02.07.2024 | 22:05

Дьокуускайга VIII-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи приемнай дьиэ кэргэттэр слеттара буолан ааста

Дьокуускайга VIII-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи приемнай дьиэ кэргэттэр слеттара буолан ааста
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 26 күнүгэр буолан ааспыт VIII-с Өрөспүүбүлүкэтээҕи приемнай дьиэ кэргэттэр слеттара оҕону иитии, бөҕө уонна дьоллоох дьиэ кэргэни тэрийии, приемнай дьиэ кэргэттэр оҕолоро уопсастыбаҕа киириилэрин, оҕо иитэ ылар төрөппүккэ булгуччулаах пенсионнай страховкалааһын о.д.а. боппуруостарын көрдө.

Тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ уонтан тахса улууһуттан 45 приемнай дьиэ кэргэн кыттыыны ылла. «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэн институтугар дьоһун болҕомто ууруллар. Ил Дархан тулаайах оҕо ахсаанын аҕыйатар соругу туруорда. Ол курдук, кэлиҥҥи 5 сылга приемнай дьиэ кэргэн ахсаана 225-тэн 235-кэ диэри элбээтэ. 235 приемнай дьиэ кэргэҥҥэ 656 тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох оҕо иитиллэр»,– диэн бэлиэтиир үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова.

Оттон улуустарынан ыллахха, ордук элбэх приемнай дьиэ кэргэн Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Нам, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Хаҥалас улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка баар. Ол курдук, 24 оҕону иитэр Дьокуускайтан Павловтар дьиэ кэргэн кыыстара Дайаана Павлова слет кыттыылааҕа буолла. Санатар буоллахха, быйыл Павловтар «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» күрэх «Приемнай дьиэ кэргэн» анал аатын кыайыылаахтара буолбуттара, диэн иһитиннэрэр Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...