Дьокуускай Өрөгөйүн ырыата хайдах айыллыбытай
2015 сыл муус устар 24 күнүгэр оччотооҕуга киин куорат баһылыга Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах мунньахха өрөспүүбүлүкэ киин куоратын Өрөгөй ырыатын айарга күрэх биллэрбитэ. Сыл устата идэтийбит композитордартан, поэттартан уопсайа 61 сайаапка киирбит. 2016 сыл балаҕан ыйыгар биллиилээх композитордар, литератордар, суруналыыстар, Куорат уопсастыбаннай палаататын чилиэннэрэ састааптаах дьүүллүүр сүбэ 6 бастыҥ ырыаны талан, Куорат күнүгэр иһитиннэрэргэ быһаарбыта. Салгыы ырыалары Уопсастыбаннай палаата уонна Олохтоох бэйэни салайыныыга, сокуону тутуһууга уонна регламеҥҥа хамыыһыйа көрүүтүгэр биэрбиттэр. Дьэ ол кэннэ ахсынньы 21 күнүгэр Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын быһаарыытынан билиҥҥи барыйаан бигэргэтиллибит.
Поэт Христофор Горохов-Элгэстэй Өрөгөй ырыатын күрэҕэ биллэриллибитин истэн 10 (!) хоһоону суруйбут эбит. Онтон композитор Алексей Калининскайдыын сыымайдаан-сыымайдаан, биир хоһоону талан ылбыттар. Дьокуускай куорат Өрөгөй ырыатын матыыба норуодунай артыыс Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй айар үлэтин биир чыпчаала буолар.
Дьокуускай Өрөгөйүн ырыата
Алексей Калининскай-Луҥха
Өлөксөй матыыба
Христофор Горохов-Элгэстэй уонна Владимир Жирков тыллара
Над великою Леной рекой
Сквозь дыханье морозных веков
Вырос город Якутск со счастливой судьбой
Быть столицей земли Олонхо!
Припев:
Процветай же, любимый наш дом,
Всех народов согретый теплом!
Ты навеки родной, мы гордимся тобой,
Сердце Севера миру открой!
Вера в счастье сильна! Наша дружба крепка!
О, Якутск, будем вместе всегда!
Үс үөстээх Өлүөнэ эбэбит
Төрүт уус төлкөбүт биһигэ,
Туймаада хочото Эллэйтэн саҕыллан,
Дьокуускай үөскээбит дьылҕата.
Хос ырыата:
Дьокуускай – эйэ-дьол куората,
Дьокуускай – Хоту сир сүрэҕэ,
Сырдыкка, кэрэҕэ, үрдүккэ дьулуурбут
Биһиги кэхтибэт кэскилбит!
Доҕордуу норуоттар эйэҕэ дьулуурбут
Биһиги самныбат саргыбыт!
Процветай же, любимый наш дом,
Всех народов согретый теплом!
Ты навеки родной, мы гордимся тобой,
Сердце Севера миру открой!
Вера в счастье сильна, наша дружба крепка,
О, Якутск, будем вместе всегда!