19.10.2020 | 14:59

Дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу тугунан да кээмэйдэммэт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хас биирдии нэһилиэк киэн туттар, тарбахха баттанар киһилээхбуолар. Кини, төһө да дьоруой буолбатар, төһө да чиэскэ-бочуокка сылдьыбатар, кылаабынайа, дьон кинини ытыктыыр, махтанар, кини туһунан истиҥник ахтар, саныыр. Маннык дьон үксүн им бүтэй сылдьаллар, түөстэрин тоҥсумматтар, бүгүрү үлэһиттэр, дьоҥҥо үтүөнү да оҥордохторуна сэмэй барахсаттар.

Биир оннук киһи туһунан бүгүн кэпсиэхпин баҕарабын.

Бүгүн кэпсиир киһим – Тулагы-Киллэм нэһилиэгин Сыырдаахбөһүөлэгин олохтооҕо Наталья Борисовна Зотова. Кини дьоҥҥо үтүө сыһыанынан, кырдьаҕастарга, кыамматтарга көмөлөһөрүнэн биһирэнэр, нэһилиэнньэ махталын ылар. Этэргэ дылы, кини туох да наҕараадаҕа таласпат, аат-суол былдьаспат, көннөрү илиитин араарбакка үлэлиир, сири кытта бодьуустаһар, улааппыт түөлбэтигэр сыратын уурар.

Наталья Борисовна 1961 сыллаахха от ыйын 6 күнүгэр Анна Алексеевна, Борис Степанович Федотовтар дьиэ кэргэннэригэр күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ сэттэ оҕоттон биирдэрин сүтэрэннэр, билигин алта оҕо бары атахтарыгар туран, төһүү үлэһит буолан, сиэн биэбэйдэһэр дьоллоох ыал.

Кэпэрэтииби тэринии

Ааҕааччылар өйдүүр буолуохтааххыт, урут “Якутский” диэн сопхуос куорат кытыытыгар ньиргиччи, таһаарыылаахтык үлэлии олорбута. Бу улахан баай историялаах Тулагы-Киллэм, Сыырдаах нэһилиэктэрэ Өлүөнэ өрүстэн 25 килэмиэтир тэйиччи сытар, манна саха тыллаах уутуйан олохсуйбут ытык сирэ буолар. Киэҥ-куоҥ хочолордоох, сүөһү, сылгы иитэргэ анаабыт мэччирэҥ, оттуур сирдэрдээх буолан, олохтоохтор урут-уруккуттан хоҥор муостааҕынан, сыспай сиэллээҕинэн дьарыктаналлара. Сахалар төрүт дьарыкпытын тутан кэлбит нэһилиэктэртэн биирдэстэрэ буолар.

90-с сыллар уларыта тутууларыгар сопхуостар эстэннэр, сорох-сорохтор кэлэр-барар сирдэрэ суох курдук, тулаайахсыйа түһэллэр. Бу кэмҥэ паай үллэстиитэ диэн биир баараҕай хампаанньа үлэлиир. Дьон сопхуоска үлэлээбит көлөһүннэринэн туох паайга тиксэллэринэн үллэстии буолар.

Ол курдук сопхуостар ыһылланнар ким туох сатабыллааҕынан дьаһаныы саҕаланар. Дьон оччолорго мунуу-тэнии, саҥа саҕалааһыннары өйдөөбөккө үгүстэрэ үлэтэ-хамнаһа суох туран хаалбыт да түбэлтэлэрэ элбэҕэ.

Наталья Борисовна 2004 сыллаахха “Олимп” диэн СХПК тэринэр. Бэрэссэдээтэлинэн сопхуоска управляющайдаабыт Николай Васильевич Тимофеев үлэлиир. Кинилэр, биллэн турар, сири кытта үлэлэһэн барбыттара. Сопхуостан ылбыт паайдарынан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, оҥостон, оҕуруот аһын үүннэрэн дьарыктаммыттара, үлэлэрин оннук саҕалаабыттара.

Билигин кэпэрэтиип 1500 га сир учаастактаах. Онно бааһыналар, оттуур уонна мэччирэҥ сирдэрэ киирэллэр.

2013 сылтан Наталья Борисовна бэйэтэ бэрэссэдээтэллиир. 5 сыл устата 100 га сири чөлүгэр түһэрэн оҕуруот уонна хортуоппуй олордор, 150 га сиргэ быйыл элбэх сыллаах оту ыста. Ону таһынан 20 гааҕа хортуоппуй, 31 гааҕа оҕуруот аһа ыспыт. Үүнүү куһаҕана суох диэн Наталья Борисовна киэн тутта кэпсиир. Сабыылаах груҥҥа эмиэ оҕуруот аһа ыспыттар.

От үүнүүтэ да быйыл мөлтөҕө суох буолан былааннарын толорбуттар. Кээпэрэтиип сүрүн үлэтинэн, дьарыгынан үүнээйи, оҕуруот аһын олордуута уонна эбии аһылыгы бэлэмнээһин буолар. Маныаха сылгы баазата, оҕуруот аһын хаһаанар сир, бэйэ аһын батарар маҕаһыын туттар уонна арассаада үүннэрэр киэҥ былааннаахтар. Инникитин сылгы иитиитинэн дьарыктаныахтарын баҕараллар.

Инникитин нэһилиэнньэҕэ атыылаары, тарҕатаары 100 устуука хара моонньоҕон олордубуттар. Хаалбыт, быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэриигэ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта улахан үлэ ыытыллар. Министиэристибэ өйөбүлэ элбэх диэн Наталья Борисовна махтана кэпсиир. Ол курдук, уоҕурдуу уонна сиэмэ атыылаһалларыгар улахан көмөнү оҥорор эбит. Билигин хаһаайыстыбабыт атаҕар туруутугар үлэлэһэбит, салгыы барыстаахтык үлэлииргэ дьулуһабыт, туруулаһабыт диир салайааччы Наталья Борисовна.

Бу бааһыналар сопхуос ыһыллыытыгар, ол эбэтэр 30-ча сыл хаһаайына, көрүүтэ-истиитэ суох турбуттара. Онон үтүмэн элбэх үлэ күүтэрэ биллэр суол.

Үтүө санаалаах салайааччы

Интервью ылар, кэпсэтэр киһиҥ сорох ардыгар аһыллан биэрбэт. Кини үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэр, сыыппаралары кэпсиир, оттон олоҕун атын өрүтүн арыйбат түгэннэрэ баар буолар. Үөһэ кэпсээн аһарбытым, Наталья Борисовна курдук үлэлээх, дьарыктаах, сири кытта арахсыбакка үлэлиир дьону араас нэһилиэктэн, дэриэбинэттэн булан ылыахха сөп. Оччо гааны ыста, баччаны хомуйда, оттоото, былааны толордо диэн. Ол иһин кэпсэтэр киһим атын өрүттэрин арыйаары, ааҕааччыларбар сэгэтээри атын дьон санаатын суруйарбын астынабын.

Этэргэ дылы, үлэ үлэнэн. Үлэни өрө туппут, удьуор үлэһит киһи онтон атын туох дьарыктааҕын иллэҥ кэмигэр тугу гынарын, дьоҥҥо сыһыанын, нэһилиэккэ тугу оҥорорун бүгүн биһиэхэ Сыырдаах нэһилиэгин ытык кырдьаҕаһа, үлэ, култуура бэтэрээнэ, актыбыыс Валентина Семеновна Дмитриева кэпсиир:

--Наталья Борисовна төрөппүттэриттэн саҕалаан удьуор үлэһит дьиэ кэргэн. Онон түмсүүлээх буоланнар ханнык да ыарахаттартан чаҕыйбаттар, үрдүк ситиһиилэри ылаллар. Быйылгы сылга 140 туонна оту оттоотулар. Кыра хаһаайыстыбатыгар сүөһү иитиитинэн дьарыктанар, оҕуруот аһын, хортуоппуйу ыһарын этэ да барбаккын. Быйыл нэһилиэнньэҕэ “Гала” диэн хортуоппуй сиэмэтин аҕалан атыылаан абыраабыта.

Билиҥҥи дьон үлэтэ суох таах хаама сылдьар кэмигэр кини сайыҥҥы өттүгэр олохтоохтору үлэлэтэн хамнастыыр, өссө күнүһүн итии аһылыгынан хааччыйар. Барыта 40 киһи үлэлиир. Бу билиҥҥи ыарахан кэмҥэ олус үтүө хамсааһын диэн сыаналыыбын.

Былырыыҥҥыттан ыла бэтэрээннэргэ уонна элбэх оҕолоох ыалга, кырдьаҕас, кыаммат соҕотоҕун олорор дьоҥҥо көмө бөҕөтө оҥордо. Ол курдук, оҕурсунан көмөн кэбистэ, кабачок бөҕөтүн түҥэттэ. Аны бу күһүн моркуоп, луук, чеснок аҕалан түҥэттэ. Кырдьаҕастар бородууксуйатын аҕаллаҕына бары үөрэ-көтө үллэстэбит.

Сыырдаахха  “Талба Хотун” диэн вокальнай ансаамбыллаахпыт.Манна олохтоох кырдьаҕастар дьарыктанабыт. Араас дойдунан, соҕуруу куораттарынан аан дойду таһымнаах куонкурустарга ааспыт сылларга кыттыыны ылбыппыт. Билигин, биллэр турар, пандемиянан мустубаппыт.Бу этиллибит куонкурустарга барарбытыгар Наталья Борисовна биһиэхэ көмөлөһөн абырыыр. Былырыын 10 тыһыынчаны биэрбитэ биһиэхэ сүүнэ көмө буолбута. Онон биһиги Гран-при, лауреат ааттарын сүгэрбитигэр кини оруола кырата суох диэн сыаналыыбыт уонна дириҥник махтанабыт.

Быраҕыллыбыт бааһыналары чөлүгэр түһэрэн, ону өрө тардан элбэх сыллаах күөх үүнээйини олордон быйыл бастакы үүнүүлэрин ыллылар. Билигин бородууксуйаларын атыылыы сылдьаллар. Уус Алдаҥҥа, Намҥа, Чурапчыга, Тааттаҕа сакаастаан ылаллар. Хаандыгаҕа бараары олоробут диэбитэ. Бу улуустарга хортуоппуйдарын, хаппыысталарын батараллар.

Саас арассаада олордон бэтэрээннэргэ олох чэпчэкитик атыылыыр. Сибэккититтэн оҕуруот аһыгар, хаппыыстаҕатиийэ.

Пилорамалаах, онно уола Вячеслав үлэлиир, үс киһилээх биригээдэлээх. Эдэр ыалларга дьиэ туттарга удамыр сыанаҕа мастарын астараллар, муоста маһын оҥорон таһаараллар.

Наталья Борисовна 3 оҕолоох, бары үлэһит дьон, сиэннэрдээх. Дьахтар киһи санныгар кырата суох элбэх үлэ сүктэриллэр. Онно саамай тирэх буолар киһитэ, кэргэнэ Владимир Григорьевич Лубянскай. Онон биир сүбэнэн сылдьар дьон.

Натальябыт сүрдээх асчыт. Бассаабынан ырысыап бөҕөтө ыыталыыр, онон биһиги наар кини ырысыаптарын кэтэһэн тахсабыт. “Талба Хотуннарга” көмөтө наһаа элбэх. Сүбэ-ама да буолар, таҥаспытыгар-саппытыгар да буоллун, харчынан кыралаан көмөлөһө турар. Саастаах дьоҥҥо ол көмө наһаа наада, күүспүтүгэр күүс эбэр, санаабытын көтөҕө турар.

Варвара Николаевна Попова, үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото: –Тулагы-Киллэм Сыырдааҕар олорор “Олимп” ИП салайааччыта  Наталья Борисовна Зотоваҕа биһиги дэриэбинэ олохтоохторо муҥура суох махталбытын тиэрдэбит. Кини сыл аайы Саҥа дьылынан, Аан дойду дьахталларын, Ийэлэр, Кырдьаҕастар, Кыайыы күннэринэн, аны Оҕо күнүгэр элбэх оҕолоохторго диэн, инбэлииттэргэ, аҥаардас олорор кырдьаҕастарга ис сүрэҕиттэн, буор-босхо көмө оҥорор.

Быйыл Кыайыы 75 сылынан тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии оҕолоругар ас нобуорун оҥорон үөртэ-көтүттэ.

Биһиги, саастаах дьон, кини үлэтигэр туох да көмөбүт суох, ол иһин бу хаһыат нөҥүө махталбытын тиэрдэбит.

Кини дьоҥҥо сылаас сыһыана, ахсаабат кыһамньыта киниэхэ үтүөнэн эргийдин, инники үлэҥ таһаарыылаах, ситиһиилээх буоллун.

Айыыһытыҥ арчытынан, Иэйэхситиҥ иэйиитинэн бу курдук үөрэ-көтө сырыт, дьиэ кэргэҥҥэр, бииргэ үлэлиир кэлэктиипкэр үгүс үөрүүнү, дьолу баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...