Дьокуускай — криотуризм киинэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ киин куорат “Смарт” библиотекатыгар Дьокуускай куоракка туризм сайдыытын боппуруостарын тула стратегическай сессия буолан ааста. Тэрээһин «Дьокуускай 400» форум чэрчитинэн, куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн, «Дьокуускай – криотуризм аан дойдутааҕы киинэ» диэн тиэмэҕэ ыытылынна. Сессия үлэтигэр киин куорат аҕа баһылыга Евгений Григорьев кыттыыны ылла.
Санатан эттэххэ, быйыл от ыйыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков өрөспүүбүлүкэҕэ туризм салаатын сайыннарыы туһунан киэҥ мунньаҕы ыыппыта. Онно этиллибитинэн, бу кэскиллээх хайысха экономика үрдээһинигэр саҥа саҕахтары арыйыахтаах. Онуоха инфраструктура, сибээс, суол-иис боппуруостара бастакы уочарат быһаарыллыахтаахтар. Саха сиригэр сынньана эбэтэр үлэлэринэн кэлбит дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйа баар буолуохтаах, өҥө хаачыстыбата тупсуохтаах, интэриэһинэй маршруттар тэриллиэхтээхтэр. Ол иһигэр аэропорт терминалын өрөмүөнэ, гостиницалары тутуу, Туймаада ыһыаҕа, «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл курдук бөдөҥ култуурунай тэрээһиннэри киэҥ эйгэҕэ таһаарыы бэлиэтэммитэ.
Стратегическай сессияҕа СӨ туризмҥа уонна урбааҥҥа миниистирин солбуйааччы Мария Карпова «Ирбэт тоҥҥо Дьокуускай куорат» диэн дьыалабыай туризмҥа аналлаах тиэмэтэ болҕомто киинэ буолла. Мария Карпова оҥорбут презентациятын тула аһаҕас санаа атастаһыыта тэрилиннэ.
Мунньахха туризм эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэр, биирдиилээн урбаанньыттар, ону таһынан куорат архитектуратын, култууратын боппуруостарынан быһаччы үлэлии сылдьар дьон бэрт элбэх. Бииртэн биир санаа, элбэх этии этилиннэ.
Ол курдук, Дьокуускайга бастаан көтөн кэлбит ыалдьыт бу Саха сирэ буоларын туһунан өйдөбүл ылыан оннугар авиапорка ас-үөл рекламата үгүһэ таарылынна. Ону сэргэ кыттааччылар киоскаларга Саха сирин туһунан кэпсиир, көрдөрөр кыра, удамыр сыаналаах сувенирдартан ураты аккырыыккалар атыыга кэмчилэрэ бэлиэтэннэ. Маны таһынан, түмэллэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнээхтик үлэлииллэригэр болҕомто уурарга этиилэр киирдилэр.
Куорат иһигэр ыалдьыкка ханна, туох баарын көрдөрөр, ону таһынан киһи хантан такси ыҥыран, барар сиригэр тиийиэхтээҕин курдук судургу боппуруостарга ыйынньык суоҕун кэриэтэ диэн буолла.
Презентацияҕа туристарга суолталаах эбийиэктэр таарылыннылар. Аэропорт дьиэтэ, түһэр, хонор, сынньанар дьиэлэр болҕомто киинигэр ылыллыахтаахтарын туһунан этиигэ Евгений Григорьев бу эбийиэктэр куорат маастар-былааныгар киирэн, болҕомтоҕо ылыллыбыттарын иһитиннэрдэ. Онно эбэн эттэххэ, «Старый город 2» бырайыак олоххо киирдэҕинэ, элбэх боппуруоһу туризм өттүттэн быһаарыан сөбүн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Билиҥҥи кэмҥэ норуокка даҕаны, кэлии дьоҥҥо даҕаны биллэр эбийиэктэрбитинэн Бүлүүлүүр аартыкка турар Атласовтар уһаайбалара, Чочур Муран этнокомплекс, Ирбэт тоҥ саарыстыбата буолаллар. Маны атыннык «Вилюйский треугольник» холбоһугунан билинэллэр. Бу эбийиэктэр маршруттарыгар эбии Ленин болуоссатын, саҥа тутулла турар Эпос Арктикатааҕы киинин, Сайсары күөлү, ону таһынан Роман Дмитриев аатынан кытылы холбуу тутан, киин куораппытыгар биир кэлим туристическай маршруту оҥоруу туһунан былааҥҥа баарын эттилэр.
Дьиҥэр, биһиги туристары кэрэхсэтэрбит элбэх, холобур, «Шергин шахтата», Туймаада ыһыаҕа, «Сокровищницы Якутии» быыстапка курдук Арассыыйа атын куораттарыгар суох, биһиэхэ эрэ баар. Маны барытын былааннаан, Дьокуускай куорат таһынааҕы сирдэрбитин холбоон, улахан туризм маршрутун оҥорорго үлэ барыахтаах диэн буолла. Ону сэргэ Саха сиригэр, ол иһигэр Дьокуускай куоракка баар туризмы барытын билиһиннэрэр биир кэлим ыйынньыгы оҥорорго бириэмэ наада диэн санааҕа кэллилэр.