Можайскай уулуссатын өрөмүөҥҥэ бэлэмнээн эрэллэр
Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри кэрчигин өрөмүөнэ 2023 сылтан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан ыытыллар. Хапытаалынай өрөмүөн түмүктэрэ болдьоҕо – 2024 сыл алтынньы 31 күнэ, тутуу сакаасчыта – «Главстрой» МХТ, бэдэрээтчит – «Дороги Саха» САО, бырайыактааччы – «ЦАН» ХЭТ.
Можайскай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ – «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыак Дьокуускай куоракка олоххо киирэр биир баараҕай эбийиэгэ. Ол курдук, 2 км тахса усталаах сиргэ уулуссаны түөрт балаһаҕа диэри кэҥэтэр сыалтан баар инженернэй ситимнэр бары көһөрүллүөхтээхтэр, суол икки өттүнэн уу сүүрэр халдьалара туруоруллуохтаахтар. Маны сэргэ носуос ыстаансыйата, Можайскай – Маҕанныыр тракт быһа охсуһууларыгар эргиир, өрөмүөннэнэр кэрчик устатын тухары аспаал, тротуар ууруллуохтаахтар о.д.а. үлэ ыытыллыахтаах.
«Главстрой» МХТ иһитиннэрэринэн, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыак быйылгы эбийиэктэригэр үлэ быһа холоон муус устар – ыам ыйдарыттан саҕаланар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Эрдэ суруйбуппут курдук, 2024 сылга Дьокуускайга уопсайа 32 км кэриҥэ усталаах 19 эбийиэккэ суол тутуута, өрөмүөнэ ыытыллаары турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ былааннаах 19 эбийиэктэн 17-гар хантараак түһэрсиллэн турар.
Хаалбыт икки эбийиэккэ муниципальнай хантараактары түһэрсии муус устар 1 күнүнэн түмүктэнэрэ былааннанар. Ол курдук, Пригороднай бөһүөлэгин Заречная, Новая, Тепличный переулок хапытаалынай өрөмүөннэригэр (1,152 км) хантараагы түһэрсии кулун тутар 15 күнүгэр былааннанар, Мархаҕа Мелиоратордар уулуссаларыгар 1,515 км усталаах сир хапытаалынай өрөмүөнүн хантараага – муус устар 1 күнүгэр.
Киин куоракка быйыл ханнык уулуссаларга өрөмүөн ыытылларын сиһилии: https://kiinkuorat.ru/articles/byyyl-tutullar-suollar-hantaraaktaryn-t-ersii-91-8-tuolbut
"Главстрой" МХТ хаартыската