06.05.2023 | 10:00

Дьонтон чорбойбокко

Дьонтон чорбойбокко
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Кэлиҥҥи кэмҥэ кыраайы үөрэтиигэ дьоһун болҕомто ууруллар. Улуус аайы  кыраайы үөрэтээччилэр түмсүүлэрэ үлэлиир. Бу түмсүүлэртэн биһирэммит дакылааттаахтар өрөспүүбүлүкэ ааҕыыларыгар кыттар чиэстэнэллэр. «Киин куорат» хаһыаппыт бүгүҥҥү таһаарыытыгар кыраайы үөрэтээччи, кинигэ хомуйан оҥорооччу Федора Михайловна Харитоновалыын кэпсэтиини ааҕыаххыт.

— Федора Михайловна, кыраайы үөрэтии диэн тугуй? Эн хаһааҥҥыттан манан дьарыктанаҕын?

— Кыраайы үөрэтии диэн төрөөбүт дойдуҥ историятын үөрэтии буоллаҕа. Манна дойдуга таптал, өбүгэҥ олоҕун үөрэтии, кэнчээри ыччакка урукку, билиҥҥи кэм чахчыларын, буолбут түгэннэри сурукка тиһэн хаалларыы курдук үйэлээх өйдөбүллэр, үлэлэр киирэллэр. Ис сүрэҕиттэн баҕаран туран дьарык оҥостор эрэ киһи кыраайы үөрэтээччи аатын сүгүөн сөп. Эдэр сылдьан дьиэ кэргэҥҥэр, үлэҕэр болҕомтоҕун аныыгын, оннук да буолуохтаах. Эбиитин, олох оҥоһуутунан, ыйааҕынан, киһи сааһырыыта иннигин-кэннигин көрүнэр, көлүөнэҕин үйэтитэр кэмиҥ кэлэр эбит. Онон биэнсийэҕэ тахсан баран сыыйа үйэтитии үлэтинэн дьарыктаммытым.

— Эн түгэх өбүгэлэриҥ саха норуотугар улуу дьону үөскэппит дьонунан биллэллэр - аатырбыт меценат атыыһыттар Балаапаат, Говоров, алаас уола Алампа, удьуор харалы Поповтар уо.д.а. Аҕаҥ Михаил Григорьевич Слепцов кыраайы үөрэтиигэ элбэх үлэни ыыппыта.

— Аҕам Михаил Григорьевич үөрэҕин көскө кэлбит Трофим Цыценкоҕа саҕалаабыта, реальнай училищеҕа үөрэнэн баран, Москуба куоракка Шанявскай аатынан университекка юрист үөрэҕэр үөрэнэ сырыттаҕына, олунньутааҕы, онтон Өктөөп өрөбөлүүссүйэлэрэ буолуталааннар, үөрэхтэрэ сабыллан, дойдутугар төннөн кэлбитэ. Бастаан Арҕаа Хаҥаласка, Дьокуускай куоракка старшай силиэдэбэтэлинэн, Главсудка балайда уһуннук үлэлээбитэ. Онтон үһүс учаастакка силиэдэбэтэлинэн ананан үлэлии сылдьыбыта. Бу учаастакка Таатта, Чурапчы, Байаҕантай, Бороҕон, Дүпсүн уонна Өймөкөөн улуустара киирэллэрэ. Аҕам улууһугар бастакы силиэдэбэтэл. Ийэм Мария Иннокентьевна, Димитриан Попов сиэнэ Иннокентий Васильевич Попов аҕабыыт кыыһа. Эһэм Иннокентий Васильевич саха норуотун бастакы  идэтийбит худуоһунньуга Иван Васильевич Попов инитэ. Ытык Күөл Преображенскай таҥаратын дьиэтин бүтэһик аҕабыыта этэ. Эбэм өттүнэн Поповтар удьуордарын салҕыыбын.

— Аҕаҥ Михаил Григорьевич айылҕаттан сурукка дьоҕурдаах киһи дииллэр. Ону таһынан фотограф быһыытынан биллэрэ. Ытык Күөл урукку тутууларын хаартысканан үйэтиппит үтүөлээх. Кини хас сыллаахтан үйэтитиинэн дьарыктаммытай?

— Аҕам, чахчы, дэгиттэр этэ, сытыары-сымнаҕас майгылааҕа, уһуну-киэҥи толкуйдуур дьоҕурдааҕа. Үйэтитиини дьарык оҥосторугар өбүгэтин өйө-санаата акылаат буолбута. Ол курдук, аҕата Григорий Вонифатьевич Слепцов алта улууска бастакы норуодунай судьуйа этэ. Ийэтэ Бороҕон улууһун бастакы албакаата Иннокентий Степанович Говоров кыыһа Евдокия Иннокентьевна Слепцова-Говорова. Онон хаанынан бэриллэр удьуор тыына көмөлөһөн, аҕабыт айылҕаттан киһи быһыытынан да, билиитинэн-көрүүтүнэн да күүстээх этэ. Кыраайы үөрэтиини, хаартыскаҕа түһэриини балайда эдэриттэн саҕалаабыт. Кэлин Слепцовтар, Поповтар төрүччүлэринэн, 1912 сыллаахха буолбут сахалар бастакы сийиэстэрин кыттыылаахтарын испииһэгин булуунан дьарыктаммыта. Ону уола Николай Михайлович салҕаабыта. Ол туһунан “Николай Михайлович Слепцов. Ыстатыйалар. Ахтыылар” кинигэбэр киллэрэн турабын. Аҕабытын өссө Кыайыгый бөлүһүөгэ диэн ааттыыллара. Сэрии кыайыынан түмүктэниэ диэн дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиирин, үтүө сонуннары тарҕатарын иһин.

— Билиҥҥи көлүөнэҕитин өбүгэ тыыныгар сыһыарар биир эмэ ытык мал  баар дуо?

— Төрөппүттэрбит маллара эдьиийбэр, доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ  Клара Михайловнаҕа баар. Эбэбит туумбата, Балапаат докумуон уурар холбуката, эмээхсинин маллаах иһитэ, аҕабыт хоппото биһиги аймахха күндү мал буолан элбэҕи кэпсии тураллар.

— Эйигин архыып матырыйаалларыгар олоҕуран кинигэ таҥан таһаарааччынан билэбит уонна холобур оҥостобут.

— Уопсайа уон кинигэни таһаардым. Бастакы “Ытык Күөл” диэн кинигэни хомуйан оҥорорбор сэттэ сыл үлэлээбитим. Улуус архыыбын матырыйаалларын, 1939 сылтан саҕалаан “Коммунист”, “Таатта” хаһыаттары барытын хаһан, ааҕан таһаарбытым. Ону таһынан улууһум библиотекатыгар, “Таатта” литературнай-художественнай музей пуондаларын көрбүтүм, олохтоохтору кытта кэпсэппитим. Дьиҥэр, нуучча кылааһыгар үөрэммитим, ол эрээри сахам хаана баһыйан диэххэ дуу, ыраастык уонна сыыһата суох сахалыы суруйабын. Кинигэ оҥоруута элбэх бириэмэни ылар, тулууру, дьулууру эрэйэр. Архыып матырыйаалларынан, чахчыга олоҕуран тахсар буоллаҕына эрэ ыйааһыннаах буолар. Инникитин туһаныллыа турдаҕа. Сылларынан ылан көрдөххө: “Ытык Күөл” (2012), “М.Г. Слепцов ахтыыта” (К.М. Егорова, Ф.М. Харитонова, 2014), “Отец Иннокентий” (2015), “Тааттыныскай нэһилиэк” (Е.Г. Винокуров, Е.Ф. Кузьмина, Ф.М. Харитонова, 2015),  “Кыайыгый бөлүһүөгэ М.Г. Слепцов: ыстатыйалар, ахтыылар”  (2015). “Тааттыныскай нэһилиэгин үйэлээх суола: ист.-док. кинигэ” (Е.Ф. Кузьмина, Ф.М. Харитонова, К.А. Хатылыкова, 2016), “Түөкэй аҕа ууһуттан төрүттээх” (Ф.М. Харитонова, К.М. Егорова, 2019), Прудецкай Николай Никонорович (хомуйан оҥордо: Харитонова Ф.М., бэчээккэ бэлэмнээтилэр: Е.П. Прудецкая, Н.Н. Прудецкай, 2020), “Оҕо саас түөлбэтэ” (Ф.М. Харитонова, М.Н. Колесова, 2022). Билигин “Ытык Күөлүм” үһүс кинигэтин бэлэмнии сылдьабын.

— Дьиэҕэр тус архыыптааххын дуо?

— Аҕабыт библиотека уонна музей дириэктэринэн үлэлээбитэ. Улахан архыыптааҕа. Бэйэм кыраайы үөрэтээччи, кинигэ хомуйан оҥорооччу буоларбынан, кинигэни балачча мустум уонна аҕам матырыйаалларыттан, бэйэм муспут матырыйаалбынан дьиэтээҕи архыыптаахпын. Баар матырыйаалбын кинигэбэр киллэрэн иһэбин. Кыраайы үөрэтиигэ билии ирдэнэр. Билиини, биллэн турар, кинигэттэн эрэ ылабыт. Бэйэм кинигэни оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн ааҕабын. Уус-уран кинигэлэрбин сороҕун бэлэх быһыытынан дьоҥҥо биэртэлээбитим, эбии оҕо библиотекатыгар 52 туомнаах энциклопедияны бэлэхтээн турабын.

— Федора Михайловна, бэйэҥ туох идэлээххиний?

— Бэйэм иитээччи идэлээхпин, 1972 сыллаахха 2 №-дээх Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрбитим. Идэбинэн Дьокуускайга, Ытык Күөлгэ үлэлээн баран, 1975 с. стенография, делопроизводство, машинопись куурсугар үөрэммитим. Иккис идэбинэн 1980-2004 сс. райкомҥа, улуус дьаһалтатыгар приемнай сэкирэтээринэн биир миэстэттэн халбарыйбакка үтүө суобастаахтык үлэлээбитим.

— Үлэҥ эмиэ сурук үлэтин кытта сибээстээх. Оччотугар кинигэни суруйарга анаан төрөөбүт эбиккин.

— Арай биирдэ түһээтэхпинэ, биир хап-хара бытыктаах киһи кэлэн “суруй” диэтэ. Онтон иккистээн кытаанах куолаһынан “суруй” диэн хаһыытыыр былаастаах эттэ. Бастаан түүлбүн өйдөөбөтөҕүм, тугу суруйтараары гыммытын. Түүлбүн Люция Нохсороваҕа кэпсээбиппин, өбүгэлэриҥ эппиттэрин хайаан даҕаны толоруохтааххын диэбитэ. Онтон дьэ өйдөөтөҕүм үһү.

— Федора Михайловна, бүгүн уруккуну сэгэтэн көрөн аастыбыт. Дириҥ силистээх-мутуктаах өбүгэҥ кэпсээнин өссө да тиһэн, кинигэ таһаара тураргар баҕарабыт. Ийэҥ “хаһан да дьонтон чорбойо сатаама” диэн этиитинэн сэмэйдик олорон кэллиҥ, биһиэхэ өй-санаа өттүнэн көмөҥ, сүбэҥ иһин махтанабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...