Дьокуускай Прокуратурата: Элбэх киһи кыттыылаах тэрээһин бэрээдэгин уонна эппиэтинэһин туһунан
Дьокуускай куорат Прокуратурата иһитиннэрэринэн, РФ Сүрүн сокуонун 31 ыстатыйатыгар Арассыыйа гражданнара мунньахтары, миитиннэри, демонстрациялары, сэлэлии хаамсыыны уонна пикеты ыытар бырааптаахтарын туһунан сиһилии сурулла сылдьар.
«О собраниях, митингах, демонстрациях, шествиях и пикетированиях» 31 ыст. олоххо киирэр механизма 19.06.2004 с. 54 №-дээх Федеральнай Сокуоҥҥа олоҕурар. Бу сокуон ирдииринэн, миитини тэрийээччинэн 16 саастарын туолбут Арассыыйа гражданнара, политическай баартыйалар, уопсастыбаннай түмсүүлэр, түмсүүлэр регионнааҕы салаалара буолуохтарын сөп.
54-с Сокуон 5 ыстатыйатыгар ыйылларынан, публичнай тэрээһини ыытааччы булгуччу РФ субьегын толоруулаах былаас уорганыгар эбэтэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганыгар тэрээһин буолуон 10 күн инниттэн иһитиннэрии киллэриэхтээх.
Хас да киһи буолан эбэтэр соҕотох киһи араас хомуллар конструкциялаах (былакааттаах, суруктаах о.д.а.) пикеттии тахсалларыгар 3 күн иннинэ иһитиннэриэхтээхтэр. Соҕотох киһи тугу да туттубакка турар бэйэтэ пикеттии тахсарыгар маннык ирдэммэт.
Иһитиннэрии болдьоҕун иһигэр бэриллибэтэх буоллаҕына эбэтэр публичнай тэрээһиҥҥэ аккаас кэлбит буоллаҕына, эбэтэр олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар тэрээһин бириэмэтэ, буолар сирэ уларыйбытын туһунан иһитиннэрии киирбэтэх буоллаҕына, тэрээһини ыытар быраап суох буолар.
Бу бэрээдэги кэһии, сокуоннайа суох тэрээһиҥҥэ кыттыы иһин, КоАП РФ 20.2 ыст. олоҕуран, административнай эппиэтинэскэ тардыллан, гражданнар 30 тыһ. солк. тиийэ ыстарааптаныахтарын, эбэтэр 50 күннээх күһэлэҥ үлэҕэ уураахтаныахтарын, 10 сууккаҕа хаайыллыахтарын сөп.
Элбэх киһи кыттыылаах тэрээһини тэрийиигэ бэрээдэги хас да төгүл кэһии таҕыстаҕына (РФ ХК 212.1 ыст.), маассабай бэрээдэги кэһии, былаас бэрэстэбиитэллэрин утары сэбилэниилээх утарсыыга бэлэмнэнии эбэтэр кыттыы, кыттарга ыҥырыы (РФ ХК 212 ыст.) иһин холуобунай эппиэтинэс көрүллэр. Маннык хабааннаах буруйдары оҥоруу иһин 5-тэн саҕалаан 15 сылга диэри хаайыыга барыахха сөп.
Дьокуускай куорат Прокуратурата.