05.08.2024 | 20:04

Дьокуускайга Михаил Николаевка пааматынньык туруоҕа

Дьокуускайга Михаил Николаевка пааматынньык туруоҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 3 күнүгэр СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев киин куоракка тутулла турар эбийиэктэри кэрийэн көрдүлэр-иһиттилэр.

Бастатан туран бастакы бэрэсидьиэммит Михил Ефимович Николаев аатын үйэтитэр болуоссат сирин-уотун көрдүлэр. М.Е.Николаев болуоссата Сэргэлээх шоссетын уонна М.Е. Николаев проспегын быһа охсуһууларыгар, АГАТУ ипподромун таһынан тутуллуохтаах.  

Сайсары күөл кытылын уонна 202-ис дьоҕус оройуоҥҥа Роман Дмитриев аатынан кытылы тупсарыы үлэтин хаамыытын билистилэр. Олимпиец Роман Дмитриев аатынан кытыл Хабаров уулуссатыттан Хатыыстаах арыыга диэри (лодочнай станцияҕа тиийэ) барар. Бу эбийиэктэр Дьокуускай маастар-былааныгар киирэн тураллар.

“Сайсары күөл кытылын уонна Роман Дмитриев аатын үйэтитэр кытылы оҥоруу графикка олоҕуран баран иһэр, улахан кыһалҕалары көрсө иликпит, үлэ барыта эрдэ ыйыллыбыт болдьоҕор туолуохтаах”, – диэн эрэннэрэр Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев.

Салҕыы 2-ис нүөмэрдээх поликлиника тутуутун бэрэбиэркэлээтилэр. Бу поликлиника Можайскай уулуссатыгар турар. Биир симиэнэҕэ 600 киһи кэлэн көрдөрүнэн барар кыамталаах тутуу буолуохтаах.

“Манна үлэ үчүгэй тэтиминэн бара турар. Дьокуускай хотугу өттүгэр олорор дьоҥҥо олус суолталаах, олохторун чэпчэтэр тутуу буолан тахсыахтаах”, –  диир Евгений Николаевич.

Бүтэһигэр Ленин болуоссатын өрөмүөнүн билсии буолла. Ленин болуоссата эмиэ Дьокуускай маастар-былааныгар олоҕуран оҥоһуллар. Болуоссат дизайн-бырайыагын “Якутпроект” института оҥорбут. Территорияны тупсарыы иһигэр көҕөрдүү, суолу уонна тротуардары саҥардыы, “сухой фонтан” тутуута, 13 миэтэрэ үрдүктээх сэргэ курдук быһыылаах-таһаалаах сүүнэ холуонналары туроруу былааннанар. Болуоссат үс чаастан туруоҕа: 2-ис нүөмэрдээх СӨ Бырабыыталыстыбатын дьиэтин иннинээҕи, 1-кы нүөмэрдээх Оҕо искусствотын оскуолатын иннинээҕи уонна сүрүн зонаҕа арахсыаҕа. Маны кытта массыына уонна бэлисипиэт тохтуур сирэ баар буоллуоҕа.

Хаартыска: yakutskcity.ru

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...