Дьоҥҥо туһалаах буолартан дьоллонон...
Хас биирдии киһи сиргэ төрөөн, бэйэтин аналын, бэриллибит айылгытын толорор, ситэрэр аналлаах кэлэр. Ол да иһин “Сиргэ төрөөн, киһи буолан дьоллоох этим диэҕим мин...” диэн хоһооҥҥо хоһуллан, ырыаҕа ылланнаҕа.
Мин бүгүн билиһиннэрэр киһим Лукина Анна Алексеевна аам-даам тымныылаах, үлэһит-хоһуун дьоннордоох Абый оройуонун Ураһалаах нэһилиэгэр 1940 сыллаахха ыам ыйын 29 күнүгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Аҕата Ефимов Алексей Иннокентьевич маҥнайгы кылааска киирэр сылыгар олохтон туораабыта, ийэтэ Ефимова Евдокия Николаевна 9 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, ыалдьан күн сириттэн күрэммитэ.
Анна төрөппүттэрэ үлэлээбит хамнастарыттан өрүү кыаммат ыалга көмө оҥороллоро. Аҕата өлбүтүн кэннэ ийэтин убайдаах быраата көрөн, суохтаппатахтара. Хамнастарын олоччу ууран биэрэллэрэ, онтон ордорон, ийэтэ эрэйдээх кыаммат ыалларга аһынан, харчынан кытта көмө оҥороро. Ол кэмтэн саҕаламмыта Анна кыаммат-түгэммэт дьоҥҥо көмөтө.
Анна 1961 сыллаахха Дружина орто оскуолатын бүтэрбитин кэннэ, Абый оройуонун Сутуруоха нэһилиэгин кулууп уонна ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Сэрэйдэххэ, саҥа оскуоланы бүтэрбит оҕоҕо итиччэ эппиэттээх үлэни ылбычча анаабатах буолуохтаахтар, бука, кыахтааҕын көрөн, салайар дьоҕурдааҕын билэн, үлэлиэ диэн эрэнэн ыллахтара. Бу кэмнэргэ көхтөөх үлэни тэрийэр, сытыы-хотуу кыысчаан Сутуруоха маҥнайгы сүһүөх хомсомуолун тэрилтэтин иккис сэкирэтээринэн талыллан, олус таһаарыылаахтык үлэлиир. Манна Анна араас субуотунньуктары тэрийэн, кыыл пиэрмэтигэр эбии аһылык бэлэмнээһинигэр, нэһилиэк таһын ыраастааһыннарга, сир аһын, эмтээх оттору хомуйууга, от оттооһунугар нэһилиэк ыччатын, хомсомуоллары түмэн көхтөөхтүк үлэлииллэрэ. Хомсомуол ыччат күүһүнэн нэһилиэктэн Индигирка биэрэгэр диэри уу таһарга аналлаах уонна авиапорка киирэргэ килэмиэтиринэн усталаах субуотунньугунан бастакы мас тротуардары оҥорбуттара.
Анна Алексеевна 1964 сыллаахха Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищены бүтэрбитэ. Онтон 1966 сыллаахха Дружина бөһүөлэгэр оройуоннааҕы библиотека сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлиир уонна Абый оройуонун сэбиэтин маҥнайгы сүһүөх хомсомуолун тэрилтэтин бастакы сэкирэтээринэн талыллар.
1968 сыллаахха таптаһар сүрэхтэр көрсөннөр, Иван Сергеевич Лукинныын ыал буолан, Дьокуускай куоракка көһөллөр. Манна 17 №-дээх ситэтэ суох орто оскуола библиотекарынан 29 сыл үтүө суобастаахтык үлэлээн, элбэх махтал суруктарынан, грамоталарынан наҕараадаламмыта. Үгүс оскуола иһинэн барар тэрээһиннэргэ кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксэллэрэ, олор истэригэр 1982 сыллаахха Дьокуускай куорат оскуолаларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт «Читай город» күрэххэ бастакы миэстэ буолары ситиспиттэрэ.
Анна Алексеевна 1997 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Эдэр сааһыттан үлэлии үөрэммит киһи үлэтэ суох тэһийбэт дииллэрэ оруннаах. Үгүс дьон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, таах олорон хаалбакка, бэйэлэрин билиилэрин, санааларын ууран, салгыы дьэ, бириэмэлэммиччэ, аралдьыйа даҕаны таарыйа, араас уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктаналлар, интэриэстэринэн түмсүүлэри тэрийэллэр. Сааһырдыбыт диэн санаарҕаабакка, билиилэрин-көрүүлэрин кэлэр көлүөнэ ыччакка тиэрдэн, өбүгэлэрбит үгэстэрин үйэтитэн, дьон ортотугар сылдьан, уопсастыбаҕа туһалаах буоларга дьулуһаллар.
Анна Алексеевна 2008 сыллаахха Дьокуускай куорат Промышленнай уокуругар тэриллибит “Ивушка” ансаамбыл чилиэнинэн киирбитэ. 2009 сыллаахха Промышленнай уокурук бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнинэн киирбитэ. Онтон 2009 сыллаахха “Бэйбэрикээн” диэн түмсүү тэриллэн, 2010 сыллаахха кинини салайааччынан талаллар. Мантан кини уопсастыбаннай үлэтэ күүстээхтик саҕаланар. Бу сыл Арассыыйа таһымыгар ыытыллар “Все звезды” бэстибээлгэ кыттыыны ыланнар, бастакы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыттара, салгыы үлэлииллэригэр төһүү күүс буолбута.
Анна Алексеевна уонна Иван Сергеевич Лукиннар аал уоту оттунан, икки оҕону төрөтөн, дьоллоох ыал ааттанан олорбуттара үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн дьонун-сэргэтин, доҕотторун кытта бэлиэтээбиттэрэ. Ситиһиилээх үлэтэ сыаналанан, үгүс бэлиэлэринэн, Бочуотунай грамоталарынан, Махтал суруктарынан бэлиэтэммитэ. 2014 сыллаахха Сэрии сылын оҕото статуһун ылбыта.
2018 сыллаахтан өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин сайдыытын өйүүр “Эйгэ” уопсастыбаннай тэрилтэҕэ чилиэнинэн киирэн, араас хайысхаларынан үлэлэһэн барбыта. Ол курдук, буолар тэрээһиннэргэ сылдьыһан, кини сүбэтэ-соргута көмөлөһөн, аһымал аахсыйаларга бастакынан кыттан барыбытыгар үтүө холобур буолар.
2021 сылтан Анна Алексеевна “Дууһабытынан эдэрбит” бырагыраама Саха сиринээҕи киинин “үрүҥ көмүс” волонтерунан бастакынан киирсэн, олоҕу кытта тэҥҥэ хаамсар.
“Дууһабытынан эдэрбит” Саха сиринээҕи киинэ өрөспүүбүлүкэҕэ 35 түмсүүнү сомоҕолоон, биир санааҕа түмэн, сэттэ хайысханан, сүүрбэ социальнай хайысхалаах бырайыактарынан тиһигин быспакка 14 сылын “Сомоҕолоһуу” бырайыагынан үлэлээн кэллэ. 2022 сылтан Арассыыйа регионнарын кытта сибээс олохтонон, уопут атастаһан, дойду таһымнаах аһымал аахсыйаларга кыттан, телемост нөҥүө көрсүһэн, билсэн, бииргэ үлэлэһэбит.
Анна Алексеевна, төһө даҕаны 84 хаарыгар үктэннэр, биһиги үлэбитигэр сүбэһит, меценат, бочуоттаах бэтэрээн быһыытынан киэн туттар дьоһун киһибит. Тиһигин быспакка көрсөн, кэпсэтэн, сүбэлээн, биһиги ситиһиибититтэн үөрэр. Кини сырдык санаалаах, дьоҥҥо үтүөнү баҕарар, сөбүлээбэтэҕин бэйэҕэр сирэйгэ этэр, чиэһинэй, үйэлээх сааһыгар кырдьыгы өрө туппут үлэһит үтүөтэ киһи.
Абыйтан төрүттээх Анна Михайловна Аммосова диэн 90 сааһыгар диэри Дьокуускай куоракка “Дьүкээбил” диэн уопсастыбаннай түмсүүнү салайан, биһигинниин бииргэ, олус күүскэ үлэлэспитэ. Анна Алексеевна Анна Михайловналыын иккиэн араас хабааннаах тэрээһиннэргэ ыытыллар көрүүлэргэ бастакынан өйүүр, кыттар көхтөөх дьоммут буолааччылар, маанытык таҥнан, эрдэ кэлэн, ыйыталаһан, сүбэлээн, дьону үөрэ-көтө көрсөн, көх-нэм буолаллара киһи санаатын көтөҕөн, тэрээһини ыытарга эппиэтинэс үрдүүрэ. Үтүктүспүт курдук иккиэн үлэни өрө туппут, үлэттэн дьолу булбут, дьоҥҥо үтүөнү эрэ баҕаран, кыаммакка-кыһалҕалаахха көмөлөһөн, онно олохторун анаабыт дьон.
Маннык холобур ылар дьоннордоох буоламмыт, уопсастыбаннай үлэҕэ үөрэнэбит, патриотическай санааҕа уһуйуллабыт, кинилэр биһигини ылыммыт сорукпутун толорорго кынаттыыллар. Онон, мин бииргэ элбэхтик алтыһар буолан, Абыйтан төрүттээх дьону тымныы усулуобуйаҕа буһан-хатан, доҕордоһуулара даҕаны кытаанах, толкуйдара даҕаны сытыы, үлэлэрэ даҕаны таһаарыылаах диэн сыаналыыбын.
Билигин Анна Алексеевна оҕолорун истиҥ сыһыаннарыгар бигэнэн, тапталларыгар угуттанан, нус-хас олорор уонна муҥура суох кинилэргэ махтанар. Оҕолоро барахсаттар күн сирин көрдөрбүт күн күбэй ийэлэрин туохтааҕар да күндүтүк саныыллар, үрдүктүк сыаналыыллар.
Анна Алексеевна эдэр көлүөнэ ыччакка баҕа санаатын: “Кэнэҕэски кэнчээри ыччаппыт доруобай, сэрии диэни билбэккэ, эйэлээх олоххо олороллорун, төрөөбүт дойдуларын таптыыр, харыстыыр, киэн туттар буолуохтарын баҕарабын», – диэн этэр.
Күндүтүк саныыр киһибитигэр Анна Алексеевнаҕа баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, өссө даҕаны сүһүөҕүҥ уйарын тухары биһигинниин бииргэ сырыт, эн сүбэҥ-соргуҥ биһиэхэ күүс-көмө буола турдун.