01.05.2020 | 11:00

Дистанционнай үөрэх

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(ыарахаттар син биир бааллар)

Арассыыйа бүттүүнүгэр, ону тэҥэ өрөспүүбүлүкэбитигэр дистанционнай үөрэх үһүс нэдиэлэтэ бүттэ. Ый кэриҥэ үөрэннибит, үөрэттибит. Туох эмит уларыйыы таҕыста дуо? Ким эрэ ылынна, ким эрэ билигин да сатаабат, ыарырҕатар түбэлтэтэ үгүс. Онон бүгүн эмиэ дьон санаатын истиэхпит.

Соторутааҕыта бассаап ситимигэр маннык ыстатыйа тахсан турар. Бастаан ону билсиэҕиҥ.

“Бу кэмҥэ аан дойду инники олоҕун туһунан философтар кэпсэтиилэрэ, өтө көрүүлэрэ биир: “Мир никогда не будет прежним!” Ити этиини туох улахан (глобальнай) уларыйыылар түстүүллэрий?

Нассим Талеб, Америка филособа этэринэн, аан дойду олоҕун укулаата тосту уларыйыыта онлайн уонна дистанционнай үөрэҕи кытта ситимнээх. Куорат уонна сэлиэнньэ икки ардыгар араастаһыы намтыа эбэтэр суох буолуо. Кииннэммит офистар, тэрилтэлэр суолталара уларыйыа. Үгүс дьон, тэрилтэ үлэһиттэрэ тыа сиригэр, куорат таһыгар олохсуйуохтара уонна ыраахтан үлэлиэхтэрэ. Дойду араас муннуктарыттан да үлэлиэхтэрин сөп.

Өссө маннык уларыйыылар буолуохтара диэн бэлиэтииллэр:

1. Куорат сүрүннүүр суолтата түһүө. Музей, тыйаатыр, маҕаһыын, баан өҥөлөрө өссө күүскэ интэриниэт форматыгар киириэхтэрэ. Почта, илдьии-аҕалыы өҥөлөрө күүскэ сайдыахтара. Онон куоракка талаһыы аччыа.

2. Дьон үөрүйэҕэ уларыйыа. Тыа сирин, салгыны, айылҕаны, дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин, доруобуйаны, чөл олоҕу сыаналааһын күүһүрүө. Тыа сиригэр дьиэни-уоту толору хааччыллыылаах, тупсаҕай гына оҥостуу улаатыа. Төрүт дьарыктарга, сүөһү иитиитигэр, үүнээйигэ, оҕуруот аһыгар болҕомто ууруллуо. Илии мындыр оҥоһуга, айылҕа матырыйаала суолталаныа.

3. Үөрэх систиэмэтэ түөрэ уларыйыа. Дьиҥ “аһаҕас” оскуола (открытая школа) көрүҥэ олохсуйуо. Биир кылааска оскуолаҕа хаайан олорон үөрэтии ньымата сыыйа тохтуо. Хас биирдии оҕо тус бырагырааманан, туспа суолунан бэйэтэ талан үөрэнэр буолуоҕа. Учуутал ахсаана аҕыйыа, компетенцията тосту уларыйыа. Сорох предметтэргэ, эбии куурустарга онлайн оскуолаларга үөрэниэхтэрэ. Баҕалаах оҕо олох дьиэҕэ олорон (семейное образование) эбэтэр атын да сирдэргэ сылдьан (дистанционное образование) тустаах оскуолатыгар ыраахтан үөрэнэр усулуобуйата баар буолуо. Орто, үрдүк үөрэхтэргэ ис, кэтэх, дистанционнай үөрэнии бырагыраамалара күүскэ киириэхтэрэ.

4. Киһи быһыытынан бэйэни сайыннарыы (Саморазвитие. Личностный рост) оруоллара үрдүө. Бэйэни дьаһаныы, бэрээдэк, былаан, сыал-сорук суолтата үрдүө. Онно үөрэнии, бэйэни сайыннарыы барыта онлайн оскуолалар, куурустар өҥөлөрүнэн буолуоҕа. Учуутал, үөрэтээччи олус элбиэҕэ. Ким тугу сатыырын, билэрин-көрөрүн өҥө быһыытынан үөрэтэр, тарҕатар кыахтаныа. Билии инэриниэт эйгэтигэр биир улахан хапытаал буолуоҕа. Босхо ким да тугу да үөрэтиэ суоҕа.

5. Кинигэ оруола саҥалыы үрдүөҕэ. Электроннай кинигэлэри ааҕыы күүһүрүө. Сөбүлээбит кинигэлэрин бэчээттэммит экземплярдарын мунньунар буолуохтара.

Маннык уларыйыылар Аан дойдуга саҕаламмыттара, быраактыкаҕа киирэн испиттэрэ балайда буолла. Бу пандемия усулуобуйата онно улахан үтэйэр күүс буолан биэрдэ. Онон бэлэмэ суох олорон биэрбиттэр ночоокко бардылар.

Убаастабыллаах төрөппүттэр, үөрэнээччилэр, учууталлар!

Бу дистанционнай үөрэх усулуобуйатыгар эмискэ киирэн соһуйдубут, ыарахаттары көрүстүбүт, ол гынан баран бигэтик ылыныахпытын наада. Бу технология аны үөрэнии сүрүн инструмена буолуо. Саҥаны билиигэ, үөрэтиигэ, уларыйыыларга күүскэ бэлэмнэниҥ. Интэриниэт ситимин туһалаахтык туттарга, ресурсаларын сатаан туһанарга турунуҥ”.

Ыйытыыларбытыгар киириэҕиҥ

1. Эн санааҕар маннык үөрэнии хайдаҕый?

2. Оҕоҕо билиини биэрии толору дуо?

3. Туох ыарахаттары көрүстүгүт?

Вера Михайловна Горохова,  Үөһээ Бүлүү, Тамалакаан орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала:

1. Ыарахаттардаах. Интэриниэт мөлтөҕө олус эрэйдээх. Элбэх оҕолоох ыал биир төлөпүөнү эбэтэр ноутбугу хас да буолан туттара эмиэ атахтыыр.

2. Билиини биэрии толорута суох. Бастатан туран, уруок 30 эрэ мүнүүтэ буолар. Иккиһинэн, интэриниэт ситимэ бытаан буолан, сөптөөх матырыйаал сорох оҕолорго загрузкаламмат.

3. Оҕолорго сөптөөх сорудаҕы сатаан быһаарарга ыарахаттары көрсөҕүн. Тоҕо диэтэххэ, бэйэм саҥа үлэлээн эрэр киһи быһыытынан үксүн ону ыарырҕаттым. Билигин син үөрэнэн эрэбин курдук да, син биир тыыннаах утары көрсөн олорон бодоруһуу быдан ордук буоллаҕа.

Ольга Николаевна Климентова, дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы, Хаҥалас улууһа, “2-с Дьөппөн орто оскуолата”:

1. Маннык үөрэнии, биллэн турар, кэккэ итэҕэстэрдээх. Оҕо көмпүүтэринэн, ноутбугунан, интэриниэтинэн хааччыллыытыттан саҕалаан, доруобуйатын туругар, дьиэтээҕи эйгэҕэ тиийэ. Ол гынан баран буола турар балаһыанньаттан тахсыы биир көрүҥүн курдук сыаналыыбын.

2. Толору билиини биэрбэт. Учуутал тыыннаах быһаарыытыгар, оҕо эт кулгааҕынан истэн, хараҕынан көрөн, тутан-хабан билиитигэр тэҥнэспэт.

3. Платформаларга киирэн үөрэнэргэ ноутбук, көмпүүтэр бырагыраамата эппиэттээбэтэ, интэриниэт мөлтөҕө мэһэйдиир. Тус-туспа предметтэргэ араас бырагыраамаларынан үөрэнэр буолан, кылгас кэм иһигэр тутта үөрэнэр ыарахаттардаах. Төлөпүөнтэн үөрэнэр буоллахха, уһун кэмҥэ олорорго харах сылайар.

Ксения Романова, Санкт-Петербургдааҕы Политехническай университет маҥнайгы кууруһун устудьуона:

Карантин саҕаланыаҕыттан дойдубар кэлэн дистанционно үөрэнэ сылдьабын.

  1. Мин санаабар, маннык үөрэх бэйэни хонтуруолланыыны, бириэмэни сөпкө аттарыыны уонна мотивацияны ирдиир. Үөрэхпитигэр карантин иннинэ сорох куурустарбыт онлайн ыытыллар буолан, дистанционнайга көһөргө чэпчэки соҕус этэ. Дьиэттэн үөрэнэрбит улахан ордугун эбэтэр мөлтөҕүн өйдөөн көрбөтүм эрээри, араас диэхпин сөп.
  2. Билии туһунан эттэххэ, итэҕэс өрүттэрин көрбөтүм. Үгүс үөрэх матырыйаалын оҕо бэйэтэ булан үөрэтэр буолан, ордук өйдүүрэ, ылынара буолуо дии саныыбын.
  3. Бастаан бириэмэбит уратыта үөрэнэргэ мэһэйдиирэ. Анараа бириэмэнэн 10-тан, маннааҕынан 16.00 чаастан үөрэхпит саҕаланар, ол курдук киэһэ 10.00 чааска эҥин бүтэбит. Ол иһин саамай ыарахана – бэйэни сөпкө үөрэххэ настройданыы уонна сүрэҕэлдьээбэккэ, хайдах баары ылынан үөрэнии.

Саша Скрыбыкин, Дьокуускай куорат 7 №-дээх оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ:

Каникул буолаатын кытта дьоммун кытта дэриэбинэҕэ кэлбиппит. Үөрэҕи ыарырҕаппаппын эрээри, манна сотору-сотору уоту ылаллар, ол иһин эрэйдээх.

  1. Маннык миэрэлэр ылыллыылара ыарыыны кытта сибээстээх. Онон атын үөрэтии ньымалара кутталлаах эбэтэр сөбө суох дии саныыбын. Дистанционнай үөрэнии миэхэ олох сөптөөх.
  2. Билиини, мин санаабар, толору биэрэр. Араас видеороликтары көрөбүн, уруоктарбын дьаныһан туран ааҕабын, атын да билиибин хаҥатабын.
  3. Ханнык да ыараханы көрсүбэтим, арай дэриэбинэҕэ уоту ылаллара сороҕор мэһэйдиир.

Лена Петровна Заровняева, төрөппүт, Уус Алдан, Арыы-Тиит:

  1. Мин уолум онус кылаас үөрэнээччитэ, үөрэҕэр ситиһэр. Ол эрээри дистанционнай үөрэҕи олох сөбүлээбэтэ. Бастаан кэлбит сорудахтары толорорун ыарырҕаппыта. Бэрт тиэтэлинэн толороро. Кэлин син үөрэнэн эрэр.
  2. Икки төлөпүөнү туттан үөрэнэ сылдьар. Бэйэтэ оҥорбут сорудахтарын бииргэ үөрэнэр оҕолоро көрдөөтөхтөрүнэ бассаабынан ыытар, оттон билбэт сорудаҕын оҕолоро төттөрү ыыталлар. Итинник үөрэниигэ билиини ылыа дии санаабаппын. Учуутал кэпсиирин үрдүнэн-аннынан истэр, түргэнник толоро охсон бүтүөн эрэ баҕарар.
  3. Ыарахаттары көрүстүбүт, бастатан туран, сибээс мөлтөх сиригэр олоробут, интэриниэт суох. Уоту сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри ылаллар. Уруоктарын күнүс ааҕа сатыыр. Киэһэ олорон сорудахтарын ситэрэн-хоторон биэрэр. Оскуолатын, бииргэ үөрэнэр оҕолорун, учууталлары суохтуур, ахтар. Онон, түмүктээн эттэххэ, уолбунаан иккиэн маннык үөрэниини олох сөбүлээбэтибит.

Евдокия Анатольевна Кириллова, төрөппүт, Мииринэй улууһа:

  1. Мин саныахпар, 50/50. Оҕо оскуолаҕа туран хомунан барара син биир атын буоллаҕа дии, манна утуйан тураат сууммакка да ыксалынан конференцияҕа холбонор. Бэйэбит төлөпүөнүнэн, көмпүүтэринэн, интэриниэтинэн хааччыллыылаах, уонна кыыспыт улааппыт буолан, син этэҥҥэ курдук. Элбэх оҕолоох дьоҥҥо ыарахан буолуо дии саныыбын. Онно эбии төрөппүттэрэ үлэлиир буоллахтарына, оҕо аата оҕо, хойутуо, умнуо, төлөпүөнүн да ииттэриэ суоҕун сөп.
  2.  Дистанционнай үөрэх төрөппүт көмөтө суох сатаммат эбит. Улахан кылаастар өссө син үөрэтэ сатыыллара буолуо. Алын кылаастары саарбахтыыбын, төрөппүт көмөлөһөрө, өйдөтөрө биллэр. Ону эмиэ сатыахха наада, оҕо чараас уйулҕатын таарыйбакка. Сорох төрөппүт ньиэрбэтэ да тулуйбат буолуон сөп.
  3. Улахан ыарахаттары көрсүбэтибит. Арай оскуолаҕа барбат- кэлбэт, куруһуоктарбыт да үлэлээбэт буоланнар, диссипилиинэ ыһылынна диэххэ дуу. Олох хойут утуйар буолан, сарсыарда туруорарга ыарахан, аны туран уутун хамматах оҕо хайдах настарыанньалаах турара биллэр буоллаҕа. Кыыспыт бу карантин бүтэн оскуолаҕа барарын тулуйбакка кэтэһэр.

Татьяна Григорьевна Слепцова, Хаҥалас, Булгунньахтаах, төрөппүт:

  1. Мин оҕом 4-с кылаас, скайпынан үөрэнэр. Сибээс барбатаҕына, барыта үчүгэй.
  2. Оҕоҕо билиини биэрии толору буолбатаҕа чахчы эрээри, билигин итинник эрэ үөрэнэр суол баар буоллаҕа.
  3. Туох да ыарахаттары көрсүбэтибит, барыта этэҥҥэ. Кылаабынайа, оҕом интэриниэти билэр буолан бэйэтэ бырагыраамалары хачайдаабыта, онон биһиги чугаһаабаппыт, орооспоппут, үөрэҕин кыайар, өйдүүр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....