Дьокуускай куоракка эһиил ханнык саҥа сынньалаҥ миэстэтэ баар буолуон сөбүй?
Б.дь. кулун тутар 15 – муус устар 30 күннэригэр эһиил, 2025 сылга, тупсарарга былааннанар эбийиэктэри быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын буолаары турар.
2019 сылтан «Куорат сиригэр нэһилиэнньэҕэ табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан Арассыыйа үрдүнэн маннык куоластааһын түмүгүнэн 11,8 тыһыынча уопсастыбаннай туона тэрилиннэ.
Куоластааһыҥҥа 14-тэн үөһэ саастаах Арассыыйа гражданнара
14.gorodsreda.ru балаһааккаҕа киирэн, сөбүлээбит бырайыактарын талан кыттыахтарын сөп.
Куоластааһыҥҥа 2025 сылга Саха сиригэр Дьокуускай куораты таһынан Томмот, Алдан, Аллараа Кураанах, Сангаар, Айхал, Чернышевскай, Беркакит, Чульман, Хаандыга, Мохсоҕоллоох, Уус Майа бөһүөлэктэрин, Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү, Хоро, Үөдэй, Нам, Мукучу, Кэбээйи, Ленскэй, Бороҕон, Таатта, Чурапчы нэһилиэктэрин, Нерюнгри, Ленскэй, Мииринэй, Удачнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Бүлүү куораттарын бырайыактара кытталлар.
Дьокуускай куорат олохтоохторо быйыл ханнык уопсастыбаннай туоналарга куоластыыр кыахтаахтарый?
Ол курдук, быйылгы куоластааһыҥҥа биэс бырайыак кыттар:
– Юрий Гагарин аатынан сквер;
– Николай Щорс аатынан күөл кытыла;
– Сэргэлээх күөлүн кытыла (ДСК оройуона);
– Теплай күөл кытыла;
– «Ытык сир» паарка (Новопортовской оройуон).
«Куорат сиригэр табыгастаах эйгэни тэрийии» федеральнай бырайыагынан ыытыллар рейтиннээх куоластааһын түмүгүнэн Дьокуускай куоракка араас сылларга Таалай күөл, «Ворота Якутска» сквер, Учуутал бульвара, Сири оҥорооччулар сквердэрэ (Дзержинскэй уул.), Дьаамсыктар сквердэрэ, Тыыл үлэһиттэрин скверэ тупсарыллыбыттара. Былырыын Сайсары күөл кытылын уонна Ийэ скверин тупсарыы саҕаламмыта, быйыл Федор Попов аатынан сквери тутуу былааннанар. Ол курдук, былырыын Федор Попов аатынан сквер дизайн-бырайыагын иһин 9148 куолас киирэн, кыайыылааҕынан тахсыбыта. 2024 сыллаахха рейтиннээх куоластааһыҥҥа Дьокуускай куорат уопсайа 29 679 олохтооҕо кыттыыны ылбыта. Манна кыттыбыт алта бырайыактан (Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Поповка аналлаах сквер, Щорс аатынан күөл кытыла, Сэргэлээх күөлүн кытыла, Алмааһы кырыылааччылар сквердэрэ, Гагарин аатынан сквер уонна Тутааччылар сквердэрэ) үһэ быйыл хаттаан кыттар.
Сэргэлээх күөлүн кытыла
Сэргэлээх күөлүн кытылын территориятын икки чааска араараллар, онон икки сиринэн киириэххэ сөп буолара сабаҕаланар. Кытылга Өйдөбүнньүк сквера оҥоһуллуоҕа.
Бастакы киириинэн бэлисипиэт туруорар сир, кафе эбэтэр эргиэн павильона, хачыаллаах ыскамыайкалар баар булуохтара. Сквергэ фонтаннаах пааматынньык, биллиилээх дьон ааттара суруктаах истиэндэ оҥоһуллуохтара.
Бырайыактааччылар маны сэргэ муоста быһыылаах тимир арт-эбийиэги киллэрбиттэр.
Сынньалаҥ зонатыгар амфитеатр, көхтөөх сынньалаҥы сөбүлээччилэргэ оҕо оонньуур, спорт балаһааккалара бааллар. Спорт балаһаакккатыгар скейтпарк, волейбол, баскетбол оонньуур хонуулар, воркаут-зона көрүллэллэр.
Иккис киириигэ эмиэ бэлисипиэт туруорар сир, кафе дуу, атын эргиэн эбийиэгэ дуу сабаҕаланаллар. Ордук кэрэхсэбиллээҕэ манна тыы уларсар сирдээҕэ, күөлү кэрэхсиир анал балаһааккалааҕа буолар.
Сэргэлээх күөлүн кытылын тупсарыы бырайыага былырыыҥҥы куоластааһыҥҥа 5167 куолаһы хомуйан, үһүс миэстэни ылбыта.
Ю.А. Гагарин аатынан сквер
Сквер Гагаринскай уокурук Можайскай уулуссатыгар баар. Сквертэн чугас куорат 24 уонна 38 №№-дээх оскуолалара, «Незабудка» оҕо саада, «Оригинал» маҕаһыын, Ю.А. Гагарин аатынан Аныгы искусство уонна култуура киинэ тураллар. Суол нөҥүө «Ворота Якутска» арт-эбийиэк көстөр, 500 м тэйиччи П.А. Ойуунускай аатынан аэропорт турар.
Бырайыак быһыытынан, сквер хас даҕаны зонаҕа арахсар. «Аляска-Сибирь» трасса лүөтчүктэрин эҕэрдэлии көрсөр дьону көрдөрөр скульптурнай композиция баар буолуоҕа. Композиция үрдүгэр «Аэрокобра» истребитель макета хаалар. Оҕо оонньуур балаһаакката массыына туруорар сиртэн көһөрүллэн уонна төгүрүк быһыылаах гына оҥоһуллан, төрөппүттэргэ оҕолору кэтииргэ табыгастаах буолуоҕа.
«Аляска – Сибирь» трассаҕа аналлаах стела территорията кэҥэтиллэн, куорат бырааһынньыктарын ыытарга табыгастаах буолуоҕа. Стела иннигэр историяны кэрэһилиир штурвал быһыылаах арт-эбийиэк туруоруллуоҕа. Ю.А. Гагарин аатынан Аныгы искусство уонна култуура киинин таһыгар сынньана түһэргэ уонна тырааныспары күүтэргэ табыгастаах миэстэлэр тэриллиэхтэрэ.
Бу бырайыак былырыыҥҥы куоластааһыҥҥа 8879 куолаһы ылан, иккис миэстэҕэ тиксибитэ.
«Ытык сир» паарка
«Ытык сир» паарка Гагарин аатынан уокурук Новопортовской оройуонугар сабаҕаланар. Пааркаҕа Күнү көрсүү сиэрин-туомун билиһиннэрэр композиция, спорт, оҕо оонньуур балаһааккалара, Дьоруойдар аллеялара о.д.а. сонун тутуулар бырайыактара баар.
Концепция быһыытынан, «Күнү көрсүү» композиция Аал Луук Маһы санатар искусственнай үрдэлгэ оҥоһуллар. Комплекс ортотугар түһүлгэҕэ алгысчыт уонна кинини арыаллыыр 9 уол уонна 8 кыыс скульптуралара баар буолар.
Паарка хоту өттүгэр Дьоруойдар аллеяларыгар 25 устуука билиитэ таас туруоруллар. Киирии муоста «Ытык сир» паарканы Кыайыы пааркатын кытта ситимниир аналлаах.
Спорт балаһаакката көхтөөх уонна чуумпу сынньалаҥҥа аналлаах зоналарга арахсар, манна теннистиир корт, тренажердар, воркаут-балаһаакка, футбол оонньуур хонуу оҥоһуллаллар. Кырачааннарга эмиэ анал оонньуур балаһаакка көрүллэр.
Теплай күөл
Бырайыак быһыытынан, Теплай күөлгэ саҥа муоста уонна кытыытынан сатыы дьон күүлэйдииригэр, сынньанарыгар аныгылыы, табыгастаах зона оҥоһуллар.
Муостаны кыйа олорон сынньанар, айылҕаны, куораты кэрэхсиир мас ыскамыайкалардаах буолар. Муоста бэйэтин матырыйаалыгар тимир конструкциялары кытта маһы дьүөрэлээһин сабаҕаланар. Оттон халтараан буолбатын туһугар, анныгар терраса дуоската дэнэр анал матырыйаал тэлгэнэр.
Күөл таһынан бэлисипиэттиир, сайын спордунан дьарыктанар, катамаранынан, тыынан хатааһылыыр, ролигынан, самокатынан сылдьар сирдэрдээх буолар. Кыһыҥҥы өттүгэр хаҥкылыахха, сыыртан сырылыахха сөп буолуоҕа.
Николай Щорс аатынан күөл кытылын тупсарыы
Бу күөл гражданскай сэрии дьоруойа Николай Щорс аатын сүгэр, норуокка Кубалаах күөлүнэн ордук киэҥник биллэр. Манна сайын устата 40 тыһыынча кэриҥэ киһи сылдьар.
Бырайыакка сынньалаҥ сирдэр, пирс, ууга киирэргэ анал түһүү, массыына турар миэстэтэ, кафе көрүллүбүттэр. Былырыыҥҥы рейтиннээх куоластааһыҥҥа Щорс күөлүн кытылын бырайыагар 4021 киһи куоластаан турар.