10.07.2020 | 10:39

Дьокуускай суолларын оҥорууга саҥа технологиялар туттуллаллар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Суол үлэһиттэрэ, бары ирдэбиллэри тутуһан, аныгы ньыманы туһанан,  хаачыстыбалаах буоларын туһугар кыһаллаллар,  болдьоҕор туттара сатыыллар.

Кэнники сылларга суол оҥоруутугар ресайклинг диэн технологияны тутталлар. Бу ньыма Арассыыйа киин куораттарыгар кэлбитэ уонча сыл буолбут. Европаҕа, Америкаҕа уонна да атын баай дойдуларга баһылаабыттара ыраатта.

Үлэ уонна аныгы технология хайдах салалларын билсээри, «Главстрой» тэрилтэ суол тутуутун отделын сүрүн исписэлииһэ Аркадий Мухаметовтыын кэпсэттибит.

РЕСАЙКЛИНГ”

⎯ Билигин Дьокуускайга оҥоһулла турар суол тутуллуутун технологиятын ресайклинг диэн ааттыыллар. Омуктууттан тылбаастаатахха, тупсаран оҥоруу диэн өйдүөххэ сөп. Дьиҥинэн, олус киэҥник тарҕаммыт тиэрмин. Холобура, саҥа тыын, хаттаан тилиннэрии, сөргүтэн оҥоруу диэн тылларынан уустугурдубакка быһаарыахха сөп.

Бу технологияны Германия эрэ тиэхиньикэтэ оҥорор кыахтаах. Улахан көлүөһэлэрдээх, туохтан да иҥнибэт, ханнык даҕаны улахан таастары илдьиритэ сынньар, суолу үнтү балкыйар, ис аннын барытын мускуйар  массыына буолар.

Суол урукку оҥоһуллубут үрдүн халҕаһын матырыйаал, саппаас чаас курдук тутталлар. Манна аналлаах ресайклер диэн тиэхиньикэ суол үрдүн, үөһэ сытар дьапталҕатын бэйэтэ кыһыйан уонна хомуйан ылар. Ону үнтү мэһийэллэр уонна цемени эбэтэр битуму (эмульсия) кытта булкуйан, төттөрү суолга кутаннар асфальт курдук бүрүйэллэр.

Бу технология саамай үтүө өрүтэ –  ууну аһардыбат буолан, уһун үйэлээх. Оҥоһуута судургутунан, бөҕөтүнэн аатырар. Ол иһин сыаната даҕаны, үлэтэ даҕаны лаппа чэпчэки буолар.

“СЛАРРИ СИЛ”

⎯ Суол олохтоохтук оннун булан сытарыгар уонна үрдэ  урусхалламматыгар биир улахан оруолу «Сларри сил» диэн технология ылар. Бу Америка технологията буолар. Суол үйэлээх буоллун диэн, Ресайклер диэн анал тиэхиньикэ суолу оҥорбутун кэннэ суол сабыытыгар  эмульсионнай-минеральнай булкадаһыгы үрдүнэн 1,5 см халыҥнаах гына куталлар. Статистика көрдөрөрүнэн, 3-5 сыл быдан бөҕө турар. Кэнэҕэскитин кыра өрөмүөн үлэтин ыытаары гыннахха, сыаната даҕаны уонна үлэни ирдиирэ да аҕыйах буолар.  «Сларри сил» эмульсионнай-минеральнай булкадаһыкка састаабыгар кыра туораах таастардаах уонн араас эмульсия баар. Ол иһин алдьаммакка өр сытар. Оннооҕор улахан массыыналар туох да куттала суох холкутук ааһар кыахтаахтар.

КӨДЬҮҮҺЭ БАҺААМ

⎯ Тымныы эттиктэри кытта үлэлиир технология суол үлэтин араас салааларыгар ирдэниллэр соруктары бэрт түргэнник быһаарар.

• Мөлтөх кырыстааһыны бигэтитэр (стабилизациялыыр).

• Эргэ аспаалы уонна бетону үлтүрүтэр.

• Суол-иис матырыйаалларын тэлгэтэр.

• Баар суоллары саҥардан, тупсаран оҥорор.

• Бу технология суол оҥоруутугар наадалаах матырыйааллары биллэрдик аччатар, ону сэргэ суол үлэтэ-хамнаһа тэтимирэр.

• Тулалыыр эйгэҕэ буортута суох.

СҮРҮН ТОСХОЛЛОРО

⎯ Суол конструкциялааһынын төрдүгэр тиийэ уурар. Аны туран, суол дьапталҕата уурулларыгар туох баар дьэппиэктэри барытын көннөрөр, тэҥниир буолан, билиитэ курдук оҥорор. Ол иһин айанныырга көнө, нэксиэтэ суох буолар, сахсылла олорбоккун. Бу технология бэйэтэ суол тутуллуутун автоматизациялыыр, механизациялыыр.

ИТИ КУРДУК...

Биһиги олохпутугар сайдыы суола хаһан эрэ кэлэр эбит диэн испитигэр кыратык үөрэ саныахпытын сөп. Аны саас быйыл өрөмүөннэнэ, оҥоһулла турар суолларбыт туруктарын, технология үлэтин түмүгүн көрүөхпүт. Хаачыстыбатын эмиэ сыаналыахпыт. Суолбут барыта остуол ньуурун курдук буолуо дуо?

Аркадий Владимирович түмүккэ бу маннык технология куорат суолларыгар бастакытын оҥоһулларын тоһоҕолоон эттэ. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай таһымнаах суолларга бу технология олоххо киирбитэ номнуо сэттис сылыгар барбыт.

ПРИГОРОДНАЙ СҮРҮН УУЛУССАЛАРА

Ресайклинг технология өрөспүүбүлүкэ суолун-ииһин өрөмүөннүүргэ, сөргүтэргэ үчүгэй көрдөрүүлээх. Пригороднайга Новая уулуссаҕа эмиэ бу технологияны туһаналлар. Бу туһунан «РИК Автодор» АУо бэдэрээтчигин салайааччыта Ариан Сидоров, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускай саҥа эбийиэктэрин бэрэбиэркэлиир кэмигэр иһитиннэрдэ.

Куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев оҥоһуллар уулусса уһуна 1,492 км усталаах, онтон хантараак суумата 47,8 мөл.солк. диэтэ.

«Эбийиэккэ үлэ хаамыытынан, болдьоҕор сөп түбэһиннэрэн үлэлииллэр. Суоллары ресайклинг технологияҕа бэлэмнээһин үлэлэрэ түмүктэнэллэр. Билигин асфальт уонна бетон булкадаһыгын 8 см халыҥнаах араҥаны куталлар”, – диэтэ Евгений Григорьев.

Үлэ болдьоҕо алтынньы 30 күнүгэр бүтүөхтээх диэн былааннаммыта. Ол эрээри бэдэрээтчик от ыйын бүтүүтэ үлэтин түмүктүүр былааннаах.

ПОЯРКОВ УОННА КУРАШОВ УУЛУССАЛАР БЫҺА ОХСУҺУУЛАРА

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн Поярков, Курашов уонна Петр Алексеев быһа охсуһууларын кэҥэтэллэр. Кистэл буолбатах, киин уулуссаларбыт олус кыараҕастар. Бу эбийиэккэ уулуссалар түөрт балаһаҕа тиийэ кэҥиэхтээхтэр. Дьэ, оччоҕуна сырыыбыт сыыдам буолуо диэн эрэнэбит.

«Сельдорстрой» тэрилтэ начаалынньыга Роман Мазанов иһитиннэрбитинэн, бу учаастакка ууну аһардар ситимнэри хаттаан оҥоруохтара, тротуардары, бордюрдары, светофордары, суол бэлиэлэрин туруоруу, сырдатыы үлэтэ күүтэр.

«Поярков-Курашов уулуссаларын быһа охсуһууларын оҥорууга бэлэмнэнии үлэтэ түмүктэннэ. Уу ситимэ тардыллан сытар. Поярков уонна Петр Алексеев уулуссаларын быһа охсуһууларыгар сытар гаас ситимнэрин икки турбата эмиэ уларыйда, эргэ бордюр таастары уонна тротуарнай плиткалары көтүрдүбүт», – диэн кэпсээтэ Роман Мазанов.

Куорат олохтоохторо бу уулуссалар хаһан аһыллалларын ыйыталаһаллар. Элбэх киһи хаайтарда быһыылаах. Бу эбийиэккэ, бэдэрээтчик этэринэн, от ыйын ортото аспаалы кутуу үлэтин ыытыахтара. Поярков-Курашов эбийиэктэрэ от ыйын 31 күнүгэр диэри, оттон Петр Алексеев-Поярков атырдьах ыйын 31 күнүгэр түмүктэнэрэ күүтүллэр.  Былаан быһыытынан реконструкция үлэтэ балаҕан ыйын бүтүүтэ толору түмүктэниэхтээх. Өрөмүөннэнэр суолбут буоллун-хааллын диэн оҥоһуллубата буоллар дииллэр бу оройуон олохтоохторо.

Манна туһаайан эттэххэ, Поярков – Курашов, Поярков-Петр Алексеев уулуссаларын туоруурга 8,5 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх асфальт  кутуллуохтаах.

Куораппыт килбэйэр киин уулуссалара кэҥээтэхтэринэ, сырдыгынан сандаарыйан турдахтарына үлэ иннинэ уонна кэннинэ хаайтарыы тахсара арыый аччыа этэ. Билигин сылаас, ардаҕа суох күннэри баттаһа,  хаар түһэ илигинэ үлэ былаана туолара, ситиһиилээхтик түмүктэнэрэ буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....