Дьокуускайга бөҕү сүөкүүр уонна таҥастыыр полигону тутуу салҕанар
Бүлүүлүүр суол 27-с км «Экология» национальнай бырайыак иитинэн бөҕү наардыыр кыахтаах саҥа полигон тутулла турар.
Ыстаансыйа сылга 150 тыһыынча туонна ТКО ылар, ол эбэтэр Дьокуускай куорат уонна Жатай бөһүөлэгин барытын хааччыйар кыамталаах. Ону 100% наардыыр кыахха таҕыстаҕына, полигоҥҥа быраҕыллар бөх иэнэ лаппа аҕыйыахтаах.
Бүггүҥҥү күҥҥэ манна сир үлэтэ түмүктэнэн, производственнай куорпус сыбаайалара туруорулла сылдьаллар. Тутуу балаһааккатыгар 8-10 тиэхиньикэ, ол иһигэр 2 буур үлэлии тураллар, диэн иһитиннэрэр СӨ ОДьКХ министиэристибэтин пресс-сулууспата.
Санатар буоллахха, полигон икки түһүмэҕинэн тутуллар. Бастаан инфраструктурата уонна биэстэн икки бастакы учаастак оҥоһуллар. Иккис түһүмэҕэ 2024-2028 сылларга олоххо киириэхтээх. Тутуу уопсай сыаната 3,7 млрд солк. тэҥнэһэр, бастакы уочарат сыаната – 2,4 млрд солк.
Маны сэргэ Бүлүүлүүр суол 8 км бөҕү наардыыр ыстаансыйа тутуллар.
Бу икки баараҕай бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ бөҕү таҥастыыр промышленнас сайдыытыгар тирэх буолуохтаахтар.