29.03.2024 | 20:39 | Просмотров: 484

Дьокуускайга полиция учаскуобайыгар аналлаах пааматынньык арылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Архитектор Сергей Лукин уонна скульптор Павел Чямпин ааптардаах саҥа пааматынньык Дзержинскэй уулуссатыгар турда.

Пааматынньыгы үөрүүлээхтик арыйыыга ис дьыала миниистирэ, полиция генерал-лейтенана Владимир Прокопенко уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ыллылар.

Пааматынньык былырыын бэлиэтэммит Саха сиригэр полиция учаастактааҕы боломуочунайдарын сулууспатын 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананар. Владимир Прокопенко бэлиэтээбитинэн, бүгүн даҕаны учаскуобай ис дьыала уорганнарын бары үлэһиттэриттэн норуокка саамай чугас, кини үлэлиир сирэ -- анаммыт учаастага, уулусса, тиэргэн, нэһилиэнньэ олорор дьиэтэ-уота.

«Полиция учаастактааҕы боломуочунайдарын сыралаах үлэлэринэн оҥоһуллар буруй 40% арыллар, хас биирдии иккис буруйу оҥорооччу быһаарыллар. Административнай буруйу оҥорууну быһаарыыга, докумуоннааһыҥҥа кинилэргэ тэҥнээх суох»,-- диэн бэлиэтээтэ миниистир.

Владимир Прокопенко пааматынньык ааптардарыгар, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатыгар, бары исписэлиистэргэ үбүлүөйдээх тэрээһиннэри түмүктээһин быһыытынан туруоруллубут өйдөбүнньүк иһин махталын биллэрдэ, диэн иһитиннэрэр СӨ ИДьМ пресс-сулууспата. ИДьМ пресс-сулууспатын хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Дьон | 01.11.2026 | 21:07
Ытык Күөлгэ Байанай ыйа муҥхаттан саҕаланна
Өбүгэ үгэһэ салҕанар.
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.