Дьокуускай кырачаан үҥкүүһүттэрэ Москваҕа «көмүскэ» тигистилэр
«Реверанс” спортивнай үҥкүү кулуубун спортсменнара Арылхан Данилов уонна Миласлава Мазанова Москва куоракка сыл ахсын ыытыллар үгэс буолбут «Московия-2021” турнирга кыайыылааҕынан ааттаннылар.
Турнир бастакы күнүгэр спортсменнар «Оҕолор 2+1» D-кылааска европейскай бырагыраамаҕа боруонса, онтон иккис күнүгэр 8 үҥкүүнү чаҕылхайдык толорон кыһыл көмүс призердарынан буолбуттар.
«Ити түмүк соһуччу буолбатах, «Реверанс» спортивнай үҥкүү кулуубун эдэр спортсменнарын уонна тренердэр хамаандаларын дьаныардаах үлэлэрин түмүгэ. Спортсменнар төрөппүттэрэ итинник үрдүк таһымнаах күрэхтэргэ тиһигин быспакка кыттарбыт наадалааҕын өйдөөн, өйөөн үбүлүүллэрин иһин махтаныахпын баҕарабын. Биллэн турар, турнирга кыттыы оҕолорго улахан уопуту биэрэр», – диэтэ үрдүкү тренер Нелли Лилло.
Тренер кэпсээбитинэн, Арылхан Данилов уонна Миласлава Мазанова турнирга 5,7 очукуону ылбыттар, онон кэнники D-кылаастан С-кылааска көһөр кыахтаммыттар.