбит Гаврил Степанович Евсеев уһуннук солбуйааччынан үлэлээн баран, салгыы уон түөрт сыл бэрэссэдээтэллээн кэллэ. Эдэр-эрчимэн саастарыттан оскуолаҕа физруктуур сылларыттан саҕалаан, оройуон физкултуураҕа уонна спорка кэмитиэтин кытта күн бүгүнүгэр диэри бииргэ үлэлэһэр. Учууталлыыр маҥнайгы күннэриттэн “Чэбдигирии” кулуубу салайбыта. Сүүрүүнэн-хаамыынан, араас хамсаныыларынан дьарыктаммыттара.

Маргарита Григорьевна дьону үтүө хамсааһыннарга түмэр дьоҕурдаах, чэгиэн-чэбдик олох аргыстаах. Сааскы ылааҥы күннэргэ хайыһарынан ыраах айаннары тэрийэллэрэ. Комсомол 60 сылыгар Бүлүү–Хохочой–Бэрдьигэстээх–Дьокуускай хайысханан хайыһар десанын оҥорбуттара. Мэҥэ Хаҥалас, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү ыччаттара кэлэн кыттыспыттара. Ый аҥаарыттан ордук усталаах айаҥҥа сылдьыбыттарын билигин астына-дуоһуйа кэпсииллэр. Аара тыа сирин нэһилиэктэринэн тохтоон-өрөөн, кэнсиэрдээн, субуотунньуктаан, ол быыһыгар фермаларга ынах ыаһан, ынах төрөтөн, мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, дуобатка, саахыматка, мээчик көрүҥнэригэр күрэхтэһэн, ыраах айаннарын ситиһиилээхтик түмүктээбиттэрэ. Дьокуускайга тиийэннэр өрөспүүбүлүкэ хайыһарга спартакиадатыгар кыттыбыттара, чиэстэммиттэрэ-бочуоттаммыттара.

Үөрэх салаатыгар уһуннук үлэлээбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, тапталлаах кэргэнэ Николай Петрович Куличкин хомолтолоохтук эрдэ олохтон туораан, Маргарита Григорьевна пиэнсийэҕэ тахсан баран, оҕолоругар, сиэннэригэр чугаһаан, Дьокуускайга олохсуйбута. Үгэһинэн, дьарыга суох олорбот. Чэгиэн-чэбдик олоххо дьону дьарыктыыра өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ биллэр буолан, физическэй култуура уонна маассабай спорт управлениетын начаалынньыга Матвей Иванович Лыткин этии киллэрэн, Мира Григорьевна Шишигина дириэктэрдии олорон дэбигис үлэҕэ ылан, онтон салгыы Анастасия Семеновна Михайлова салайааччылаах Адаптивнай спорт киинигэр “Самородок” спорткомплекс саалатыгар “Чэбдигирии” бөлөҕү күн бүгүнүгэр диэри салайар. Сүрүн девизтэрэ “Хамсаныы – олох төрдө!”. Сайынын алтынньы 1 күнүгэр диэри Кыайыы болуоссатыгар сэрээккэлииллэр. Үксэ сааһырбыт кэрэ аҥаардар – быраастар, учууталлар, тыа хаһаайыстыбатын, култуура үлэһиттэрэ уо.д.а. нэдиэлэҕэ иккитэ дьарыктаналлар. “Дыхание Стрельникова” оҥороннор, астма, бронха, тыҥа ыарыылары аһардаллар. Ковиды чэпчэкитик аһардыбыттар. Иккилии чаас тыыныахха сөп, ону сүрүн өттүн көрдөрөн, өйдөбүлүн биэрэр, салгыы дьиэлэригэр дьарыктаналлар. Араас хамсаныыларынан сүһүөхтэрин-былчыҥнарын имитэллэр-хомуталлар. “Скандинавтыы” хаамаллар, бассейҥҥа сөтүөлүүллэр, сауналаналлар. Айылҕаҕа тахсаннар сынньаналлар, үҥкүүлүүллэр, ыллыыллар-туойаллар, сүүрэллэр-көтөллөр. Олоххо интэриэстэрэ элбэх. 20-25 киһи куруутун сылдьар. Кылаабынайа, “общениета”, сэлэһиитэ-кэпсэтиитэ, үөрүүтэ-көтүүтэ диэн ааттыыллар. «Бэйэбэр да үчүгэй, сэрээккэтэ суох сатаммаппын»,– диэн үөрэ-көтө сэһэргиир Маргарита Григорьевна.

Бүлүүтээҕи кэмнэригэр чэбдигириигэ аналлаах “Активисты женского физкультурного движения Вилюйской земли”, “25 лет клубу “Здоровье”, “Клуб “Здоровье” 30 лет вместе” брошюралары таһаартарбыт. Онуоха Бүлүүгэ командировкаҕа тиийэ сырыттахха аттыгар мэлдьи баар буолар, дэлэй сэһэннээх-сэппэннээх Федор Федорович Павлов өйөбүл-тирэх буолан, улаханнык көмөлөспүт. «Билигин биһи кэккэбитигэр суох, “барбыта” балтараа сыл буолла»,– диэн Маргарита Григорьевна курутуйан ылар. Дьокуускайга кэлэн уон сыл чэбдигирии бөлөҕүн салайар кэмигэр “Движение – залог активного долголетия”  бэртээхэй кинигэни суруйан таһаартардылар. Кинигэҕэ “Комсомольцы-добровольцы” ырыа матыыбынан чэбдигирии бөлөх ыллыыр гимнэ киллэриллибитэ болҕомтону тардар.

Маргарита Григорьевна баҕа санаата: “Физкультуранан уонна спордунан оҕо эрдэххититтэн дьарыктаныҥ, эккит-сииҥҥит үөрэнэн, улаатан истэххит аайы ылларан, сөбүлүүр буолан иһиэххит. Хамсана-имсэнэ сырыттаххытына, кыра ыарыыны халтарытыаххыт. Уһун үйэлэнии бэйэбититтэн тутулуктаах. Кытаатыҥ!”. Өрөспүүбүлүкэ спорка Музейын экспонаттара элбээннэр, ыскылаакка мунньуллан сыталлар, онон кэҥэтэргэ уонна Саха сирин спордун үйэтитиигэ үгүс сыратын биэрбит Валерий Пантелеймонович Кочнев аатын иҥэрэргэ этиилээх. 

Куличкиннар дьиэ кэргэн уоллаах-кыыстаахтар, сиэннэрдээхтэр. Учууталлар династияларын Дьокуускай куорат 6 №-дээх оскуолатын дириэктэрэ Маргарита Николаевна салгыыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...